16.05.2021 | 09:53

2021-2022 сылга интэриниэт-бизнескэ аналлаах бастыҥ идиэйэлэр

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Интэриниэт бырайыак, бастатан туран, элбэх хапытаалы ирдээбэт. Иккиһинэн, офис эбэтэр оффлайн маҕаһыын суоҕуттан үп-харчы улаханнык кэмчилэнэр. Үсүһүнэн, табаардары барыстаах сыанаҕа батарыы быдан судургутук оҥоһуллар.

Кыра үптээх интэриниэт маҕаһыын

Билигин сүрэҕэ суох киһи кытта интэриниэт маҕаһыыннаах буолан турар кэмэ. Ол да буоллар, баҕалаах уонна сыал-сорук оҥостон олоххо киллэрэр дьон тарбахха баттаналлар. Интэриниэт маҕаһыын тэринэргэ ааттан, дизайнтан, социальнай ситимҥит хаартыскаларыттан элбэх тутулуктаах.

Холобур, үчүгэй сыттаах духинан уонна косметиканан киһи барыта туттар. Бу бизнес хаһан баҕарар уһулуччу суолталаах буолуоҕа. Ол иһин эн маҕаһыыныҥ биллэр маҕаһыыннартан сыаната арыый намыһах буолара ирдэнэр. Интэриниэти арыйа баттаатахха, араас сууматтан саҕалаан  табаардары тиэрдэн биэрэр дьону булуохха сөп.

Аһы ресторантан ылан тиэрдии

Бэл, улахан куораттарга ханнык баҕарар ресторантан аһы  сыыдамнык аҕалар өҥө суох буолааччы. Аһы дьиэҕэ илдьэн биэрии хас иккис рестораҥҥа уустуктардаах. Ордук өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга сакаастара элбэх буолар. Биһиги куораппытыгар хас хардыы ахсын ресторан, кафе баар.  Бу эбийиэктэр куруук астарын тастараары курьер көрдөөн тахсаллар.

Тас дойдуттан малы-салы атыылааһын

Кыраныысса тас өттүгэр малы-салы тиэрдии баарын үрдүнэн, үгүс дьон бу сайтартан сакаастыылларын, ырааҕынан эргитиэхтэрин баҕарбаттар. Ол эбэтэр Америкаттан кэлэр табаар 1-2 ый айанныыр буоллаҕына, дьон сакаастаабат, кэтэһэрин сүрэҕэлдьиир. Аны туран, Америка бэйэтин сайтыттан табаардары атыылаһыы быдан барыстаах. Холобур, биллэр Iherb маҕаһыын битэмииннэрэ, аһа-үөлэ, косметиката Дьокуускайга кэлэн 2-3 төгүл ыарахан сыанаҕа атыыланар. Ол да буоллар, онно харахтарын хатаабакка дьон син биир атыылаһаллар.

Биллэр маҕаһыыннартан сакаас оҥорон баран, интэриниэт маҕаһыыны арыйдаххытына бастакы хапытаалгыт да соччо-бачча улахан буолуо суоҕа. Биллэн турар, интэриниэти кытта үлэлиир киһи ночоотун уонна барыһын ааҕынара ордук.

Коворкинг

Фриланс-исписэлиистэргэ болҕомто мэлдьи улаатар. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ кырата 2-3 киһи тастан сылдьан эрэ өҥө оҥорор, ол кистэл буолбатах. Фрилансынан үлэлиир дьон ордук кафеҕа, рестораҥҥа ноутбук тутан баран олорор буолааччылар. Ол эбэтэр кинилэргэ сөптөөх усулуобуйа суоҕуттан дьон рестораҥҥа, кафеҕа киирэн үлэлээн эрдэҕэ.

Бу бизнес-идиэйэ эмиэ улахан ороскуоту эрэйбэт: коворкинг-киин тэрийэргэ хос атыылаһар наадата суох. Удамыр сыанаҕа куорат киинигэр куортамныахха сөп.

Хостел

Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах куораттарга кэнники сылга элбэх хостел аһыллыбыта. Ол эрээри билигин да хостелга наадыйар киһи үгүс, ирдэбил да улаатта, ол аата балачча барыстаах бырайыак буолуон сөп.

Хамсаабат баайы-дуолу атыылыыр агентство

Төһө да конкуренция таһыма үрдээбитин иһин, риелтордар өҥөлөрүгэр “спрос” улаатар. Бу аата бизнескэ үгүс компетентнайа суох дьон үлэлииллэрин кытары сибээстээх. Бука, риелтордары кытта биирдэ эмэ көрсүбүт киһи туох туһунан этэрбин өйдүүрэ буолуо.

Хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр чиҥ билии баар буоллаҕына, агентство тэринии балачча барыстаах бырайыак буолуон сөп. Күн бүгүн Дьокуускайга  таас дьиэ бөҕө тутуллар, бу дьиэлэри атыылыыр сөптөөх дьон аҕыйах. Аны туран,  биир-икки сылынан VIP-кыбаарталлар тутуллуохтара  (бу эйгэҕэ хамыыһыйата да үрдүк).

Блог

Блогинг — эһиги хайдах олороргутун уонна тугунан үлүһүйэргитин харчыга атыылыаххытын сөп. Холобур, видеота устуҥ. Бу, биллэн турар, атыттар курдук «дьиҥнээх» бырайыак буолбатах. Ол гынан баран киирэр ороскуота да кыра — эһиги төбөҕүт үлэтэ уонна интэриниэт-маркетинг туһунан кыратык билии наада. Видеоҕут тарҕаммытын кэннэ аҕыйах кэминэн эйигин элбэх киһи ааҕар, көрөр, интэриэһиргиир буоллаҕына, эн бэйэҥ блогкун арыйаҥҥын блогер үрдүк аатын сүгэҕин.

 

Аан дойду үрдүнэн саҥа бырайыактар күн-түүн олоххо киирэ тураллар. Бу сүүмэрдээһиҥҥэ биһиги кэнники кэмҥэ предпринимателлэр киэҥник туһанар бизнес-идиэйэлэрин холобурдаатыбыт. Инники да сылларга бу идиэйэлэр ирдэбиллэрэ, көдьүүстэрэ кэскиллээҕэ саарбаҕа суох.

Ылсыбыккытын ыһыктымаҥ, саҕалаабыккытын тиһэҕэр тириэрдиҥ!

 

Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...