Ыар сүтүк
Бу дьыл тохсунньу 18 күнүгэр киэһээ 17.00 чааһы ааһыыта улаханнык ытыктыыр, күндү доҕорбут, Кузьминнар дьиэ кэргэн бас-көс киһилэрэ, амарах аҕалара, элэккэй эһээлэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, І-ІІ-с Баатаралар, Дьаҥхаады, Бүтэйдээх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ ырыа айааччыларын-мелодистарын сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Дьүрүлгэн» ырыа айааччыларын уонна ырыаһыттарын түмсүүтүн тутаах киһитэ, СӨ Баянистарын, аккордеонистарын уонна гармонистарын сойууһун чилиэнэ, «Мэҥэ баянистара» айар түмсүү салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ баяниһа, биллэр музыкант, мелодист, хоһоонньут, тэрээһиннээх тэрийээччи, кэрэҕэ көҕүлээччи, сатабыллаах салайааччы, уһулуччулаах уһуйааччы-учуутал, фольклорист, этно-музыкант, уопсастыбаннай диэйэтэл, үлэ уонна сцена бэтэрээнэ, дэгиттэр талаан, ураты чаҕылхай киһи Владимир Васильевич Кузьмин, хомойуох иһин, биһиги кэккэбититтэн туораан, сирдээҕи олоҕо түмүктэммитэ олунньу 27 күнүгэр номнуо 40-с хонуга буолар. Онон сибээстээн бар дьоҥҥо кылгастык кини олоҕун билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Владимир Васильевич 1956 с. тохсунньу 27 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Иһирэх ийэтэ Васильева Евдокия Кузьминична, амарах аҕата Кузьмин Василий Афанасьевич дьиэ кэргэттэригэр Күөлэ үрэх түөлбэтигэр дьоллоох оҕо сааһа ааспыта. Володя оскуолаҕа киирэр сааһыгар Күөлэ үрэҕиттэн Сыымахха көһөн киирбиттэрэ. Үөрэнэ киириэҕиттэн үөрэххэ дьоҕурдааҕа биллибитэ, хара маҥнайгыттан араас тэрээһиннэргэ барытыгар – спорт буоллун, ырыа буоллун – көхтөөхтүк кыттара.
Дэгиттэр талааннаах Володяны саха норуотун тапталлаах мелодиһа уонна ырыаһыта Валерий Власьевич Ноев таба көрөн, анаан-минээн ырыаҕа үөрэппитин, музыка кэрэ эйгэтигэр сыһыарбытын бары билэбит. Ол курдук, Володяны 4 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, Ленинград куораттан Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан консерватория иһинэн үлэлиир оҕо музыкальнай оскуолатын тутар хамыыһыйата кэлбитигэр, Сыымахха аҕалан иһитиннэрэн, чахчы талааннааҕын бигэргэттэрэн, үөрэххэ ыыттара сатаабытын, лаппа сааһырбыт төрөппүттэрэ соҕотох уолларын ыыппатахтар.
Владимир Васильевич учууталын Валерий Ноевы дириҥник ытыктыыра, улаханнык сүгүрүйэр киһитэ этэ. Дэлэҕэ кинини олоҕун суолдьут сулуһунан, ыйар эркээйитинэн ааҕыа дуо?..
1971 с. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан Сыымах аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Салгыы 1973 с. Бүтэйдээх физико-математическай оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1975-78 сс. Саха судаарыстыбаннай университетын инженернэй-техническэй факультетыгар үөрэнэр кэмнэригэр «Сэргэлээх уоттара» ырыа ансаамбылын солиһынан сылдьан, «Якутск-77» куонкурус лауреата буолан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ ырыаһыттарын эйгэтигэр бэйэтин суолун чаҕылхайдык арыйбыта.
1979 с. дойдутугар төннөн кэлэн үлэлээн-хамсаан, олоҕун аргыһа Александра Петровналыын ыал буолбуттара.
1979-1991 сс. СӨ норуодунай артыыһа, мелодист А.Н. Варламова-Эдьиий Настааҕа бастыҥ бастакы баянист, доҕуһуолдьут уонна ырыаһыт быһыытынан култуура эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлээбитэ.
1985 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран самодеятельность күрэҕэр «Аҕам алааһа» ырыанан дуэттааннар, «Лучший дебют года» ааты ылары ситиспиттэрэ. Ити сыл Владимир Васильевич «Пятилетка гвардееһа» бэлиэ хаһаайына буолбута. Кыайыы 40 сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күөн күрэһигэр Кылаан чыпчаал үрдүк аатын ылбыта.
Владимир Васильевич Баатара нэһилиэгин 25 сыл устата салайбыт Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа, «Албан аат» уордьан кавалера Петр Павлович Поповтуун өрөспүүбүлүкэ киин куората – Дьокуускайга Кыайыы болуоссата арыллыытыгар кыттыыны ылбыттара, анал өйдөбүнньүк бэлиэни уурсубуттара.
1987 с. II-с Бүтүн Арассыыйатааҕы Норуот айымньытын бэстибээлин лауреатын үрдүк аатын ылан, мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ити сыл «Кыталык» норуодунай оҕо үҥкүү ансаамбылын кытта Монголияҕа ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр кыттан Сэбиэскэй-монгольскай доҕордоһуу кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Саха сирин бары улуустарынан, Арассыыйа элбэх куораттарынан «Кыталык» норуодунай ансаамбылы кытта гостуруоллаан, дьон-сэргэ, норуот биһирэбилин ылбыттара. Маны таһынан Владимир Васильевич хас да төгүл «Дружба Серпа и Молота» диэн Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарын доҕордоһууларын тэрээһинигэр кыттыбыта.
1987 с. Эдьиий Настаа ыҥырыытынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан сопхуос киинигэр Төхтүргэ көһөн киирэн 25 сыл устата олорбута. Ити кэмҥэ Култуура дьиэтигэр, кэлин 17 сыл музыка оскуолатыгар баянист-концертмейстер быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Култуура дьиэтин иһинэн «Омурҕан» эр дьон ырыа ансаамбылын куоластарынан арааран ыллаппыта, 15 сыл устата кинилэри салайбыта. Бу ансаамбыл элбэх ситиһиилэнэн, инники күөҥҥэ сылдьыбыттара.
Музыка оскуолатыгар саха национальнай инструменнарын оркестрын тэрийэн үлэлэппитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бастакынан «Манчаары» этно-фольклорнай күпсүүр бөлөҕүн тэрийэн, элбэх ситиһиилэммиттэрэ. Ону таһынан уолаттар ансаамбылларын эмиэ тэрийэн ыллаппыта. Оркестрга оркестровканы барытын бэйэтэ оҥорон, оҕолорго оонньоон иһитиннэрэн-көрдөрөн үөрэтэрэ. Онон кини музицированиеҕа ордук охтубута. Музыка оскуолаларын көрүүлэригэр сахалыы тыыннаах күрэхтэргэ өрүү бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыттара.
2002 с. Чехияҕа «Люди и мир» норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлигэр 12 күпсүүрдээх кыттан, Владимир Васильевич салайааччылаах оркестр гран-при хаһаайына буолбута.
2008 с. Хорватияҕа, Италияҕа, Австрияҕа – бу үс бэстибээлгэ «Кыталык» норуодунай үҥкүү ансаамбылыгар баянынан доҕуһуоллаан, 2012 с. Италияҕа төрүт омуктар «Дух планеты» бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Элбэх сыллаах сыралаах үлэтин түмүгүнэн Владимир Василльевичка СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк аат иҥэриллибитэ. Бу ситиһиилэригэр кини Екатерина Павловна Винокуроваҕа улаханнык махтанара. Ол курдук, Владимир Васильевич күөгэйэр күннэрэ, эрчимнээх сааһа, айымньылаахтык үлэлээбит таһаарыылаах, чаҕылхай кэмнэрэ Төхтүргэ ааспыта. Кини манна элбэх атастаммыта, доҕордоммута. Николай Афанасьев, Тамерлан Иванов буолан бииргэ ыллаан-туойан, айан-тутан ааспыттара. Махталын бэлиэтинэн Төхтүр туһунан ырыа айан хаалларда.
2012 с. Аллараа Бэстээххэ кэлэн, «Сосновка» санаторийга үлэлии-үлэлии саҥа дьиэ туттан, 2014 с. көһөн киирбиттэрэ. Ити сылларга, Култуура киинин дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Тамара Романовна Афанасьева туруорсан, штат көрдөрөн, «баянист-аккомпаниатор» диэн дуоһунаска үлэҕэ ылыаҕыттан, Владимир Васильевич олоҕун тиһэх күннэригэр диэри бэриниилээхтик үлэлээтэ. Кини манна «Толомон» эр дьон ансаамбылын, бэтэрээннэр квартеттарын тэрийбитэ, кэргэнэ Александра Петровнаны кытта «Айтыын» бальнай үҥкүү бөлөҕөр дьарыктанан, кэккэ ситиһиилэммиттэрэ. Ону таһынан традиционнай сахалыы таҥас көрүүтүгэр, араас таһымнаах күрэхтэргэ дьиэ кэргэнинэн кыттан, дефиле көрдөрөн, куруук бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрэ. Владимир баянист быһыытынан биирдиилээн ырыаһыттарга уонна «Рябинушки» ырыа бөлөҕөр доҕуһуоллуура. Араас таһымнаах тэрээһиннэргэ улууһун уонна Бэстээҕин чиэһин элбэхтэ көмүскүүрэ. «Мэҥэ баянистара» айар түмсүү салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Төрөөбүт улууһун, дойдутун олус күүскэ таптыыра. Ол туоһутунан 2021 с. биир дойдулаахтара, быраата Георгий Попов буоланнар «Мэҥэ Хаҥалас улууһун баянистара» диэн хайа да улууска суох сиэдэрэй оҥоһуулаах, баай, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни таһаартарбыттара. Дойдуларын биир идэлээх дьонун ааттарын үйэтиттилэр, идэлэригэр бэриниилээхтэрин биллэрэн, үйэлэргэ өспөт өйдөбүнньүк оҥорон, бар дьоҥҥо бэлэх ууннулар.
Владимир Васильевич таптыыр кэргэниниин Александра Петровналыын 4 кыыс оҕолоохтор, 2 күтүөт уолаттардаахтар уонна 7 сиэннээхтэр. Владимир Васильевич төһө да ыарахан ыарыынан ыарыйдар, бэйэтэ күүстээх эр саналаах буолан, бу кэнники бэрт улахан үлэттэн, сыраттан тахсыбыт «Ырам миэнэ - ырыам» кинигэ-ырыанньыгы таһааран, 3 улахан кэнсиэр оҥорон, дьонугар-сэргэтигэр үйэлээх өйдөбүнньүк хаалларан, бу орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барда...
Биһиги Володябыт сытыары сымнаҕас майгылаах, көрсүө-сэмэй, сытыы өйдөөх, муударай киһи. Кини биһиэхэ куруук үтүө сүбэһиппит, ис киирбэх истиҥ доҕорбут этэ...
Хомойуох иһин, быйылгы 2024 сылга Владимир Васильевич Кузьмин сирдээҕи олоҕо түмүктэннэ. Ый курдук ыраас санаалаах, күн курдук күндү киһибит биһиги барыбыт өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр өлбөөдүйүө суоҕа диэн бигэтик эрэнэбит уонна кини дьиэ кэргэнигэр, биир дойдулаахтарыгар, аймах-билэ дьонугар, доҕотторугар-атастарыгар Мэҥэ Хаҥаластааҕы «Бянистар, гармонистар уонна аккордеонистар» айар түмсүү аатыттан дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
Үтүө киһибит Владимир Васильевич, төрөөбүт төрүт дойдуҥ Баатара ийэ буора халыҥ тэллэх, сылаас суорҕан, сымнаҕас сыттык буоллун! Быдан дьылларга бырастыы...