09.03.2023 | 09:30

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбар Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Константиновна Пермякова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. 42 сыл устата медицинаҕа үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, суоттулар биир мааны кийииттэрэ.

Кини мин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим, 7 оҕоттон үһүс оҕо, Бэрииһэптэр бастакы күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыыстара.

Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Суотту-Бороҕон суолугар үөрэҕин саҥардыы бүтэрбит эдэркээн эдьиийим массыынаҕа дьахтары төрөппүтүн туһунан истэр этим. Билигин ону бу тутан олорон кэпсэтиннэрэн, сөрү диэн сөхтүм, мэктиэтигэр, бэйэм онно сылдьыспыт курдук барытын харахпар оҥорон көрдүм.

Онон, олохтоохтор таптаан ааттыылларынан, тылы Роза Көстөкүүнэбинэҕэ биэриэххэ.

Ийэбин албыннаан үөрэххэ барбытым

6-7 кылааска үөрэнэ сырыттахпына саха тылын уруогар Варвара Петровна Румянцева “Мин баҕа санаам” диэн өйтөн суруйуу биэрбитэ. Ол кэмҥэ “Кыым” хаһыакка Серго Орджоникидзе аатынан медучилище выпускниктарын туһунан “66-с хараҥаччылар” диэн ыстатыйаны ааҕан баран, эмчит буолар баҕа санаа киирбитэ. Онон, өйтөн суруйуубар ол баҕа санаабын суруйбутум.

8-с кылаас кэнниттэн төрөппүттэрим үөрэххэ ыыппатахтара, оччотооҕу оҕолор курдук 10-с кылаас кэнниттэн “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” суолунан барыахтааҕым. Ол эрэн дьоммор көмөлөһүөхтээхпин, эрдэ үлэһит буолан хамнастанан, миигиттэн кыралары үөрэттэриэхтээхпин диэн толкуйдуур буолбутум. Онон 9-с кылааһы бүтэрэр сайыммар, албыннаан да диэххэ сөп, оскуола дириэктэригэр тиийэн «ийэм көҥүллээтэ” диэн докумуоммун ыллым, ийэбэр кэлэн “дириэктэр үөрэххэ ыытта” диэтим. Хор, медик буолар баҕа санаам итинник толкуйга, албаска тиэрдибитэ. Инньэ гынан 1975 сылга дьоллоох Дьокуускай куоракка үктэммитим. Убайым Гоша куоракка илдьэн, аҕыйах оптуобус сырыытын ыйан баран, ыалга хааллараат, төннүбүтэ. Син мунан-тэнэн, быыс-хайаҕас булан сылдьыбытым. Онтон үөрэххэ туттарсан киирэн мас уопсайга ылыллыбытым. Фельдшерскэй салааҕа киирбитим, акушер идэтэ онус кылаас кэнниттэн этэ. Онон бу идэни талбыппар учууталбар Варвара Петровнаҕа махталым муҥура суох, кини суруйтаран, ол баҕа санаабын олоххо киллэрбиппиттэн.

Дойдубар анаммытым

1979 сыллаахха үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн төрөөбүт Уус Алдаммар анаммытым. Дьүөгэлэрбин дойдубар Кэптэнигэ таһааран, дьоммун кытары билиһиннэрэн, ийэбит олус үөрбүтэ.

Оччолорго кылаабынай бырааһынан Гаврил Гаврильевич Никифоров, солбуйааччынан Егор Прокопьевич Степанов үлэлээн олороллоро. Эдэр исписэлиистэри кылаабынай быраас кабинетыгар биирдиилээн киллэрэн кэпсэппиттэрэ, биһиги дьүөгэлэрбинээн төрдүө буолан кэлбиппит: Роза Тутукарова (Бүлүү), Маша Давыдова (Амма), Оля Андросова (Горнай) уонна мин. Ити 1979 с. муус устар 1 күнэ этэ.

Миигин Түүлээххэ эбэтэр Суоттуга барыаҥ дуо диэн ыйыппыттарыгар, Суоттуну талбытым. Акушерка миэстэтэ аһаҕас, онно бар диэбиттэрэ. Кыргыттарым Роза Тандаҕа акушерканан, Маша Чараҥҥа биэлсэринэн, Оля Курбуһахха биэлсэринэн анаммыттара. Роза биһикки Бороҕон роддомуҥар стажировкалана хаалбыппыт. Сүүрбэччэ эрэ хонук сылдьыбыппыт. Онно биһиэхэ сүбэлэрин-амаларын биэрбит элбэх уопуттарын иҥэрбит гинеколог быраастар Варвара Дмитриевна Сыроватская (билигин да үлэлии сылдьар), Ия Петровна Баишева, кылаабынай быраас солбуйааччыта, хирург Егор Прокопьевич Степанов буолаллар. Медхамыыһыйаҕа эксээмэн туттарбыппыт кэннэ түүннэри муус устар 18 күнүгэр суһал көмө массыынатынан Суоттуга көһөн кэлбитим.

Оҕолорун курдук көрсүбүттэрэ

Дьэ ол нөҥүө күнүттэн Суотту учаастактааҕы балыыһатыгар үлэм саҕаламмыта. Хара бастакыттан иллээх, эйэлээх кэлэктиипкэ түбэһэн, миигин оҕолорун курдук үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Төһө да сыл-хонук аастар, сорохторо билигин биһиги ортобутугар суох да буоллаллар, түгэнинэн туһанан барыларыгар махтанан туран толору ааттыахпын баҕарабын. Ол курдук, балыыһабыт сэбиэдиссэйинэн эдэр терапевт быраас Вера Алексеевна Пестерева үлэлиирэ, вызовной биэлсэринэн Раиса Романовна Жиркова, санитарнай биэлсэринэн Антонина Алексеевна Алексеева, патронажнай сиэстэрэнэн Екатерина Николаевна Данилова, амбулатория сиэстэрэтэ Евдокия Васильевна Бурнашева, санитарката Февронья Петровна Назарова, постовой сиэстэрэлэринэн Варвара Захаровна Стрекаловская, Варвара Петровна Васильева, Мария Ильинична Готовцева, санитаркаларынан Варвара Дмитриевна Лыткина, Екатерина Ивановна Иванова, Наташа Постникова, завхоз Дмитрий Прокопьевич Аммосов, поварынан Мария Афанасьевна Ефимова, таҥас сууйааччы Дария Афанасьевна Васильева этилэр. Билигин даҕаны барыларын олус күндүтүк уонна махталлаахтык саныыбын.

Суотту улахан бөһүөлэк этэ, “Лена” сопхуос киинэ. Хоноҕору, Арыы Тиити, Саһылыкааны, Тумулу, Элэһини хабан үлэлиирбит. Балыыһабыт 10 куойкалаах эмтиир дьиэлээх, амбулаторията олус кыараҕас, эргэ, тымныы, кирпииччэ оһоҕунан оттуллар, өрүү толору ыарыһахтаах. Кэлэктииппит сүрдээх эйэлээх, көхтөөх этэ. Бары бырааһынньыктары өрө көтөҕүллүүлээхтик атаарарбыт, нэһилиэк субуотунньуктарыгар көхтөөхтүк кыттарбыт, үлэбитигэр “Лена” сопхуос улахан көмөнү оҥороро, график оҥорон, ыарахан ыарыһахтары Бороҕоҥҥо ыытарбытыгар массыына аныыра.

Ханна баҕарар буоларын курдук, кыра оҕо, кырдьаҕастар ыалдьыылара, араас оһол, дьахтары төрөтүү, өлүү да тахсыталыыра. Тыа балыыһатын акушерката учаастакка үлэни барытын тэҥҥэ үлэлиирэ. Хат дьахталлары эрэ көрүүнэн муҥурдаммата. Вызовтарга солбуйан сылдьаҕын, бииригэр диэри саастаах оҕоҕо, хат дьахталларга патронажтыыгын, сарсыардатын балыыһаҕа сытар ыарыһахтарга обход оҥорсоҕун, эбиэт кэннэ ыарыһаҕы амбулаторияҕа приемнуугун. Тиэхиньикэ сырыыта, суол-иис мөлтөх буолан, хат дьахталлар чаастатык учаастакка хаалан төрүүллэрэ. Дьахтары төрөтүү миэхэ, үөрэҕи саҥа бүтэрбит, уопута суох киһиэхэ, олус кутталлааҕа, долгутуулааҕа, ол эрээри барыта этэҥҥэ аастаҕына, саҥа киһиэхэ күн сирин көрдөрүү курдук дьоллоох мүнүүтэлэр суох буолаллара. Манна уопуттаах санитаркаларбыт, сиэстэрэлэрбит күүс-көмө буолаллара. Кэлин бырааспыт куоракка көһөн, биэлсэрбинээн үлэлээбиппит. Сайынын уоппуска да ылбакка, икки сайын вызовнойу солбуйбутум. Хоноҕорго уопуттаах биэлсэр Надежда Дмитриевна Игнатьева үлэбитигэр күүс-көмө буолара, күн бүгүн да үлэлии сылдьар.

Улахан сүрэхтэниини ааспытым

1979 сыллаахха балаҕан ыйыгар күһүн Суоттуга медучилище оҕолоро оҕуруокка практикалана тахсыбыттара. Мин кэннибиттэн үөрэнэ хаалбыт оҕолор буолан, үксүлэрин көрөн билэттиибин. Арай биир ардахтаах күн эмискэ вызов кэллэ. Мин балыыһаттан тэйиччи аймахтарбар олорор этим. Субуота күн быһыылаах. Балыыһабар сүүрүүнэн кэллим, биэлсэрбинээн Раиса Романовналыын иккиэбит эрэ. Арай киирбиппит, эдэркээн кыыс оҕо өйө суох комаҕа сытар. Дабылыанньата нуул, пульса иһиллэр иһиллибэт.

Бүлүүттэн төрүттээх ийэтигэр күүлэйдии кэлбит оҕо эбит. Суотту мырааннаах сир, онно Хоноҕор үрдүгэр Тиргэлиир муостата диэн баар. Ол муостаттан үрэххэ түһэн сытарын ааһан иһэр тырахтарыыс Николай Черкашин кэргэнинээн таба көрөннөр, бастаан итирик дьахтар дии санаабыттар, онтон түһэн көрбүттэрэ, эп-эдэркээн, баара эрэ 18 саастаах кыыс сытаахтыыр эбит. Бу үлүгэрдээх ардах быыһынан тыраахтар иһиттэн кыыс дьолугар таба көрдөхтөрө. Онон МТЗ тыраахтардарынан балыыһаҕа аҕалбыттар. Биһиги тута бастакы көмө оҥордубут, укуол, система туруордубут, таҥаһын барытын кыптыыйынан кырыйан сыгынньахтаан, чинчийии оҥордубут, онтубут хаҥас атаҕынан тааһын уонна буутун уҥуоҕун тоһуппут эбит. Түргэн үлүгэрдик Бороҕоҥҥо төлөпүөннээтибит, сотору кэминэн анал оперблоктаах быраастар биригээдэлэрэ кэллэ. Суһаллык көрөн-истэн, тута атаҕар эпэрээссийэ оҥордулар, хомойуох иһин, хаҥас атаҕын быспыттара. Ол кэмҥэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Бороҕонтон, олохтоох милииссийэлэр кэлэннэр, силиэстийэ ыытан бардылар. Балыыһаҕа сытар ыарыһахтары дьиэлэригэр тарҕаппыппыт. Болҕомто барыта оҕоҕо. Кубарыйан баран сытаахтыыр, хаана дэлбит барбыт, хаан наада диэн буолла. Бороҕоттор суһал көмөлөрүн массыыналарын ылан, кулуупка астаран тиийдибит. Үҥкүү буола турар. Кулуупка көтөн түһэн үҥкүүнү тохтоттум, микрофон ылан, «баһаалыста, хаанна биэриҥ” диэн көрдөстүм, биллэрдим, уопсайга көрбүт оҕолорум кэккэлэһэн тураллар эбит. Оҕо бөҕөтө кэлэн хаан биэрдэ, олохтоохтору эмиэ төлөпүөнүнэн ыҥырталаабыппыт. Онон барыта этэҥҥэ ааспыта, кыыс тыыннаах хаалбыта.

Кэлин милииссийэ быһаарбытынан, кыыс Суоттуттан Хоноҕорго кэлэн испит. Оччолорго үөһэнэн сылдьаллар этэ. Оруобуна ол муостанан ааһан иһэр массыына кыыһы куттаабыта буолбутугар муоста перилата тостон, кыыс аллараа түһэн хаалбыт. Ону өйдөөн көрбөтөхтөр, салгыы айаннаан бара турбуттар. Ол устудьуоннары тиэйэр, хомуурга үлэлии кэлбит массыына диэбиттэрэ. Уу тымныы буолан, кыыс ууга түһэн баран кыратык өйдөнөн, кытыы диэки таласпыт быһыылаах, онтон ыарыытыттан өйүн сүтэрэн сытарын булаллар... Эпэрээссийэ этэҥҥэ ааһан, Бороҕон хирура, кылаабынай быраас солбуйааччыта Егор Прокопьевич Степанов нэдиэлэ кэриҥэ кыыһы кэтээн эмтии хаалбыта. Онтон санавиациянан Бороҕоҥҥо илдьибиттэрэ. Ити түгэн кэнниттэн хайҕаабыттара, бастакы көмөнү сөпкө оҥорон оҕону тыыннаах хаалларбыккыт диэн.

Үйэбэр умнуллубат күнүм этэ

Иккис умнуллубат түгэним 1980 сыл от ыйын 14 күнүгэр буолбута.

Медик кыргыттар түөрт буолан сопхуос икки этээстээх уопсайыгар олорор этибит. Биир киэһэ сотору төрүөхтээх Валентина Кириковна Данилова тиийэн кэлэн, быраастан «массыыната кэпсэтэн биэр эрэ, Бороҕоннуом этэ” диэн көрдөстө. Оччолорго диспетчеринэн Василий Васильевич Заровняев үлэлиир. Быраас Вера Алексеевна киниэхэ эрийэн, массыына кэпсэттэ уонна сиэстэрэ Дуняны «эн арыаллаан барсаҕын” диэн быһаарда. Мин барытын истэ сылдьабын. Ити кэмҥэ Тоня биһиги үрэхтэн иһэр уу баһа тахсан испиппит. Онтон кирилиэһи түһэн иһэн подъездка, эмискэ туох эрэ оройго охсубутун курдук, тохтуу түстүм, санаам кэннибэр, «тоҕо быраас миигин ыыппата, Дуняны ыытта” диэн. Ойон киирдим да, мин арыаллаһа барсабын диэн тылланным. Ол икки ардыгар массыынабыт кэллэ, ЗИЛ, суоппара Прокопий Шестаков, нүөмэрин кытта өйдүүбүн – 44-74. Бырааһым сөбүлэстэ, кими да, тугу да истибэппин, таҥаһым үрдүгэр түстүм, кууркабын кэттим. Ол турдахпына санитарнай биэлсэр Тоня ойон кэлэн, сиэбиттэн битэмиин хаатыгар тыыннаах испиирдээх иһитин биэрдэ: “Роза, мэ, ыл, баҕар, наада буолуо”, - диэтэ. Кэлин санаатахха, олох туох эрэ этитии курдук эбит. Массыынабытыгар олорсон баран, “балыыһаҕа төннүөххэ, суһал көмө оҥорор суумкабын ылабын” диэтим, дьахтары төрөтөр “акушерскай наборбар” укуолум, футлярым, эмим-томум барыта баар. Онтубун ыллым уонна дьэ айаннаатыбыт.

Ортобутугар олорор Валябыт иккис оҕотун төрүү баран иһэр. “Лена” сопхуос тутаах исписэлииһэ, кэргэнэ Валерий Иванович комском, куоракка үөрэххэ сылдьар кэмэ. Суоппарбыт төрүкү да саҥалаах-иҥэлээх киһи, айаммытын наһаа үчүгэйдик саҕалаатыбыт. Уонтан тахса килэмиэтир кэнниттэн Валям илиибин тутан ылар, бастаан аахайбатым. Тутар, ыытар, кэнники тутара күүһүрэн истэ. Онтон мин киһим сирэйин-хараҕын кэтиибин, суоппарбыт ол тухары кэпсиирин тохтоппот.

Арай Валям саҥарбат буолла, сымыһаҕын быһа ытыран баран олорор. Бастаан утаа куттанным, онтубун киниэхэ биллэрбэппин, уопсайынан, бэйэм ыксаллаах кэмҥэ холкубар түһэн хаалааччыбын. Ол курдук куттаммытым ааһан, испэр арааһы толкуйдуубун. Онтон мүнүүтэбитин ааҕыахха диэн буолла, суоппарбыт айанныыр, кэпсиир, билбэт, сэрэйбэт. Харыга кэтэр сөкүүндэлээх чаһылаахпын, Валяҕа талыыҥ саҕаланнаҕына, бүттэҕинэ этээр диэн, ону ааҕа олордум. Арай талыытын арда аччаан иһэр. Суоппарбыт суол ортотуттан дьэ билэн, саҥата суох барда. Киэһэ уон эҥин буолан, боруҥуйан эрэр. Күүскэ ыарыйдаҕына, массыынабытын тохтотобут эҥин.

Кэнникинэн үһүөн хайдах эрэ буолан хааллыбыт. Ол курдук, тохтоон олорор кэммитигэр син хас да массыына ааста, оччотооҕу суоппардар хайаан да ыйыталаһан, кыһалҕалаах буоллаххына, көмөлөһөн ааһар суруллубат сокуоннаахтара. Арай суоппарбыт ыйыттахтарына барыларыгар киэр хайыһан кэбиһэр, көҥөнөр, тугу эрэ кистиир курдук гынар, кэлин барыларын кыйдаан испитим диир, тоҕотун бэйэтэ да быһаарбат. Дьиҥэр, Бороҕоҥҥо баран иһэр массыынаҕа суһал көмөтө ыытыҥ, дьахтар төрөөрү гынна диэн этиэхтээх этибит буоллаҕа. Бары да өйбүт бааллан хаалбыт. Мин дьахтарбын эрэ быыһыыр санаалаахпын. Онтон Валям талыыта күүһүрэн истэ, оҕолонон эрэбин диэтэ. Бороҕоҥҥо диэри 24 килэмиэтир хаалтын кэннэ айанныыр кыаҕа суох буолла. Массыынаны тохтоттубут, суоппар төрөтөбүн диэппин кытта тэйиччи баран хаалла. Валябын суоппар өттүгэр төбөлөөн сытыардым, биллэн турар, антисанитария, кибис-кирдээх, ону ол диэбэккэ, ыраас пеленка тэлгээммин, этэҥҥэ разрыва да суох быыһанна. Барытын холкутук, быраабыланан, бэйэм пассажир үктэнэр сиригэр тобуктаан олоробун. Түүн 12.10 мүнүүтэҕэ уол оҕо өрө хаһыытаабытынан төбөтүн оройунан түһэн күн сирин көрдө, тута ытаата, асфикцията суох доруобай оҕо кэллэ. Валям кыптыыйдаах эбит, онтун ылан биэрдэ. Биинтэнэн күүскэ баайан баран, оҕобут киинин быстым, маарыланан суулаатым уонна суоппар аҕыныахтаах тэлигириэйкэтигэр суулаан, атахпыт анныгар сытыардым. Кырачааммыт ытыы түһэн баран, им-дьим барда, тохтоото.

Онтон дьахтарым иккис суолун кэтээтим, болҕомтом барыта киниэхэ. Укуоллаатым, матката сокращайдаатын диэн. Укуол кэнниттэн арай киһим иһин түгэҕэ да, сиһэ да ыалдьыбат, дьиҥэр, биэс мүнүүтэнэн ыалдьыахтаах. Суох да суох. Ыксыыбын, кэтиибин, үрдүк айыылартан барыларыттан көрдөһөбүн. Арай көрбүтүм, хаана баран эрэр. Суумкабыттан стерильнэй биинтэнэн томпон оҥорон уурабын, хаана тохтообот, эмиэ мүнүүтэбин көрөбүн. Барыта быраабыла быһыытынан оҥоһуллубутун, укуолламмытын кэннэ матката сокращайдаммат буоллаҕына, мин киниэхэ “ревизия полости матки” оҥоруохтаахпын диэн бэлэмнэнэбин. Кыыһым олус тулуурдаах эбит, айкалаабат, хата, миигин уоскутар, мин оччолорго 21 саастаахпын. Ол курдук последа кэлбэтэ, киһим утуйан эрэр курдук. Ыҥырабын, саҥарбат, онтон сирэйин таһыйаммын өйүгэр киллэрэбин, хараҕын көрөн кэллэҕинэ: “Роза, эн кытардыҥ, көҕөрдүҥ”, - диир, үлүгүнэйэр, ол тухары хаана бара сытар. Массыынабыт эрэ лаампата баар, борук-сорук. Эмискэ Тоня сиэппэр укпут испиирин санаан, ону харбаан ыллым уонна, тоҥонохпор диэри суунан, илиилээн саҕалаатым, ол аата “ревизия матки”. Төһө да аһыннарбын, атын сорук иннибэр турбат, толкуйдуурга бириэмэ суох. Этэргэ дылы, сөкүүндэ кытта күндү буолла. Бу наһаа уһун процедура, кыратык да сыыспаккын, матка оболочката быыкаатык да таарыллыа суохтаах. Валям ону тулуйа сытар, сымыһаҕын быһа ытырар, санаан көрүҥ, туох да ыарыыны мүлүрүтэр укуола суох, тыыннаахтыы. “Өйдөн, миигин көр, хараххын ас”, - диэн кэпсэтэ сатыыбын. Кэмниэ-кэнэҕэс последын ороотум, илиим, былчыҥнарым үлтү сылайдылар. Онтон аны последын оболочкатын уонна дольката хаалбытын-хаалбатаҕын, бүтүнүн быһаараҕын. Хата, бүтүн кэлэн, наһаа үөрдүм. Хаалбыт буоллаҕына, хайдах да иккистээн киирбэккин. Онтон дьэ Валям өйдөннө, дабылыанньата нуорматыгар түстэ. Аны кыыспар Бороҕоҥҥо балыыһаҕа сиэнинээн сытар ийэбэр илдьэн иһэр балык мииммин иһэртим.

Борокуоппайым хантан эрэ тыа быыһыттан тахсан кэллэ. Онтон Валябыт последпын көмүҥ диэн дьаһайда. Суоппарбыт күрдьэхтээх эбит, тыа диэки балачча хааман баран, көмпүппүт. Валя хотуттан сылдьар кийиит этэ, абыычайдара быһыылаах. Кэлин санаатахха, дьиҥэр, быраастарга дакаастабыл быһыытынан илдьэ барыахтаах эбиппин.

Ол курдук халлааммыт сырдаан барда, арааһа, үс чаас эҥин буолла быһыылаах. Арай иннибитигэр “суһал көмө” массыыната хорус гына түстэ, онтон дьэ биирдэ өйдөөтүм тугу оҥорбуппун, туохха түбэспиппин. Ол тухары олох атын эйгэҕэ, эргииргэ киирэн халбыт курдук этим. Массыынаттан гинеколог Ия Петровна хаһыытаабытынан түһэн кэллэ, наһыылкалаахтар, сүүрэн аҕай кэллилэр. Кэлин суоппарбынаан кэпсэппиппит, саамай бүтэһик ааспыт Майаҕас суоппара тугу эрэ сибикилээн, “скорайга” тыллаабыт эбит. Ол бүтэһик массыына этэ диир суоппар.

“Оҕоҕут ханнаный, аҕал манна”, - диэн буолла. Оҕобун көтөҕөн массыынаҕа киллэрдим, бары наһаа дьиибэргииллэр, манныкка түбэспэтэх буоллахтара дии. Тэлигириэйкэҕэ сууламмыт оҕону сыгынньахтаан көрдүлэр, ылан суулаатылар, арай оҕом кииниттэн хаана барбыт эбит, хата, кыратык. Ону быраас скобанан туттаран кэбистэ. Скобам баара буоллар, этэҥҥэ буолуо эбит. Дьэ, улахан эппиэтинэскэ тардыллаҕын диэбитэ уонна Бороҕоҥҥо илдьэ барбыттара.

Сарсыныгар Суоттубар төннүбүтүм. Дьон хараҕын утары көрбөт гына улаханнык мөҕүллүбүтүм, үлэлии да барыахпын баҕарбат туруктаахпын. Ол сарсыарда дэриэбинэ иһэ суолга төрөөбүт оҕо сонунунан туолбут этэ. Мин туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук санааҕа ылларбытым.

Дьэ онтон сотору соҕус миигин бырааспынаан Бороҕоҥҥо медицинскэй сүбэҕэ көрөөрү ыҥырдылар. Кылаабынайдар бары, нэһилиэк быраастара бөҕөтө, киһи толору, онно мин дьүүллэнним. Бастаан эмиэ улаханнык куттанным, онтон киирэн баран уоскуйан хааллым. Барытын саас-сааһынан кэпсээтим. “Төһө хаан барбытын хантан биллиҥ», “илиигин тугунан обработкалаабыккыный”, “тыҥыраҕыҥ баар этэ дуо” эҥин диэҥҥэ тиийэ ыйыталлар. Сөппүн көрбүттэрэ, быыгабар биэрбиттэрэ, ирдэбилэ оннук этэ. Ол эрээри сорохтор көмүскэспиттэрэ уонна хайҕаабыттара, ол иһигэр хирург быраас Егор Прокопьевич Степанов. Билигин санаатахха, кырдьык, дьулаан түбэлтэ эбит.

Онтон Валям, хата, матката оннугар түһэн, биэс-алта хонугунан выпискаламмыта. Оҕотун Ваня диэн сүрэхтээбиттэрэ, айыыһыкка ыҥырбыттара, оҕобор нэдиэлэ аайы сылдьабын, патронажка, барыта кэминэн улаатан испитэ. Билигин ИДьМ бэтэрээнэ, подполковник, үрдүк үөрэхтээх, куоракка олорор, кэргэннээх, икки оҕолоохтор. Ол кэнниттэн Валентина Кириковна этэҥҥэ эмиэ уол оҕоломмута. Ону истэммин үөрбүтүм, ол аата массыынаҕа төрөтөрбөр доруобуйатыгар охсуу ылбатах эбит диэн.

Хаһыакка тахсаары, хата, уруккуну-хойуккуну санаатым, кэпсээтим. Билигин өссө элбэх киһи билиэ, ааҕыа буоллаҕа. Онон туһанан Суотту учаастактааҕы балыыһатын сэбиэдиссэйиттэн саҕалаан бары үлэһиттэригэр, ону тэҥэ Егор Прокопьевич Степановка уонна гинекологтарга махталым муҥура суох. Аҕыйах күн стажировкалаах, акушерка идэтэ суох киһи син балачча оҕону төрөппүтүм. Сороҕор атахтарынан кэлээри быычыкайкаан тарбахтара бу кэккэлэһэ да сытар түгэннэрэ баар буолара. Соҕурууттан почтанан кинигэ суруйтаран билиибин хаҥатынарым, идэбин наһаа сөбүлээбитим. Төрөппүт оҕолорум тэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэбин. Түөрт сыл кэриҥэ акушерынан үлэлээбиппин үйэм тухары умнубаппын. Уопсайа 42 сыл медицинаҕа үлэлээн, билигин бочуоттаах сынналаҥҥа олоробун.

Дьэ, ити курдук эдьиийим кэпсээнэ бэйэтэ кинигэҕэ киириэх, киинэ да уһуллуох курдук түбэлтэ. Билиҥҥи эбитэ буоллар, чиэс-бочуот, халлааҥҥа диэри хайҕабыл буолуо, тэлэбиисэр, хаһыат сирэйэ бараныа этэ. Оттон оччолорго сэмэ-суҥха, эбиитин эдэр киһиэхэ быыгабар биэрии сүрэҕин хайытан салгыы үлэлээбэт да турукка тиэрдиэн сөбө. Ону биһиги эдьиийбит хорсун, харса суох уонна, саамай кылаабынайа, үлэтин, идэтин таптыыр, бэриниилээх буолан, салгыы үлэлээтэҕэ. Эдьиийбитигэр барыбыт ааппытыттан куруук сүбэ-ама буоларгар, хас биирдиибитигэр ийэлии кыһалларгар барҕа махтал тылларын этэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...