Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 379 киһи социальнай реабилитацияны ааста
Ааспыт икки сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолор реабилитацияланар кииннэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 379 киһи, ол иһигэр 227 оҕо уонна 152 улахан киһи, социальнай реабилитацияны ааста, диэн тохсунньу 9 күнүгэр Киин дириэктэрэ Зинаида Максимова иһитиннэрдэ.
Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир материальнай хааччыллыылаах Киин суукканы эргиччи үлэлиир стационара улуустан кэлээччилэргэ табыгастаах. Оҕолор манна күҥҥэ – биэстэ, улахан дьон күҥҥэ үстэ аһыыллар.
«Оҕолор маҥнай кэлим диагностиканы ааһаллар. Ол түмүгүнэн реабилитацияны ааһар тус маршруттара оҥоһуллар. Төрөппүттэргэ психологическай көмөҕө улахан болҕомто уураллар», – диир Зинаида Максимова.
Эмтэнии, чөлгө түһүү култуурунай тэрээһиннэринэн арыалланар. Ол курдук ааспыт сылга 300 киһи «Азия оҕолоро» Оонньуулары көрбүт, Саҥа дьылынан оҕолорго 8 утренник ыытыллыбыт.
Санатар буоллахха, социальнай реабилитациянан туһанарга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ олорор сирдэринэн Социальнай харалта управлениетыгар билсэллэр, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба прес-сулууспата иһитиннэрэр.