18.04.2024 | 10:00

44 сыл устата — оҕону иитиигэ

44 сыл устата — оҕону иитиигэ
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбар кэпсиир киһим Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэхтээһинин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайына, РСФСР, Саха АССР Үөрэҕин министиэристибэлэрин Бочуотунай грамоталара о.д.а. наҕараадалардаах 85 саастаах ытык кырдьаҕас Прокопий Николаевич Ефремов. 

«Алаас уолунабын»

1938 сылга сэтинньи 20 күнүгэр Ньурба Чаппандатыгар төрдүс оҕонон төгүрүк алааска күн сирин көрбүтүм, онон «Алаас уолунабын» дэнэбин.

Мин төрөппүттэрим кырдьаҕас дьон, колхуостаахтар этэ. Аҕам 1948 сыллаахха өлбүтэ, ийэбит сааһын тухары ыанньыксыттаабыта, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата, оройуоҥҥа эмиэ хайҕалга сылдьара.

Дьонум миигин ыалга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Оҕо турбат ыала диэн баара оччолорго, икки оҕолоро төннүбүт ыал Николай Ефремович уонна Марфа Егоровна Ефремовтар миигин, үстээх оҕону, иитэ ылбыттара. Хоонньуларыгар укта сыталлара, биһигини ийэ, аҕа диигин диэн такайаллара. Улаханнык ыарыйдахпына, куттанан дьоммор төттөрү биэрэллэрэ, сүрэх баастаах буоллахтара. Оннук икки түгэни өйдүүбүн. Онтон мин оҕо кута биэрэммин, бастакы икки оҕолоро төрүүр, кэлин аҕам иккис кэргэниттэн сэттэ оҕо төрөөн, миигин таҥара курдук туталлара, ол иһин үөрэхтээх киһи буоллаҕым дии. Бииргэ төрөөбүттэрим да бары үтүөкэн үлэһит, үөрэхтээх дьон буола үүммүттэрэ.

 

Кистээн үөрэнэ барбытым

1946 сыллаахха бастакы кылааска Марха аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим, ыалга олорбутум. Нөҥүө сылыгар үөрэммэтэҕим, аҕам наар сүөһү үүрүүтүгэр эҥин сылдьара, дьиэтигэр тохтообот этэ. Дьиэ иһигэр илии-атах буоларым, дьонум, үөрэммэтэхпэр, хата, үөрбүттэрэ.

Онтон иккис сылбар балаҕан ыйын 1 күнүгэр хайаан да үөрэниэхтээхпин диэн сарсыарда күн тахсыыта тураммын олорор сирбиттэн хас да килэмиэтир ыраах Дьаархан диэн нэһилиэккэ бэйэм сатыы үөрэнэ тиийбитим. Төннөн кэлбиппэр эбэм, эдьиийим аах ханна сүтэ сырыттыҥ диэн мөҕө тоһуйбуттара, онтон: “Ээ, сатана уола үөрэннин, бэйэтэ туран барар буоллаҕына”, диэн көҥүллээбиттэрэ. Оччолорго сэрии оҕолоро үгүстэрэ үөрэммэккэ хаалбыттара.

Дьаархаҥҥа үөрэнэн баран Чаппандаҕа 7 кылаастаах оскуолаҕа көспүтүм, онтон 1958 с. Ньурбаҕа киирэн орто оскуоланы бүтэрбитим.

Биир сыл сэттискэ хаалларан кэбиспиттэрэ, былчархайдана сылдьыбытым. Интэринээт оҕолоро хаар уутунан эрэ аһыыбыт, битэмиин суох, аспыт диэн килиэп, арыы, хааһы, дьиэбит тымныы, истиэнэтэ, түннүгэ муус буолан, бары да ыалдьыбыппыт, таҥастаах утуйар этибит. Онтон интэринээти сабаннар, Малдьаҕарга көһөрбүттэрэ. Онон оскуолабын 20-бэр бүтэрбитим.

Үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээммин, оскуолам дириэктэрэ Дьэкиим Дьөгүөрэбис Борисов ыҥыран ылан, Дьокуускайга университекка математикаҕа биир миэстэ баар, онно бииргэ үөрэммит уолбунуун Коля Николаевтыын иккиэн барыҥ, баҕар киирэн хаалыаххыт диэбитэ. Биһиги дьолбутугар иккиэн туттарсан киирбиппит, кэлин доҕорум Николай Афанасьевич Малдьаҕарга дириэктэрдээбитэ.

Оччолорго дьонум аах элбэх оҕолоохтор, кыамматтар, онно көмөлөһөөрү үһүс куурус кэнниттэн, 1961 сыллаахха, кэтэхтэн үөрэххэ көспүтүм. Мин кэннибиттэн икки оҕо төрөөн, аҕам кэлин икки оҕолоох дьахтары ылан, холбоон 12 оҕо буолбуппут. Онон университеппын аҕыс сыл курдук үөрэнэн 1966 сыллаахха бүтэрбитим.

 

Үлэ үөһүгэр сылдьыбытым

1961 сыллаахха кэтэхтэн үөрэххэ көһөн баран Чаппандаҕа физика, математика, физкултуура учууталынан үлэлээн саҕалаабытым.

СГУ-га бастакы сылларга спорт секцияларыгар аҥаар кырыы барытыгар суруйтаран сылдьыбытым; кэлин хомойобун ээ, тустууга эрэ хаалбытым буоллар, маастар буолуом этэ диэн. Саахымат, дуобат, тустуу, гимнастика, штанганы көтөҕүү буоллун, барытын боруобалаан көрбүтүм. Онон оскуолабар үлэлии кэлбиппэр, кыанар, эдэр киһи диэннэр, физкултуураны эбии биэрбиттэрэ. Кэлин Бүлүү педучилищетын бүтэрбит уол Уоһук Уйбаанабыс Николаев кэлбитэ. Тустууга иккис разрядтаах буолан, тустуу секциятын арыйан саҕалаабыппыт. Оҕолору кытта элгээн хомуһун хомуйан, атынан тиэйэн, маат оҥорбуппут. Оскуолабыт 35 миэтэрэ усталаах көрүдүөрүгэр атах оонньуулара буолара, турник, брусья, спортивнай снарядтар син бааллар этэ. Ол саалаттан элбэх спорт маастара үүнэн тахсыбыта, гиирэҕэ, штангаҕа, хайыһарга оҕолору бэлэмнээбиппит. Физика кабинетын эмиэ тэрийэ сылдьыбытым. Ол туһунан хаһыакка таһааран турардаахтар.

 

Кэргэммин көрөөт таптаабытым

Ол курдук үлэлии сылдьан, үөрэхпэр барбакка, устан кэбиспиттэр этэ. РайОНО сэбиэдиссэйэ ыҥыран ылан үөрэххэр бар, салҕаа диэбитин, уубар-хаарбар киирэн үлэлии сылдьар киһи барыахпын баҕарбатаҕым, ол да буоллар сэбиэдиссэйим тылын ылынан салҕыы үөрэнэн, 1966 с. бүтэрэн кэлбитим.

Сессиябын сабан, оруобуна саҥа дьыл саҕана дойдубар кэллим, оскуолабар ыксыыбын, учууталларбын, оҕолорбун көрсөөрү, үлэбин да аҕынным. Ол кэмҥэ арай учууталлар бары кэнсиэргэ бэлэмнэнэ сылдьаллар, каникул кэмигэр гастролга бараары тэринии бөҕөлөрө. Киирэппин кытта бары үөрэ көрүстүлэр, “барсаҕын” диэн мас-таас курдук эттилэр. Кыратык ыллааччыбын, барыстым, 4-5 нэһилиэккэ сылдьыбыппыт. Маат тэлгэтэн баран таһаҕас тиэйэр сабыылаах массыынанан айанныыбыт.

Оскуолабытыгар хору, үҥкүүнү тэрийэр Бүлүү педучилищетын бүтэрбит саҥа кыыс кэлбит этэ, Маргарита Яковлевна Иванова диэн. Мин тута бастакы көрүүттэн сөбүлээтим, хараҕым хатанна. Аны туран биир дэриэбинэҕэ тиийбиппит, үҥкүүлүөхтээх уолбут ыалдьан хаалла. Маргарита напарнига буолан биэрдэ, онон кинини солбуйан, сыыһа-халты да буоллар үҥкүүлэстим. Онтон ыла билсэммит, 1966 сыллаахха холбоһон, күн бүгүнүгэр диэри тутуспутунан олоробут.

Маргаритам айылҕаттан хоһоонньут, үҥкүүһүт, ырыаһыт бэрдэ, алын кылааска учууталлаабыта. Кэлин нуучча тылын кэтэхтэн бүтэрбитэ. Чаппандаҕа икки сыл үлэлээн баран, Антоновка оскуолатыгар 1968 сыллаахха көспүппүт. Онно тиийэн алта сыл завучтаабытым. Үлэ бөҕөтүн үлэлээн, оҕо бөҕөтүн үөрэтэн. Афанасий Титович Захаров улахан настаабынньыгым этэ, СӨ үтүөлээх учуутала, РайОНО сэбиэдиссэйэ, хомуньуус. Кини Антоновкаҕа көһөрбөр завуһунан эрэ үлэлиигин диэбитэ.

Үс оҕоломмуппут, кэргэним Багдарыын Сүлбэ аймаҕа этэ, кини оҕолоргутун сахалыы ааттааҥ диэбитэ. Онон Айаал, Туйаара, Мичил диэн сахалыы ааттары иҥэрбиппит. Хомойуох иһин, Туйаарабыт үс оҕону хаалларан, сүрдээх таһаарыылаахтык быраастыы сылдьан олохтон барбыта. Уолаттарым үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэрэ, билигин үлэ үөһүгэр сылдьаллар, сиэннэри бэлэхтээтилэр, билигин кэргэмминиин кыра уолбутугар олоробут.

 

Ытык ытылларын курдук үлэлээбиппит

1974 сылтан 1980 сылга диэри Чаппандаҕа дириэктэринэн барабын. Онно саҥа орто оскуола буолбута. Оччолорго түөлбэлэринэн үлэ бөҕөтө барбыта, төрөппүтү, уопсастыбаннаһы оскуола диэки хайыһаннарбытым, ыйга биирдэ управляющай, оскуола дириэктэрэ, быраас, административнай хамыыһыйа тэрийэн, тэрилтэ салайааччылара мунньахтыыр этибит. Төрөппүттэр, уопсастыбаннас көмө бөҕөтө буолбуттара. Биир сыл оройуоҥҥа тирэх оскуола буола сылдьыбыппыт. Күрэхтэһиилэргэ инники буоларбыт, биһиги иилээччи-саҕалааччы этибит, туох да элбэх үлэ барбыта, уопсай дьиэ тутуута, саҥа учууталлар кэлиилэрэ, аттестация саҕаламмыта. Нэдиэлэтээҕи былаан чуолкай суруллан, ханнык хайысханан, үөрэтии араас ньымаларын киллэрэн үлэни өрө туппуппут.

1980 с. Ньурбаҕа 1 №-дээх оскуолаҕа дириэктэринэн барбытым уонна 1999 сылга диэри үлэлээбитим. 1922 сыллаахтан үлэлиир улахан, кырдьаҕас оскуолаттан оҕо бөҕөтө үүнэн-сайдан тахсыбыта, тыһыынчанан үөрэнээччилээҕэ. Онон миэхэ улахан сорук, эппиэтинэс турбута. Тыа оскуолатын дириэктэрэ оройуон саамай сүрүн оскуолатын салайарбар толкуй бөҕөтүгэр түспүтүм, инники үлэлээбит үтүө дьон суолларын-иистэрин тутуһуохтаахпын, салгыахтаахпын диэн. Аттестация саҕаламмыт кэмэ этэ. Кэлэктиип интернациональнай, бүрээттэр, литовка, нууччалар, сахалар элбэхпит. Бастаан творческай отчуоттары ыытыахха наада диэн сорук турбута, сылга биирдэ саас оҥороллоро. Партийнай сэкирэтээр, завучтар, профсоюз, оскуола салалтата истэр, бары отчуоттууллар, 18 боппуруос киирэр, үөрэх, иитии, төрөппүтү кытта үлэ о.д.а., онно ахсыаҥка ылаллар этэ. Бастаан кириитикэлээбиттэрэ, учууталлары эмиэ ахсыаҥкалаары гынна диэн. Категория, базовай барыахтаахтар буоллаҕа. Уруок бөҕөтүгэр сылдьар этим, учууталлары билээри, уопут атастаһарга, кэпсииргэ, бэйэм да үөрэнэбин. Билиилээх, кыахтаах дьон завучтаабыттара.

Ол кэмҥэ от бөҕөтүн оттоон, сүөһү бөҕөтүн көрөн, оҕуруот, пришкольнай учаастак – үлэ ньиргиччи барара. Оҕолор 400 туонна оту оттууллар этэ, “Юный механизатор” диэн баара, оскуола иһигэр тыраахтары, массыынаны үөрэтэр кабинет арыйбыппыт, тарбыйах көрөр лааҕырга оҕолор иккилии киилэҕэ тиийэ эбиллии ыланнар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сылдьыбыппыт.

Ытык ытыллан турарын курдук үлэ да үлэ этэ. Оҕо доруобуйатын боппуруоһугар элбэхтэ үлэлээбиппит. Куорпустар ыраах ыраах буолан, сыгынньах сүүрэллэр этэ. Толкуйдаан икки оскуоланы холбоон, самалык тутуу оҥорбуппут. Оҕолор туалеттара таһырдьа, онно тымныыга сүүрэллэр, ол иһин оскуола иһигэр учууталлардыын көмөлөөн дьаама хаһаммыт, ичигэс туалеты оҥотторбутум. Аһылык эмиэ наада, остолобуойга эбии хос буламмыт, 70 оҕо аһыырын тэрийбиппит. Оҕо доруобуйатыгар элбэхтик үлэлээбит киһибин. Оскуола оҕо туһугар кыһаллыахтаах диэн санаалаах этим. Ол иһин тэрилтэлэргэ оҕолор иитиллиилэрин туһугар бэйэм мунньах оҥортуурум.

Кэлин Дьокуускайга кэлэн 7-с №-дээх оскуолаҕа биэс сыл үлэлээбитим, хойут репетиордаан эҥин баран билигин дьэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

 

Санаан ааһар тоҕоостоох

Салайар үлэҕэ үлэлиирим тухары алта миниистири кытта үлэлээбитим. Элбэхтик үөрэппит, такайбыт дьоммунан Н.И. Шарин, Б.Д. Слепцов, Е.П. Жирков, Е.И. Михайлова буолаллар. Кинилэр этиилэрин барытын истэрим уонна олоххо киллэрэ сатыырым.

Оройуоммар үөрэх салаатын сэбиэдиссэйдэрэ А.Т. Захаров, П.П. Иннокентьев, А.Г. Кардашевскай о.д.а., оскуола дириэктэрдэрэ, Улуу сэрии кыттыылаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталлара А.Т. Захаров, М.С. Егоров, Д.П. Иванов, РФ үтүөлээх учуутала Д.П. Борисов, педагогическай наука кандидаттара Н.В. Такыров, А.А. Миронов, Г.И. Васильев, РФ үтүөлээх учуутала П.С. Егоров, СӨ үтүөлээх учуутала И.С. Анисимов уопуттаах, эдэр салайааччылар, улахан настаабынньыктарым этилэр. Кинилэр этиилэрин, тылларын куруук истэрим, үлэбэр туттарым. Бары даҕаны дьоһуннаах салайааччылар этэ.

 

Кэс тылым

Билигин кылаабынай сорукпут диэн оҕону сөпкө иитэ сатыахха, оҕо диэн таҥара оҕото диэн этэллэр. Үлэлээбит оскуолаларбын алгыыбын, кэпсиибин, суруйабын, ыччат билиэн наада диэн. Төһөлөөх элбэх оҕону олох киэҥ аартыгар таһаарбытым, арчылаабытым буолла. Оҕо диэн – дьол. Дьиэ кэргэн, Оҕо аймах сылынан сөп түбэһиннэрэн ыччат кэскиллээхтик, дьаныардаахтык сырыттын, өйдөөх, чөллөөх, куһаҕан дьаллыкка ылларбакка, инникигэ хардыылаан истиннэр. Оҕолору таптааҥ, харыстааҥ, үүнэ-чэлгийэ турдуннар диэн алгыыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...