08.03.2022 | 17:30

Ыарахантан чугуйбакка

Ыарахантан чугуйбакка
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу орто туруу бараан дойдуга күөх окко төкүнүйэн түһүөҕүттэн киһи дьылҕата барыта суруллан кэлэр дииллэр. Төһө да сурулуннар, сорох ардыгар ону бэйэҥ уларытан, кыл мүччү атын суолунан баран, туораан, туох эрэ алдьархайга дуу, быһылааҥҥа дуу түбэһэн, олоҕу атыннык ылынан, толкуйдаан, баҕар, дьылҕаны албынныахха сөп дииллэр.

Кыыс оҕо бу орто дойдуга кэлиэҕиттэн таҥара кинини күүстээх, тулуурдаах, муударай гына айан, онтун олоҕун тухары тутуһа сылдьаахтыыр чахчы да кытаанах санаалаах. Ол быыһыгар мөлтөх да буолан хаалыахха сөп, өскөтүн туора суолунан бардахха, атаҕастаннахха, аһыы утахха ыллардахха, олохтон охсуу ыллахха. Мин бүгүн ааҕааччыларбар ыарахан суолга түбэспит, ол гынан күүстээх санаалаах, ыарахантан чугуйбатах икки холобуру кэпсиэм. Биллэн турар, ааттарын уларытан.

 

Олоххо тардыһыы күүһэ

Кини тулаайах үөскээбитэ. Оҕо сааһа сэрии кэннинээҕи ыарахан кэмнэргэ ааспыта. Ийэ, аҕа тапталын билбэтэх кыысчаан нарын тапталы, эрэнэр эркини, кинини аһынар-хараанныыр киһини көрсүөн баҕарара. Ол курдук оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан пиэрмэҕэ үлэлиир бэйэтиттэн быдан аҕа саастаах киһилиин билсибитэ. Киһитэ төһө да аҕа буоллар, кыыһы маанылаан, харыстаан илдьэ сылдьыбыта, 17 сааһын туолаатын кытта, дьонугар аҕалан билиһиннэрбитэ.

Суоппуйа саатар бииргэ төрөөбүттэрэ суох, убайа сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт, төрөппүттэрэ иккиэн сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүттэр, онон дьиэ кэргэн диэни билэн олус үөрбүтэ, Уйбааныгар махтаммыта. Уйбаана эдэркээн кыыһы наһаа таптыыра, кыра оҕолуу бүөбэйдиирэ. Дьонугар сүгүннэрэн аҕалыаҕыттан бииргэ олорбуттара, биир тэлгэһэҕэ турар балаҕаҥҥа олохторун оҥостон барбыттара.

Сыры-сыллата оҕолор кэлэн барбыттара. Уйбаан тыаҕа мас кэрдэрэ, тырахтарыыстыыра. Онон дьиэҕэ көстөрө аҕыйаан барбыта. Суоппуйа оҕолорун бэйэтэ көрөрө, кэргэнин дьоно пиэрмэттэн, үлэлэриттэн ордубаттара, онон көмөлөһөр киһи суоҕун тэҥэ этэ. Кэнникинэн Уйбаана иһэр буолан барбыта. Үһүс оҕолорунан игирэлэр төрөөннөр, ол эһиилигэр эмиэ оҕолонон, Суоппуйа 25 эрэ сааһыгар биэс оҕолоно охсубута. Уйбаан аһаан кэллэҕинэ айдаарар, кэргэнин атаҕастыыр буолбута. Бу кэмҥэ кинилэр уһаайба ылынан нуучча дьиэтин туттан дьонноруттан туспа олороллоро. Суоппуйа кэргэнин араастаан арыгыттан тэйитэ, көрдөһө сатаан баран, аны, аҕыйаҕы истэҕинэ баҕар итириэ, айдаарыа суоҕа диэн, көҕүрүтүһэр буолан барбыта. Ол сылдьан, арыгыга ылларбытын бэйэтэ да билбэтэҕэ. Дьэ сосуһуу-сысыһыы, суккуруһуу саҕаламмыта. Ыал аатыттан ааһыахтарын, өйдөрүн-төйдөрүн тутан ылаллара, оҕолоруттан көрдөһөллөрө-ааттаһаллара. Аны туран дьахтар олус ырааһа, асчыта, инньэ гынан дьон сырыттаҕына туох да үчүгэй бэйэлээх олохтоох курдук буола түһэллэрэ.

Оҕолор сыыйа улаатан барбыттара, оскуолаҕа сылдьан төрөппүттэриттэн кыбысталлара, ол эрэн төһө да арыгыһыт дьонноох буоллаллар, таҥастара-саптара син сэниэ этэ, үөрэхтэригэр да кыһаллаллара. Ити кэмҥэ Уйбааннаах тоҕус оҕоломмуттара.

Оҕолоро оскуоланы бүтэрэн атахтарыгар туран испиттэрэ. Ити кэмҥэ дьонноро син бэйэ бодолорун тардынан иһэллэрэ аҕыйаабыта, аҕыйыа дуо, аҕалара син биир иһэрэ, ийэлэрэ кэм туттунар буолбута. Ол кэмҥэ, дьэ, арыый уоскуйан этэҥҥэ олоруох курдук буолан истэхтэринэ аармыйаттан кэлэн иһэн уоллара дэриэбинэтигэр тиийбэккэ эрэ сөтүөлээри ууга былдьаммыта. Олус улахан охсууну ылбыт дьон аһыыларын эмиэ үрүүмкэ түгэҕэр көрбүттэрэ. Эһиилигэр, куоракка үөрэнэн, биир улахан тэрилтэҕэ тутаах үлэһит буолбут кыыстара, дьиэлэнэн-уоттанан, кыахтаахтык олорон иһэн суол быһылааныгар олоҕо быстыбыта. Ити кэннэ икки оҕолоро эмиэ быстах дьылҕаламмыттара.

Оҕоҥ улаатан, киһи буолан сааһырбыт, кырдьаҕас ийэтин, аҕатын анараа дойдуга атаарыахтаах сокуона бу ыалга кэһиллэн, дьылҕа атыннык дьаһайталаан, төрөппүттэр түөрт оҕолоруттан ытыс соттон хаалбыттара. Аҕалара тулуйбатаҕа, ыар ыарыыга охтон эрдэ барбыта. Дьэ бу манна ийэлэрэ кытаанах, өһөс санааны ылыммыта. Эмискэ оройго оҕустарбыттыы, аһыытын-кутуутун арыгынан буолбакка, чөл олоҕунан, оҕолорун, сиэннэрин тустарыгар олорор гына дьаһанан, биир толкуйу тобулан, оҕолорун эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэк дьонун убаастабылын ылбыта. Билигин кини урукку ыар олоҕо, арыгы испитэ бэл дьүһүнүгэр, сирэйигэр-хараҕыгар хаалбатах, оннук ырааһыран, ыраастанан, сарсыарда аайы сэрээккэлээн, сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдэһэн, көрсөн, дьоллоохтук олорор. Ол да буоллар билэр киһи өйдөөн көрдөҕүнэ, кини сирэйэ син биир күлүктээх, хараҕа син биир уота-күөһэ мөлтөх, сүтэрбит, былаҕайга былдьаппыт оҕолорун, биэбэйдэрин санаан кэлэн дириҥник үөһэ тыынара, хас биирдиилэрин сүрэҕэр ыһыктыбакка илдьэ сылдьара киһини уйадытар, аһыннарар.

Кини олоххо тардыһыыта, күүстээх санаата, мындыр өйө атыттарга холобур буолар, биир дойдулаахтара билигин кинини ытыктаан, убаастаан эрэ ааттыыллар, уруккуну улаҕа анньан, кэлэр кэскилин туһугар олорор хорсун ийэни, эбэни харыстыыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...