08.02.2024 | 20:00

Зоя, Афанасий Соловьевтар: «Оҕолорго үҥкүү тыйаатырын арыйар баҕа санаалаахпыт»

Зоя, Афанасий Соловьевтар:  «Оҕолорго үҥкүү тыйаатырын арыйар баҕа санаалаахпыт»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

«Үҥкүү диэн – поэма, кини хас биирдии хамсаныыта – тыл» диэн аатырбыт үҥкүүһүт Мата Хари этэн турар. Чахчы да, үҥкүүнү көрө олорон тэҥҥэ хамсанан-имсэнэн киирэн барыаххын баҕараҕын. Үҥкүүлүүр киһи куруук чэгиэн, ис киирбэх, кэрэ дьүһүннээх, көнө уҥуохтаах, сири таарыйбакка да көтө-дайа сылдьар курдук буолар.
Бүгүн ааҕааччыларбар Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа, аан дойду араас куонкурустарыгар билиниини, киэн туттууну ылбыт РФ, СӨ үтүөлээх артыыстара Зоя Михайловна, Афанасий Афанасьевич Соловьевтар салайар “Бриллианты Якутии” оҕо үҥкүү ансаамбылын туһунан билиһиннэриэм.

— Зоя Михайловна, Афанасий Афанасьевич, ансаамбылгыт тэриллиитин туһунан кэпсиэххит дуо?

— Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар артыыстаан бүтэн баран учууталлыы барбыппыт. Афанасий билигин даҕаны ДШИ-1 үлэлиир. Онно култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэппит учуутала Клавдия Иннокентьевна Охотина ыҥырбыта, онон кини миигиттэн учуутал үлэтин эрдэ саҕалаабыта. Мин эмиэ үҥкүүлээн бүппүтүм кэннэ “Айылгы” ансаамбыл салайааччыта Зинаида Николаевна Попова хореограф быһыытынан ыҥырбыта, куруһуоктарга, секцияларга оҕолору эрчийбитим. Афанасий кэнники сылларга бэйэтэ хореограф-постановщик курдук үлэлээбитэ, Геннадий Баишев ону көрөн, үҥкүү туруоруутугар көмөлөһүннэрэр этэ. Онон бэйэбит туһунан кэлэктиип тэриниэххэ диэн толкуйдаабыппыт.

— Хайдах саҕаламмытай, бастаан ханна үҥкүүлээтигит?

— Аан бастаан "Хикарилары"  (Ылахова Л. И., Андреева М.А.) кытта арыйбыппыт. Биир сыл үлэлээн баран туспа барбыппыт. Августина Филиппова остуоруйатын  Александр Васильевич Титигиров режиссердаан, Августина Филиппова сценарийынан, кини эскизтэринэн циркэҕэ туруорбуппут. Онтон саҕаламмыта. Онон былырыын ахсынньы 3 күнүгэр 10 сылбытын ылбыппыт.

Сценаҕа аан бастаан тахсыыбыт, биллэн турар, олус долгутуулаах этэ. “Модуҥҥа” кастинг биллэрбиппит, уопута суох “нулевой” оҕолору таһаарбыппыт. Мин “Айылгыга” сылдьан ЯГНГ оҕолорун дьарыктаабытым, олору сүрүн оруолларга ылбыппыт.

Инньэ гынан остуоруйа турбута, дьон ылыммыта, сөбүлээбитэ, ытыс тыаһын харыстаабатаҕа. Онтон кынаттанан салгыы үлэлээн барбыппыт.

— Ыарахаттар син бааллара буолуо.

— Чааһынай кэлэктиип буолан сүрүннээн саала уларсарга кыһалҕаны көрсүбүппүт, харчыбыт үксэ онно барар этэ. Барытын бэйэбит оҥорор буолбуппут, көстүүм булан таҥыннаран, тиктэрэн. Ол саҕана онно-манна барытыгар тиктэрбиппит, бастакы остуоруйабытыгар оннооҕор 100 устууканы Кытайга сакаастаабыппыт.

— Уон сыл оҕолору кытта үлэлээн кэллигит, хайдах эбитий?

— Оҕолор барахсаттар ыраастара, сырдыктара, чэпчэкилэрэ. Киһи кинилэри кытта оҕотугар түһэр, куруук алтыһар буолаҥҥын, бэйэҥ да көтө-дайа, сэргэх сылдьаҕын.

Биллэн турар, “нулевой” оҕолору барытын үөрэтэргэ бириэмэ, күүс барар. Биһиги рутиннай үлэҕэ үөрэммит артыыстар буоламмыт, сүрэҕэлдьээбэккэ, “айка” диэбэккэ, ылыстыбыт да, үлэлиэххэ наада диэн, сөбүлээн дьарыктыыбыт. Иккиэн таптыыр идэбитигэр бэриниилээх буоламмыт, уонна дьылҕабыт да буоллаҕа, табылынна быһыылаах диибит.

Уон сылы быһа араас састаап уларыйда, биллэн турар, уопутурдубут, билигин үлэлиирбитигэр быдан чэпчэки. Александра Колесова салайааччылаах “Кэрэ” диэн иис фабрикатын кытта үлэлэспиппит хас да сыл буолла, көстүүмнэрбитин онно тиктэрэбит.

Эҥин араас сааланы куораты биир гына кэрийэн, үс сыл анараа өттүгэр Кулаковскай аатынан Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Антонида Корякина “саха кэлэктиибэ, биһиэхэ кэлэн үлэлээҥ” диэн ыҥырыытынан билигин онно дьарыктанабыт. Киэҥэ-куоҥа, сырдыга үлэлииргэ олус табыгастаах. Онон, түгэнинэн туһанан, Антонида Николаевнаҕа улахан махталбытын этэбит.

— Уон сыллаах ситиһиигит баһаам буолуо.

— Уон сыл устата араас сахалыы, омуктуу үнкүү туруордубут. Саамай улаханнарын кэпсээтэххэ, Сочига, Москваҕа Кремль харыйатыгар, Болгарияҕа Варна куоракка гран-при уонна, бу сылга үктэнээт, Кытай Харбин куоратыгар тиийэн саамай чыпчаал, кылаан кыайыыны ситиһэн кэллибит.

Харбиҥҥа кыһыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр төрөппүттэрбит маннык бэстибээл буолар эбит диэн этии киллэрэн барбыппыт, уопсайынан, ханна да буоллун, төрөппүт көмөтө суох сатаммат. 12 кып-кырачаан бастакы кылаас оҕолоро түөрт ый дьарыктанан баран гран-при ылан кэлбиттэрэ бэйэтэ дьоруойдуу быһыы. Ону таһынан икки кыыс, түөрт уол уруккуттан үҥкүүлүүр оҕолорбут барсыбыттара, барыта 18 оҕо. Онон бэйэбит да сөҕөн кэллибит.

Оҕолорбутун куруук кэнсиэртэргэ кытыннарабыт, сценаттан куттамматтар, үс улахан толору остуоруйа туруордубут, уһуйааннары куруук кытыннарабыт, оҕо эрдэхтэриттэн биһиэхэ үөрэнниннэр, сырыттыннар диэн. Кинилэр биэс саастарыттан атын бөлөххө дьарыктаналлар, туһунан хореограф эрчийэр.

— Харбиҥҥа кыттыбыт үҥкүүгүтүн  олус астына, киэн тутта көрбүтүм, көстүүмнэргит да ураты үчүгэйдэр этэ.

— Афанасий Афанасьевиһы талааннаах туруорааччынан кэллиэгэлэрэ билинэллэр, хореограф эрэ барыта оҕо үҥкүүтүн туруорар дэгиттэр буолбат. Биһиги үҥкүүбүтүн ханна баҕарар наһаа астыналлар, Афанасий туруорбут “Дыхание Севера” диэн нүөмэрдээхпит. Ону  уларытар-тэлэритэр, састаабын эҥин, бу олус табыллыбыт постановка, оҕолор да сөбүлүүллэр. Сценаҕа таҕыстахпытына, сэргэхсийэ түһэллэр, “браво, бис” истэннэр, олус үөрэллэр. Кыраларбыт наһаа минньигэстэр. Улахаттарбыт тырыбынаан, тэйиэккэлээн сүрдээхтэр. Хас биирдии бөлөххө төрөппүттэн куратор аныыбын, кини түмэр, тэрийэр. Харбиҥҥа бастакы кылаастарга Анна Васильевна Ловцова барсыбыта, киниэхэ улаханнык махтанабын, 12 оҕону кини салайан, дьаһайан, онон бу кыайыыбыт – төрөппүттэр, ону тэҥэ алта солист оҕобут кыайыылара!

Барыта үс улахан остуоруйаны туруордубут, ол аата 45 мүнүүтэлээх толору үҥкүү. “Небесный подарок”, юкагир остуоруйата, иккиспит “Книга сказок” сахалыы остуоруйалары мунньан, уонна үһүспүт “Новогодняя сказка”, маны Опера уонна балет тыйаатырыгар көрдөрбүппүт. Балар бары Ютубка бааллар.

— “Үҥкүү эн олоххор” диэн ыйытыыны элбэхтэ истибиккит буолуо, ол да буоллар мин эмиэ биэриэхпин баҕарабын. Зоя Михайловна, эн санааҥ?

— 7-с кылааска Элгээйигэ үөрэнэ сырыттахпына Августина Федоровна Клакинова диэн Тааттаҕа “Дружба” ансаамбыл төрүттээччитэ көһөн кэлбитэ. “Алгыс” диэн ансаамбыл тэрийбитэ, мин онно бастакы хараҥаччылартан биирдэстэрэ этим. Онтон ыла үҥкүүнэн дьарыктанаммын, кини үҥкүүһүт буол диэн алгыстаан, этэн, 10-с кылаас кэнниттэн оччолорго култуурунай-сырдатар училищеҕа тута туттарсан киирбитим. Геннадий Баишев эксээмэннэри кэлэн көрөр этэ, онтон биэс оҕону “Государственный ансамбль танца Якутии” ыҥырбыта, мин онно хабылламмын, онтон ыла идэтийбит үҥкүүһүт буолан хаалбытым.

Үҥкүү киһини үрдүк эйгэҕэ таһаарар, киһи дуоһуйууну ылар, муусукаҕа үҥкүүлүүргүттэн, хамсанаргыттан дьоллоноҕун. Медиктэр “дьол гормоннара” үөскүүр диэн этиилэрэ науканан дакаастаммыта.

Биһиэхэ үҥкүүнү сөбүлүүр оҕолор кэлэллэр, муусуканы истээт да, хамсанан киирэн бараллар. “Алгыстаах доҕордоһуу” диэн улахан дьоҥҥо үҥкүү бөлөҕүн биэс сыл анараа өттүгэр тэрийбиппит. Манна үксүлэрэ ансаамбылга сылдьар оҕолор ийэлэрэ бааллар,  оҕолорун кытта наһаа үчүгэй үҥкүүлээхтэр. Кэнсиэртэрбитигэр куруук кытталлар, ДК тэрээһиннэригэр эмиэ, саха үҥкүүтэ наада диэтилэр да, мааны далбар хотуттарбыт үөрэ-көтө кэлэллэр. Үҥкүүлэрин Афанасий туруорар.  

— Баҕа санааҕыт тугуй?

— Саамай баҕарар ыра санаабыт диэн оҕо үҥкүү тыйаатырын тэрийии. Үс остуоруйалаахпыт, онон тыйаатыр буолуохпутун баҕарабыт.  Быйыл Сахабыт сиригэр Оҕо аймах сыла биллэрилиннэ, онон туһанан, үҥкүү курдук алыптаах долгуҥҥа уйдаран, оҕоттон саҕалаан саастаах далбар хотуттарбытын түмэр, үөрдэр туһуттан, өссө киэҥ, сырдык саалалардаах дьиэлэнэрбит-уоттанарбыт буоллар, сиргэ кэлбит аналбытын, дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир суолбутун тутустубут диэн толору этэр кыахтаныахпыт этэ.

"Бриллианты Якутии" үҥкүү ансаамбылын кытта биһиги дьиэ кэргэн оруобуна 10 сыл анараа өттүгэр билсибиппит. Бу 10 сыл иһигэр бастаан улахан кыыһым, онтон кырам уонна бэйэм үҥкүү алыптаах эйгэтигэр киирэн хааллыбыт. Сотору-сотору кэнсиэртэр, испэктээктэр, гостуруоллар, репетициялар... Бу барыта оҕо сайдыытыгар эрэ буолбакка, дьиэ кэргэни түмэргэ олус наадалаах эбит диэн түмүккэ кэллим. Онон салайааччыларбытыгар, ансаамбыл көхтөөх төрөппүттэригэр маннык эйгэни тэрийэллэрин иһин улахан махтал".

 

Андросова Юлия, төрөппүт

 

Биһиги Сахабыт сиригэр аар-саарга аатырбыт “Бриллианты Якутии”  оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла 10 сааһын туолла. Онтон хас биирдии төрөппүт оҕото таптыыр дьарыгынан бэйэтин киһи быһыытынан сайыннарарыгар наһаа улахан олугу уураллар диэн долгуйабыт уонна кинилэргэ көмө буолабыт. Биһиги дьиэ кэргэнтэн аччыгый кыыспыт Люба бу ансаамбылга 4 сааһыгар кэлбитэ уонна күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри сөбүлээн дьарыктанар, билигин кини 11 саастаах. Үҥкүүтүн кини сүрдээҕин сөбүлүүр, наһаа дьоллонор. Үҥкүү оҕону эт-сиин өттүнэн сайдарыгар, киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар, дьону кытта алтыһарга, бэйэ баҕа санаатын толорорго дьулуһарга,  сыал-сорук туруорунарга сүрдээҕин көмөлөһөр дии саныыбын. Уонна онтон үөрэхпитигэр, туох баар киэҥ эйгэҕэ тахсарга үҥкүүбүт сүрдээх улахан олугу уурар.

 

Надежда Дмитриева, төрөппүт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...