24.02.2023 | 10:00

Ыччат сайдыыны түстүүр

Ыччат сайдыыны түстүүр
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ыччат – олоҕу хамсатар күүс. Ол да иһин ханнык да улахан тэрээһин ыччат кыттыыта суох кыаллыбат. Кинилэр диэтэх дьон үүт-хайаҕас булан булбуттара-талбыттара, быыс-арыт көһүннэр эрэ, саҥаны, сонуну айбыттара-туппуттара эрэ баар буоллаҕа! Олоххо көхтөөх позициялаах, үтүө санаалаах, үлэттэн куотуммат, үөрэҕин таһынан үлэлиир, эбиитин уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар ыччаты киһи эрэ хайгыы, киэн тутта көрөр буоллаҕа.

Маннык эдэр дьон Дьокуускай куоракка аҕыйаҕа суох. Кинилэртэн биирдэстэрэ  – киин куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар Уопсастыбаннай сибээс уонна ыччат бэлиитикэтин управлениетыгар волонтерскай үлэ исписэлииһэ Анна Иванова.

Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. Бу дуоһунаска хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

Мин Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Быйылгы сылтан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар Уопсастыбаннай сибээс уонна ыччат бэлиитикэтин управлениетыгар волонтерскай үлэ исписэлииһэбин.

— Бэйэҥ билигин устудьуон буоллаҕыҥ?

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хайа институтугар баһаарынай идэ 4 куурсугар үөрэнэбин. Быйыл үөрэхпин түмүктүүр сылым. Бакалавр идэтин баһылаан баран, үөрэхпин магистратураҕа салгыыр былааннаахпын.

— Мин көрдөхпүнэ, куорат ханнык да тэрээһинэ эйигинэ суох ыытыллыбат көхтөөх киһигин. Олоххо, үлэҕэ маннык көхтөөх сыһыаныҥ туохтан саҕаламмытай дуу, кимтэн кэлбитэй дуу?

Оскуола эрдэхтэн буолуо. Оскуолам актыыбыгар буһан-хатан, кэлин оскуола Бэрэсидьиэнинэн талылламмын, бука, сөптөөх үөрэҕи, бэлэми онно ыллаҕым буолуо. Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн бары ыытыллар тэрээһиннэргэ саба түсүһэн көмөлөһөр идэлээҕим. Спорка, муодаҕа, ырыаҕа-тойукка дьарыктанар этим. Бу эбии дьарыгым үөрэхпэр хаһан даҕаны мэһэйдээбэтэҕэ. Ол оннугар миигин бириэмэни сөпкө атаарарга уонна туһалаах дьарыкпын таларга үөрэппиттэрэ. Билигин санаатахпына, куруук эбии дьарыктаах буолан, бэйэбин араас хайысхаҕа холонон көрөн, элбэҕи билэ улааппыт эбиппин. Устудьуон буолан баран бу тэтиммин ыһыктыбатаҕым. Төттөрүтүн, өссө уубар-хаабар киирэммин, устудьуон сэргэх олоҕун биллим диэххэ сөп.

— Дьокуускай куораттааҕы Волонтердар кииннэрэ тугунан дьарыктанарый?

Биллэрин курдук, Волонтердар кииннэрэ бүгүн эрэ тэриллибэтэҕэ, үлэлээбитэ син балайда буолла. Ол эрээри кинилэр дьон хараҕар быраҕыллыбат үлэни оҥорор буоланнар, улаханнык биллибэттэр этэ. Ол курдук, коронавирус пандемиятыгар волонтердар аан бастакынан көмөҕө тахсаннар, нэһилиэнньэ маннык салаа баарын дьэ бэлиэтии көрбүт буолуон сөп. Бүгүҥҥү үлэбит ис хоһоонун билиһиннэрдэххэ, икки улахан аахсыйа ыытылла турар: «Кыайыы чүмэчитэ» уонна «Саллаакка сурук». Биллэрин курдук, иккиэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар ананаллар.

— Бу аахсыйалары кэпсээ эрэ.

“Кыайыы чүмэчитэ” аахсыйа чэрчитинэн биһиги хортуон, тимир бааҥка уонна чүмэчи хомуйабыт. Иккис аахсыйабыт – аата да этэринии, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар өйөбүл сурук. Иэримэ дьиэлэриттэн, төрөөбүт дойдуларыттан ыраах сылдьар дьоҥҥо сылаас суруктар санааларын көтөҕөллөрө кэмэ суох буоллаҕа! Сорох байыаннайдар итинник ис хоһоонноох суруктары бэйэлэрин кытта харысхал курдук илдьэ сылдьаллар диэн кэпсииллэр. Онон иккиэн олус туһалаах, дириҥ суолталаах аахсыйалар.

— Анна, үтүө санаа диэни эн хайдах өйдүүгүн?

— Үтүө санаа диэн хас биирдии киһиэхэ баар. Ол туохтан да, кимтэн да тутулуга суох бэйэҥ ис туруккар, өйгөр-санааҕар сылдьар. Олоҕу таптыыртан, эппиэтинэстэн тахсар, киһи майгытыгар баалла сылдьар быстыбат быа. Бу – бэйэ санаатынан, ис дууһаттан, нохтолоох сүрэхтэн дьоҥҥо көмөнү оҥоруу, аан ийэ айылҕаҕа, көтөргө-сүүрэргэ барытыгар харыстабыллаах сыһыан, таптал, ытыктабыл.

— Волонтердар үлэлэрэ кэлин, чахчы, ытыктанар даҕаны, сыаналанар даҕаны буолла. Биир эмит өйгөр хаалбыт түгэни кэпсиэҥ дуо?

Үтүө дьыала кыраттан саҕаланар дииллэрэ кырдьык. Ким да этиитэ, көрдөһүүтэ суох, холобура, ыаллыы олорор кырдьаҕас ыалгар тахсан хаардарын күрдьэн, муустарын сааһылаан, мастарын хайытан, ыарахан үлэлэрин чэпчэтэн биэрэриҥ даҕаны улахан көмө буоллаҕа. Кырдьаҕас дьон хаһан эрэ эмиэ биһиги курдук оҕо буолан сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахтара. Оттон билигин болҕомтоҕо, көмөҕө наадыйаллар.

Дьонум оҕо эрдэхпиттэн «кыаллыбат дьыала суох” диэн үөрэппиттэрэ. Киһи баҕардаҕына, ис санаатыттан оҥордоҕуна, барытын кыайар, тобулар диэн. Ийэм: «Соҕотоҕон кыайбатаххына, аттыгар баар чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ, эрэллээх доҕотторуҥ көмөҕө кэлиэхтэрэ»,– диэн этэр буолара.

Холобур оҥостор киһилээххин дуо?

Миигин тулалыыр чугас дьоммун буоллаҕа. Бэйэтин булбут уонна олоххо чопчу сыаллаах-соруктаах дьон баар буолар, оннук дьону батыһа сылдьан элбэххэ үөрэниэххэ сөп. Үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин көрөн мотивацияланабын уонна тулалыыр дьоммор-сэргэбэр үтүөнү эрэ оҥоруохпун баҕарабын. Дьиҥэр, хас биирдии киһи туохха эрэ талааннаах, ону көрөн үөрэнэр, үтүктэр, холобур оҥостор үтүөттэн атыны аҕалбат буоллаҕа.

— Патриоттуу санаа диэни хайдах өйдүүгүн?

Мин – патриоппун. Патриот буоламмын, Волонтердар кииннэригэр үлэлии сырыттаҕым. Патриоттуу санаа диэн өйдөбүл кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат ортотугар киэҥник киирдэ, онно дьулуһуу баар буолла дии саныыбын.

Мин санаабар, патриот диэн ийэ дойдутун таптыыр, ытыктыыр уонна сайдарын туһугар үлэлиир-хамсыыр киһи. Дьокуускай куораппыт сайдарын, Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи эҥэригэр биир сайдыылаах, тупсаҕай, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоларыгар бүгүҥҥү ыччаттан элбэх эрэйиллэр, кини үөрэхтээх, сайдыылаах, киэҥ билиилээх буоллаҕына эрэ куораппыт тупсарыгар мөккүөр суох.

Дьиҥэр, хас биирдии ыччат син биир төрөөбүт дойдута сайдыылаах, тупсаҕай буолуон баҕарар, онуоха хайдах кыалларынан кыра да, улахан да көмөнү оҥорор. Холобур, биһиги тэрээһиннэрбитигэр ыччаттар бэйэлэрэ баҕаран туран кыттыһаллар, кылааттарын киллэрэргэ кыһаллаллар. Ону көрөр уонна өйдүүр олус үчүгэй. Онон биһиги тыйыс усулуобуйалаах Сахабыт сирин ыччата ордук сылаас сүрэхтээх диэхпин баҕарабын.

Ыччат хараҕынан көрдөххө, биһиги киин куораппыт сайдыылаах буолар кыахтаах дуо?

Саха сирэ, уопсайынан, сайдыан сөптөөх хайысхата элбэх. Эдэр ыччат бары бииргэ түмсэн үлэлээн-хамсаан, бэйэ бэйэбитигэр өйөбүл буолан саҕалаатахпытына, барытын кыайыахпыт-ситиһиэхпит.

Кыра да көмө улахан түмүктээх дьыала буолуон сөп. Ол иһигэр бу курдук анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бэйэбит дьоммутугар өйөбүл суруктары даҕаны суруйан, улахан көмөнү оҥоруохпутун сөп. Түгэнинэн туһанан куораппыт ыччатын бу аахсыйаҕы кыттарга сүбэлиибин. Ону сэргэ тапталлаах куораппытыгар сөптөөх саҥа бырайыактары киллэриэххэ, көҕүлүөххэ диэн ыҥырабын.

Үлэҥ, үөрэҕиҥ таһынан уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ эмиэ биир тарбахха баттанар ыччат эбиккин дии...

Соторутааҕыта куорат ыччатын дьаһалтатыгар киирбитим. Сүрүн былааммыт – куорат көхтөөх ыччатын түмүү, уопсай дьыалаҕа көҕүлээһин. Ыччаты түмтэхпитинэ эрэ, куораппытыгар саҥалыы тыыны, эдэрдии эрчими киллэриэхпитин сөп. Маннык үлэлээн, инникитин куорат сайдарыгар сыаллаах-соруктаах, олоҕу киэҥник көрөр ыччаты иитэн таһаарабыт дии саныыбын. Ол сыалтан уопуттаах уонна бэйэтин идэтигэр ситиһиилээх, куораппыт сайдыытыгар интэриэстээх дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийэбит.

— Түмүккэ устудьуон аймахха, эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

Үчүгэйдик үөрэниҥ, таптыыр идэҕитин баһылаан, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буола улаатыҥ. Cанаабыккыт сатанан, толкуйдаабыккыт туолан, олоххо киирэн истин. Чөл олоҕу тутуһан, инникигэ эрэллээхтик хаамыҥ.

Волонтерскай кииҥҥэ киириҥ, бииргэ үлэлиэххэ уонна куораппытын сайыннарыахха!

Анна, ис сүрэххиттэн кыһаллан үлэлии, айа-тута сылдьаргыттан олус үөрдүм. Элбэх ыччакка холобур буолар, эрэли саҕар ыччат диэн бигэ санаа киирдэ. Олоххо көхтөөх позицияҕын ыһыктыма, киин куорат сайдарыгар ыччат улахан оруоллааҕын умнума.

Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...