08.01.2025 | 19:06

Дойду баһылыгын көҕүлээһининэн 1,4 тыһ. км тахса суол оҥоһулунна

Дойду баһылыгын көҕүлээһининэн 1,4 тыһ. км тахса суол оҥоһулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан Саха сиригэр 2019-2024 сылларга 1 430 км тахса суол ирдэбилгэ эппиэттиир таһымҥа тиэрдилиннэ. 
Ол иһигэр Горнай оройуонугар «Кэбээйи» массыына суола, Хаҥалас оройуонугар «Умнас» массыына суола Тиит Арыы учаастагар, Бүлүү оройуонугар «Бүлүү» массыына суолун 524-с км - Кыһыл Сыыр, Нам оройуонугар «Нам» массыына суолун уонна «Умнас» массыына суолун Хаҥалас оройуонугар Покровскай куоракка киириитэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак түмүктэнэр сылыгар уопсайа 395 км усталаах уулусса-суол ситимэ оҥоһулунна. Ол курдук, ааспыт 2024 сылга биэс күргэ тутулунна: «Яна» массыына суолугар Уолчаан үрэххэ, «Өймөкөөн» массыына суолугар Куйдуһун уонна Күбүмэ күргэлэрэ, «Кэбээйи» массыына суолугар Хатыҥ Үрэх уонна «Анаабыр» массыына суолугар Чуоналыыр муосталара. 
2019 сылтан саҕалаан уопсайа 2 665 км усталаах массыына суола уонна 55 күргэ ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһулунна.
2025 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагы «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыак салгыыр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кыраайы үөрэтии мусуойун устуоруйата
Сонуннар | 31.05.2025 | 16:00
Кыраайы үөрэтии мусуойун устуоруйата
Дойду устуоруйатын мусуойдар кэпсииллэр. Норуот быһыытынан сайдыыбыт барыта мусуойга кэпсэнэр. Суруйааччы Николай Денисович Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, мусуойу төрүттээбит Анна Денисовна Данилова аатын сүгэр кыраайы үөрэтэр мусуой салайааччыта, Таатта улууһун «Ай-Тал 2017» бастыҥ мусуой үлэһитэ аат хаһаайката Антонина Николаевна Неустроевалыын...
«Манан дьарыктан, элбэҕи ситиһиэҥ!»
Дьон | 31.05.2025 | 18:00
«Манан дьарыктан, элбэҕи ситиһиэҥ!»
Сахалартан бастакынан хотугу многоборьеҕа Арассыыйа уонна СӨ спордун маастара, наартаны ойууга СӨ экс-рекордсмена, сүгэни ыраах быраҕыыга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, мастаах сүүрүүгэ Арассыыйа призера, СӨ хотугу многоборьеҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ хотугу многоборьеҕа үтүөлээх тренерэ Анатолий Сыромятников – «Эр бэрдэ» рубрика бүгүҥҥү дьоруойа.   – Анатолий Гаврильевич, хантан төрүттээххиний? – Ийэм Сунтаар, ...
Сэттэ уол сэрииттэн төннүбэтэҕэ...
Сонуннар | 01.06.2025 | 12:00
Сэттэ уол сэрииттэн төннүбэтэҕэ...
(«Журавли» ырыа төрүттэммит историята)
Бөх хомуйарга мөһөөччүк ылаҕын дуо?
Сонуннар | 31.05.2025 | 12:00
Бөх хомуйарга мөһөөччүк ылаҕын дуо?
Сир – сахаҕа ытык өйдөбүл. Мээнэҕэ «сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу», «сиринэн-халлаанынан андаҕар», «сир түннүгэ», «сиртэн быкпакка  сылдьан», «сиртэн халлааҥҥа диэри махтал», «сир-халлаан икки ардыгар»  уо.д.а.  өйдөбүллэр үөскүөхтэрэ дуо? Ити аата саха бэйэтин төлкөтүн, дууһата ырааһын, чиэһин, өйүн-санаатын, дьоҥҥо барҕа махталын, атын даҕаны быһаарыллыбатах түгэннэрин сири кытта ситимниир, сиргэ...