13.03.2021 | 11:07

Ыччат сайдарын туһугар үлэлиибит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу нүөмэргэ аныгы кэм ыччатын кытта бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьар Дьокуускай куорат дьаһалтатын ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын управлениетын сүрүн исписэлииһэ Мария Борисовалыын кэпсэтэбит.

— Мария, Дьокуускайга ыччат политикатын концепцията туохханый?

— Биһиги управлениебыт эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн сайдарын туһугар үлэлиибит. Ыччат политикатын концепцията –  эдэр дьон ситиһиилээх буоларыгар усулуобуйаны тэрийии. Дьокуускайга билигин 14-тэн 35-гэр диэри саастаах 90 000-тан тахса ыччат олорор. Кинилэр иллэҥ кэмнэрин атааралларыгар, сайдыы аартыгын арыйалларыгар, кэскиллэрин кэҥэтэллэригэр араас кииннэр, оскуолалар, секциялар, куруһуоктар үлэлииллэр. Куорат дьаһалтата бары биир сомоҕо буолан араас хабааннаах бырайыактары тэрийэбит. Биир тылынан эттэххэ, ыччат сайдарын туһугар сомоҕолоһон үлэлиибит. «Эдэр ыччат – биһиги инники көлүөнэбит»  диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.

Управление үлэтин-хамнаһын кэпсии түс эрэ, тугунан дьарыктанаҕытый?

— Тэрээһиннэри ыытарбыт таһынан, эдэр ыччакка үлэ булан биэрэргэ көмөлөһөбүт, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар секциялары, куруһуоктары булан биэрэбит. Ону таһынан волонтердары кытта аҕам саастаах кырдьаҕастарга көмөлөһөбүт. Чааһынай дьиэлээх кырдьаҕастарга хаар ыраастааһыныгар, дьиэ таһын хомуйууга, оҕуруокка көмөлөһөбүт, оттон кыбартыыраҕа олорор кырдьаҕастарга кыра өрөмүөн, ырааһырдыы өҥөтө оҥоһуллар. Холобур, былырыын COVID-19 дьаҥа тарҕаммытыгар волонтердар кырдьаҕастарга ас уонна эмп илдьэн-аҕалан көмөлөспүттэрэ.  Ыам ыйыттан саҕалаан, 2020 сылга Дьокуускай волонтердарын көмөлөрүнэн кырдьаҕастарга уонна элбэх оҕолоох ыалларга 13000 бородууктанан көмө оҥоһуллубута. 

Сүрүн үлэҕит туохха туһуланарый?

— Эрдэ эппитим курдук, эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларын туһугар үлэлиибит. Эдэр ыалга кыһалҕа кыһарыйбыт, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбит буоллаҕына биһиги тустаах кииммит үлэһиттэрэ юридическай, психологическай көмө оҥороллор, сүбэ-ама, өйөбүл буолаллар. Дьиэтэ-уота суох хаалбыт ыалга приюкка миэстэ көрүллэр. Элбэх дьиэ кэргэн биһигиттэн көмө ылан махтаммыта.

Ону таһынан, сылын ахсын Дьокуускай куораппыт сайдарыгар үлэлиир, кыһаллар, көмө буолар эдэр ыччаппытыгар «Знак отличия по молодежной политике городского округа «город Якутск» диэн наҕараада туттарабыт. 5-тэн элбэх оҕолоох ыалга «Слава матери» диэн бэлиэ туттарабыт. Үлэһит, куоратын туһугар кыһаллар дьону кэмигэр бэлиэтиэххэ наада дии саныыбын.

Ханнык тэрээһиннэри ыытаҕыт?

— Ый аайы куорат ыччатыгар уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах  тэрээһиннэри ыыта сатыыбыт. Саамай улахан бырайыактарбытын ааттаан ааһыахпын сөп. «За рулем» диэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах бырайыактаахпыт, бэлиэтээн эттэххэ, бу 2019 сылтан ыытыллар. Оҕолор суоппар быраабын кытта билсэллэр. Тугу үөрэтиэхтээхтэрин, үлэ бырассыаһын көрөллөр-истэллэр уонна тустаах кууруһу ааһаллар. Ол түмүгүнэн аттестация оҥоһуллар, саамай элбэх бааллаах оҕолор салгыы үөрэнэргэ буор босхо сертификат ылаллар. Инньэ гынан оҕолор олохторугар биир боччум санааны сорунан улахан хардыы оҥороллоругар төһүү күүс буолабыт.

«Школа красоты» диэн сокуоннай саастарын ситэ илик кыргыттарга аналлаах бырайыактаахпыт. Манна Дьокуускай куораппыт биллэр-көстөр визажистара кыргыттары кэлэн үөрэтэллэр, сирэйи-хараҕы хайдах оҥосторго, кырааскаланарга, косметиканы сатаан туттарга сүбэлииллэр. Куурус түмүгүнэн кыргыттар визажистартан сертификат туталлар. Бу, биллэн турар, кыргыттар саҥа билиини ылалларыгар, иллэҥ кэмнэрин сөптөөхтүк атааралларыгар ананар.

Үһүс бырайыакпыт – «Преображение». Элбэх оҕолоох эдэр ийэлэргэ  тренинг ыытыллар, нумерологы кытта кэпсэтии чааһа баар, визажистарга макияжтаналлар уонна идэтийбит фотографка хаартыскаҕа түһэллэр. «Преображение» бырайыак  элбэх оҕолоох ийэлэргэ бэйэлэригэр эрэл санааны саҕар сыаллаах.

Сылын ахсын саҥа дьыл иннинэ «Новогоднее чудо» диэн аахсыйа тэриллэр. Дьокуускайга элбэх оҕолоох, кыаммат ыал элбэх. Бу аахсыйаҕа баҕалаахтар кытталлар, оҕолорго саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥороллор. 2020 сылга үтүө санаалаах дьон 300 оҕону үөрдүбүттэрэ.

Биһиги үлэбит манан эрэ муҥурдаммат, бырайыакпытын барытын кэпсээтэхпинэ, биир хаһыакка баппат. Интэриниэт ситимигэр биһиги үлэбитин кытта киирэн билсиэххитин сөп.

Ааспыт сылтан волонтердары кытта күүскэ үлэлээн саҕалаатыгыт, тоҕо эрэ урукку сылларга маннык көстүү буолбат этэ.

— Куорат волонтердарын кытта ситимнээхтик үлэлиибит. Управлениебыт салайааччыта Лилия Окорокова салалтатынан былырыын тохсунньу 5 күнүгэр «О создании Совета по поддержке благотворительной и добровольческой (волонтерской) деятельности при главе городского округа «город Якутск» диэн дьаһал баттаммыта. Онтон сиэттэрэн куораппытыгар волонтердар сэбиэттэрэ тэрилиннэ. Билигин онно 16 волонтер үлэлиир.

Волонтердар дьоҥҥо эрэ көмөлөспөттөр, куорат олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар тирэх буолаллар. Холобур, кинилэр болуоссаттарга турар пааматынньыктар хаардарын ыраастыыллар, араас тэрээһиннэргэ бэрээдэги көрөллөр, пандемия кэмигэр административнай хамыыһыйаны кытта түүҥҥү кулууптары, маҕаһыыннары бэрэбиэркэлиир үлэҕэ кытыннылар.

Ыарахаҥҥа түбэспит дьиэ кэргэни, ийэни, оҕону өйүүр бырагыраамаҕыт үлэлиир дуо?

— Үлэлиир. 2014 сылтан «Организация временного приюта для семей с детьми, находящихся в социально-опасном положении» диэн субсидия көрүллэр. Бу манна баҕалаах коммерческайа суох тэрилтэ кыттыан сөп.

Ханнык баҕарар кэмҥэ, ханнык баҕарар ыал эбэтэр оҕолоох ийэ  дьиэтэ суох хаалыахтарын сөп. Кинилэр  приюкка 3 ый босхо олоруохтарын сөп, тустаах усулуобуйа тэриллэн турар. Приюкка олорор кэмнэригэр исписэлиистэр көмө оҥороллор: юрист докумуон өттүн быһаарар, психолог көмөлөһөр, оннооҕор үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо үлэ булан биэрэллэр. Үс ый устата, приюттан тахсан барбытын да кэннэ, салгыы олоҕун оҥосторугар тустаах исписэлиистэр көмөлөһөллөр. 2020 сылга уопсайа 87 киһи олоро сырытта. Приют баар буолан элбэх ыал кыһалҕатын быһааран, ыарахаттары туорууллар дии саныыбын.

Ону таһынан биһиги управлениебыт муниципальнай бырагыраамаҕа баар «Центр помощи семьям с детьми города Якутска, оказавшимся в трудной жизненной ситуации» диэни киини үлэлэтэр. Кииммит араас ыарахан турукка түбэспит ыалга, соҕотох ийэлэргэ күүс-көмө буолар. Манна күн ахсын психолог, логопед, юрист буор босхо Дьокуускай олохтоохторугар көмө оҥороллор. Ону таһынан оҕолоох ийэлэргэ ас астыыртан саҕалаан иистэнэргэ тиийэ  маастар-кылаастар ыытыллаллар. Ким эмит талаанын арыйыан сөп, кэлин эбии дьарык  оҥостоллор, сорох ийэ уопутуран дохуот киллэринэр суолу тобулар.

Кэнники икки сылга куорат ыччатыгар туохха болҕомто уурулларый?

— Ыччат сайдарын туһугар саҥа бырайыактары  киллэриигэ уонна сүрүн болҕомтобут волонтердарга туһаайыллар.

Терроризм уонна экстремизм идеологияларын хайысхаларын туох- ханнык үлэ барарый?

— Бу хайысханы эдэр ыччат хайаан да билиэхтээх. Ол сыалтан, сылын ахсын 2018 сылтан балаҕан ыйын 3 күнүгэр «День солидарности в борьбе с терроризмом» уонна  «Зажги свечу» диэн аахсыйа ыытыллар. Бу күн эдэр ыччат терроризмы утары үлэлээбит, эйэлээх олох туһугар охсуспут дьоҥҥо анаан чүмэчи уураллар.

Күн сарсын күүтүүлээх “МЭР” оонньуу ыытыллар. Ол туһунан кылгастык кэпсээ эрэ.

— Быйыл «МЭР-2021» дьыалабыай оонньуу тохсус төгүлүн ситиһиилээхтик ыытыллар. Оонньууга Дьокуускай куораппыт сайдарыгар, тупсарыгар интэриэстээх 18-35 саастаах ыччат, ким баҕарар кыттыан сөп. Сүрүн соруга – куораппыт бастыҥ ыччаты  олохпутун сайыннарар саҥа, сонун, туһалаах бырайыактары көрдөрөн олоххо киллэрии. Оонньуу хас биирдии кыттааччыга саҥа билиини биэрэр дии саныыбын. Быйыл дьыалабыай оонньуу кулун тутар 12-13 күннэригэр “Точка кипения” кииҥҥэ ыытыллыаҕа.

Кэнники сылларга ыччат сайдыытыгар биир эмит эбийиэк үлэҕэ киирдэ дуо?

— Сардаана Владимировна Авксентьева туруорсан, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакы “Арена31” ыччат киинэ арыллыбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, Сардаана Владимировна эдэр ыччат туһугар наһаа кыһаллар,  тэрээһинэргэ үлэтиттэн быыс-хайаҕас булан, бэйэтэ кэлэн аһаҕастык кэпсэтэрэ, эҕэрдэлиирэ. Билигин COVID-19 сибээстээн тэрээһиннэр ыытыллаллара аччаан турар.

Түмүккэ куорат ыччатыгар баҕа санааҥ.

— Ыччат иннин диэки саҥаны көрөн-билэн, айан, тутан истин! Куораппыт, олохпут сайда турарыгар, эдэр ыччат куруук инники күөҥҥэ турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....