07.07.2022 | 10:00

100 саастаах сэрии бэтэрээнэ Прокопий Степанов: Үлэни өрө тутуҥ, кэскили түстээҥ

100 саастаах сэрии бэтэрээнэ Прокопий Степанов:  Үлэни өрө тутуҥ, кэскили түстээҥ
Ааптар: Борис НИКОЛАЕВ
Бөлөххө киир

Күн бүгүн биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа баара-суоҕа 25 бэтэрээн хаалбытыттан Сунтаар улууһугар соҕотох Прокопий Афанасьевич Степанов баар.

Валериан Николаев

 

Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэн

 

Борокуоппай төрөөбүтэ

Саха олоҕун уларыйыыта,

Дьоллоох олох түстэниитэ,

Автономия тэриллиитэ.     

                                            

Саҥа олох оҕото

Оскуолаҕа киирбитэ.

Саҥа олох киһитэ

Тимир көлөнү мииммитэ.

                                                   

Аҕа дойду көмүскэлигэр

Барбыта уон тоҕустааҕар.

Хорсуннук кыргыспыта,

Фашиһы тобуктаппыта.

 

Польшаны, Германияны,

Чехияны, Австрияны

Саллаат Степанов саппыкыта

Үктээн, тэпсэн ааспыта.

 

Эйэни-дьолу көмүскэһэн,

Алта сылынан эргиллэн,

Дойдутун дьэ булбута,

Олох амтанын билбитэ.

 

Аны айылҕатын харыстаһан

Түөрт уонча сыл лесхоһунан

Үлэ фронугар хоһууннук

Үлэлээбитэ туйгуннук.

 

Сэрии, үлэ бэтэрээнин

Уордьан, мэтээл киэргэтэр.

Кырдьаҕас буойун сүрэҕин

Сиэн, хос сиэн сылаанньытар.

 

Борокуоппайы үйэ сааһынан

Эҕэрдэлиибит киэн туттан,

Хоолдьукпутунан хоҥкуйан,

Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэн.  

Табаарыһа Яковтыын. Германия, Лигниц куорат

Сунтаарга соҕотох

Кини бу 2022 сыл от ыйын 1 күнүгэр 100 сааһын томточчу туолла. Инньэ гынан төрөөбүт махталлаах Сахатын Өрөспүүбүлүкэтин кытта эт саастыы.

Аҕа дойду Улуу сэриитин 1 истиэпэннээх уордьаннаах, үгүс бойобуой наҕараадалаах Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, ытыктабыллаах Прокопий Афанасьевич Степанов туһунан урукку да өттүгэр  добуочча сырдаттахпыт буолуо эрээри, бу ытык киһи туһунан ытык сааһыгар саҥарбакка хаалар хайдах да сатабыла суох.

 

Олоҕун оҥкулларыттан

П.А. Степанов 1922 сыл от 1 күнүгэр, Саха сирин самаан сайына барахсан сатыылаан аҕай турдаҕына, Сунтаар улууһун эриэккэс ырыалаах Элгээйи нэһилиэгэр алта оҕолоох Лөкөй Аппанаастаах диэн ыалга сэттис, оһоҕос түгэҕэ оҕонон күөх окко төкүнүс гына түспүтэ (төкүнүйбүтэ да буолуо, бэйэтэ даҕаны олох оҕо эрдэҕиттэн оннук сытыы-хотуу, сылбырҕа эбитэ үһү - Аапт.).

Борокуоппай алдьархайдаах сэрии саҕаланаатын утаата, 1941 сылга, 19 саастаах. Элгээйигэ МТС-ка үөрэнэн, тыраахтарынан саҥа бааһыналары оҥоро сылдьан 1941 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр уоттаах сэриигэ бэбиэскэ тутар. Урутуу түһэн эттэххэ, Прокопий олоҕор саха самаан сайынын Үрүҥ Тунах ыһыаҕа дьикти бэлиэ өйдөбүллэри хаалларар эбит. Ол курдук, 1941 сыллааҕы ыһыах алгыһынан иннэ-кэннэ биллибэт уоттаах сэриигэ барбыта, 1947 сыллааҕы ыһыах күн кыайыы-хотуу көтөллөөх дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Онон Сиэйэ Степановтара ыһыах биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ураты суолталаах дииллэр эбит.

Польша сиригэр-уотугар. 1943 с.

Уоттаах сэрии суолунан 

 Новосибирскай, Омскай икки ардыларынааҕы Барабинскай хонууга ахсынньы ыйга диэри үөрэппиттэр. 1942 сыллаахха сытыы-хотуу эдэр саллаат уолу хомсомуолга ылбыттар. Бастакы бойобуой сүэхтэниитин Волховскай фронт 52-с аармыйатын 386-с стрелковай Сибирскэй полкатын ытааччытынан сылдьан ылбыт. Ити Волхов өрүс үрдүгэр баар «Красный удар» сопхуос сиригэр сэрии этэ. 1944 сыл сайыныгар 1 Украинскай фроҥҥа улахан кыргыһыы буолбута. Онно атаҕар бааһырыы ылан, 4 ый госпитальга сытан эмтэнэн тахсан баран, 8-с гвардейскай туспа минердар батальоннарыгар түбэспитэ. Ый кэриҥэ үөрэппиттэрин кэннэ гвардия сержана Степанов минер буолбута. Прокопий Степанов  ыам ыйын 2 күнүгэр Германияҕа киирбитэ. Ыам ыйын 6-7 күннэригэр Рыбалко командующайдаах 1 Украинскай фронт 8-с отдельнай гвардейскай батальонун састаабыгар  5-с танковай чаастары кытта Праганы босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Прокопий Кыайыыны Прагаҕа көрсөн үөрбүтэ-көппүтэ. Онтон үс хоноот Австрияҕа ааспыттара. Ол курдук, 1922 сыл төрүөх саллааттары салгыы сулууспалата хаалларар буолбуттарыгар, Прокопий үс сыл Австрияҕа сулууспалыы хаалар буолбута.

Дьэ, ити биһиги бэрт судургу баҕайытык кэпсээн кэбистибит. Ордук тиийимтиэ, итэҕэтиилээх буоллун диэн, саллаат бэйэтэ кэпсиирин билсэ түһүөххэ.

Дууһалыын-сүрэхтиин дойдум ахтылҕана санаабын кынаттыыра, инникигэ сирдиирэ. Германия, 1945 с.

«Түүн аайы миинэ иитэбит»

«Сунтаартан 56 уол армияҕа барар буолбуппут. 1942 сылга диэри араас кимэн киириилэргэ, оборонаҕа сылдьыбытым. Сайыҥҥы кимэн киириигэ контузия ылан, биир ый санчааска эмтэммитим. Үтүөрэн баран 62-с стрелковай полкаҕа стрелогунан сулууспалаабытым. Аны биир кимэн киириигэ хаҥас атахпар ыараханнык бааһыран, 4 ый байыаннай госпитальга сытан эмтэнэн, үтүөрэн тахсыбытым. Онтон 8-с отдельнай гвардейскай батальоҥҥа минер быһыытынан 1942 сылтан 1944 сыл бэс ыйыгар диэри сулууспалаабытым. Түүн аайы миинэ иитэбит уонна босхоломмут куораттартан миинэлэри ыраастыыбыт. Өлүү-сүтүү элбэх этэ. Биирдэ санныбар улахан көһөҥө буор түһэн аптамааппын кыайан өрө туппат курдук буолбутум. Биир ый санчааска сытан эмтэммитим кэннэ 283-с строевой полкаҕа ыыппыттара. Ити полканы кытта Кыайыы буолуор диэри инники кирбиигэ сылдьыбытым. Биһиги 283-с гвардейскай полкабыт 1 Белорусскай фронт састаабыгар киирэн Берлини ылыыга кыттыбыта. 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр «За взятие Берлина», «За отвагу» мэтээллэринэн наҕараадаламмытым.

Убайа Василий Степановтыын

«Портсигарым быыһаабыта»

... Төһө да бириэмэ аастар, хайдах умнуохпунуй, аҕабыт тэҥэ саныыр Иваныч оҕонньор атынан итии аһылык аҕала баран иһэн, снаряд дэлби тэбиититтэн икки атаҕа суох буолан, эбиитин итии миинигэр буһа сытарын. Эбэтэр Петька хохол иһиттэн оһоҕоһо тахсан бааһыра сытан: «Дойдубар оҕолордоохпун, кэргэннээхпин, мин тыыннаах хааларым хайаан да наада»,- диэн уйулҕаны хамсатар ынчыгын. Маннык ынырык түбэлтэлэр бааллара.

Дьылҕа Хаан ыйыыта-кэрдиитэ диэн баар эбит, киһини араҥаччылыыр, олордор-туруорар дьикти күүс. Мин табахсытым суох, ол гынан баран паек табаахпын Донтан сылдьар Степан диэн табаарыспар биэрэрим. Арай биирдэ Степа олус үчүгэй трофейнай портсигары бэлэхтээтэ, тук курдук ылан гимнастеркам хаҥас сиэбигэр уктан кэбистим. Ити итинник ааста. Арай биирдэ кимэн киирии кэмигэр миэхэ анаммыт буулдьа портсигарбыттан тэйэн, санным уҥуоҕун сиирэ-халты көтөн ааһан, чэпчэки эчэйиини ылбытым. Бэрэбээскигэ киирбиппэр эбириэй бырааһа хирург: «Дьоллоох уол эбиккин, сүрэххэр анаммыт буулдьаны портсигарыҥ быыһаабыт, куруук илдьэ сырыт»,- диэн алҕыы-алҕыы портсигарбын уунна.

Австрия кыра куоратыгар

«Алта сыл сулууспалаабытым»

 Сэрии бүппүтүн кэннэ Австрия Вена куоратын чугаһыгар 143-с Гвардейскай штурмовой авиаполкаҕа 1945 сылтан 1947 сыл кулун тутар ыйыгар диэри сулууспалаабытым. Армияттан гвардия сержана званиелаах босхоломмутум. Уопсайа алта сыл сулууспалаабытым…»  

Инньэ гынан, гвардия сержана Прокопий Степанов Европа үгүс дойдуларыгар фашизмы урусхаллаһан уот холорук ортотугар сылдьан баран, ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр 1947 сыллаахха эрэ эргиллэн кэлбитэ.

Австрия, Егиндорф. 1946 с., муус устар ый

Сэрии кэннинээҕи олох оҥкуллара

Сэрии ыар сылларын барытын санныгар сүгэн кэлбит бойобуой саллаат Прокопий Степанов Бүлүүтээҕи педучилищеҕа киирэр санаалааҕа тоҕо эрэ табыллыбатах. Гвардия сержана онтон санаатын түһэрбэккэ, олоҕун үтүө, эдэр сылларын төрөөбүт айылҕатын араҥаччылааһыҥҥа анаан, 40-ча сылын лесхоз тэрилтэтигэр эҥкилэ суох үлэлээн, элбэх хайҕалы, махталы ылан бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Сыралаах үлэтэ сыаналанан, Прокопий Афанасьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуур хаһаайыстыбатын туйгуна буолбута. Үлэтигэр олус ирдэбиллээҕин, эппиэтинэстээҕин бэлиэтииллэр. Сиэйэҕэ кини лесхозтуурун саҕана маһы кэрдии олус бэрээдэктэммитэ. Тыаҕа көҥүлэ суох кими даҕаны мэнээк бычыгыраппат этэ. Бэл, ходуһатыгар окко үлэлии сылдьан, ойуурга баһаар турбутун иһиттэ да, оттуур сэбин-сэбиргэлин быраҕаталаан, баһаарга ойоро үһү.

1955 сыллаахха Прокопий сиэркилэ курдук килэбэчийэр ыраас күөннээх Сиэйэ Эбэ кытыытыгар Бутукайга төрөөбүт Фатина Семеновна Кириллинаны көрсөн, олохторун холбообуттара. Үс кындыа кыталык кыргыттары төрөтөн, билигин уонунан ахсааннаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ төрөппүттэрин олохторун салгыыллар.

Прокопий Степанович олоҕун устата ханнык да уопсастыбаннай үлэттэн туора турбатаҕа. Оччотооҕу оройуон хаһыатын сытыы бөрүөлээх селькора, кытаанах, дьиппиэ, ол эрээри кырдьыгы эрэ өрө тутар норуот суутун сэтээтэлэ этэ.

Дорообо, бойобуой табаарыс. Ф.С. Донскойдуун 1945 с., Эбрейхсдорф куорат. Австрияҕа түспүт хаартыскатын аттыгар

Эргэнэ хара тыатыгар таҕыстаҕына, булчут киэнэ байанайдааҕа кини буолара. Улахан, кыра булт диэбэккэ барытыгар тэҥҥэ сылдьара.

Биир маннык түгэни ахтан ааһыахпын санаатым. Омос истиигэ-көрүүгэ сороххо, баҕар, кыра, улахан суолтата да суох курдук буолуо эрээри, мин ону кырдьаҕас буойун олоххо тардыһыытын күүһэ, олох хас биирдии күнүттэн үөрүүтүн холобура дии саныыбын.

Кутанаҕа олорор убайым Валерий Парфеньевич 5-6 сыллааҕыта Прокопий Афанасьевичтыын (оччолорго Прокопий Афанасьевич хас саастааҕын бэйэҕит суоттааҥ – Аапт.) Дьокуускайга харах балыыһатыгар бииргэ сыппыттар. Борокуоппай оҕонньор баар дьону кытта – нуучча буоллун, саха буоллун – кутан-симэн арааһы бары кэпсэтэр эбит. Оттон сарсыарда утуйан турарыгар хайаан да нууччалыы ыллаан дьиэрэтэрэ үһү. Биһиги, сорохтор, итиччэ сааспытыгар ыллыахтааҕар буолуох… диэх курдук.

Кырдьыга даҕаны, Прокопий Афанасьевичка уоттаах сэрииттэн тыыннаах хаалбыт үөрүүтүн өрөгөйө олоҕун устата туох да ыараханы билиммэккэ өрүү үрдүккэ, кэрэҕэ дьулуһарга үктэл, төһүү күүс буолбута саарбахтаммат.

Улуу Кыайыы 77 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күннэргэ Прокопий Афанасьевич улахан бэлэх тутан олорор. Ол курдук, улууспут баһылыга Анатолий Григорьев кырдьаҕас бэтэрээҥҥэ улуус киинигэр таас дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыра сэртипикээтин туттаран, кырдьаҕаһы улаханнык үөрдэн-көтүтэн турар.

«Эһиги кэмҥит кэллэ…»

Түмүккэ, сэрии, үлэ бэтэрээнэ Прокопий Афанасьевич эдэр дьоҥҥо, ыччакка туһаайан: «Үлэни өрө тутуҥ, үөрэхтэниҥ, төрөөбүт дойдугут туһугар, кэлэр кэскил туһугар хас биирдии салааҕа – бырамыысыланнас буоллун, тыа хаһаайыстыбата буоллун – өссө төгүл күүскэ үлэлээҥ, кэскили түстээҥ», - диэн санаатын этэр.

Дьэ, саллаат сиэрэй синиэлин, ыарахан саппыкытын кэтэн адьырҕа өстөөҕү кытта бүтүн Дьобуруопа устун сэриилэспит Сиэйэ нэһилиэгин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, бу орто туруу дойдуга лоп курдук сүүс кыһын, сүүс саас, сүүс сайын, сүүс күһүн – биир үйэ устата олох олорбут биһиги Прокопий Афанасьевич Степановпыт ыччакка баҕа санаата итинник.

Ытык кырдьаҕаспыт доруобуйата билиҥҥитэ этэҥҥэ. Оҕолорун, сиэннэрин сылаас, сымнаҕас көрүүлэригэр бигэнэр. Кимниин баҕарар ханнык баҕарар боппуруоска кэпсэтэр, санаатын этэн тэйэр кыахтаах. Арай кулгааҕынан моһуогурар. Кырдьаҕас диэн кырдьаҕас буоллаҕа эбээт… Улууспут аҕа баһылыга Анатолий Григорьев Прокопий Афанасьевич доруобуйатын туругун күннэтэ кэриэтэ хонтуруолга тутар, улуус дьаһалтата туох наада буоларынан көмө, өйөбүл буола турар.

«На долгую память другу Прону от Вана». Австрия, 1945 с.
Дьоммор-сэргэбэр ыраах Австрия сириттэн. 1945 с.
Бойобуой табаарыһа Иван Новосельскайы кытта. Германия, 1945 с., ыам ыйа
Сэриини бииргэ түмүктээбит доҕордуулар: Гриша, Проня, Яша. Австрия, 1945 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...