«Ыарыылаах» боппуруоһу таарыйар киинэ
Арассыыйа таһымыгар хас да улахан наҕараадалаах, киин сир көрөөччүтүн сөхтөрбүт “Бөртөлүөт” киинэбит бүгүн, олунньу 17 күнүттэн, Сахабыт сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар таҕыста.
Режиссер – Михаил Лукачевскай, сценарист – Иннокентий Васильев - Лэгэнтэй, оператор – Семен Аманатов, иккис режиссер, продюсер – Любовь Борисова.
Алта сыл устата
“Бөртөлүөт” – драма. Эһээхэй оҕолоох эдэр ыал кырдьаҕас дьоннорун көрсө, ыраах хоту нэһилиэккэ ыалдьыттыы тиийэллэр. Эмискэ оҕолоро дизентериянан ыалдьар. Бөһүөлэккэ наадалаах эмтэрэ суох, төлөпүөн линията быстыбыт, сааскы халаан уута суоллары алдьаппыт... Эдэр аҕа Ваня оройуон киинигэр бэйэтэ айаннаан тиийэн, санитарнай рейси ыҥырар санааны ылынар. Ол эрэн кини суола уһун уонна эрэйдээх буолар...
Киинэҕэ Дьааҥы таастаах хайалара көстөр – киинэни бу олус киэргэттэ диэн суруйаллар кириитиктэр. Ону тэҥэ тыыннаах хаалыы тиэмэтэ, уһук хоту дойду сытыы кыһалҕалара туруорулуннулар.
Сүрүн оруоллары Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Гаврил Менкяров уонна Инга Леонова толордулар. Гаврил Менкяровы киинэҕэ уоппуттаах артыыс быһыытынан билэр эбит буоллахпытына, Инга Леоноваҕа бу оруола дебют буолла уонна Арассыыйа кириитиктэрин хайҕалларын ылла.
Устар бөлөх киинэнин алта сыл устата оҥорбут. Биллэн турар, бастаан үп-харчы өттүгэр ыарахаттары көрсүбүттэр, ол иһин тардыллыбыттар. “Алта сыл устубуппут да үчүгэй. Баҕар, биир сылынан устан кэбиспиппит буоллар, туох эрэ санаабытын ситэ эппэтэх буолуо этибит. Оччолорго эдэр да буоллахпыт. Билигин киинэбит, дьэ, ситэн-хотон баран таҕыста диибит,” – диэн Лэгэнтэй санаатын этэр.
«Выживший» иннинэ уһуллубута
“Киношок” бэстибээл бастыҥ операторскай үлэтин иһин бирииһин Семен Аманатовка туттарбыт оператор Юрий Любшин киинэни Алехандро Гонсалес Иньярриту “Выживший” киинэтигэр холообуттаах. Леонардо Ди Каприо сүрүн оруолу толорбут киинэтэ 2016 сыллаахха тахсыбыта. Оттон “Бөртөлүөт” сценарийын Лэгэнтэй сыл иннинэ суруйбут, 2015 сыллаахха киинэни устуу саҕаламмыт.
Бастаан триллер быһыытынан былааннаан баран, устар бөлөх икки комичнай дьоруойу киллэрэн биэрбит. Кинилэр уопсай хартыынаны буортулаабаттар, төттөрүтүн харизма эбэллэр диэн кириитиктэр суруйаллар. Оттон режиссер Лукачевскай киинэлэрэ үксүн аһаҕас түмүктээх, салҕыы көрөөччүнү өр толкуйдатар финаллаах буолааччылар.
Биһиги олохпут драмата
Киинэ политикаттан ыраах диибит. Ол эрэн биһиги олохтоох режиссердарбыт тыын кыһалҕаларбытын, сороҕор сатаан эппэт, үҥсэргээбэт да гына үөрэнэн хаалбыт эрэйдэрбитин, уһун сылларга быһаарыллан испэт боппуруостарбытын ыраастык кэпсиир, хайдах баарынан ууран биэрэр үгэстээхтэр. Сахалыы киинэ барыта – боростуой дьон, норуот кыһалҕатыгар болҕомтону тардар сыаллаах уһуллар курдук.
Кыра оҕо ыалдьыбытыгар бөртөлүөт суох, сибээс суох, суол суох – атын дойду киһитэ көрөрүгэр, кырдьык, ыар хартыына буолуо эрээри, биһиэхэ, киэҥ нэлэмэн Саха сирин олохтоохторугар, хомойуох иһин, киһи соһуйбат көстүүтэ. Саха сиригэр дьон олорор сирин 90 бырыһыана официальнайдык куһаҕан суоллаах-иистээх сиринэн ааҕыллар. Үгүс нэһилиэктэргэ салгынынан эрэ тиийиэххэ сөп, сиринэн суоллара суох, кыһын үрэхтэр тоҥмуттарын эрэ кэннэ киин сири кытта ситимнэнэр бөһүөлэк эмиэ элбэх…
Саха киинэтин феноменын өссө биирдэ бигэргэттэ
Артыыстар дублера суох үлэлээбиттэр. Холобур, сүрүн оруолу толорбут Гаврил Менкяров аты миинэн хабарҕатыгар диэри тымныы муустаах ууну тэбистэрэ сылдьыбыт.
Михаил Лукачевскай киинэлэрэ үөскэтэр эйгэлэринэн, метафораларынан, дириҥ философскай көрүүлэринэн көрөөччү кутун туталлар. Оттон Лэгэнтэй сценарист уонна продюсер быһыытынан ситиһии көтөллөөх буолбут холонуута кини эргиччи таллааннааҕын, араас эйгэҕэ барытыгар тыыппалааҕын көрдөрөр.
Ааспыт сыл алтынньытыгар “Бөртөлүөт” киинэ “Киношок” Арассыыйатааҕы бэстибээл 4 бирииһин ылбыта. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ режиссер Владимир Фокин: “Бөртөлүөт” – саха эрэ киинэтэ буолбатах, бу европейскай таһымнаах киинэ”, - диэн хайҕаабытын долгуйа истибиппит. Бу бэстибээлгэ саха артыыстарын үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыта.
Саха киинэтин феномена “Киношокка” өссө төгүл бигэргэммитэ: “Бастыҥ полнометражнай киинэ” бирииһи, ”Бастыҥ режиссер үлэтэ” Михаил Лукачевскайга, А. Княжинскай аатынан “Бастыҥ оператор үлэтэ” – Семен Аманатовка, кинопресса "За кинематографическое преодоление времени и пространства" анал бирииһин ылбыта.
Москваҕа үһүс төгүлүн ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах “Московская премьера” бэстибээлгэ сүрүн дьоруой ийэтин оруолун толорбут Наталья Степанова бастыҥ оруолун иһин сүрүн бирииһи ылла. "Олох диэн араастаах, бүгүн ытыаҥ, сарсын ыллыаҥ... Олоххо тулуурдаах буолуохха наада. Олоҕу сыаналыахха!” - диир кини дьоруойа.
Сценарий ааптара Лэгэнтэй:
Бэйэм төрөөбүт дойдубун Барылас диэн сири ойуулаан көрдөрдүм. Иннэ даҕатан, Сахабыт сирин үгүс да улууһун кытыы нэһилиэктэригэр болҕомто тардар туһугар. Ол курдук, медицина, санавиация, дьоҕус авиация, муниципалитет үлэтин кыһалҕаларын барытын таарыйдыбыт – бүгүн саамай ыалдьар боппуруостарбыт. Ол иһин көрөөччү бу киинэни социальнай драма курдук ылыныан баҕарабын. Киинэни көрөн, элбэх киһи толкуйа уһуктуо дии саныыбын.