Оптуобус: Жатай саҥа маршруттара
Куорат иһинээҕи уларыйбыт 4 маршрукка дьон-сэргэ сыыйа үөрэнэн, балаһыанньа орун-оннугар түһэн эрэр диир оруннаах. Дьэ оттон куорат уонна кытыы бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы муниципальнай оптуобустарга туох уларыйыы таҕыста?
* Бу сылга үктэниэхтэн, ол эбэтэр тохсунньу 1 күнүттэн, “Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай” хайысханан сылдьар урукку 109 уонна 111 №-дээх маршруттар оннуларыгар “209-с” уонна “211-с“ диэн муниципальнай оптуобустар сылдьар буоллулар. Сырыы расписаниета – уруккутунан, атына диэн – кэлэ-бара “Бюджетная сфера” диэн түөлбэҕэ тохтоон ааһаллар. Бу уларытыы эмиэ олохтоохтор туруорсууларынан киирбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
* Ону тэҥэ 107-с №-дээх маршруту көрдүү сатаан хараххытын сылатымаҥ. Итинник оптуобус мантан инньэ тохтоото. Ол оннугар үөһэ этиллибит саҥа 209-с оптуобус сылдьар. Онуоха айан төлөбүрэ да, Дьокуускай автовокзалыттан Жатайга диэри баар тохтобул ахсаана да оннунан хаалла, уларыйбата.
Манна даҕатан эттэххэ, оптуобус кэлэрин кэтэһэргэ сылаас тохтобул баара улаханнык абырыыр. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ киин куораппытыгар 51 сылаас тохтобул баар.
Сылаас тохтобуллары барытын Дьокуускай куораттааҕы пааркалар уонна уопсастыбаннай туоналар дирекциялара хонтуруоллуур. Оптуобус сылаас тохтобулларын сарсыарда арыйыынан уонна киэһэ хатааһынынан эмиэ бу тэрилтэ дьарыктанар.
Сылаас тохтобуллар сарсыарда 07.00 чааска арыллаллар уонна киэһэ 23.00 чааска хатаналлар. Бэрээдэктээх дьон эбиппит буоллар, баҕар, түүннэри да аһаҕас буолуохтарын сөбө. Ону баара баары алдьатар дьоммутун, бэл, камера да тохтоппото сыттаҕа.
Оптуобустар сырыыларыгар ыйытыылары биэрэргэ Суол-тырааныспар сулууспатын управлениетын көҕүлээһининэн күн аайы 07:00-21:00 чч. эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиир “тута сибээс” линията үлэлээбитэ: 300-900.
Бу нүөмэринэн эрийэн, оптуобус сырыытыгар сыһыаннаах ыйытыылары биэриэххэ сөп: расписаниелара, айаннарын арыта (интервал), тохтобуллар, тарыыптар, төлөбүр ньымалара о.д.а.
Маны тэҥэ араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсар кыах баар – каартаны сүтэрдэххэ, оптуобуска малы умуннахха о.д.а.
300-900 нүөмэринэн оптуобус сырыытын тупсарарга санааҕытын, туох эмэ этиилээххитин, туруорсуугутун этиэххитин эмиэ сөп.