09.04.2022 | 17:00

Ыйытыы-хоруй

Ыйытыы-хоруй
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Гражданин суукка мөккүөрү кыайар. Салгыы кини тугу гынар?

Өскөтүн иэс кээмэйэ 100 тыһ. солк. диэри буоллаҕына, суут уурааҕын ыйдааҕы төлөбүрдэрин ылар тэрилтэтигэр (үлэлиир тэрилтэтэ, биэнсийэ пуондата) эбэтэр бааҥҥа быһалыы биэрэр бырааптаах.

Оттон төлөбүрү булгуччу толорторорго, суут быһаарыылаах докумуону,  сайабылыанньаны, реквизиттэри иэстээх тэрилтэ регистрациялаах суут бириистэптэрин отделениетыгар ыытыллар. Ол эбэтэр иэстээх киһи ханна регистрациялаах даҕаны, докумуон оригинала почтанан онно ыытыллар.

Толорору ирдиир докумуон ситэ өйдөммөт, чуолкайа суох өрүттэрдээх түгэнигэр, иэстээх киһи, иэһи ирдэһээччи, суут бириистэбэ ол туһунан докумуону биэрбит сууттан, атын даҕаны уоргантан эбэтэр дуоһунастаах сирэйтэн сиһилии быһааран биэрэллэрин көрдөһөр бырааптаах.

 

Бааҥҥа счекка бобуу турбут буоллаҕына, булгуччу суут бириистэбэ боппут диэн буолбатах дуо?

Оннук. Өскөтүн счетуҥ тутуллубут, бобуу турбут эбэтэр счеккуттан биллибэт биричиинэнэн харчы уһуллубут буоллаҕына, бастатан туран, r14.fssprus.ru суут бириистэптэрин официальнай сайтарыгар киирэн, "Банк данных исполнительных производств" сервис көмөтүнэн иэс баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиэххэ наада. Сервис эһиги ааккытыгар иэс көстүбэтэ диэн таһаардаҕына, счеттаах бааҥҥар эрийэн, счекка хантан ирдэбил түспүтүн туһунан информация ылыахха наада. Маннык ыспыраапка ирдэбил туһунан толору информацияны көрдөрөр.

 

Толоруулаах докумуону ханнык болдьох устатыгар көрдөрүөххэ сөбүй?

Манна кэккэ уратылардаах. Ол курдук, суут акталарыгар олоҕуран бэриллэр толоруулаах докумуону суут актата күүһүгэр киириэҕиттэн үс сыл устата биэриэххэ сөп, оттон суут бирикээһин – бэриллибит күнүттэн саҕалаан үс сыл устата. Болдьоҕо ааспыт докумуон суут эрэ бэрээдэгинэн чөлүгэр түһэриллэр. Аны туран, алимент төлүүр туһунан быһаарыыны уураахтаммыт болдьох устатыгар, ону тэҥэ болдьох бүппүтэ үс сыл устата биэриэххэ сөп.

 

Толоруулаах производство хаамыыта туох ирдэбиллээҕий?

Ханнык баҕар быһаарыы хаамыытын Судаарыстыбаннай өҥө биир кэлим порталын нөҥүө ыйыталаһыахха сөп. Оттон Тус кабинекка сурутууну оҥортордоххо, суут бириистэбэ ханна, туох суруктарын ыыппытын, туох уураах тахсыбытын туһунан иһитиннэриини барытын ылар кыах баар. Ону таһынан порталга сайабылыанньа, ыҥырыы, көрдөһүү, үҥсүү ыытар өҥө баар.

 

Судаарыстыба уорганыгар ыытыллыбыт сурук ханнык болдьоххо көрүллүөхтээҕий?

Судаарыстыбаннай уоргаҥҥа киирбит сурук регистрацияламмыт күнүттэн саҕалаан уһаабыта 30 хонук устата көрүллэр.

 

Сайабылыанньаны хайдах ыытыахха сөбүй?

Тус бэйэҕинэн эбэтэр интэриниэт нөҥүө ФССП официальнай сайтыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ» региону уонна тустаах суут бириистэптэрин салаатын ыйан. Оннук түбэлтэҕэ хоруй бэйэҕит ыйбыт электроннай почтаҕытыгар сөптөөх болдьоххо кэлэр. Итиэннэ сайабылыанньаны Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө ыытыахха сөп.

 

Иэһи төһө кэм иһигэр төлүөххэ нааданый?

Өскөтүн дьыала номнуо көбүтүллэн, иэстээх киһиэхэ тус кабинетыгар, смс, эбэтэр автообзвон нөҥүө иһитиннэрии кэллэҕинэ, баҕа өттүнэн толорорго 5 күннээх болдьох бэриллэр.

Манна эбии төлөбүр, хамыыһыйа туһунан этэр тоҕоостоох. Бу төлөбүр кээмэйэ иэс кээмэйин сэттэ бырыһыаныгар, ол гынан баран иэстээх гражданинтан биир тыһыынчаттан, предпринимательтан уон тыһыынчаттан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Онон бу хамыыһыйа кээмэйэ 200 солк. буолуон сөп, оттон иэс 5 хонуктаах болдьоххо төлөммөтөх түгэнигэр, уопсай суумата 1200 солк. буолуоҕа.

 

Ханнык түгэҥҥэ суут бириистэбэ Арассыыйа тас өттүгэр тахсыыны хааччахтыыр кыахтааҕый?

Өскөтүн иэһиҥ кээмэйэ 30 000 солк. уонна онтон ордук, итиэннэ баҕа өттүнэн төлүүр болдьох ааспыта икки ыйа туолан, толоруулаах докумуонунан иэс суумата 10 000 солк. куоһарар буоллаҕына. Маны сэргэ иэс алимент төлөбүрэ, киһи доруобуйатын эчэтии ороскуотун толуйуу о.д.а. буоллаҕына.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....