23.10.2022 | 08:00

21-с үйэ мецената

21-с үйэ мецената
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр Сыҥаах Амыыкаан Бороҕон Тойоҥҥо пааматынньык, Тумул бөһүөлэгэр Кыайыы болуоссата курдук дириҥ историческай суолталааҕын ааһан, баһаам суумалаах үлэлэри урбаанньыт Петр Спиридонович Алексеев үбүлээбитин сөҕө истэбит.
Төрөөбүт дойдуга таптал, киһи буолан сириэдийэн тахсыбыт сиргэ махтал, ытыктабыл уонна сүгүрүйүү бэлиэтэ буоллаҕа диэн өйдүүгүн эрээри, киһи аайы бэриллибэт өй-санаа, үп-харчы модун кыаҕа буолара эмиэ толкуйдатар.
Бүгүҥҥү нүөмэрбит «Эр бэрдэ» рубрикатыгар аныгы 21-с үйэ мецената Петр Алексеев туһунан кэпсииргэ соруннубут.

"....Хас биирдии киһи ис айылҕата муҥура суох кыахтаах, хас биирдии киһи ис кэрэ сиэмэлээх. Бу олорор үйэбитигэр бэйэ кутун кыаҕын уһугуннарыы, чэлгитии, сырдатыы, сиэрдээх буолан духуобунаһы үрдэтии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр. Ханнык баҕарар омук кутун кыаҕын, ис кэрэтин сайыннардаҕына уонна итэҕэллээх эрэ буоллаҕына, эволюция кирилиэһинэн салгыы дабайар, сайдар, сырдыыр кыахтанар", — диэн 90-с сылларга таһаарбыт хомуурунньугар К.И. Максимова-Сайыына суруйан турар.

Дьэ, кырдьык даҕаны, биир буолбакка, элбэх киһи кыаҕын холбоотоҕуна, тугу тулутуохтарай?!

Билиҥҥи балысхан сайдыы кэмигэр бу сиргэ дьиҥ өйүнэн сирдэтэн олорор, айар-тутар үөрэҕи тарҕатар соруктаах Алгыс Уйбааны элбэх саха билэр. Кини ыытар дьарыктарын тирэх оҥостон, тус олохторугар, уопсастыба иннигэр сайдыы кирилиэһинэн дабайбыт, кыах, күлүүс ылбыт киһи аҕыйаҕа суох.

Маныаха үөрүүлээх сонуну үллэстэбит. Ол курдук, мантан ыла Алгыс Уйбаан дьарыктара сабыс-саҥа, чахчы да сырдыгынан сыдьаайар дьиэҕэ ыытыллар буолбуттарыгар биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут Петр Алексеев быһаччы үтүөлээх. Дьокуускай куоракка баар «СтройГрад» уонна «Линолеумы и двери» атыы-эргиэн дьиэлэрин хаһаайына, Уус Алдан Тумулуттан төрүттээх Петр Спиридонович Алексеев бу алгыстаах аартыкка үктэннэрэр анал дьиэ тутуутун үбүлээччи эбит.

Петр Варвара Иннокентьевна уонна Спиридон Петрович Алексеевтарга 1969 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Уус Алдан Тумулугар ааспыт. Оҕо сылдьан үгүс уол оҕо курдук спортка сыстан дьарыктаммыт кэмнэрин олус истиҥник ахтар, спорт кыайыыга эрэ дьулуур буолбатах диэн бэлиэтиир.

– Спорт уол оҕоҕо эр киһи хаачыстыбаларын иҥэрэр. Бу, бастатан туран, бэйэ иннигэр туруорунар сыал. Ол сыалы толорорго тулуур, дьулуур ирдэнэр, ыарахаттартан чаҕыйбат күүстээх санаа наада буолар. Спортка курдук, ханнык баҕарар ситиһии күүстээх үлэ түмүгэр кэлэр.

Бу маннык хаачыстыбалары биһиэхэ оҕо эрдэхпитинэ спортка уһуйбут учууталбыт Игнат Петрович Готовцев иҥэрбитэ. Итини сэргэ киһи олоҕор холобур оҥостор дьонноох буолар. Мин биир оннук киһинэн таайым Дмитрий Иннокентьевич Шарины ааттыыбын. Туохха эрэ бэлиэ биэрэр, суолдьут сулус буолар умнуллубат түгэннэр эмиэ баар буолаллар. Ол курдук,  Уус Алдан Суоттутугар баар “Доҕордоһуу” музейыгар аан бастаан сылдьыбыт түгэним өйбөр-санаабар умнуллубаттыы хатаммыта. Ол – дойдум меценаттарын туһунан кэпсээн уонна кинилэри сырдатар истиэндэ. Кэчигирэһэ ыйаммыт хаартыскалар харахпар бу баарга дылылар.

Петр Спиридонович, оччолорго эдэр киһи, ол меценаттар туһунан кэпсээни истэ турар кэмигэр Үөһээ Айыылар «кинилэр суолларын салҕыаҕа» диэн бэлиэтии көрдөхтөрө дуу?!

Удьуор утум салҕанан барарыгар, өбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ туралларыгар аҕа иитиитэ эмиэ суураллыбат суолталаах. Уол оҕо олоххо, идэҕэ сыһыана аҕаттан утумнанар холобурун Петр Спиридонович бэйэтин төрөппүт аҕатын кытта сыһыаныгар көрөрүн этэр. Кыра эрдэҕиттэн үлэни өрө тутуу, үлэҕэ ис сүрэхтэн, санааны ууран сыһыаннаһыы үөрүйэхтэрин аҕатыттан өйүнэн-сүрэҕинэн иҥэриммитин ахтар. Маны бигэргэтэр «киһи духуобунаһын үүннэрдэҕинэ эрэ материальнай өттө тупсар, сайдар кыахтаах” диэн этии баар. Бука, ол да иһин Петр Алексеев ылсыспыт дьыалата ыпсан истэҕэ, туруоруммут соруга туола турдаҕа. Бу дириҥ ис хоһоонноох этиини геройбут бүгүҥҥү ситиһиилэрэ, үтүө дьыалалартан туора турбат патриотическай өйө-санаата туоһулууллар.

Аҕа холобурун туһунан Петр Спиридонович маннык кэпсиир:

– Аҕам Спиридон Петрович айылҕаҕа элбэхтэ сырытыннарбыта. Ол иһин кыра эрдэхпиттэн Аар Айылҕа сүгүрүйэр буолбутум. Ол кэмҥэ маннык боппуруос үөскээбитэ: саамай үрдүкү күүс диэн Таҥара дуу, Айылҕа сүгүрүйэр дуу диэн. Кэлин, 90-с сылларга, саха киһитэ буккуллуута элбэҕэ, ол кистэл буолбатах, бэйэм да оннук сылдьыбыттаахпын. Ол иһин биир итэҕэл баар эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

Бука, Үрдүкү күүстэр бэйэлэрэ булуһуннардахтара, Петр Спиридонович биир кэмҥэ Алгыс Уйбаанныын билсэр. Онтон бу соторутааҕыта бэйэтин баҕа санаатын истэн баран, кэбэҕэс баҕайытык «мин тутуом» диэн тылын биэрбитин кэпсиир.

«Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах» диэн өбүгэ этиитинии, Петр Спиридонович бу баараҕай тутууну ылсыһан, икки сыл устата туттарбыт Алгыстаах Аартык дьиэтэ бүттүүн саха норуотун кэскилэ, сайдыыта үүнэригэр төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Төрөөбүт дойдубут историятын үйэтитэн, ытык сирдэрбитин, пааматынньыктарбытын кэнэҕэски көлүөнэлэргэ история кэрэһиттэрин быһыытынан хаалларар кэскиллээх үлэҕэ хоннохтоохтук ылсан үлэлии сылдьар киһибитинэн киэн туттабыт уонна махтал маанытын этэбит. Петр Алексеев үбүлээбит баараҕай тутуулара бу сиргэ, бу дойдуга дьиҥнээх хаһаайыттар биһиги буоларбытын, онон үтүө санааланыы, амарах дууһаланыы курдук өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн даҕаны үгэстэрбит үйэлэргэ хаалалларын ситиһэргэ төһүү күүс буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...