08.01.2025 | 19:07 | Просмотров: 263

Эти, оҕуруот, сир аһын таҥастыыр сыах тутулла турар

Эти, оҕуруот, сир аһын таҥастыыр сыах тутулла турар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2025 сылга Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын баазатыгар эти, оҕуруот, сир аһын таҥастыыр сыах үлэҕэ киириэҕэ.
Ол эбэтэр Ил Дархан сорудаҕынан хоту улуустарга барыларыгар тэриллэр 13 эргиэн-логистика кииннэрэ үөс сиртэн аһылык бородууксуйатын тиэйиини уонна хоту оройуоннартан эти, сир аһын тутан таҥастааһыны, кэнсиэрбэлээһини тэҥинэн дьүөрэлиэхтэрэ. 
Бүгүҥҥү күҥҥэ «АТЛК» АУо (Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын) территориятыгар эти, сир, оҕуруот аһын таҥастыыр производственнай сыах тутуллар. Арктиканы сайыннырыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай иһитиннэрбитинэн, сыах эт, оҕуруот аһын кэнсиэрбэтин, барыанньа, сироп оҥорууга идэтийиэҕэ.
Санатар буоллахха, хоту улуустарга баар эргиэн-логистика кииннэрэ быйылгыттан олохтоох нэһилиэнньэттэн отон, сугун, долохуна туталлар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыска: Арктиканы сайыннырыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ тиксэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.