25.03.2022 | 13:00

Юрий Трутнев: «Үспүкүлээннэри кытта хонтуруоллуур уорганнар быһаарсыахтара»

Юрий Трутнев: «Үспүкүлээннэри кытта хонтуруоллуур уорганнар быһаарсыахтара»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Саха сирэ үс ыйтан ордук кэмҥэ тиийэр аһынан-үөлүнэн хааччылынна. Кэккэ бородууктанан – биир сылга. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев потребительскэй ырыынакка үөскээбит быһыы-майгы туһунан мунньахха иһитиннэрдэ. РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр сыана үрдээһинэ дойду үрдүнэн курдук, бородуукта тиийбэт буолуута аймалҕантан тахсыбыт. 
«Сыана үрдээһинэ үгүстүк дьон айманан туран атыылаһарыттан уонна үспүкүлээннээһинтэн тутулуктаах. «Антимонопольнай» сокуон, хонтуруоллуур уорганнар бааллар, кинилэр Саха сиригэр уонна Арассыыйа Федерациятын атын да субъектарыгар күүскэ үлэлииллэр», - диэтэ Юрий Трутнев.
Саха сиригэр, Арассыыйа атын регионнарыгар курдук, сыана ордук саахарга уонна гречкаҕа үрдээбит. 
«Билиҥҥи туругунан биһиэхэ сөп буолар аһылык саппааһа баар, социальнай суолталаах табаардарга олунньу ый саҥатыгар сыана ортотунан 1-26% үрдээтэ», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Атын табаардарга уонна эмпкэ сыана үрдээһинэ РФ субъектарын кытта тэҥ таһымҥа сылдьар, регион саппааһынан хааччыллыбыт. 
Тыын суолталаах табаардарга сыананы оннунан тутар курдук регион Баһылыга 2022 сылга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарыгар кредитнай тэрилтэлэртэн ылыллыбыт заемнары 8% диэри уйунар субсидия көрүллэрин туһугар этии киллэрдэ. 
Дьоҕус уонна орто предпринимательство ороскуота үрдүүрүнэн сибээстээн, үлэ миэстэлэрин хаалларар, өйүүр сыаллаах УСН анал эрэсиимин лимитын 400 мөлүйүөн солкуобайга диэри уонна ПСН 120 мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатыннарар этии киирдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...