10.01.2025 | 14:00

Хамнас алын кээмэйэ

Хамнас алын кээмэйэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хамнас алын кээмэйэ уонна биэнсийэ, босуобуйа “кутуйах хаамыытынан” да буоллар үрдүүрүн кэтэһэр араҥа элбэх.

Бу тохсунньуттан ХАМНАС АЛЫН КЭЭМЭЙЭ (МРОТ) дойду үрдүнэн улаатарын истэн олордоххут. Ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ. Чопчута, судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр хамнастара (доруобуйа харыстыбалын, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура салаатын үлэһиттэригэр) 16,6 % үрдүүр.

Оттон үөһэ ааттаммыт салаа үлэһиттэриттэн ураты араҥаҕа (бэрт хобдохтук “и прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ) хамнас 5,7 % үрдүөхтээх.

Манна сыһыаран эттэххэ, Саха сирин үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын федерацията былырыын “прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ уонна былырыын хамнастара индексацияламматах судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга 2025 тохсунньу 1 күнүттэн – 7,2%, от ыйыттан 9,4% үрдэтэргэ этии киллэрэ сылдьыбыта өйөммөтөҕө.

Ол оннугар бүддьүөт эйгэтигэр киирсибэт уонна федеральнай үбүлээһиннээх тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнаһа үлэлиир нэһилиэнньэҕэ тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн итэҕэһэ суох хамнаһы - о.э. 29 187 солк. итэҕэһэ суоҕу ылыахтаахтара быһаарыллыбыта.

Өскөтүн үлэһит хотугу эбии ааҕыыта (надбавката) толору (80%) түгэнигэр, төһө оройуоннааҕы кээписийиэн бигэргэммит сиригэр үлэлиириттэн көрөн, МРОТ маннык буолар:

*Оройуоннааҕы кээписийиэн 1,7 сирдэригэр – 56 100 солк. Ол аата, чопчута, Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ, Мииринэй (Айхалтан, Удачнайтан уонна онно киирсэр сирдэртэн атыҥҥа), Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга үлэлээччилэр манна киирсэллэр.

*Оттон оройуоннааҕы кээписийиэн 2-нэн бигэргэммит Арктика уонна хотугу сирдэригэр – 62 832 солк. Бу зонаҕа Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ, Орто, Аллараа Халымалар, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустара уонна Мииринэй улууһун Айхала уонна Удачнайа киирсэллэр.

 

Хотугу эбии ааҕыы хайдах улаатарый?

Сорохтор быһаарсыбаттарын быһыытынан, санатан ааһыаҕыҥ. Саха сиригэр сыл аҥаара тохтоло суох үлэлээбит киһиэхэ сэттис ыйыттан саҕалаан ааҕыллар хамнас 10 % саҕа кээмэйдээх хотугу эбии ааҕыы (надбавка) диэн эбиллэр. Салгыы алталыы ый буола-буола, 10-нуу % эбиллэн иһэр. Надбавка 60 % буоллаҕына, ол эбэтэр 5 сыл үлэлээбит кэннэ, сыл аҥаардыынан эбиллибэккэ, сыл буола-буола 10 % эбиллэр. Ол эрээри оннук салҕанан бара турбат. Саха сиригэр муҥутуур элбэх, о.э. толору ааҕыы – 80 % тэҥнэһэр.

Оттон, холобур, Чукоткаҕа, Коряк автономнай уокуругар, Хотугу Акыйаан арыыларыгар үлэлээччилэргэ хотугу надбавкалара 100 % тиийэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...