07.11.2021 | 14:39

Вячеслав ЯРОЕВ: «Дьылҕабын биир кэпсэтии быһаарбыта»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Вячеслав Васильевич ЯРОЕВ саха норуотугар “Уран” дизайн-устуудьуйа генеральнай дириэктэринэн киэҥник биллэр. Ону таһынан тутааччы, худуоһунньук, ураты суолталаах эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэн үйэтитээччи быһыытынан үтүмэн үлэтин дьон-сэргэ сыаналыыр, биһириир. 
Худуоһунньук олоҕун орто омурҕаныгар аналлаах “Айар кутум абылаҥа” быыстапкатыгар сырыттыбыт. Эргиччи талааннаах ыалдьыппыт игирэ аҥаара буоларын, үлэтигэр олоҥхону туһанарын, хоһоон айарын сэргии иһиттибит.

Уруһуйдаан элбэхтэ мөҕүллүбүтүм

– Мин уустарынан аатырар Таатта Баайаҕатыгар күн сирин көрбүтүм. Ийэлээх аҕам иккиэн үйэлэрин тухары атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит. Икки кыыс кэнниттэн субуруччу биэс уол күн сирин көрбүппүт. Мин игирэ аҥаарабын, Владислав диэн 15 мүнүүтэ аҕа убайдаахпын.

Кыра эрдэхпиттэн илиибэр харандаас, уруучука ыллым да, уруһуйдаабытынан барар оҕо этим. Үһүс кылааска художественнай кылаас арыллыбыта. Онно Анна Васильевна Мандароваҕа уһуйуллубутум. Кини – талааммын таба көрбүт ытыктыыр киһим. Биирдэ учууталым туоһу кыстаран, ону килиэйдэтэн оҥоһук оҥорторон, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ыыппыта. Онно иккис миэстэҕэ тиксэн олус үөрбүтүм, кинигэ бэлэхтээбиттэрэ билигин да баар.

Эдьиийдэрим Маяковскайы, Пушкины үүт-үкчү уруһуйдуулларын үтүктэрим. Улуу Ленины уруһуйдаан элбэхтэ мөҕүллүбүтүм (күлэр). Биирдэ художественнай оскуолаҕа учууталбыт реферат сорудах биэрбитэ, миэхэ Венера Милосская түбэспитэ. Оччолорго “Юный художник” сурунаалга суруйтарар этибит. Онтон наадалааҕын устан ылбытым уонна уруок быыһыгар Милосскаябын уруһуйдуурум. Биир переменаҕа ойон тахсан түннүккэ харандааһынан түһэрэ турбутум. Арай эмискэ кэтэҕим аһыс гыммыта. “Көр да маны, сыгынньах дьахтары уруһуйдуу турар буолбат дуо!” – диэн күүскэ мөҕүллүбүтүм. Аҕабар үҥсүбүттэрэ. Кытаанах кэпсэтии буолбута, онно хаһан даҕаны уруһуйдуо суох буолан андаҕайбытым.

Аны туран, оттуу сылдьан түүннэри, утуйбакка, үүтээн кып-кыра түннүгэр чугаһаан уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Утуйбакка, сынньаммакка олороҕун диэн таайбыттан элбэхтэ сэмэлэммитим.

Бу санаатахпына, тоҕо уруһуйдуо суохтаахпыный диэн өһөс хааммын уһугуннарбыттар эбит, ол иһин билиҥҥэ диэри айа-тута олордоҕум.

 

Спорт дуу, искусство дуу?

Ким билэр, баҕар, Вячеслав Яроев диэн аат спорт эйгэтигэр иһиллиэ эбитэ буолуо. Худуоһунньук буолар дьылҕатын биир кэпсэтии быһаарбыта.

– Кыра кылааска игирэм аҥаарын кытта тустуу секциятыгар дьарыктаммыппыт. Тренербит Иван Михайлович Андросов (кэлин “Саха” НКИХ бэрэсидьиэнэ) этэ. Владик убай-убай курдук миигиттэн быдан күүстээҕэ. Мэлдьи кини кэнниттэн саппай уопса сылдьарым – бастакы миэстэ буоллаҕына иккистиирим, убайым иккис буоллаҕына – мин үһүс миэстэҕэ тиксэрим. Тустууну олус сөбүлээбитим. Анна Васильевна миигин ыытыан баҕарбатаҕа, художественнай оскуолатыгар сырыттын, тустуунан Владик дьарыктаннын диэбитэ. Онон аҕам, Иван Михайлович, Анна Васильевна буолан мунньахтаабыттара. Ол кэннэ миигин тустууга барбаккын, уруһуйгар сылдьаҕын диэн быһаарбыттара. Билигин санаатахпына, тустуук буолан улаханы тугу да ситиһиэм суох эбит.

Этюдникпын илдьэ сылдьабын

– Миигин дьон предприниматель курдук көрөллөр. Дьиҥэр, ис дууһам, санаам айар үлэбэр сытар. Живописец худуоһунньук идэлээхпин. Артур Дмитриевич Васильевка уһуйуллубутум. Алта сылы быһа бэйэтин уолун курдук үөрэппитэ-такайбыта. Устудьуоннуур сылларбар үгүс быыстапкаҕа көхтөөхтүк кыттарым. Быйыл олоҕум орто омурҕаныгар үктэнним. Бу бэлиэ сааспар сөп түбэһиннэрэн, дьон худуоһунньук быһыытынан биллиннэр диэн, “Айар кутум абылаҥа” диэн быыстапкабын тэрийдим.

Кэнники кэмҥэ солом суох, мэлдьи командировкаҕа барабын-кэлэбин. Ол эрээри этюдникпын ханна баҕар илдьэ сылдьабын. Үгүстүк айанныыбын, сайылыктары, өтөхтөрү кэрийэбин, айылҕаҕа тахсабын. Ол сылдьан оҕо сааһым ахтылҕаныгар куустарабын, уруккуну саныыбын.

Дьыл кэмнэриттэн сааһы ордоробун. Айылҕа уһуктар, иэйии ордук кэлэр кэмэ. Халлаан сылыйар, күн уһуур. Кулун тутар ыйтан саҕалаан уруһуйдаан барааччыбын. Сайыны эмиэ таптыыбын. 

Иэйиим – хоһооннорбор

– Оҕо эрдэхпиттэн хоһоон ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Устунан үтүктэн суруйар идэлэммитим. Миэнэ үксэ айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга, кэрэ аҥаарга таптал туһунан хоһооннор. Иэйии уруһуйдуу олордохпуна киирэр. Эмискэ кутуллан кэлэрин тута суруна охсуохха наада. Оннооҕор миэстэтигэр умнуохпун сөп. Ол суруммуппун мунньан испитим “Көҥүл санаа оҕото” диэн кинигэ буолан таҕыста.  “Көмүөл” кинигэ дьиэтигэр бэчээттэттим, түгэнинэн туһанан, Борис Иванович Павловка махтанабын.

Аал Луук Маһы хатыҥ курдук көрөбүн

– Тутууга олоҕум үгүс сылларын анаатым. Дьон миигин үксүн Аал Луук мастарбынан билэллэр. Бастаан Тааттаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар Мандар Уус эскиһинэн туруоруллубута. Онно биһиги көмөлөһөөччүнэн үлэлээбиппит. Онтон ыла улуус-улуус аайы атын-атын Аал Луук Мастары туруоран барбыттара. Биһиги Дьааҥыттан саҕалаабыппыт, билигин алтыспытын Үөһээ Бүлүүгэ тута сылдьабыт.

Аал Луук Маһы дьон тиит курдук көрөллөр, аарыма мас буолла да, тиит курдук өйдөбүл баар. Оттон мин хатыҥ диэн көрөбүн. Олоҥхоҕо да аахтахха, сэбирдэхтээх мас хоһуйуллар. Холобур, сэбирдэҕэ эһэ тириитин саҕа диэн. Бу мас сэттис, ахсыс халлааны курдаттаан, тохсус халлааҥҥа тиийэн баран, төттөрү түһэр, лабаалара салыбыраан турар. Онон мин сэбирдэхтээх маһы көрөбүн, ол иһин дьэрэкээн ойуулаах-бичиктээх, оһуордаах гына оҥоробун. Аны туран, бу маска Аан Алахчын хотун олорор, ол аата хатыҥ диэн сэрэйиллэр. Сөпкө уруһуйдаммыт хатыҥ, ыраахтан көрдөххө, сымыыт курдук быһыылаах.

Итиннэ эбэн эттэхпинэ, син балайда элбэх олоҥхону аахтым. Үлэм сүнньүнэн үксүн аан дойду айыллыытын, сир-дойду үөскээһинин, Аал Луук маһы хоһуйууга болҕомтобун уурабын.

Олох хаамыытынан сайдыы барыахтаах. Уруккуттан кэлбит сүрүн өйдөбүллэри тутуһабыт, ол гынан баран матырыйаал тупсар, кэлии-барыы элбиир.

Саха сирин туоһун туттубаппыт

— Үс Хатыҥҥа элбэх ураһаны туппуппут. Ол сылдьан тоҕо урукку курдук оҥорбоппотуй диэн толкуйдуур буолбуппут, сөпкө тута үөрэниэххэ наада диэн санаа киирбитэ. Онтон Покровскайга хаптаһынынан туппуппут эрээри, иэҕиллэн оҥоһуутун, сиэрин-туомун барытын тутуспуппут. Онтон ыла сакаас киирэн барбыта. Чурапчыга туппут ураһабытын ис өттүн туоһунан бүрүйбүппүт. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиги Саха сирин туоһун туттубаппыт, хастаабаппыт. Томскайтан, Иркутскайтан аҕалтарабыт. Ити регионнарга туоһу тутуу матырыйаалын быһыытынан атыылыыллар. Урут даҕаны айанньыттар уунан устан кэлэллэригэр ас буорту буолбатын, табаар ууга сытыйбатын диэн туоска суулаан аҕалаллара үһү. Ону атыыһыт киһи ураһа туттарыгар матырыйаал оҥосторо. Бу туһунан доҕорум Иннокентий Пестряков (саха норуотун биллэр-көстөр худуоһунньуга) кэпсээбитэ. Онон былыр даҕаны туоһу ити диэкиттэн аҕалан туһаналлара. Манна эбэн эттэххэ, Намҥа туппут Аал Луук маспытыгар Иннокентий “Элэс Боотур” диэн олоҥхоҕо уруһуйун кэргэниттэн ыйытан киллэрбитим. 

Ураһаны тутууга күүс-көмө, сүбэ-ама буолар ытык киһибит – Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус. Кини үөрэппитэ элбэҕэ бэрт буолан, көннөрү тылынан да ыйан-кэрдэн биэрдэҕинэ, биһиги, уус дьон, тута өйдүүбүт.

 

Соторутааҕыта “Аал Луук Мас Вячеслава Яроева” диэн саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Манна худуоһунньук, дизайнер бырайыактара, айар үлэтэ, ураһалара, чөлүгэр түһэрбит эбийиэктэрэ киирдилэр.

Чөлүгэр түһэрии – айар үлэ биир көрүҥэ

– Училище кэнниттэн реставратор быһыытынан холонон көрөр баҕа санаалааҕым. Дойдубар кэлэ-бара көрдөҕүм аайы Чөркөөх музейын эбийиэгэ эргэрэн иһэр курдуга. Хайдах эрэ гынан чөлүгэр түһэрбит киһи диэн санаа баара. Урукку дириэктэргэ киирэн ыйыта сылдьыбытым. Онуоха анал үөрэхтээх, лицензиялаах эрэ дьон үлэлииллэр диэбитэ. Ол саҕана эдэрбин, көҥүл ирдэнэрин билбэт этим. Оннук хаалбыта.

Баҕа санаам 2016 сыллаахха лицензия ыларбытыгар төһүү күүс буолбута. Тутууга үлэлии сылдьан туһааннаах исписэлиистэри мунньубутум, бырааттарым көмөлөрүнэн көҥүл ылары ситиспиппит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн реставрациянан дьарыктанар лицензиялаах икки эрэ тэрилтэ баар, ону даҕаны биир тэрилтэ кыайан үлэлээбэккэ турар. Онон биһиги тэрилтэбит соҕотох диэххэ сөп.

Чөлүгэр түһэрии – айар үлэ биир көрүҥэ, ону тэҥэ олус эппиэтинэстээх. Сөргүтүллэр эбийиэк 70% уруккутун курдук буолуохтаах. Төһө кыалларынан былыргы матырыйаалын хааллара сатыыбыт. Ол иһин реставратор диэн ааттанабыт. Билигин матырыйаал арааһа элбэх. Антисептиктар, грунтовкалар, кырааскалар. Кырдьык, былыргы көстүүтүн кыратык уларытыахтарын сөп, ол эрээри үйэтин уһаталлар.

Бу үлэбин эмиэ олус сөбүлүүбүн. Сорох эбийиэктэн киэһэ хойут кэлэн баран түүннэри утуйбакка үлэлиибин, иэйиим оннук уһуктар. Саас, сайын олус үчүгэй. Таһырдьа сырдык, айыах-тутуох санаа иилии кууһар.

 

Үйэтитэр үгэс

Вячеслав Васильевич быыстапкатыгар этюдтары, натюрмортары, мэтириэттэри, онтон да атын жанрдары көрүөххэ сөп. Худуоһунньук чөлүгэр түһэрбит эбийиэктэрин үлэ саҕаланыан иннинэ киистэтинэн үйэтитэр үтүө үгэстээх эбит.

– Николаевскай таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэрии үлэтэ сотору түмүктэниэхтээх, бэрт кыра хаалла. Ити хайдах этэй диэн көрдөрөөрү уруһуйдаабытым. Билигин М.Ф. Габышев аатынан арҕааҥҥы искусство галереятыгар үлэлии сылдьабыт. Эмиэ бэркэ табыллан эрэр, көрө-көрө астынабын.

Чөркөөххө “Мельница-топчанка” оҥорбуппут. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бэйэтин харчытынан оҥорторбута. Бастаан музей экспонатын курдук бырайыактаабыппыт. Көлүөһэтэ эргийэр курдук былааннаабыппыт. Онтон олус умсугуйан, ис сүрэхпититтэн үлэлээн, барыта эргийэр курдук оҥорбуппут. Үгүс киһи сэҥээрбитэ, астыммыта. Онно эмиэ хартыына суруйан испитим, ситэрэ иликпин. Ол иһин быыстапкабар туруорбатым. Дьиҥэр, интэриэһинэй көстүү буолуо этэ.

 

Норуот уратытын көрдөрүөхтээх

– Билиҥҥи тутуу уруккуттан олус уларыйда. Түргэнник тутулларга, бурууска охтор буоллубут. Наһаа элбэх тимири туттабыт. Мин, холобура, аттакылар тутууларын олус сэргиибин, билиҥҥэ диэри сулууспалыы туралларыттан сөҕөбүн.  

Сорох дьиэни көннөрү тутан эрэ кэбиһэллэр. Ону кэлэ-бара көрдөхпүнэ, дизайнын тупсарыахха баара дии саныыбын. Оскуола, уһуйаан дизайныгар оҕо кыра сааһыттан бэйэтин төрүт култууратын билэ-көрө улааттын диэн санаанан салайтарабыт. Ол иһин дьиэ иһигэр Аал Луук Мас макеттарын оҥоробут. Оҕо аҥаардас “У лукоморья дуб зеленый” диэн өйдөбүллээх буолбатын диэн. Оскуолаҕа, уһуйааҥҥа киириигэ, аактабай саалаларга бэйэбит норуоппут тыынын, уратытын көрдөрөр соруктары туруорабыт.

Тутааччылар пандемияҕа үлэбит тохтообото. Манна эбэн эттэххэ, киһи көҥүл эрэ буоллаҕына айар үлэнэн дьарыктанар. Хааччахха кыайан арыллыбаккын.

Быйыл Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар үлэлээбиппит. Эһиил Үөһээ Бүлүүгэ буолуохтаах тэрээһиҥҥэ түһүннүбүт. Өймөкөөн бырайыагын оҥоро сылдьабыт. Ыһыахчыт буолан эрэбин (күлэр).

Хараҕым харатын курдук харыстыыбын

Кэргэним Екатерина Степановнаны кытта училищеҕа үөрэнэ сылдьан ыал буолбуппут. Кини иистэнньэҥ, онон оһуору-бичиги бэркэ быһаарсар, үлэбэр үгүстүк сүбэлиир. Кыргыттарбыт дизайнер идэлээхтэр. Кыра уолбут скульптор буолуом диир, олус үчүгэйдик уруһуйдуур, пластилинынан ону-маны оҥорор. Түөрт сиэннээхпит.

“Золотой урожай” диэн хартыына айыллыбыт кэпсээнэ бэрт дьикти. Аммаҕа этюдтуу сылдьан бурдук ситэн, буһан турар кэмигэр, арааһа, атырдьах ыйыгар, оруобуна маннык бааһынаҕа түбэспитим. Арай иннибэр биэс аттаах оҕо иһэр. Чугаһаабыттарыгар көрбүтүм, алтыалар эбит. Икки оҕо биир аты миинэн, мэҥэстэн иһэр. Аттыбынан ааһан хаалбыттара. Онно оҕо сааспын санаабытым, игирэм аҥаара Владиктыын матасыыкылынан иккиэн сылдьарбытын харахпар ойуулаабытым. Инньэ гынан биир акка икки оҕо олорорун уруһуйдаабытым. Иннигэр – убайа, кэннигэр –  быраата. Ити кэннэ үс сылынан уол оҕоломмуппут. Икки кыыс кэнниттэн күүтүүлээх уол. Онтон өр-өтөр буолбатаҕа, уол сиэннэнэн дьолломмуппут. Сөҕүөхпүт иһин, ити хартыына геройдарыгар олус майгынныыр сирэйдээх-харахтаах оҕолор төрөөбүттэрэ. Дьэ, дьикти. Онон ити хартыынабын хараҕым харатын курдук харыстыыбын, харыһыйабын. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр ураты суолталаах үлэ.

Ити “Эрэл” диэн хартыынаҕа уолбут турар. Мастарыскыайбар олордохпуна, киирэ-киирэ мэниктээн мэһэйдэспитэ, боксерскай бэрчээккитинэн саайталаа да саайталаа буолбута. Онуоха туруоран баран уруһуйдаабытым.

Уопсайынан, оҕолору герой оҥосторбун олус сөбүлүүбүн. Бэйэм оҕолорбун араастаан туруора-туруора мэтириэттэрин суруйарым. Билигин номнуо улааттылар. Аны сиэннэрим уочараттара кэлэрэ буолуо.

Хартыыналарбын атыылыахпын баҕарбаппын. Олох сүрэхпиттэн быһа тардар курдук саныыбын. Урут устудьуоннуу сылдьан хас да үлэбин атыылаабытым. Холобур, “Малая родина” диэн хартыынабын. Киһи атыыга уруһуйдуур буоллаҕына икки илиилэнэн хаалар эбит. Түргэнник бүтэрэ охсуохпун наада диэн өйүнэн салайтарар. Оттон айар үлэ диэн ис сүрэххиттэн тахсар, санааҕын барытын уураҕын. 

Худуоһунньук быыстапкатыгар сылдьыбыт киһи оҕо саас ахтылҕаныгар куустарар, төрөөбүт дойдутугар таптала күүһүрэр. Ол онно хатыҥ чараҥ суугунуур тыаһа иһиллэр, сибэкки сыта дыргыйар, Томпо хайалара үрдүккэ, кэрэҕэ угуйаллар. 

 

– Мэтириэти уруһуйдуур ыарахан. Сорох хаппырыыс киһи киэнэ соччо табыллан испэт. Оттон чэпчэки, ыраас дууһалаах киһи мэтириэтэ бэйэтэ тахсар, санаа хоту сатанар.  Холобур, Мандар Уус мэтириэтин бэрт түргэнник бүтэрбитим. 
– “Полевые цветы” натюрморт. Кэргэним хонуу сибэккилэрин хомуйан кэлбитэ. Өр баҕайы өлбөккө турбуттара. Ол иһин мэлдьи күн тахсарыгар, биир кэмҥэ, суруйбутум. Биир сыл Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа баран, киирэр ааҥҥа аккырыыкка буолан турбута. Оччолорго устудьуоммун, эдэрбин. Саха норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов хайҕаабыта.  
“Березовая роща”. Амма Покровкатыгар тахсан этюдтаабытым. Кэнники үлэм. Ситэ куура илик, инчэҕэй соҕус.
Дьиҥэр, бастаан сайылыкка көһөн иһэр дьону уруһуйдаары гыммытым. Киһи барыта араастаан уобарастаан көрөр этэ. Ким эрэ дьэдьэннии сылдьар дьону, ким эрэ уоллаах кыыс хаамсан иһэллэрин. Ол иһин итинник бэйэтинэн хаалларбытым. 

Влада Тимофеева, НХМ генеральнай дириэктэрэ:
– Вячеслав Яроев быыстапкатын кэнниттэн музейга “Васек” хартыынатын уонна “Полевые цветы” натюрмортун бэлэхтиэхтээх. Художественнай таһымнарынан музейга туруон сөптөөх үлэлэр.
Манна бэлиэтээн эттэххэ, музейга харайыллар ханнык баҕарар айымньы үөрэтиллэр, бэчээттэнэр кыахтаах. Худуоһунньук аата Саха сирин искусствотыгар ааттанар, үлэтэ үүнэр көлүөнэ ыччакка ананар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....