Ыалдьыбыт киһи ахсаана 1000-ҕа чугаһаата
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 37 киһи коронавирустаата. Дьокуускайга эбии 30 киһи коронавирустаата, Тааттаҕа — икки, Мииринэйгэ — үс, Хаҥаласка — биир уонна Мэҥэ Хаҥаласка — биир.
Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгин Хоҥор Биэ сэлиэнньэтигэр, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, карантин олохтонно. Хоҥор Биэттэн атын сиргэ барааччылар обсерваторга икки нэдиэлэ олорон баран тахсаллара көҥүллэнэр. Обсерватор тэрилиннэ. Үлэлэринэн тахсыахтаах дьон пропуск ылаллара булгуччулаах. Сэлиэнньэҕэ киирэр суолга ИДьМ пропуск бэрэбиэркэлиир. Олохтоохтор дьиэҕэ олоруу эрэһиимин тутуһуохтаахтар. Хааччах кэмигэр волонтердар көмөлөһүөхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 997 киһи ыарыйды, 410 киһи үтүөрдэ, алта киһи суорума суолланна.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



