07.11.2020 | 17:58

ЫСТАРААП ЫТАРЧАТЫГАР КИИРЭН БИЭРИМЭҤ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэлии муоһа – 1 мөл. солк.

Саха сирин промышленнаска уонна геологияҕа министиэристибэтин Геология уонна лицензирование департамена иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр лицензията суох сэлии муоһун хомуйбут дьон 1 мөл. солк. тиийэ ыстараапка тардыллыахтара эбэтэр  6 ыйга хаайыыга барыахтара.

Маннык сокуон айылҕаҕа, палеонтология наукатыгар уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр улахан хоромньуну аҕалыыттан оҥоһулунна. Ордук хоту улуустарга үгүс киһи көҥүлэ суох сэлии муоһун сир анныттан хостооһуҥҥа үлэлиирин иһин хонтуруоллуур каадырдар тэриллиэхтэрэ. 

Албыннаан босуобуйа ылбыттар

Дьарыктаах буолуу киинигэр, үлэлээх эрээри, үлэтэ суохпут диэн учуокка туран, босуобуйа ыла сылдьыбыт дьону быһаардылар.

Үлэтэ суохтар учуоттарыгар туран баран үлэлии сылдьар эрээри, ол туһунан киин үлэһиттэрин сэрэппэккэ, босхо босуобуйаны туһана сылдьыы иһин хоромньу 561 тыһыынчаҕа тэҥнэспит. 167 тыһыынча солкуобайы дьон бэйэлэрэ  төннөрбүттэр.

Маннык сымыйалааһын иһин, Арассыыйа Федерациятын нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун туһунан 35 сокуон 2 ыст. олоҕуран, босуобуйаны туһаммыт киһи харчытын барытын төннөрүөхтээх. Харчыны төннөрөртөн аккаастанар түгэнигэр,  дьыала сокуону араҥаччылыыр уорганнарга тиэрдиллэр.

РФ Холуобунай кодексатын 159-2 ыстатыйатыгар «Төлөбүр ылыыга түөкүннээһин»  иһин 120 тыһыынчаҕа тиийэ ыстараап көрүллэр.

Мааска кэппэтэххинэ – 30 тыһ. солк.

Пандемия кэмигэр мааската суох оптуобуска киирии иһин 30 тыһыынчаҕа тиийэ ыстарааптаныахха сөп.

 Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, пандемия кэмигэр дьон тоҕуоруһар сирдэригэр, автовокзалга, атыы-эргиэн кииннэригэр, оптуобуска мааската суох киирии иһин ыстараап көрүллэр. Ыстараап физическэй сирэйтэн 1-30 тыһыынчаҕа, дуоһунастаахтарга 10-50 тыһыынчаҕа, предпринимателлэргэ уонна юридическай сирэйдэргэ 50-100 тыһыынчаҕа тиийиэн сөп.

Мааска кэтэргитин умнумаҥ!

Ыт – 5000 солк.

Сылгы – 3000 солк.

Дьокуускайга дьиэ кыылын  босхо ыытан кэбиһэр бобуулаах. 

Ыккытын босхо ыытан кэбиспиккит “самовыгул” дэнэр уонна сокуону кэһиигэ тэҥнэнэр, тутулуннаҕына – ыстараап. Администартивнай буруйу оҥоруу кодексатыгар ыт кутталлаах боруодатын наморднига уонна быата суох күүлэйдэтии иһин ыстараап – 3-5 тыһ. солк.

Бэйдиэ сылдьар сылгылар хаһаайыттара административнай эппиэтинэскэ тардыллан биир төбөттөн 3000 солкуобай ыстарааптаналлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...