2018 сылтан 171 үөрэх уонна 5 спорт эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ
Араас хайысхалаах национальнай бырайыактар чэрчилэринэн Саха сиригэр кэлиҥҥи сэттэ сылга 171 саҥа үөрэх уонна 50 спорт бөдөҥ эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев.
«Нацбырайыактар уонна Уһук Илини сайыннарыы бырагыраамаларын чэрчитинэн үөрэхтээһин инфраструктуратын сайыннарыыга дьоһун хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр 77 оскуола уонна 79 оҕо саада тутулунна. Саха сирин историятыгар маннык хабааннаах тутуу ыытыллыбыта урут суоҕа», – диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев этэринэн, аҥаардас 2024 сылга 15 оскуола үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр Дьокуускай куоракка биэс оскуола тэҥинэн тутулунна.
Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго табыгастаах усулуобуйаны тэрийии иитинэн кэккэ оскуолаларга анал кылаастар, пандустар оҥоһулуннулар.
Үөрэх министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, саҥа эбийиэктэртэн 24 оскуола дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» нацбырайыак иитинэн үлэҕэ киирбит.
2025 сылга Саха сиригэр өссө 13 саҥа оскуола, ол иһигэр Дьокуускай куорат «Звезднай» түөлбэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суох бөдөҥ оскуола аанын арыйаары бэлэмнэнэр.
Эмиэ 2018 сылтан адаптипнай спорт саалатыгар тиийэ 50 спорт бөдөҥ эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ. Саҥа тутуулартан сорохторо Владимир Путин көҕүлээһининэн «Демография» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Спорт – олох нуормата» федеральнай бырайыагынан тутуллубуттара. Ньурба Антоновкатыгар, Горнай Бэрдьигэстээҕэр тутуллубут спорт саалалара, Жатай, Аллараа Бэстээх бассейннара, Уус Алдан Мындаабатын уонна Бороҕонун спорт комплекстара курдук бөдөҥ эбийиэктэр нэһилиэнньэ биһирэбилинэн туһаннылар.
Оттон Дьокуускай куоракка сотору сабыылаах каток үлэҕэ киирэрин күүтэбит.
Эбэн эттэххэ, 37 муниципальнай оройуон ГТО спорт балаһааккатынан хааччыллан тураллар. Дьокуускай куоракка «Дохсун» спорт комплексыгар искусственнай хонуулаах футбол балаһаакката, Олимпийскай эрэл училищетыгар физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс туруоруллубуттара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.