Ааҕабыт, сурунабыт, бэлиэтэнэбит...
Хайа баҕарар суруналыыс, хаһыаччыт ааҕааччы интэриэһин тардар матырыйааллары, ыстатыйалары була, суруйа сатыыр. Күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар, наадалаах иһитиннэриилэр хаһан баҕарар мэһэй буолбаттар. Онон бүгүн араас тиэмэни хабыахпыт.
Вакцина эрэ абырыа
Омикрон-штамм саамай үрдүк көрдөрүүтэ Арассыыйа үрдүнэн өйүүн, ол эбэтэр тохсунньу 22 күнүгэр диэн билгэлииллэр.
Бу туһунан “Ведомости” Вашингтон университетын доруобуйаны кэтээн көрөр медицинскэй оскуолатын (IHME) уонна көрдөрүү Институтун чинчийиилэригэр сигэнэн иһитиннэрэр.
Исписэлиистэр этэллэринэн, олунньу 5 күнүгэр бу официальнай статистиканан бигэргэниэҕэ. Бэлиэтииллэринэн, COVID-19 бэһис долгуна, коронавируснай инфекцияҕа оҥоһуллар тестэргэ олоҕуран, көрдөрүүтэ сууккаҕа 85,7 тыһыынчаҕа диэри үрдүөн сөп.
IHME кэтээн көрүүтэ урукку тенденцияҕа олоҕурар уонна хас икки нэдиэлэ саҥардыллан иһэр. Күүтүллэринэн, доруобуйа харыстабылыгар саамай улахан ноҕорууска олунньу 9 күнүгэр буолуоҕа уонна 133,2 тыһыынча куойканы ирдиэҕэ, бу ааспыт сыл сэтинньи ыйын кытта тэҥнэһэр.
“Рассвет” клиника генеральнай дириэктэрэ Алексей Парамонов бэлиэтээбитинэн, ыарыы үрдээһинэ олус түргэн буолуо. Кини этэринэн, ыарыы өрөгөйө олунньуга эбэтэр кулун тутар саҥатыгар күүтүллэр.
РАН чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Петр Чумаков урут эппитинэн, омикрон улахан сыстыганнаах буолан Арассыыйа олохтоохторо бары кэриэтэ ыалдьыахтара. Маныаха вакциналаах дьон инфекцияны чэпчэкитик аһарыныахтара диэн бэлиэтиир.
Чахчыта даҕаны, бары да билэ, истэ сылдьарбыт курдук вакциналаах дьон ыарыыны билбэккэ, атахпытыгар эбэтэр чэпчэкитик аһарыныахпытын сөп. Онон ааҕааччыларбытыгар бука диэн вакцина ыларгытыгар көрдөһөн туран аадырыстары бэчээттиибит.
1 №-дээх поликлиника:
— Киров уул., 19, каб. 414, каб. 420, 8:00-20:00 чч.;
— поликлиника филиала Семен Данилов уул., 30/1, 08:00-18:00 чч.;
Дьокуускай куорат Медицинскэй киинэ:
— Кальвица уул., 3, каб. 124, 08:00-18:00 чч.;
— Жатай, Севернай уул., 23, 09:00-18:00 чч.;
— Тулагы, Порядин уул., 3, 09:00-18:00 чч.;
3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа:
— Горькай уул., 94, 11:00-18:00 чч.;
— Кулаковскай уул., 6, 09:00-15:00 чч.;
2 №-дээх балыыһа:
— Кузьмин уул. 3, каб.11, 08:00-17:00 чч.;
— Марха, Берёзовай уул., 11, каб 2, 09:00-15:00 чч.;
Эбии пуун:
— Маҕан сэл., Алымов уул., 12/1, 9:00-12:00 чч.;
3 №-дээх балыыһа:
— Лермонтов уул., 121, каб. 414, 08:00-20:00 чч.;
Эбии пуун:
— Главпочтамт, Дзержинскэй уул., 4, 10:00-17:00 чч.;
“Аврора”, Медицинскэй клиника Поярков уул., 20/1, кааб. 208, 09:00-16:00 чч.
Вакцина ылааччылар пааспаргытын, медицинскэй полискытын уонна СНИЛС илдьэ кэлэргитин умнумаҥ
СӨ үлэ бэтэрээнэ буоларга туох ирдэнэрий
Өҥө оҥоһуллар:
1) “Хотугу сулус” СӨ уордьанынан наҕараадаламмыт, “Гражданскай килбиэн” бэлиэни ылбыт, “Саха өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо” бочуоттаах аатынан бэлиэтэммит, “Үтүөлээх” Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуотунай ааттаах, эр дьон 25 сылтан итэҕэһэ, дьахталлар 20 сылтан итэҕэһэ суох үлэ ыстаастаах, бу кэм устата СӨ сиригэр-уотугар үлэлии сылдьыбыттарга;
2) түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох, 8 сааһыгар диэри ииппит, улаатыннарбыт (ол иһигэр иитэ ылбыттар), 20 сыл үлэ ыстаастаах, Саха сирин сиригэр-уотугар үлэлээбит дьахталлар;
3) кырдьаҕаһынан биэнсийэҕэ тахсыбыт, эр дьон 40 сыл, дьахталлар 35 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит ыстаастаах, онтон эр дьоно 25, дьахталлар 20 сыл устата Саха өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлээбит (сулууспалаабыт) буоллахтарына, ол иһигэр 15 сылтан итэҕэһэ суох – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр анал ыйыллыбыт үлэҕэ (экономика салаатыгар).
Ирдэнэр докумуоннар:
1. Сайабылыанньа;
2. Пааспар;
3. Үлэ киниискэтэ (үлэ киниискэтин куоппуйатыгар бары толоруллубут илиистэр үлэлээбит сириҥ каадыр отделын начальнигынан бигэргэммит буолуохтаахтар, ону таһынан “күн бүгүн үлэлии сылдьар” диэн сурук толоруллуохтаах (күнэ-дьыла, бэчээт, илии баттааһына);
4. Байыаннай билиэт (сирэй өттүн куоппуйата 1 сир., 2-3 сир. байыаннай сулууспаҕа сыһыана + оригинал);
5. Наҕараадаламмытын туһунан дастабырыанньа.
6. ИП регистрациятын сибидиэтэлистибэтэ (ИП-лаахтарга);
7. Форма 39-1 ыспыраапка (нолуок сулууспатыттан) (ИП-лаахтарга);
8. Биэнсийэ пуондатыттан биэнсийэ страховой чааһа ыытыллыбытын туһунан ыспыраапка (ИП);
9. Араспаанньаҥ, аатыҥ, аҕаҥ аата уларыйбытын туһунан докумуон;
10. 3 х 4 кээмэйдээх хаартыска, 1 устуука;
11. СНИЛС;
12. Лицевой счет (сберкиниискэ эбэтэр сберкаарта).
Оҥоһуллар болдьоҕо:
30 күн
Сайабылыанньаны СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай Порталын нөҥүө биэриэххэ сөп.
Үлэ бэтэрээннэригэр санаторнай-курортнай эмтэниигэ барыыга направление биэрии (60 саастарын туолбуттарга)
Өҥө оҥоһуллар:
“Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук сиригэр-уотугар бастайааннай олорор уонна регистрациялаах үлэ бэтэрээннэригэр.
Ирдэнэр докумуоннар:
1. Сайабылыанньа;
2. Пааспар (дьиҥнээҕэ, куоппуйата);
3. Бэтэрээн буоларын туоһулуур дастабырыанньа (дьиҥнээҕэ, куоппуйата);
4. Эмтиир бырааһыттан ыспыраапка (070 – у форма).
Оҥоһуллар болдьоҕо:
10 күн
Сайабылыанньаны СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай Порталын нөҥүө биэриэххэ сөп.
Санаторийга эмтэммит компенсациялары анааһын уонна төлөөһүн
Өҥө оҥоһуллар:
Үлэ бэтэрээнэ Саха өрөспүүбүлүкэтин иһигэр санаторнай-курортнай тэрилтэҕэ санаторнай путевканы ылбыт ороскуотун компенсациялыырга, олохтоох санаторнай-курортнай тэрилтэҕэ эмтэннэҕинэ, путевка орто сууматын 80% төлөнөр.
Ирдэнэр докумуоннар:
1) тус сайабылыанньата;
2) пааспар, үлэ бэтэрээнин дастабырыанньатын, үлэ киниискэтин, санаторнай-курортнай каарта, баан счетун дааннайдарын куоппуйалара;
3) кассовай чек дьиҥнээҕэ, путевка корешогун дьиҥнээҕэ, ону таһынан үлэ бэтэрээнэ Саха өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар санаторнай эмтэниини барбытын бигэргэтэр чахчылар.
Оҥоһуллар болдьоҕо:
30 күн
Ханна сынньана барыахха?
“Арассыыйа – мин
историям” историческай парка
“900 дней блокады. Победа народного духа”, өйдөбүл күнэ
“Живые голоса войны” документальнай киинэ. Ленинград блокадатыгар тыыннаах хаалбыт сахалар тустарынан. Режиссер Фенна Пластинина.
“Кэрэ көмүскэлигэр” испиктээкилтэн быһа тардан көрдөрүү — 1940 сыллаахха А. Н. Островскай аатынан Ленинградтааҕы театральнай институкка үөрэнэ киирбит, профессор Леонид Макарьев, куратор Е.К. Лепковскайа кылааһын Саха сириттэн сылдьар 34 устудьуон оҕолор ыарахан дьылҕаларын туһунан.
Уопсастыбаннай лиэксийэлэр:
“Холокост – черное пятно в истории человечности”;
“Якутяне в блокадном Ленинграде”;
Буолар кэмэ – тохсунньу 27 күнэ, 14.00-17.00 чч.
Киириитэ босхо.
“Песни моря и цветов” быыстапка
Хартыына ис хоһооно: ботаническай иллюстрация уонна муора көстүүтэ.
Буолар кэмэ: тохсунньу 15 – олунньу 19 күннэрэ
Билиэт сыанатын уонна сакаастааһынын администратортан ыйыталаһыҥ: 40-35-97.
Быыстапка ыытыллар миэстэтэ: 1-кы мэндиэмэн, “Лекторий” сирэ.
Комдрагмет быыстапкалыыр саалата
Саха сирин худуоһунньуктарын Сойууһун үбүлүөйдээх быыстапката тохсунньу 27 күнүгэр диэри көрдөрүллэр
Тохсунньу 20 күнүгэр, чэппиэргэ, күнүс 16.00 чаастан худуоһунньук Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьеваны кытта айар көрсүһүү. Быыстапкаҕа худуоһунньук “Уруу ыһыаҕа” (Ыһыах. Кийиити көрсүү сиэрэ-туома) 1998-2019 үлэтэ туруоруллуоҕа. Айар көрсүһүүгэ ааптар хартыынаны суруйбутун туһунан историяны билиһиннэриэҕэ.
Эрэдээксийэттэн: Худуоһунньук Александра Бочкарева-Иннокентьеваны кытта кэпсэтии «Киин куорат» хаһыат ааспыт 2021 сыл ахсынньы 23 күнүнээҕи нүөмэригэр «Ыалдьыт» рубрикаҕа икки балаһанан тахсыбыта.