12.03.2020 | 09:47

Ыт, дьиэ уонна суол

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат олохтоох дьаһалтатын кулун тутар 10 күнүнээҕи былаанныыр мунньаҕа, биллэн турар, Арассыыйаҕа тиийэ айдааны тарпыт ыт боппуруоһугар, итиэннэ хаары тиэйии, суолу-ииһи, дьиэни-уоту тутуу боппуруостарыгар тохтоото.

Дьэллик ыттары тутар приюкка иирэр ыарыы баара биллибитэ нэдиэлэ курдук буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ ыт, атын даҕаны кыыл итинник ыарыыга ыллардаҕына, эмтиир ньыма айылла илик эбит. Ол эбэтэр ыалдьыбыт кыыл суох оҥоһуллуохтаах, диэн быһаараллар ветеринар быраастар. Үөскээбит быһыы-майгы туһунан быһаарыыны Дьокуускай куораттааҕы Ветеринарнай управление салайааччыта Павел Павлов оҥордо. Специалист этэринэн, Управление кулун тутар 3 күнүгэр Ветеринария департаменын суһал иһитиннэриитин туппут – Дьокуускай куораттааҕы дьэллик кыыллары тутар приюкка иирэр ыарыы турбутун туһунан. Дьон-сэргэ олоҕор улахан сэрэхтээх ыарыы турбутун туһунан иһитиннэрии өрөспүүбүлүкэтээҕи ветеранарнай лаборатория экспертизатыгар олоҕурбут. Суһал иһитиннэриигэ олоҕуран Управление кулун тутар 4 күнүгэр приюту бэрэбиэркэлээбит. Кулун тутар 7 күнүгэр Ветеринария департамена кутталлаах ыарыыны кытта охсуһар комплекснай былааннаах бирикээс таһаарбыт. Онон үс күн, кулун тутар 7, 8, 9 күннэригэр, приюкка харалла сытар харамайдарга бэрэбиэркэ ыытыллыбыт. Бэрэбиэркэнэн барыта 260 ыт уонна куоска хабыллыбыт. Управление начаалынньыга иһитиннэрэринэн, приюкка аһары элбэх ыт, куоска мунньуллан, аһары кыараҕас буолан, ханнык да санитарнай ирдэбилгэ эппиэттэспэт балаһыанньа үөскээбит. Онон, Управление бигэргэтэринэн, приюкка олохтоммут харамайдар бары ити ыарахан ыарыы вируһун хаппыт буолуохтарын сөп. Биллэрин курдук, кыыллар ортолоругар иирэр ыарыы туруута нэһилиэнньэҕэ олус сэрэхтээх. Инньэ гынан билигин Дьокуускай куоракка уонна Жатайга – ыаллыы сытар икки муниципальнай тэриллиигэ иккиэннэригэр – карантин биллэриллэн турар. Управление салайааччыта иһитиннэрбитинэн, приюкка эвтаназия бары быраабыланан оҥоһуллубут, хайдах, ханнык исписэлиистэр, туох препараты туһанан оҥорбуттарын туоһулуур акталар, атын даҕаны туһааннаах докумуоннар бары бааллар. Нэһилиэнньэни, биллэн турар, тоҕо тутатына эвтаназия оҥоһуллубута долгутар. Ветеринария управлениета быһаарбытынан, бүгүҥҥү күҥҥэ кыыл иирэр ыарыыга ыалдьыбытын тыыннаахтыы быһаарар ньыма айылла илик эбит. Ол эбэтэр, бастаан булгуччу эвтаназия оҥоһуллар, ол кэннэ биирдэ өлүктэн анаалыс ылыллар, диагноз туруоруллар. Лаборатория бытархай кыыллар, боруодалар өлүктэрин бүтүннүү ылар буоллаҕына, бөдөҥ харамайдары төбөлөрүн эрэ ылан анаалыстыыр.

Онон, бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа хайдаҕый? Приюкка киирбит харамайдар, куорат уулуссаларыгар бырадьаагылыы сылдьар атын даҕаны ыттар, куоскалар, ол быыһыгар сылгыларбыт эмиэ дьэлликтииллэр, иирэр ыарыыга сыстыбатахтара, биһиэхэ кутталы үөскэппэттэрэ буолуо диэн ким даҕаны мэктиэлиир кыаҕа суох.

Куорат иккис тыын кыһалҕата – хаар. Быйыл, хатылаан да эттэрбит, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх сөҥүү түстэ. Бу нэдиэлэтээҕи туругунан куораттан баара-суоҕа 54 тыһ. кууб хаар тиэйиллибит, ити былаан 25 % эрэ. Хаалбыт 75% хаар муус устар 1 күнүгэр диэри тиэллиэхтээх. Онон, бу күнтэн саҕалаан бары кыаҕы, күүһү – хаар тиэйиитигэр. Ол кыаллыбатаҕына, аҕыйах нэдиэлэнэн ууга барар куттал баар.

2022 сылга Ленин проспега маннык буолуохтаах

Мэр нэдиэлэтээҕи былаанныыр мунньахтарын биир солбуллубат боппуруоһа – Короленко, 25 аадырыска тутулла турар элбэх мэндиэмэннээх дьиэ. Биллэрин курдук, бу дьиэ тутулларыгар 500 ыал харчытын уган албыннатан турар. Онон куорат салалтата объект түргэн соҕустук үлэҕэ киирэ охсоругар интэриэһэ улахан. Буолан ааспыт мунньахха тутааччы – «Товары Сахаякутместпрома» хампаанньа тутууну соруйан уһатар-кэҥэтэр диэн буолла. Оттон, биллэрин курдук, объект үлэҕэ киирэн докумуоннаныар диэри, син биир «көҥүлэ суох тутуу» ахсааныгар киирсэр. Чуолаан бырайыакка суох 17-с этээһэ итиэннэ сирин учаастагын сорох чааһа айдаан төрүөтэ буолан тураллар. Прокуратура ирдэбилэ кытаанах. Дьон харчыта кыттыгаһа суоҕа буоллар, көтүрүллэргэ да уураахтаммыт буолуохтаах этэ.

Дьокуускай куорат суол тутар федеральнай бырайыакка киирэн үлэлиирин бары билэбит. Үүммүт 2020 сылга 31 суолга өрөмүөн уонна саҥардыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ 6 уулуссаҕа тендер ыытыллан турар, 9 уулуссаҕа кулун тутар эргэтин диэки ыытыллыаҕа. Хаалбыт суоллар муус устар ыйга былааннаналлар. Буолан ааспыт мунньахха баһылык Сардаана Авксентьева Ленин проспегар сүҥкэн болҕомтону уурарга ыҥырда. Тоҕо диэтэххэ бу объект – Саха АССР 100 сылыгар куоракка бэлэх курдук оҥоһуллар ураты тутуу. «Былырыын Петр Алексеев уулуссатын курдук ньыманан бардахпытына, тутуу икки сылга тиийэ уһуур чинчилээх. Куорат сүрүн уулуссатын икки сылга сабар хайдах да табыллыбат», - диир баһылык. Баһылыгы солбуйааччы Евгений Григорьев иһитиннэрэринэн, сүрүн мэһэйи «Водоканал» тиһиктэрэ үөскэтэллэр. Чуолаан, 1952 сыллааҕы тутуу коллектор, коллектор үстэн тоҕустуу миэтэрэҕэ тиийэ дириҥнээх холуодьастара проспект устатын тухары бааллар эбит. Онон быйыл сиһилии проспегы хайдах былааннаан өрөмүөннүүр быһаарыллыахтаах, тутуу 2021 сылга ыытыллыахтаах, 2022 сылга – өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр олоххо киллэрэр гына.

Бу күннэргэ, кулун тутар 10-13 күннэригэр, Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин кытта СӨ ситэриилээх былааһын салайааччылара көрсөн эрэллэр. Бу – өтөрүнэн буолбатах үчүгэй ааксыйа. Көрсүһүүлэр графиктара куорат официальнай сайтыгар ыйанан турар – https://якутск.рф/press-tsentr/obyavleniya/index.php?ELEMENT_ID=106832

Холобура бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Кангалаас, Маҕан, Марха, Пригороднай бөһүөлэктэригэр күнүс 14.00 чаастан киэһэ 18.00 ч. диэри ыытыллаллар. Сарсын, кулун тутар 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ салайаччылара Табаҕа, Хатас нэһилиэктэрин, Сайсары уокуругун нэһилиэнньэтин кытта көрсүөхтэрэ. Биллэн турар, салалтаны, кыһалҕаны быһаарыахтаах тойоттору кытта сирэй көрсөн олорон сэһэргэһэр үчүгэй эрээри, маннык отчуоттар нэдиэлэ ортото уонна үлэ чааһын үгэнигэр былааннаналлара соччо табыгаһа суох курдук. Оттон кулун тутар 16 күнүгэр киэҥ ыҥырыылаах көрсүһүү ыытыллар былааннаах, онон нэһилиэнньэ тугу да быраҕан туран онно тиийиэн, өрөспүүбүлүкэ былаастара быһаарар боппуруостарын туруорсуон наада курдук.

Нэдиэлэ сүрүн былаана, соруга итинник.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...