10.01.2025 | 16:00 | Просмотров: 335

Тииһинэн олоруу алын кээмэйэ

Тииһинэн олоруу алын кээмэйэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа үрдүнэн тииһинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) былырыыҥҥытааҕар 14,8 % үрдүүр.

Саха сиригэр ити кээмэй былырыын үлэлиир нэһилиэнньэҕэ 25 434 солк. эбит буоллаҕына, быйыл 29 187 солк. буолар.

Оттон биэнсийэлээххэ ити кээмэй былырыын 20 067 солк. этэ, быйыл – 23 028 солк.. Оҕолорго былырыын 23 801 солк. эбит буоллаҕына, быйыл – 25 974 солк.

Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ быйыл 26 777 солк. тэҥнэстэ.

Тииһинэн олоруу алын кээмэйэ зоналарынан араастаһар. Холобур, Дьокуускайга нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ – 26 241 солк: үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 28 603 солк., оҕоҕо –  25 67 солк, оттон биэнсийэлээххэ –  25 455 солк.

 

ТИИҺИНЭН ОЛОРУУ АЛЫН КЭЭМЭЙЭ төһөнөн быһаарыллара улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, хамнас алын кээмэйэ (МРОТ), хат дьахталлар уонна оҕолоох ыаллар ылар босуобуйаларын, Ийэ хапытаалын ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйдэрэ, биэнсийэҕэ эбии ааҕыы оҥоһуллуута, социальнай хантараак төлөбүрэ быһаччы бу кээмэйтэн тирэҕирэн оҥоһуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Дьон | 09.09.2026 | 11:00
"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Быйыл “Уус Буотама” ойуур бизоннарын питомнига 20 сылын туолар. Ол сыллар устата питомнигы иилээн-саҕалаан үлэлэппит киһинэн Семен Семенович Егоров буолар.
Хомуур күрэх – Бүлүүгэ
Сынньалаңңа | 07.09.2026 | 11:13
Хомуур күрэх – Бүлүүгэ
Бээтинсэ күн Дьокуускай куораттан Бүлүүлүүр айан аартыгынан күһүҥҥү айылҕа устун айан. От-мас онон-манан саһархай киистэтин иилиммитэ көрүөхтэн кэрэ. Иннибитигэр уһун айан суола тыргыллар.
Өттүүкэптэр хаан-уруу аймах көрүстүлэр
Сынньалаңңа | 07.09.2026 | 10:00
Өттүүкэптэр хаан-уруу аймах көрүстүлэр
Айылҕабыт барахсан көмүс өҥүнэн симэнэр кэмигэр төрүт өбүгэлэрбит ыйаахтарынан көлүөнэ ситимин салҕыыр алгыстаах күн биир хаан сүүрэр Өттүүкэптэр хаан-уруу аймахха тосхойдо.
Сулустар кэпсииллэр: Балаҕан ыйын 7-13 күннэрэ
Сонуннар | 07.09.2026 | 11:17
Сулустар кэпсииллэр: Балаҕан ыйын 7-13 күннэрэ
Бараан Бу нэдиэлэҕэ улахан толкуйга түһүөҥ. Үөскээбит быһыы-майгы, омос көрдөххө, уустук курдук саныаҥ. Дьиҥэр, маннык түбэлтэ бу иннинэ буолан ааспыта, онон урукку уопуккун туһанан, бэрт судургутук быһаарыаххын сөп. Өрөбүллэргэ доҕотторгун уонна биир санаалаах дьону кытта көрсүһүүлэр үөрүүнү бэлэхтиэхтэрэ. Оҕусчаан Сулустар бу нэдиэлэҕэ сүрүн сүбэлэрэ: урукку алҕастаргын хатылаама уонна түктэри быһыыламмыт...