23.01.2022 | 14:00

Өймөкөөҥҥө сырыы

Өймөкөөҥҥө сырыы
Ааптар: Анастасия Мордовская, Тиит Эбэ, Хаҥалас улууһа
Бөлөххө киир

Саҥа сыл мурун түһэр тымныылаах, сытыы чысхааннаах, аан туманнаах маҥнайгы ыйыгар икки микроавтобуһунан Өймөкөөҥҥө сырыттыбыт. Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр тыйыс тымныы сири көрөөрү Ярославль, Москва, Иркутскай куораттартан, Сахабыт сирин улуустарыттан мустан туруннубут.

Томторго икки дьиэнэн тарҕастыбыт. Биһигини 74 сааһыгар үктэммит Сусанна Сергеевна күтүөт Александр Васильевичтыын итии чэйдээх, баай-талым остуоллаах көрүстүлэр.

Салайааччыбыт Станислав, ыччаттар Василий, Максим биһиэхэ гид, арыалдьыт буоллулар. Аэропортка, метеостанцияҕа сырыттыбыт, Чысхааммытын кытта көрүстүбүт. Чысхаан музейыгар Айталина Винокурова эриэккэс кэпсээнин иһиттибит.

Салгыы тоҥмотунан аатырар Өйүмү үрэххэ тиийэн сөтүөлээтибит, бураанынан хатааһылаатыбыт. «Хотугу саһарҕа» кэрэспэдьиэнэ Сэмэн Сивцевы кытта билсэн, айар дьоҕуруҥ уостубатын, сытыы бөрүөҥ сыппаабатын диэн алҕаатыбыт. Ити күн Култуура киинигэр нэһилиэк ыччатын кэнсиэрин дуоһуйа көрдүбүт. Сарсыныгар анаан-минээн табалары көрөөрү, ыстаадаҕа айаннаатыбыт. Дьэ, доҕоор, уу чуумпуга чуораан тыаһа чугдааран табаларбыт бу сүүрдэн кэлбиттэрэ өйдүү-саныы сылдьарга астыгын! Табалары өр сылларга табаһытынан үлэлиир Бүөккэ Охлопков аҕалбыт. Ыстаада салайааччыта Алексей Соколов кэпсээбитинэн, табаларын атын сиргэ аһата үүрбүттэр да буоллар, дьиэ иһэ тимир оһох суоһуттан итии бөҕө. Инникитин туристарга өбүгэлэрин олохторун көрдөрөр тутуу бөҕөтүн былаанныыллар эбит.

Төннөн иһэн Халыма трассатын, аатырар «Заячья петля”, “Черный прижим”, Шаман үрэҕэ, ГУЛАГ сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүгү көрдүбүт, интэриэһинэй кэпсээннэри иһиттибит.

Өймөкөөҥҥө айантан итини сэргэ тус бэйэм Дьокуускай куорат статуправлениетын исписэлииһэ Евдокия Сивцева уонна Нам библиотекатын үлэһиттэрэ Анастасия Колпашникова уонна Светлана Кутукова диэн үтүөкэн дьону кытта билсиһиинэн байан кэллим. Дьүөгэлиилэр сэттэ киһилээх «Үс хочо» диэн хамаандалаахтар эбит. Сири-дойдуну көрөн айаннаабыттара сэттэ сыла буолбут. Үс хочо диэн Туймаада, Эркээни, Эҥсиэли хочотун кыргыттара. Үксүлэрэ Нам библиотекатын үлэһиттэрэ эбит. Сахабыт сирин таһынан Владивостокка, Кытайга, Монголияҕа, Бурятияҕа тиийитэлии сылдьыбыттар, хайалардаах сирдэри ордоробут дэһэллэр. Чуолаан Өймөкөөн Таас кыстаабытыгар, Соҕуруу, Хоту Киһилээҕэр, Афродита (2060 м үрдүктээх) чыпчаалыгар тахса сылдьыбыттарын киэн тутта ахталлар. Хас биирдии айантан видео, киинэ кэһиилээх кэлэллэрин сэргии иһиттим.

Киһи – айылҕа быстыспат сорҕото. Айылҕалыын алтыһар, айылҕаҕа тардыһар киһи дууһата баай, оннук киһиттэн сырдык сыдьаайарга дылы, оннук киһи дьону тардар күүстээх, санаата бөҕөх.

Түмүкпэр бу туурга бииргэ буолбут бар дьоммор санааҕыт хоту сайаҕас буолуҥ, эҕэрдэҕит курдук эйэҕэс буолуҥ, үлэ үөһүгэр сылдьыҥ, баҕа санааҕыт туола турдун диэн алгыспын ыытабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...