Хаары ыраастааһын уонна тиэйии быраабылаҕа олоҕурар
Дьокуускай куорат территориятыгар Куорат дууматын 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылата үлэлиир.
Бу быраабылаҕа олоҕуран, Дьокуускай куоракка үлэлиир физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ итиэннэ бэйэни салайыныы уорганнарыгар территорияны тупсаҕайдык тутан олоруу уонна көҕөрдүү эйгэтигэр, уулуссаны көрүүгэ-истиигэ уонна сырдатыыга, бытовой уонна промышленнай бөҕү-саҕы хомуйууга, харайыыга уонна тиэйиигэ, куорат эйгэтин тупсарыыга, сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга уопсай, булгуччулаах быраабыла олохтонор уонна ону бары тутуһаллара ирдэнэр.
Уопсастыбаннай туоналары итиэннэ эбийиэктэри (быстах болдьохтоохтору эмиэ) уонна турар учаастактарын сокуонунан көрүллүбүт бырааптаах, бас билэр физическэй уонна юридическай сирэйдэр, үөһэ этиллибит быраабылаларга сөп түбэһэн, бэйэлэрэ эбэтэр бэйэлэрин суоттарыгар тэрилтэлэри наймылаһан хомуйар, көрөр-истэр эбээһинэстээхтэр.
Куорат дууматын 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатын 15-с пуунугар олоҕуран, бобуллар:
— тэрилтэ, чааһынай дьиэ тэлгэһэтин иһинээҕи, таһынааҕы хаары уулуссаҕа, дьон уонна массыына сырыытын суолугар күрдьэн таһаарар, чөмөхтүүр;
— муниципальнай быраап аакталарынан бигэргэтиллибэтэх, көҥүлэ суох сирдэргэ хаары мунньуу.
Дьиэ сарайыттан, ууну сүүрдэр сирдэртэн (водосток) хаары-мууһу түһэриини, муус чопчуларын көйөн быраҕыыны, сокуоҥҥа эбэтэр дуогабарга олоҕуран ити эбийиэктэри көрөр-истэр сирэйдэр оҥороллор. Сарай үрдүттэн түспүт хаары, мууһу бу үлэни ыыппыт эбэтэр эбийиэги көрөр-истэр сирэйдэр үлэ чааһа бүтүөн иннинэ хомуйуохтаахтар.
Территория таһынааҕы тротуардар уонна массыына ааһар, дьон сылдьар сирдэрэ хаартан уонна муустан ыраастаммыт буолуохтаахтар. Суол мууһурдаҕына, халтарааны суох гынар матырыйааллары туттуллуохтаах.
Суолтан хаары күрдьүү уонна тиэйии бу үлэни оҥорор эбээһинэстээх субъектарга сүктэриллэр.
Хаар түһэн бүппүтүн кэннэ суукка устата күрдьүллүбүт хаар тиэйиллиэхтээх.
Уулуссаны эбэтэр суоллары хомуйар тэрилтэлэр суол кытыытынааҕы лотуоктар хаардарын ыраастыыр уонна тиэйэр эбээһинэстээхтэр.
Тупсаҕайдык олоруу быраабылаларын 64-с ыстатыйатын 28-с пуунугар олоҕуран, чааһынай дьиэ территориятыттан күрдьүллүбүт хаары, бас билээччини кытта дуогабардаһан, хаары уонна бөҕү тиэйиинэн дьарыктанар, анал тиэхиньикэлээх тэрилтэ куораттааҕы кытаанах бөҕү тутар полигоҥҥа таһыахтаах.
Быраабылалары кэһии түбэлтэтигэр, РФ 2022 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи 336-с №-дээх «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруолу тэрийии уратыларын туһунан» уурааҕын 7(2) пуунугар олоҕуран, Муниципальнай инспекциялар управлениелара кэһиилэри туоратар туһунан ыйыылары сэрэтии быһыытынан биэрэр бырааптаах.
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруол уорганын сэрэтиитин кэнниттэн туруоруллубут болдьоххо сокуону кэһиилэр туоратыллыбатахтарына, РФ административнай кэһиилэр тустарынан 2001 сыл ахсынньы 30 күнүнээҕи 195-ФЗ №-дээх Кодексын 19.5 ыстатыйатын 1-кы чааһынан административнай эппиэтинэс көрүллэр. Ол курдук, гражданнарга административнай ыстараап кээмэйэ 300 солкуобайтан 500 солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ – биир тыһыынчаттан икки тыһыынча солкуобайга диэри эбэтэр үс сылга диэри дисквалификация; юридическай сирэйдэргэ – уон тыһыынчаттан сүүрбэ тыһыынча солкуобайга диэри.
Маны таһынан, түүҥҥү кэмҥэ массыыналары суол кытыытыгар туруоруу уулуссалары ыраастыыры харгыстыырын умнумаҥ, диэн иһитиннэрэр Муниципальнай инспекция управлениета.