Национальнай бырайыагынан 100-тэн тахса уопсастыбаннай туона тэрилиннэ
2019 сылтан 2024 сылга диэри Саха сиригэр «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагырааманан 101 уопсастыбаннай туона тэрилиннэ.
Ил Дархан иһинэн Архитектураҕа управлениеҕа иһитиннэрэллэринэн, 2019 сылтан 2024 сылга диэри бырагырааманы үбүлээһин кээмэйэ 3,119 млрд солк. тэҥнэспит.
Чуолаан 2024 сылга 24 уопсастыбаннай туонаны оҥорууга 941,23 мөл. солк. туһаҕа тахсыбыт.
Көрүллүбүт субсидия суотугар оҥоһуллубут туоналар:
1. Аллараа Кураанахха оҕолорго аналлаах туона бастакы түһүмэҕэ;
2. Амма улууһун Чапчылҕан нэһилиэгэр Ийэ скверэ;
3. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин Хомустааҕар сквер;
4. Үөһээ Бүлүү оройуонугар «Күҥкү» Үөдүгэй паарката;
5. Кэбээйи улууһун Сангаар бөһүөлэгэр быраҕыллыбыт сыбаайалар оннуларыгар оҕо балаһаакката;
6. Ленскэй оройуонун Пеледуй бөһүөлэгэр сквер;
7. Ленскэй оройуонун Витим бөһүөлэгэр сквер;
8. Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар Кыайыы аартыга;
9. Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар Киин паарка;
10. Мииринэй куораттааҕы Ботаническай саадка паарка;
11. Мииринэй оройуонун Светлай бөһүөлэгэр сквер;
12. Нерюнгри куоратыгар сквер иккис түһүмэҕэ;
13. Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр паарка;
14. Таатта улууһун Ытык күөлүгэр Ытык Күөл эбэ кытыла;
15. Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын иккис түһүмэҕэ;
16. Хаҥалас улууһун Ой бөһүөлэгэр уопсастыбаннай туона иккис түһүмэҕэ;
17. Дьокуускай куоракка Ф.К. Попов аатынан сквер.
2024 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыактар күрэхтэригэр кыайыылааҕынан тахсан тупсарыллыбыт эбийиэктэр:
1. Алдан куоракка «Орто салаа» эко-паарка;
2. Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр И.Н. Барахов аатынан сквер;
3. Бэрдьигэстээххэ Кыайыы болуоссата;
4. Ленскэй куоракка Орджоникидзе уулуссатынан сатыы дьаарбайар сир;
5. Өлүөхүмэ куорат паарката;
6. Бороҕон бөһүөлэгэр Н.Н. Окоемов аатынан кытыл;
7. Жатай бөһүөлэгэр Шамшин аатынан бульвар.
2025 сылга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна куораттарыгар өссө 25 туона тупсарыллара былааннанар. Онтон биэһэ -- Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһын кыайыылаахтара: Томмокко өрүс кытыла, Өлүөхүмэҕэ «Үйэлэр кирбиилэригэр» сквер, Аллараа Бэстээххэ Киин паарка бастакы түһүмэҕэ, Хаандыгаҕа кытылы тупсарыы уонна Аммаҕа дьоҕус паарка.
Санатар буоллахха, «Куоракка табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагыраама дойду баһылыга Владимир Путинынан көҕүлэммит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак иитинэн олоххо киллэриллибитэ.
«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак сүрүн соруктара — куоракка табыгастаах уонна тупсаҕай эйгэни тэрийии уонна нэһилиэнньэни тупсарыы боппуруостарыгар кыттыннарыы. Үлэ бу хайысханан 2019 сылтан 2024 сылга диэри ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. 2025 сылтан Владимир Путин саҥа национальнай бырайыактары үлэлэтэргэ быһаарбыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.