29.12.2024 | 12:00

Дмитрий Ариносов: «Дьон туһугар үлэ үөрдэр»

Дмитрий Ариносов: «Дьон туһугар  үлэ үөрдэр»
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Оптуобус суоппара – улахан болҕомтону, халбаҥнаабат холку майгыны, эппиэтинэһи, тулууру, дьону кытта үлэҕэ сатабылы эрэйэр биир дьоһун идэ. Уопсастыбаннай тырааныспар суоппара пассажирдарга куттал суох буолуутугар, суол быраабылатын тутуһууга уонна тиэхиньикэтэ уурбут-туппут курдук бары өттүнэн табыгастаах, бүтүн буоларыгар күн аайы сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэр. Ону таһынан бу дьоһун идэни сүгээччи тыҥ хатыытыттан киэһэ хойукка диэри үлэлииргэ бэлэм буолуохтаах.
Оттон Сахабыт сирин курдук кыһынын тыйыс тымныылаах, сайынын өҥүрүк куйаастаах дойдуга уопсастыбаннай тырааныспарга үлэлээһин күчүмэҕэйэ өссө үгүһүн, инньэ гынан суоппартан икки бүк ирдэбил эрэйиллэрин сэрэйиэххэ эрэ сөп.
Бүгүн биһиги Дьокуускайдааҕы пассажирдары таһар автотранспортнай хампаанньа маршрутнай оптуобуһугар суоппарынан үлэлиир, бу идэҕэ 20-чэ сыл уруулга олорбут уопуттаах Дмитрий Ариносовы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит.

– Дмитрий Васильевич, тоҕо оптуобус суоппарын идэтин талбыккын сырдата түс эрэ.

– Мин бэйэм Дьокуускай куораттан төрүттээхпин. Онон оҕо эрдэхпиттэн оптуобуһунан элбэхтик айаннаан, маршруттар ханан, хайдах сылдьалларын билэ-көрө, тиэхиньикэни да интэриэһиргии улааппытым. Букатын кыра эрдэхпиттэн массыыналарынан үлүһүйэн саҕалаабытым. Оптуобус суоппарын идэтин биир үксүн ол да иһин талбыт буолуохпун сөп. Бу эйгэҕэ 2005 сылтан үлэбин саҕалаабытым.

– Билигин ханнык маршрутнай оптуобуска үлэлиигин?

– Билигин куораттааҕы 100-с нүөмэрдээх маршрукка суоппардыыбын. Бу иннинэ куорат кытыытыгар Жатай, Табаҕа, Кангалаас, Хатас хайысхаларынан сылдьыбытым.

– Ханнык баҕарар идэ бэйэтэ туһунан кэрэхсэбиллээх буолар. Оптуобус суоппарын үлэтэ туох ураты интэриэһинэйдээҕий?

– Уопсастыбаннай тырааныспарга үлэлиир олус интэриэһинэй. Күннэтэ тыһыынчанан араас дьону кытта алтыһаҕын. Ону сэргэ дьон туһугар кыһамньылаах үлэ үөрдэр, санааҕа да үчүгэй буоллаҕа. Олохтоох дьону, куорат ыалдьыттарын тустаах сирдэригэр тириэрдии биһиги үлэбит сүрүн соруга буолар.

– Үлэҕит чааһа хастан саҕаланар?

– Оптуобус суоппарын үлэтэ эрдэ саҕаланар, өскөтүн бастакы симиэнэҕэ үлэлиир буоллахха, сарсыарда 4 чааска тураҕын. 5 чаас 20 мүн. дьуһуурустубаҕа тахсаҕын, 5 чаас 30 мүн. диэки үлэҕэр кэлэн, оптуобуһу көрүүнү ааһаҕын, путевой лиискин ылаҕын. Ону таһынан медицинскэй хонтуруолу хайаан да ааһаҕын. Ол кэннэ 6 аҥаар 7 чаас диэки линияҕа киирэн, үлэҕин саҕалаабытынан бараҕын.

– Эн санааҕар, быйыл саҥардыллыбыт куорат оптуобустарын сырыытын схемата нэһилиэнньэҕэ төһө табыгастааҕый?

– Бу ыйытыыга толору, түмүктээх хоруйу биэрэр эрдэ. Бииринэн, уларытыы сорох эрэ маршруттарга киирдэ. Ону даҕаны бүтэһиктээх быһаарыылар ылыллаллара эрдэ буолуо. Суоппардар, нэһилиэнньэ этиилэринэн билигин даҕаны биирдиилээн хайысхаларынан көннөрүүлэр, уларытыылар киирэ тураллар. Ханнык баҕар реформа бары өрүттэр санааларын учуоттаатаҕына эрэ ситиһиилээх буолара буолуо. Үгүс маршруттар уруккуларын курдук айанныыллар, уларытыы өссө да киирэ илик. Онон бу куорат уопсастыбаннай тырааныспарын схематын бүттүүн саҥардыыга саҕалааһын эрэ. Уларытыы толору олоххо киирдэҕинэ эрэ баар хартыына көстүө, түмүгэ биллиэ дии саныыбын.

– Кэнники сылларга сылаас тохтобуллар баар буоллулар. Онно тус санааҥ.

– Биһиги куораппытыгар сылаас тохтобуллар баар буолбуттара улахан ситиһии диэн сыаналыыбын. Биһиги курдук тымныы кыһыннаах дойдуга олус тоҕоостоох дьаһал. Өссө да элбииллэрэ буоллар диэн баҕа санаа баар. Арай манна сыһыаннаан эттэххэ, биир хобдох көстүү баар... сорох дьон сыһыаныгар... Түгэнинэн туһанан, куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар бука диэн бу сылаас тохтобулларга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, алдьатымаҥ, була сатаан туһата суоҕу дьарык оҥостумаҥ диэн этиэм этэ. Бу барыбыт туһугар оҥоһуллубута эбээт. Эһиги тоҥмокко-хаппакка, сылаас сиргэ туран оптуобуһу күүтэргитигэр диэн анаан...

– Үлэлээбит сылларыҥ тухары тырааныспар  көрүҥэ төһө сайынна?

– Олус сайынна. Саҥа оптуобустар баар буоллулар. Ордук кэлиҥҥи сылларга уопсастыбаннай тырааныспар эйгэтин саҥа оптуобустарынан хааччыйыы күүскэ барар. Былыргы ПАЗиктары бары өттүнэн табыгастаах, үрдүк кылаастаах саҥа көрүҥ оптуобустар солбуйан эрэллэр. Онон, уруккуга холоотоххо, бу өттүгэр тупсуу тэтимнээхтик барар.

– Билиҥҥи уопсастыба уруккуттан уратылаах дуо? Пассажирдар биир үксүн тугунан астыммат-дуоһуйбат курдуктарый?

– Кэнники сылларга дьон наһаа уларыйда диэн көрөбүн. Киҥнээх дьон олус элбээтэ диэххэ дуу... ­Бу тугу кытта ситимнээҕин этэр кыаҕым суох. Арааһа, баҕар, байыаннай эрэсиими, СВО-ну кытта ситимнээҕэ дуу диэн таайан көрөбүн. Кыраапыгы тутуһууга, салон кирдээҕэр уо.д.а. барытыгар санааларын этэн тэйэр дьон элбээбитэ эмиэ да туох да куһаҕана суох. Хайа да өттүттэн ирдэбил баар да буолан, суоппардар быдан тардыннылар, тырааныспар туругун, салон иһин көрүнүү тубуста, дьону кытта алтыһыы култуурата даҕаны үрдээтэ диэххэ сөп. Линияҕа тахсарга оптуобуспут ыраас, сылаас буоларыгар дьаныһабыт.

– Пассажирдар бары бырайыастарын чиэһинэйдик төлүүллэр дуо?

– Кэлиҥҥи кэмҥэ атын дьон социальнай каартатынан, оҕо оскуола каартатынан төлөһөөччү үксээтэ. Мобильнай баанынан төлөөһүн төһө да бобулуннар, бу көрүҥүнэн төлүү сатааччы аҕыйаабат. Суоппарга кэлэн мобильнайынан төлүүргэ төлөпүөн нүөмэрин көрдүүллэр. Айан иһин төлөбүрү бу көрүҥүнэн ылыы муниципальнай тэрилтэбитигэр кытаанахтык бобулларын өйдөөбөттөр. Инньэ гынан пассажирдары кытта хайдах эмэ атын ньыманан төлөһөллөрүгэр кэпсэтэргэ күһэллэбит. Сорох дьон мобильнай төлөбүртэн атын ньыманан төлөһөр кыаҕым суох диэн төлөөбөккө, саатар, махтаммакка да тахсан барар түбэлтэлэрэ баар.

– Куораппыт суола-ииһэ хайдаҕый?

– Кэлиҥҥи сылларга суолбут олус тубуста диэн бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Уулуссалар улахан аҥаардара айанныырга үчүгэй туруктаахтар. Биир эрэ итэҕэһи этиэм этэ: светофор олус элбэх (күлэр). Суол чааһыгар – барыта үчүгэй. Олох аҕыйах уулуссаҕа улахан өрөмүөн ирдэнэр.

– Кыһыҥҥы кэмҥэ оптуобуһу ыытар төһө ыараханый?

– Кыһыҥҥы кэмҥэ тырааныспары ыытыы, биллэн турар, уустугуран биэрэр. Оптуобус – ыарахан уйуктаах тырааныспар. Кыһын суол халтараан, инньэ гынан туормастыыр суол улаатан биэрэр. Эбиитин биһиэхэ тымныыттан сылтаан туманнаах буолар. Ол иһин кыраҕы болҕомтолоох буолуохха наада.

– Дьокуускай куорат дьаһалтатын өттүттэн уопсастыбаннай тырааныспар суоппардарыгар туох өйөбүл баарый?

– Эрдэ сырдаппыттарын курдук, оптуобус суоппарын (уопсастыбаннай тырааныспарга үлэлээччи) аатын (престиһин) үрдэтэр сыаллаах чэпчэтиилээх ипотека көрүллэригэр, оҕо саадтарыгар чэпчэтиилээх миэстэлэри биэриигэ үлэ бара турар. Атын сиртэн сылдьааччы суоппардар стажировкаларын барар кэмнэригэр уопсай дьиэнэн хааччыллаллар. Билигин ити этиллибит ипотекаҕа уонна оҕо саадыгар миэстэлэргэ чэпчэтиилэри күүтэбит.

– Үлэҕэр сыһыаннаан баҕа санааҥ?

– Уопсастыбаннай тырааныспарбыт өссө тупсуо диэн күүтэбин. Пассажирдары үрдүк таһымҥа хааччыйыахпыт диэн баҕалаахпын. Арассыыйа киин куораттарыгар курдук улахан, бары өттүнэн табыгастаах оптуобустарынан хааччыллан, дьон үлэлиир, үөрэнэр сирдэригэр табыгастаах усулуобуйаҕа олорон, кэмигэр тиийэр буолуохтара диэн ыра санаалаахпын.

– Дьокуускай уопсастыбаннай тырааныспарыгар суоппар тиийбэт кыһалҕата сытыытык турар. Бу эйгэҕэ үлэлиэн баҕалаах дьонтон туох хаачыстыба ирдэнэрий?

– Бастатан туран, ыгым буолуо суохтаах, хайа да түгэҥҥэ холку майгытын ыһыктыа суохтаах. Дьону кытта атааннаһыы үөскүүр түгэнигэр, уйулҕа үөрэхтээҕин курдук тыҥааһыны намыратар сатабыллаах буолуохтаах. Иирсээҥҥэ кыттыспакка, хас биирдии киһиэхэ тус сыһыаны булар сатабылы баһылыахтаах.

– Ааҕааччыларбытыгар кэлэн иһэр Саҥа дьыл бырааһынньыгынан баҕа санааҥ.

– Кэлэр сылга бука барыгытыгар доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри, сүрүнэ – эйэлээх сырдык халлааны баҕарабын.

– Дмитрий Васильевич, үлэ быыһыгар кэм аттаран сэргэхтик кэпсэппиккэр барҕа махтал буоллун, сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри, эйэҕэс сыһыаннаах, махталлаах пассажирдары, көнө суолу баҕарабын.

 

Хаартыскалар: Дмитрий Ариносов тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...