01.06.2023 | 10:00

18 оҕо ийэтэ Людмила Слепцова: «Оҕо үлэнэн иитиллэр»

18 оҕо ийэтэ Людмила Слепцова:  «Оҕо үлэнэн иитиллэр»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дьааҥы хайаларын быыһыгар олорор, сибээстэрэ быста-быста холбонор, киэһэтин күүстээх уоттарын арааран 23.00 чааска мөлтөх уоту холбуур, интэриниэт диэн хонтуораҕа эрэ баар, биһиги киин куораппытыттан тыһыынчанан көс ыраах сытар Элгэс нэһилиэгин маанылаах хотуна, 6 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт, 12 оҕону иитэн киһи-хара оҥоро сылдьар сойбот сонуннаах, күүстээх санаалаах, оҕолорун кэпсииригэр дууһалыын сырдыыр Людмила Дмитриевна Слепцова, истиҥ, иһирэх ИЙЭ – мин бүгүҥҥү ыалдьытым.

Людмила Дмитриевна, олоҕуҥ-дьаһаҕыҥ туһунан кэпсэтиибитин саҕалыах.

– Кэргэним Александр Христофорович, оччолорго 18 оҕону иитиэм эрэ диэбэккэ, түһээн да баттаппакка сылдьан, аармыйаттан кэлэн баран ыраах Дьааҥы улууһуттан Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бэлэмниир техникумҥа механик идэтигэр үөрэнэ тиийбитэ. Уонна миигин, Улахан Муҥку сэлиэнньэтин кыыһын, көрсөн, таптаһан, хайҕаһан, 1984 сыллаахха ыал буолан уруу тэрийбиппит, онтон кини дойдутугар, Элгэс нэһилиэгэр, 1985 сыллаахха сүктэн барбытым. Онтон ыла 40-ча сыл эн-мин дэсиһэн, эйэ дэмнээхтик олоробут.

Бастакы оҕобун 19 сааспар оҕоломмутум. Этэргэ дылы, дьиэҥ-уотуҥ, оҕолоруҥ баар сирдэрэ – ол төрөөбүт дойдуҥ буоллаҕа. 

Бэйэҥ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүҥ буолуо.

– Оннук. Бииргэ төрөөбүт элбэх, сэттиэ, этибит, оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитим, актыбыыска бэрдэ этим. Ийэбит ыалдьан үгүстүк балыыһаҕа сытара, онон үксүн аҕабытын кытта олорорбут, убайдарым, бырааттарым дьиэ үлэтин бары тэҥинэн оҥороллоро. Өрөбүллэргэ ийэбит кэллэҕинэ остуол тула мустан олорорбут бэйэтэ бырааһынньык буолара! Онон саамай сөбүлүүр ырыам “Ийэҕэ махтал” диэн. Сөбүлүүр остуоруйам “Золушка”, хайдах эрэ бэйэбэр чугас курдук. Билигин ону сиэннэрбин кытта көрөбүн. “Жизнь замечательных людей” диэн серияттан ааҕарбын сөбүлүүбүн, саамай таптыыр хоһоонум Константин Симонов киэнэ – “Жди меня, и я вернусь”.

Бэйэҕит аҕыйаҕа суох, алта оҕолооххут, онтон атын оҕолору иитэ ылар санаа хайдах үөскээбитэй?

– Биһиги барыта 12 оҕону ылан иитэбит, приемнай дьиэ кэргэн диэн буолабыт, улахаммыт 37 саастаах, кырабыт аҕыстаах. Оҕолорум бары манна төрөөбүттэрэ. Алта оҕобут улаатан барыталаан хаалбыттара, кырабын 40 сааспар оҕоломмутум, улахаммыттан кырам 21 сыл балыс.

Бастакы оҕолорбутун кыра кыыспыт алталааҕар ылбыппыт. Төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт ийэ оҕото этэ. 

Бастаан хайдах, туох санааттан ылбыппытый диэтэххэ, социальнайдар уонна эпиэкэ салаата, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн диэн, биһигини ыҥыран ылан кэпсэппиттэрэ, оҕо иитэ ылыаххытын сөп дуо диэн. Мин оччолорго кырабар олорбутум, үлэлээбэт этим. “Үлэлээбэккэ олорор эбиккин, оҕолору көрүөххүн сөп дуо, балыыһаҕа бааллар”,– диэбиттэрэ. Ол ийэ бырааба толору быһыллыбатах, хааччахтаах этэ. Онон төттөрү ылыан сөбө.  

Мин оччолорго хайдах эрэ оҕолор тулаайах хаалаллар диэн өйдөбүл да суох. Биһиги диэки оҕону быраҕыы, хаалларыы туһунан хаһан да истибэтэҕим. Эпиэкэлэр даҕаны «оҕолору детдомҥа ыытыахпытын баҕарбаппыт, быстах кэмҥэ курдук ылыаххыт дуо?» диэн көрдөспүттэрэ.

Тиийэн көрбүппүт 5 уонна 7 саастаах кыргыттар эбит, аҕыйах хонон баран 1,5 саастаах бырааттаахтар уонна 13, 14 саастаах убайдаахтар диэтилэр. Кыргыттары көрөн баран тута ылбыппыт. Балаҕан ыйыгар 7-лээх кыыспыт оскуолаҕа киирдэ, онтон аҕыйах хонон баран эпиэкэлэр кыра бырааттарын, балтараалаах оҕону ылбыт дьон аккаастаннылар, эһиги ылаҕыт дуо диэтилэр. Кыргыттарбытыгар бырааккытын аҕалабыт дуо диэбиппитигэр үөрдүлэр аҕай, онон ыла бардыбыт.

Дьэ, доҕоор, оҕобут барахсан этэ бүтүннүү бар баас эбит, дэлби соһуйдубут, диатез диэн улахана, кыайан хаампат, отек бөҕөтө. Хараҕа көстүбэт, уута сүүрэ сылдьар. Биһиэхэ оннук оҕо диэн эппэтэхтэрэ, анараа дьон көрө сатаан баран кыайбакка төттөрү биэрдэхтэрэ. Биһиги буоллаҕына кыргыттарга этэн кэбистэхпит дии, аны туран оҕону көрөн дэлби аһынныбыт, онон ылан кэллибит.

Кытаанах көрүү саҕаламмыта, диетанан аһатаммыт, биир сыл детсадка сырытыннарбакка, схеманан эмтээн, арай оҕобут барахсан  тубустар тупсан, үчүгэй көрүү-истии баар буолан үтүөрэн киирэн барда, хараҕа кэҥээтэ, дьүһүнэ тупсан хаалла. Кыайан саҥарбат бэйэтэ наһаа үчүгэйдик саҥарар, сүүрэр буолла. Инньэ гынан оҕобутун киһи гыммыппыт.

Аны саас буолбутун кэннэ убайдарын ылаҕыт дуо диэтилэр, биһиэхэ үһэ сырыттаҕа. Дэлби үөрэхтэригэр хаалбыттар, ситиспэтэхтэр, тыаттан кэллэхтэрэ дии, хантан сатаан үөрэниэхтэрэй, сүгүн уруоктарыгар да сылдьыбаттар эбит. Онон уолаттары, эбиитин подростоктары, оҕолорбут убайдара диэн, ылбыппыт. Ити 2013 сыллаахха этэ.

Бэйэҕит оҕолоргут утарбаттар этэ дуо?

– Суох, хата, төттөрүтүн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр араа-бараа саастыы бэйэбит уолаттарбыт ол саҕана спортивнай оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Каникул кэмигэр кэлэн, билсэн, доҕордоһон, кыргыттар кырабытын, уолаттарбыт анараалары наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, бөһүөлэкпит дьоно эмиэ туора турбатахтара, оскуолаҕа да, уһуйааҥҥа да ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсүбүттэрэ, күн бүгүн даҕаны алтыһа олордохпут дии. Хомойуох иһин, оҕолор ийэлэрэ көммөтөҕө, үс сыл буолан баран олохтон туораабыта,  аҕалара эрдэ өлбүт этэ, онон төгүрүк тулаайах хаалбыттара.

Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола, кини тыла-өһө улахан ыйааһыннаах. Эһиги аҕаҕыт итиннэ барытыгар кыттыһар, сөбүлэһэр буоллаҕа дии.

– Кэргэним Александр Христофорович Слепцов 61 саастаах, “Сахаэнерго” олохтоох тэрилтэҕэ дизельнай станцияҕа машинистыыр.

Оҕолорбут үксэ уолаттар буолан, аҕаларын оруола улахан, аптарытыаттаах, бары тылын истэллэр, убаастыыллар. Саамай элбэхтик алтыһар киһилэрэ эмиэ кини буоллаҕа. Уолаттары тиэхиньикэҕэ, булка, балыкка үөрэтэр, сыһыарар, окко-маска тэҥҥэ сылдьаллар. Хотон тэриммиппит, сылгыларбытыгар, ынахтарбытыгар күрүө-хаһаа оҥоробут. Онно барытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьар. Буран буоллун, массыына, уу мотуора буоллун. Тыраахтарбыт суох, барыта илиинэн оттуубут, манна алаас, сыһыы суох, дулҕалаах сир, наһаа уулаах эҥин. Ходуһа барыта ууга баран, ууну кэһэ сылдьан оттоон, кыһын оппут нэһиилэ тиийдэ, эбии атыыластыбыт эҥин.

Үөрэҕи, үлэни таһынан оҕолор туох дьарыктаахтарый?

– Оо, күн солото суохтар. Үөрэхтэригэр ортолор, эбии дьарык эҥин суох буоллаҕа, ол да буоллар уһуйааҥҥа эҥин сылдьан наһаа эбиллэллэр.

Бэйэм саамай кырам онуһу бүтэрэр, барыта уон оскуола оҕолоохпун. 10 сыл анараа өттүгэр ылбыт убайдарбыт бүтэрбиттэрэ, 24-25 саастаахтар. Ытык иэстэрин төлөөн кэлбиттэрэ, үлэһиттэр. Саамай улаханым электрик, автомеханик үөрэхтээх, ОДьКХ үлэлиир, биирим механик, тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ, аармыйаттан куоракка саҥа кэлбитэ, бу күннэргэ күүтэбит. Биирим выпускниктыы сылдьар. Үөрэххэ бараары бэлэмнэнэр. Балта 5 саастаах, кыыс 8-с кылааска үөрэнэр, бырааттара 5-с кылааһы бүтэрэр. Миша диэн уолу ылбыппыт, 8-с кылааһы бүтэрээри сылдьар. Кэлбитэ сэттэ сыл буолла, ити кэлин ылбыт оҕолорбун кэпсээтим.

Улахан чааһынай дьиэҕэ олоробут, дьиэбитин улаатыннарбыппыт, хаһаайыстыбалаахпыт, тоҕус ынах сүөһүлээхпит, сэттэ сылгылаахпыт, сайылыктаахпыт. Сайынын оттууллар, балыктыыллар, бултууллар, биһиги отоннуу барабыт, тыаҕа олорор дьон быһыытынан тыа үлэтин барытын – мастарын, муустарын – дьаһайсаллар, көмөлөһөллөр. Күһүн балыкка, саас куска сылдьаллар. Күннээҕи үлэлэрэ элбэх, киин ититии суох, онон мас булуннахпытына, кэрдэн тиэйэн аҕаллахпытына эрэ этэҥҥэ кыстыыбыт. Сүөһү, сылгы көрүүтүгэр күүс-көмө буолаллар. Сибиэһэй үүт, эт, балык барыта бэйэбит киэнэ.

Аны туран сүрдээх актыыбынай дьиэ кэргэҥҥит, түбүккүтүттэн ордон онно-манна кыттаргытын истибитим.

– Үөһэ этэн аһарбытым курдук оҕолорбутун оскуола, уһуйаан, нэһилиэкпит дьоно наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, ылыннылар. Форумнарга эҥин сырыттахха, оскуолаҕа атааннааһыы, туоратыы эҥин баар эбит. Биһиги бөһүөлэкпит кыра, бэйэ-бэйэбитин билсэ, өйөнсө олоробут. Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга оннук биир тылы булан, ылсан-бэрсэн, биир сүбэнэн олордоххо эрэ киһи буолаҕын. Өбүгэлэрбититтэн да ол кэллэҕэ. Дьиэ кэргэнинэн туох баар тэрээһиҥҥэ кыттабыт, бастаан түөлбэттэн, оскуолаттан, оҕо саадыттан саҕалаан нэһилиэкпитигэр, улууспутугар тиийэ хаһан да туора турбаппыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ “Спортивнай дьиэ кэргэн” диэн күрэххэ кыттан турабыт,  аҕабыт уолаттарын кытта эмиэ аҕа күрэҕэр кыттыбыта. Приемнай дьиэ кэргэн форумнарыгар хаста да сылдьыбыппыт, былырыын бастакы ыһыахтарыгар ыалдьыттаабыппыт. 2018 сыллаахха “Азия оҕолоро” оҕо пуондатын стипендиаттара буолбуппут.

Бастакы улахан наҕараадабыт — Өрөспүүбүлүкэтээҕи приемнай дьиэ кэргэн куонкурсугар кыайыыбыт. “Сыл дьиэ кэргэнэ” диэн күрэскэ “Арктика дьиэ кэргэнэ” анал аат ылан, кыайан-хотон, “Буран” наҕараада ылбыппыт уонна 2014 сыллаахха улууска бастакынан “За любовь и верность” диэн Арассыыйа наҕараадатын ылбыппыт, харчы уонна анал бэлиэ туттарбыттара. 2014 с. “Ийэ Албан аата” бэлиэни Галина Данчикова туттарбыта.

Иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕыт?

– Айылҕаҕа тахсарбытын наһаа сөбүлүүбүт, саас буолла да булгуччу бары сайылыкпытыгар шашлыктыы тахсабыт. Отон буоллун, от буоллун – бары күргүөмүнэн сылдьабыт. Оҕолорбутун сахалыы иитэ сатыыбыт, алаадьылаан, сиэри-туому тутуһуннаран. Кыргыттарым бары наһаа асчыттар, улаатаннар бэйэлэрэ астыыллар, бэйэлэрэ сууйаллар-сотоллор, уолаттарым эмиэ асчыттар, окко бэйэлэрэ күөстэрин өрүнэллэр, бары сүөһүгэ сыстаҕастар. Биир нуучча тыллаах оҕобутун сахалыы үөрэппиппит, билигин олох уу сахалыы саҥарар.

Дьиэ кэргэн туох үгэстээххитий?

– Тутуһар үгэстэрдээхпит. Саҥа дьылы наһаа үчүгэйдик, бэһиэлэйдик, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн ылабыт. Оҕолорбут бары мусталлар, сиэннэрбит эмиэ кэлэллэр, икки кыыс, биир уол сиэннээхпит. Төрөөбүт күннэри көтүппэккэ ылабыт, ыраах да сылдьар оҕолорум эмиэ ас астанан бырааһынньыктыыллар, ол үгэспит кэһиллибэт. Саҥа дьылга аҕабыт Моруос оҕонньор буолан барыларыгар бэлэх туттартыыр, Ороһооспону эмиэ ылабыт, Кириһиэнньэ күн массыынабытын  собуоттаан ойбоҥҥо баран уу ылан суунабыт, ити барыта урут-уруккуттан кэлбит кэһиллибэт үгэстэрбит.

Күрэхтэһиилэргэ миэстэ ыллахтарына, сэмэй бэлэх оҥоробут, чиэппэр түмүгүнэн эмиэ дьиэ кэргэн иһинэн оҕолорбут ситиһиилэрин бэлиэтиибит.

Элбэх оҕо бэрээдэги кэһэрэ, буруйу оҥороро баара буолуо ээ, ону хайдах буойаҕыт, дьаһайаҕыт?

– Буруйу оҥордохторуна бастаан балаһыанньатын, ис кырдьыгын быһаарсабыт, тоҕо, туохтан оннук буолбутун, кэпсэтии ыытабыт, онтон аҕабыт бүтэһиктээх быһаарыы ылар, кини этиитэ барыбытыгар сокуон. Оҕолор да мөккүһэ барбаттар, кырдьыктара тахсар, быһаарыллар, өйдүүллэр.

Олохтоох дьаһалта өттүттэн өйөбүл оҥоһуллар дуо?

– 2014 сыллаахха аҕа баһылыкпыт Вячеслав Петрович Слепцов көмөлөһөн, өйөөн, хаһаайыстыба тэринэрбитигэр убаһа биэрбитэ, ол онтон ыла сылгы, сүөһү ииттибиппит. Бастаан утаа сылгынан барбыппыт, онтон 2017 сылтан ынах сүөһүлэммиппит. Көрдөстөхпүтүнэ көмөлөһөллөр, аккаастаабаттар.

Дойдубут балаһыанньата үчүгэй эрдэҕинэ сайын аайы оҕолорбутун кытары төлөнөр санаторнай-курортнай эмтэнэрдээх сынньалаҥҥа барар этибит. Дьиҥэ, баҕарар баҕам диэн – оҕо сайдар өттүгэр, ырыаҕа, үҥкүүгэ лааҕырга биэрээри гыннахха, ол төлөммөт, эбэһээт санаторнай-курортнай эрэ буолуохтаах диэн. Кыра эрдэхтэринэ бэйэбит илдьэ сылдьар этибит, улуус эпиэкэҕэ салаата  көмөлөһөрө. Анапаҕа, Сочига сылдьыбыппыт, оҕолор наһаа астыммыттара. 2018 сыллаахха оҕолорбун дойдубар Өлүөхүмэҕэ  илдьэ сылдьыбытым, төрөөбүт-үөскээбит сирбин-дойдубун көрдөрөөрү. Уопсайа 14 киһи этибит, теплоходунан барбыппыт, дьонум, аймахтарым бары наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, мин сөтүөлээбит үрэхпэр дэлби астына сөтүөлээн, дуоһуйа сынньанан кэлбиттэрэ. Манна сайыннары тымныы, адьас куйаас күҥҥэ эрэ аҕыйахта сөтүөлүүллэр, уу кэлэн турар кэмигэр киирбэттэр, биһиги Дьааҥы өрүс үрдүгэр олоробут.

Кырдьык кылгас, тымныы сайыннаах дьоҥҥо оҕуруот да сүгүн үүммэтэ буолуо?

– Тэпилииссэлээхпит, син бүөбэйдээн үүннэрэбит, оҕолорбутугар сиэтэбит, оҕурсу, помидор, биэрэс, моркуоп, сүбүөкүлэ, аҕыйах хортуоппуй ыһабыт. Сайыҥҥы водопровод баар буолан уу кутарга чэпчэки, оҕолор бэйэлэрэ дьарыктаналлар.

Оҕо үлэнэн иитиллэр, билигин ону оҕолорбут олохторугар туһаналлар, махтаналлар, үчүгэйдик үөрэппиккит, ииппиккит диэн билинэллэр.

Билигин судаарыстыба өттүттэн приемнай дьиэ кэргэҥҥэ көмө, болҕомто ууруллар буолла.

– Биллэн турар, көмөлөрө, болҕомто уураллара наһаа наадалаах, олус үчүгэй. Урут айан бырайыаһа төлөммөт этэ, билигин Пиэнсийэ пуондатын нөҥүө төлүүллэр, путевкабытын бэйэбит уйунабыт, оҕолорго эрэ төлөнөр, аҕабыт тэрилтэтигэр наһаа өйүүллэр, онон махталбыт улахан.

Оҕолор спордунан дьарыктаналлар дуо, төһө эйэлээхтэрий?

– Эппитим курдук, туох баар тэрээһиҥҥэ аҕаларын кытта кытталлар, спорка кини угуйар. Оҕо дьарыктаах, солото суох буолуохтаах. Үлэҕэ да, дьиэҕэ да тэҥҥэ сылдьаллар. Инникитин чиэһинэй, үчүгэй дьон буола үүннүннэр  олохторун бэйэлэрэ оҥостон, дьоһун ыал буоллуннар диэн иитэбит: үлэлээх, хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах. Тулаайахтарга дьиэ биэрии бырагыраамата баара наһаа үчүгэй. Икки улахан уолбутугар улуус киинигэр дьиэ биэрэннэр үөрүүбүт баһаам. Улаатан баран тэйэн хаалбаттар, кэлэ-бара сылдьаллар, бииргэ төрөөбүттэрэ, кыралар биһиэхэ бааллар, онон күүс-көмө буолаллар. Улахаттар син биир кыраларгытыгар күүс буолаҕыт, тэйсибэккит, көмөлөһөҕүт диибит. Бары биир дьиэҕэ олорор буоламмыт биир буолуохтаахпыт, бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтолоох, туох баар кыһалҕаны быһаарсар буолуҥ диэн үөрэтэбит, такайабыт. Онон оҕолорбут олус эйэлээхтэр, көмөлөсүһэллэр, өйдөһөллөр.

Кыһалҕа син баара буолуо ээ.

– Бырайыаспыт наһаа ыарахан, билиэккэ киһи тиксибэт, наһаа элбэх оҕолоох курдукпун эрээри, приемнай буолан статуспунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ киирбэппит, кинилэр субсидияларынан, чэпчэтиилэринэн туһаммаппыт, элбэх билиэт бэриллибэт, наһаа эрдэ бүтэн хаалар. Ол иһин барыы-кэлии ыарахан, ороскуоттаах. Онон салалта инникитин приемнай дьиэ кэргэни элбэх оҕолооххо тэҥнээн дуу, эбэтэр туох эрэ атын чэпчэтиини көрөрө буоллар дии саныыбын.

Уолаттаргыт аармыйаҕа сылдьаллар эбит, куотуна эҥин сатаабаттар дуо?

– Билиҥҥи балаһыанньанан, уопсайынан даҕаны биһиги оҕолорбутун – уол буоллун, кыыс буоллун – патриотическай тыыҥҥа иитэбит, дойдугутугар бэриниилээх буолуохтааххыт диэн.  Эһэм бииргэ төрөөбүт быраата эдэр сааһыгар Аҕа дойду сэриитигэр баран олоҕун толук уурбута. Биһиги ону хайа кыргыһыыга өлбүтүн билбэккэ сылдьыбыппыт, кэлин, интэриниэт үөдүйэн, бииргэ төрөөбүт убайым сайт нөҥүө ханна көмүллэ сытарын булан ылбыт этэ. Псковскай уобаласка охтубут эбит, бырааттыы ииҥҥэ көмүллүбүт. 2015-2016 сыллаахха убайым бара сылдьыбыта, онно архыыптан, музейтан баран билэн кэлбитэ. Оҕолорбутугар ол убайбытын кэпсиибит. Аны быйыл сиэн быраатым, ортоку убайым уола, балаҕан ыйыгар Өлүөхүмэттэн мобилизацияҕа түбэһэн баран, ахсынньыга сырдык тыына быстыбыта. 28 эрэ саастаах... миэхэ куруук кэлэр этэ, наһаа уруһуйдьут, талааннаах, тутуубар көмөлөспүтэ, оҕолорбут наһаа үчүгэйдик билэллэр. Биһиэхэ кэлэн олоро сылдьыбыта. Кини туһунан ахтабыт, саныыбыт, кэпсиибит. Бэйэбит эмиэ геройдардаахпыт диэн киэн туттабыт.

Оҕоҕо сылаас сыһыаны иҥэрэргэ, ийэни, аҕаны солбуйарга туох күүс нааданый?

– Оҕону кууһа, сыллыы, истиҥ, нарын тыллары этэ сылдьыахха наада – бу аптаах тыллар хайа баҕарар оҕону уоскуталлар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөрө эмиэ чугаһатар.

Оҕо ис эйгэтин, дууһатын кылын таарыйыахха, билиэххэ наада. Интэриэһинэй идеялар, бииргэ айар дьарыктар, үлэ түмэллэр. Ол курдук биһиги бары түмсэн, күргүөмүнэн дьиэбитин икки өттүттэн салҕаабыппыт, эһэбититтэн хаалбыт сайылыкпытын сөргүппүппүт. Сайын онно тахсан сынньанабыт уонна үлэлиибит. Уолаттар аҕаларын кытары балыктыыллар, бултууллар, кыргыттар сир астыыбыт, отоннуубут. Биллэн турар, оттуубут, маспытын кэрдэбит.

Тапталлаах, ытыктыыр эбэбит 93 саастаах, оҕолор куруук эбэлэригэр кэһиилээх сылдьаллар, үүт, эт илдьэн биэрэллэр. Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ кырдьаҕас киһи, аҕа көлүөнэ баара оҕолорго холобур, олохторугар өйөбүллээх курдук буолаллар. Бэйэбититтэн барбыт үс оҕобут куруук билсэ, төлөпүөннэһэ олороллор, балыстарын, бырааттарын ыйыталлар, хайдах туох сылдьалларын интэриэһиргииллэр.

Эдэр ыччаты, аныгы оҕолору билэр, кинилэр “тылларын” өйдүүр инниттэн олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыахха наада.

Миигин оҕолорум актыыбынай олоххо кынаттаабыттара: спортивнай саалаҕа сылдьарга, сыанаҕа тахсарга, араас тэрээһиннэргэ, куонкурустарга кыттарга. Барыларыттан бастыҥ буоларга дьулуһалларыттан наһаа үөрэбин, астынабын. Онон биһиги кыайыыларбыт, наҕараадаларбыт бары кыайыыбыт, ситиһиибит буолар.

Оҕо көмүскэлин аан дойдутааҕы күнүнэн бары оҕолору эҕэрдэлиибин, ыраас халлааны, аттыгытыгар куруук тапталлаах ийэҕит, аҕаҕыт баар буоллун, хомойор диэни билимэҥ, орто дойду оһуордаах олоҕун барытын толору билиҥ, элбэх доҕоттордоох, эрэллээх табаарыстардаах буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...