«Якутия» хампаанньа оҕолорго 50% чэпчэтиини олохтоото
Тохсунньу 1 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа 2-тэн 12-гэр диэри саастаах оҕолорго көтөр билиэккэ 50% чэпчэтиини биллэрдэ. Хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тохсунньу бүтүөр диэри номнуо 1600 билиэт атыыламмыт.
Чэпчэтии хампаанньа өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи эриэйсэлэригэр барытыгар биисинэс-кылаастан уратыга көрүллэр. Ол эрээри субсидиялаах, ол эбэтэр эрдэттэн чэпчэтиилээх билиэттэргэ, оҥоһуллубат.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитин курдук, 50 % чэпчэтиини “Полярные авиалинии” уонна “АЛРОСА” хампаанньалар эмиэ оҥоруохтара.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин ааспыт сыл ахсынньытыгар бырабыыталыстыбаҕа 2025 сыл тохсунньу 14 күнүгэр диэри элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх билиэт боппуруоһун бэрээдэктииргэ сорудахтаабыта.
Тохсунньу 1 күнүттэн оҕолорго чэпчэтиилээх билиэти Арассыыйа 23 бөдөҥ авиахампаанньата олохтоото. Оттон тохсунньу 10 күнүттэн Арассыыйа бары көтөр хампаанньалара оҕо билиэтигэр 50% чэпчэтиини киллэриэхтэрэ, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитинэрэр.