16.05.2021 | 09:42

2021-2022 сылларга ханнык бизнес аһыллара тоҕоостооҕуй?

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Бэйэ дьыалатын тэринэргэ биир сүрүн боппуруоһунан стартовай хапытаал буолар. Ол суумата элбэх буоллаҕына, биллэн турар, барыстаах уонна инникилээх бизнеһи олоххо киллэрэр түргэн. Ол эрээри, билиҥҥи балаһыанньаҕа уурунуу харчылаах киһи ахсааннаах. Онон биһиги саамай кыра угуулаах уонна билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох бизнес-идиэйэлэри хомуйдубут.

Дьоҕус бизнескэ аналлаах идиэйэлэр

Франшизаны атыылаһан бизнес тэринии

Франшиза –  бизнес-модель быһыытынан арыныыга быдан табыгастаах. Ол эбэтэр элбэҕи толкуйдуу барбакка, эрдэттэн оҥоһуллубут бренди ылан үлэлэтэҕит. Франшизаҕа ночоотуруу куттала быдан намыһах — ол иһин  франшизаны атыылыыр бас билээччи бырайыаккыт төһө дохуоттаах  буолуоҕун бэйэтэ сыаналыыр.

Үөрэх куурустара

Манна дьоһун суолтата – дьоҕурдаах уонна уопуттаах  преподавателлэри түмүү. Үлэһиттэриҥ уопуттара элбэх, билиилэрэ киэҥ буоллаҕына, килийиэннэр интэриэстэрин тардыа турдаҕа. Үөрэх куурустара хаһан баҕарар тиийбэттэр, онон нэһилиэнньэ ханнык баҕарар араҥата үөрэх эйгэтигэр билиини ылара, ирдиирэ саарбаҕа суох.

Буола турар быһыыга-майгыга ордук омук тылын үөрэтии кууруһа, IT эйгэтэ, бухгалтерияны уонна кэрэни оҥоруу өҥөтүн кытта сибээстээх куурустар инники күөҥҥэ тураллар.

 

Б/у тиэхиньикэни атыылааһын

Барыстаах бизнес өссө биир идиэйэтэ электрониканы кытта сибээстээх. Маннык бырайыактар билигин быдан көдьүүстээхтэр. Ордук Apple хампаанньа табаардарын батарыы, атыылааһын инникилээх. Тоҕо диэтэххэ, бу бренди элбэх киһи сэҥээрэр, ымсыырар. Ол да буоллар, сыаната ботуччу соҕус буолан, киһи эрэ барыта ылынар кыаҕа суох.

Бу бизнескэ тиэхиньикэ туругун сатаан бэрэбиэркэлиир, сыананы быһар буолуохха наада уонна оффлайн маҕаһыын арыннаххына элбэх дохуоту, килийиэннэри бэйэҕэр тардаҕын.

Маникюр уонна кыламан бизнеһэ

Арааһа, кыргыттарга бу бизнес ордук киэҥник тарҕаммыт буолуохтаах. Тыҥырах оҥоруу үөрэҕэр быһа холоон 18 тыһыынча солкуобай барыаҕа уонна туттар матырыйаалы атыылаһарга соччо суума  наада. 40 тыһ.солк. иһигэр бэйэҥ бизнескин тэриниэххин сөп. Маҥнай дьиэҕэр олорон килийиэннэргин булунаҕын, уопутуран истэххинэ, сыанаҕын улаатыннараҕын. Атаххар турдаххына, бу үлэни баһылаатаххына,  үгүс маастардар курдук бэйэн салоҥҥун арынаҕын.

Квадрокоптердары куортамҥа биэрии

2021 сылга бизнескэ саамай интэриэһинэй идиэйэ бу баар. Манна билиҥҥитэ биһиги куораппытыгар конкуренция аҕыйах. Коптердары биэчэрдэргэ, корпоративтарга, сыбаайбаларга уонна да атын бырааһынньыктарга куортамҥа биэрэҕит. Бастакы инвестиция — дроннары  атыылаһыы. Ночоотурбат туһуттан  чэпчэки сыаналаах моделтан саҕалыаххытын сөп.

Кейтеринг

Билигин элбэх киһи бырааһынньыктарга эбэтэр бизнес-тэрээһиннэргэ сыаналаах рестораннар өҥөлөрүттэн аккаастаналлар. Ол оннугар кинилэр удамыр сыаналаах кейтеринтэн быдан элбэҕи сакаастыахтарын сөп.

Бу идиэйэни тэрийии, олоххо киллэрии син уустук эрээри, холобур, эрдэ поварынан үлэлээбит, ивент-агентствоҕа эбэтэр атын кейтериҥҥэ уопуттаах буоллаххытына, этиллибит бизнес эһиэхэ үчүгэй барыһы аҕалыан сөп.

Ас маҕаһыына

Супермаркет, кууһунан атыылыыр уоптабай дэлэй да буоллар, сорох дьон  куорат баһыттан тиийэн атыылаһар кыахтара суох. Маҕаһыыҥҥа киһи күн аайы сылдьар. Ордук оҕуруот аһын, фруктаны, килиэби, үүтү, сымыыты атыылаһар. Куоракка билигин даҕаны элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар маҕаһыыннар тиийбэттэр. Онон ас маҕаһыынын тэринии хаһан баҕарар дохуоттаах.

Пандемия да кэмигэр ас маҕаһыына умайар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, киһи бу орто дойдуга баарын тухары аһыыр уонна таҥнар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...