Владимир Слепцов: «Кэлэр уон сылга Сайсарыга 90 саҥа таас дьиэ тутуллуохтаах...»
Сайсары түөлбэтэ урут куорат кытыы сириттэн атыннык ааттаммата, бэл диэтэр, норуокка «таҥара тумнубут сиринэн» биллэрэ. Сүүрбэччэ сыллааҕыта саас аайы уокурук суоллара «күөлгэ» кубулуйаллара, бырыы-бадараан кэмигэр такси сакаастаары: «Сайсары», – диэн айаххын саҥа атан истэххинэ, ситэ истэ барбакка, диспетчердэр төлөпүөннэрин хайа быраҕаллара, арай арыый култууралаах өттүлэрэ: «Бырастыы гыныҥ, биир да массыына эһиги диэки барыан баҕарбат», – диэн аһаҕастык этэллэрэ. Ол саҕана манна сотору кэминэн аспаал суолларынан көтүтүөхпүт, тротуар устунан хаамыахпыт диэн ыраламмат да этибит. Хаарбах туруктаах самнайбыт дьиэлэр оннуларыгар халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мэндиэмэннээх таас тутуулар дьэндэһиэхтэрэ диэн түүлбүтүгэр да түһээн көрбөтөхпүт.
Билигин Сайсары – киин куорат кэскиллээх түөлбэтэ. Ол да буоллар кыһалҕа да ханна барыай, суһаллык быһаарыллыахтаах боппуруос күн аайы күөрэйэн тахса турар. Бу туһунан Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцову кытта сэһэргэстибит.
Кыра да, улахан да кыһалҕа элбэх
– Владимир Владимирович, сэрэйдэххэ, бүгүҥҥү үлэ күнэ түбүктээхтик саҕаламмыта буолуо (Интервьюбут ардахтаах сарсыарда түбэспитэ – Аапт.).
– Дьэ, ардахпыт курулаччы кутта. Ассенизатор массыынабыт үлэлии, намыһах сирдэртэн чалбах уутун суһаллык оборторо таҕыста. Маннык куруук уу ылар отучча сирдээхпит, ол ханна баарын чопчу билэбит.
Бу сарсыарда намыһах сирдэргэ турар тиэргэннэри кэрийэ сылдьан көрөн кэллим, салайар хампаанньалары кытта мотопомпаларын, носуостарын аҕала туралларын курдук кэпсэттим. Уһун ардах кэллэ диэн сылыктыыллар, онон хачайдааһын үлэтин ыытарга бэлэм буолуохтарын наада.
– Оттон 2021 сыллаахха управаҕа ананан кэлэргэр ханнык суһал кыһалҕаны бастакынан быһаарбыккыный?
– Дьиҥэр, кыра да, улахан да кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Арай биир түгэни кэпсиэхпин сөп. Кэлэрбэр алтынньы бүтүүтэ, кыһын саҕаланыыта этэ. Оруобуна оттук сезонугар киирии кэмэ буолан, биир сиргэ ититии систиэмэтигэр саахал тахсыбыта. Онно дьиэни салайар хампаанньаны ыҥыран баран, уолаттары кытта барбыппыт. Хата, кыһалҕа тута этэҥҥэ быһаарыллыбыта.
Ким да туора турбатаҕа
– Быйыл саас хаһааҥҥытааҕар да халыҥ хаар түспүтэ, куорат ОДьКХ-та күнүстэри-түүннэри үлэлииргэ күһэллибитэ, «Бары күүһү – хаарга!» диэн санаанан салайтарбыта. Эһиги бу былдьаһыктаах кэми хайдах туораатыгыт?
– Хаһан да маннык элбэх хаар түспүтүн бу диэн өйдөөбөппүн. Былырыын 22 тыһыынча куб. миэтэрэ хаар уутун хачайдаабыт эбит буоллахпытына, быйылгы көрдөрүүбүт 135 тыһ. куб. миэтэрэттэн таҕыста. 300-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Хамаандабын кытта күнүстэри-түүннэри үлэлээбиппит, олохтоохтор да туора турбатахтара, анал тиэхиньикэлээхтэр тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара. Тутааччы тэрилтэлэр эмиэ тиэхиньикэнэн көмөлөспүттэрэ.
Ассенизатор массыыналары үлэлэтэр көдьүүһэ суох, ол эбэтэр олус элбэх уу хоммут сирдэригэр (биир сиртэн 50-ча массыынаны хачайдыахха сөбө) полиэтилен турбалары (сорох сирдэргэ 300-түү миэтэрэ усталаах) туруортаабыппыт уонна иккилии суукка мотопомпанан хачайдаабыппыт. Манна диэн эттэххэ, мотопомпаларбыт алдьаныахтарыгар диэри күүстээх үлэ барбыта. Хата, “Алмаасэргиэнбаан” көмөлөһөн, кэмигэр өрөмүөннэппиппит.
Соторутааҕыта сааскы түбүктээх күннэрбитигэр көхтөөхтүк кыттыбыт, туора турбакка көмөлөспүт дьоммутун мунньан, наҕараадалаатыбыт, грамоталары, махтал суруктары туттардыбыт.
Быйылгы былаан – 150 тыһыынча сибэкки
– Бу сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ туох түбүктээх олороҕут? Көрүдүөргүтүгэр от охсор тэриллэр сыталлар, сибэкки арассаадалаах дьааһыктары көрдүм.
– Бу күннэргэ оту охсуу үлэтэ саҕаланна. Маныаха бүддьүөттэн кыра харчы көрүллэр. Икки этээстээх дьиэлэр тастарын уонна атын муниципальнай сирдэри охсобут. Дворниктарбыт тахсаллар уонна бэдэрээтчиттээхпит.
Биллэн турар, ыраастааһын, көҕөрдүү үлэтигэр болҕомто күүһүрэр, субуотунньуктары ыытабыт. Билигин даачаларга көһөн тахсыы кэмэ буолан, санитарнай туочукаларбыт утары туола тураллар. Сорох дьон, массыынаттан да түспэккэ, бөхтөрүн ааһан иһэн быраҕаллара кистэл буолбатах.
Бары тэрилтэлэри, уһуйааннары, оскуолалары хабан туран, быйылгы былааммыт – 150 тыһыынча сибэкки. Аҥаардас управабытынан 10-ча тыһыынча сибэккини олордуохтаахпыт. Быйыл үөрэнээччилэр арассаадалары бэйэлэрэ үүннэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Билигин салайар хампаанньаларга, ыстаарысталарга түҥэтэ олоробут, тиэргэннэри көҕөрдүү үлэтэ салҕанар.
Ааспыт ыйга Кыайыы пааркатыгар 100 кэриҥэ хатыҥы уонна бэһи олордубуппут. Бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар бу үлэни күһүн былааннаабыппыт. Дөлүһүөнү, хатыҥ, бэс, харыйа мастары олордуохпут.
Итини сэргэ, оттук сезонугар бэлэмнэнии саҕаламмыта, салайар хампаанньалар үлэлии сылдьаллар.
Сайсары күөлгэ тупсарыы үлэтэ
– Былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Сайсары күөлүн кытылын уонна Ийэ скверин тупсарыы бырайыага кыайыылаах тахсыбыта. Улахан үлэ ыытыллыахтаах, саҕаланна дуо?
– Тупсарыы үлэтэ үс сыллаах буолуоҕа, түһүмэхтэринэн ыытыллыаҕа. “Өрөгөй” (“Триумф”) спорт комплексын өттүттэн саҕаланыаҕа. Бэҕэһээ бэлисипиэтинэн ааһан иһэн көрбүтүм, ипподром диэки тротуар билиитэлэрин көтүрэ сылдьаллара.
Бу эбийиэк улахан уопсастыбаннай туонаҕа кубулуйуохтаах. Күөлү тула бэлисипиэт суоллара, тротуардар оҥоһуллуохтара, сатыы дьон сылдьар ыллыктара тыргыллыахтара. Ийэ скверэ саҥардыллан тутуллуохтаах.
– Нэһилиэнньэ Сайсары күөл экологическай туруга мөлтөх, сыл аайы дьаратыйан, уута уолан, ньамах буолан иһэр диэн айманара оруннаах дуо?
– Сайсары – улахан күөл. Дьиҥэр, онно “Якутдорстрой” шлюһа баар, ону күһүн хойут аһар, ыраас уунан толорор. Уу эбийиэгэр аэрация ыытар пилотнай бырайыактаахпыт. Бастаан Яков Потапов уул., 6 баар уу эбийиэгиттэн саҕалыахпыт. Дьиҥэр, үлэ былырыыҥҥыттан саҕаламмыта, ол эрээри анал тэрилбит оччо элбэх ууну ылар кыаҕа суоҕа биллибитэ. Онон Жуковскай куораттан партнердары булан, 2 гектарга тиийэ уу эбийиэгин кислородунан байытар кыахтаах, 100 тыһ. солк. тахса сыаналаах анал тэрили атыыласпыппыт. Билигин уу сибиэһэй сытар. Сотору үлэлэтиэхпит.
Ити тэрил ньамах үрдүн алдьатан, күн сардаҥалара ууга түһэллэригэр көмөлөһүөҕэ. Оччоҕуна уу туруга тупсуоҕа – кус төрүөҕэ, балык үөскүөҕэ.
– Саха политехническай лицей иннигэр турар Алмаастаах сквер быйылгы Бүтүн Арассыыйатааҕы онлайн куоластааһыҥҥа кытынна, дьон өйөбүлүн ылбата. Инникитин туох эмит үүт-хайаҕас көстөн тупсарыллыа дуо?
– Быйыл бырайыакпыт куонкуруһу ааспата. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан эмиэ киирсэ сатаабыппыт. Чэ, эһиил эмиэ сайаапка биэриэхпит.
Дьиҥэр, эбийиэк саҥардан тутууну эрэйэр. Керамогранит билиитэтин өрөмүөннүөххэ, парковка сирэ оҥоһуллуон наада.
Нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн уонна туруорсуутунан
– Былырыын Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр – “Победа” уонна “Заря” олохтоох даача-тутуу кооперативтарын төрүттээччилэригэр аналлаах саҥа сквер аһыллыбыта. Быйыл уокуруктан ханнык бырайыак кытынна?
–“Царство вечной мерзлоты” туристическай комплекс бырайыага кыайыылаах буолла. Онно уу дьүүктэтигэр саҥардан тутуу ыытыллыаҕа – сквер оҥоһуллуоҕа, сырдатыы үлэтэ барыаҕа, ыскамыайкалары туруоруохтара, мырааҥҥа тахсар кирилиэстээх буолуоҕа.
– Тиэргэннэри тупсарыы бырагырааматынан туох үлэ ыытылынна?
– Ааспыт сылга 4 тиэргэн тупсарыллан, үлэҕэ киирбитэ – Лермонтов уул., 138/2, 138/3, 138/4, 156/2 аадырыстарга. Үлэни “Основа” ХЭТ толорбута. Норуокка “Үс бухатыыр”, “Үс сибиинньэ” диэнинэн биллэр дьиэлэр таһынааҕы суоллара аспаалламмыта, оҕо уонна спорт балаһаакката оҥоһуллубута. Билигин дьон-сэргэ, оҕо аймах сөбүлээн сылдьар үчүгэй сирэ буолбут. Соторутааҕыта куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев тиийэ сылдьыбыта, олохтоохтору кытта көрсүбүтэ. Нэһилиэнньэ астыммытын биллэрбитэ. Күһүн итиннэ хатыҥ уонна бэс олордуохпут. Уу кутар систиэмэни оҥорор былааннаахпыт, оччоҕуна дворник үлэтэ чэпчиэҕэ, ыраахтан уу таһыа суох этэ.
Быйылгы тупсарыы былааныгар Чайковскай уул. 30/1, 30/2 дьиэлэр тиэргэннэрэ киирбитэ. Нэһилиэнньэни кытта иккитэ көрсө сылдьыбыппыт. Олохтоохтор оҕо балаһааккатын кэҥэтэри туруорсубуттара. Кинилэр баҕалара бырайыакка учуоттаммыта, икки өттүттэн сөбүлэспиттэрэ.
– Бу иннинэ “Кэскил” уонна “Ивушка” уһуйааннар икки ардыларыгар иччитэхсийэн турбут сиргэ саҥа спорткомплекс тутулларын нэһилиэнньэ үөрэ истибитэ. Эбийиэк тутуута саҕаланна дуо?
– Үлэ саҕаламмыта, билигин тиэхиньикэ тохтоло суох үлэлиир. Саҥа эбийиэк 2024 сылга ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларга ананан үлэҕэ киириэҕэ.
– Киин куоракка сылаас тохтобул сыл аайы элбиир. Олохтоох дьаһалта нэһилиэнньэ иннигэр отчуотугар балыыһа үлэһиттэрэ уонна ыарыһахтар 3-с нүөмэрдээх поликлиникаттан куорат диэки барарга сылаас тохтобулу туруорсубуттара. Туох диэн буолла?
– Былырыын уокурукка 5 тохтобул оҥоһуллубута. Сайсары уокуругун киин өттө балайда хааччылынна, кытыы өттүгэр үлэ барыан наада. Холобур, Сэргэлээх шоссетыгар, коррекционнай оскуола-интэринээт диэки былаанныахпыт.
Үһүс поликлиникаттан куорат диэки барарга тохтобул тутуллара кыаллыбат. Бастатан туран, харыстанар зонаҕа киирэр. Иккиһинэн, анныгар сытар инженернэй ситимнэр мэһэйдииллэр.
Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү
– Бу – куорат биир сытыы кыһалҕата. Быйылгы былааҥҥыт хайдаҕый? Сорохтор дьиэлэрин хаарбах туруктааҕынан билиниэхтэрин баҕарбаттара кырдьык дуо?
– Күн бэҕэһээ управаҕа Олохтоох дьаһалта туһааннаах салаалара кыттыылаах нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү күнэ буолан ааспыта. Дьиэлэрин хаарбах туруктааҕынан билиниэхтэрин баҕарбат, ол эрээри көһөрүү бырагырааматыгар киирэ сатыыр дьон кэлэ сылдьыбыттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа хапсарга дьиэҕит хайаан да хаарбах туруктааҕынан билиниллиэхтээх диэн быһаара сатаабыппыт, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыттан бэрэстэбиитэллэр сүбэ-ама биэрбиттэрэ.
Быйылгы былаан туһунан эттэххэ, барыта 7 дьиэ көһөрүллүөхтээх. Холобур, Билибин уул., 27/2 олохтоохторо дьиэ тутар тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсибиттэрэ, онон Билибин уул., 19/8 көһүөхтээхтэр.
Үс сыл күүттүбүт
– “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн Сайсарыга элбэх үлэ ыытылынна. Былырыын киирбит эбийиэктэр бэрэбиэркэни аастылар дуо? Бэдэрээтчиттэр гарантийнай эбэһээтэлистибэнэн итэҕэстэри туораталлар дуо?
– Ааспыт сылга уопсайа сэттэ эбийиэк, 8 км суол өрөмүөннэммитэ. Ыам ыйыгар “Главстрой” тэрилтэ бэдэрээтчиттэри кытта ааспыт сыллааҕы үлэни кэрийэн көрбүттэрэ, кэккэ итэҕэстэр баалларын быһаарбыттара. Бэдэрээтчиттэр ону туората сылдьаллар.
Быйыл Винокуров уулуссатын саҥардан тутуу түмүктэниэхтээх. Бэйэбит да бу эбийиэк оҥоһулларын үс сыл күүттүбүт. Олохтоохтор: “Управа иннинээҕи суолу да оҥорторбоккут”, – дииллэрэ.
Чайковскай уулуссатыттан Лонгинов уулуссатыгар диэри кэрчиккэ сир кырсын толору хаһан бүппүттэрэ, хайыы үйэ бөдөҥ хайыр тааһы кута сылдьаллар. Уу сүүрэр лотуоктарын туруорбуттара. Үлэ күөстүү оргуйар.
Дьон өйө-санаата уларыйыан наада...
– Сайсары сирэ-уота киэҥ. Инникитин саҥа уопсастыбаннай туона, сынньалаҥ сирэ былааннанар дуо?
– Яков Потапов, 6, ити эрдэ эппитим курдук, көлүйэҕэ аэрация ыытыахпыт. Быйыл эксперимент оҥороору сылдьабыт. Хомуһун охсон баран, агрил диэн матырыйаалы атыылаһан, онон бүрүйүөхпүт, оччоҕуна силиһигэр күн сардаҥалара киириэ суохтаахтар. Нэһилиэнньэни кытта мунньах тэрийэн, Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, ити уу эбийиэгин кытылын тупсарар былааннаахпыт.
– “Ёлочка” маҕаһыын иннигэр уопсастыбаннай туона оҥоһуллуон сөптөөх балачча улахан сир иччитэх, көрүүтэ-истиитэ суох таах турар...
– Сири бас билээччини кытта ханнык эмит бырагыраамаҕа киирэн, тупсарыы үлэтин ыытыахха диэн этиилээх тиийэ сылдьыбыппыт. Холобур, дьоҕус фонтан туруоруохха сөп. Хаһаайын сөбүлэспэтэҕэ, арыгы атыылыыр туочукалары суох оҥоруҥ диэбитэ. Кырдьык, сөпкө этэр. Онно ыскамыайкалары туруордахпытына, күн аайы “бэстибээл” саҕаланар буоллаҕа.
– Арыгы атыытын боппуруоһун салҕаатахха, Сайсарыга хардыы аайы маннык “туочука” баар. Ити туһунан санааҥ?
– Балаҕан ыйыттан саҥа ирдэбилгэ эппиэттээбэт (бу туһунан хаһыакка үгүстүк суруйбуппут – Аапт.) “наливайкалар”, сымыйа кафелар үлэлэрэ тохтуоҕа. Аһыы утаҕы атыылаһалларын тухары эргинэр эбийиэктэр аһылла туруохтара. Туох да диэбит иһин, дьон өйө-санаата уларыйыан наада. Онто суох бу кыһалҕа быһаарыллара уустук.
Түмсүүлээх дьону кытта үлэлиир интэриэһинэй
– Сайсарыга чааһынай дьиэ элбэх. Бу хайысхаҕа туох үлэ ыытылларый?
– Быйыл чааһынай секторга улахан болҕомто уурар санаалаахпыт. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа сайаапка биэрэн көрүөхпүт. Бастакы түһүмэх – суол өрөмүөнэ. Салгыы сырдатыы үлэтин ыытыахпыт. Олус көхтөөх олохтоохтор бааллар, бэйэ-бэйэлэрин кытта бэркэ билсэллэр. Түмсүүлээх дьону кытта үлэлиир интэриэһинэй буолуо дии саныыбын.
– Мас дьиэлэргэ баһаары сэрэтии чэрчитинэн АДПИ (автономный дымовой пожарный извещатель) туруортарыыга көмө хайдах оҥоһулларый?
– Элбэх оҕолоох ыалларга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр босхо биэрэбит. Дьокуускай куорат Урбаанньыттарын сэбиэтэ элбэх АДПИ атыылаһарга көмөлөспүтэ.
– Сайсары уокуругуттан хас киһи мобилизацияламмытай? Дьиэ кэргэттэригэр өссө туох көмө оҥоһулларый?
– 203 дьиэ кэргэннээхпит. Дьиэҕэ-уокка көмөҕө ордук наадыйаллар. Араас ис хоһоонноох сайаапка киирэр. Кыһын мас, муус киллэриигэ көмө оҥоһуллубута.
Бассаапка элбэх бөлөхтөөхпүт, ким туох кыһалҕалааҕын бары билсэ олоробут.
Уокурук – уопсастыбанньыктарынан, управа – үлэһиттэринэн
– Ханнык уопсастыбаннай түмсүүлэрдээххитий?
– Уокурукпутугар тоҕус сэбиэттээхпит. Уопсастыбанньыктарбыт бэс ыйын 1 күнүгэр, Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Ийэ скверигэр улахан кэнсиэри тэрийэн ыыппыттара. Оҕо кэлэктииптэрэ, эстрада ырыаһыттара кыттыбыттара. Олус элбэх киһи кэлбититтэн бэйэбит да соһуйбуппут.
– Үлэҕэр туох ирдэбиллээххиний? Хамаандаҥ туһунан кэпсээ.
– Үксүн эдэрдэр. Хамаандабыт иллээх-эйэлээх. Үлэҕэ ыларбар хайаан да: “Сайсарыны кытта эйигин туох ситимниирий?” – диэн ыйытабын. Управа үлэһитэ Сайсары олохтооҕо буолара ордук дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ киһи бэйэтин түөлбэтин туһугар кыһаллара чуолкай.
Биһиги нэһилиэнньэни кытта үлэлиибит, онон дьону кытта сыһыаҥҥа улахан болҕомтобун уурабын. Итиэннэ туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситиһэргэ үлэлиэхтээхпит диэн бигэ санаалаахпын.
Сайдыылаах уонна инникилээх
– Кэлэр сылларга КРТ (комлексное развитие территорий) былаанынан тутуу кэмэ суох ыытыллыахтаах, Сайсары уокуругар элбэх саҥа дьиэ дьэндэйиэхтээх. Бу туһунан ааҕааччыларга сырдатыаҥ дуо?
– КРТ былааныгар олоҕуран, кэлэр уон сылга Сайсарыга элбэх кыбартыыралаах 90 саҥа таас дьиэ тутуллуохтаах. “Сэттэ” хампаанньа аҥаардас Ильменскэй уулуссатыгар 5 саҥа дьиэни тутуохтаах. Бүлүүлүүр суолга эмиэ элбэх эбийиэк киирэрэ былааннанар. Тутуу үлэтэ күн-түүн тэтимнээхтик ыытыллыаҕа.
– Уокурук олохтоохторугар бүтэһик сонуннартан ордук үөрүүлээҕи үллэстиэҥ дуо?
– Суоллары грейдеринэн тэҥнээһин, хайыр тааһы кутуу саҕаланыаҕа. Урукку сылларга улахан суоллар эрэ өрөмүөннэнэр эбит буоллахтарына, былырыын икки этээстээх дьиэлэрбит тиэргэннэригэр, онно киирэр суолларга үчүгэй үлэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр 81 аадырыс, 41 тиэргэн территорията, 40 уулусса уонна ааһар суол хабыллыбыта. Быйыл итиннэ эмиэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, хайыр таас кумахтааҕар ордуга билиннэ. Кумах ардахха суураллар, өр сыппат. Оттон таас аата таас.
– Владимир Владимирович, түмүккэ тугу эбэн этиэҥ этэй?
– Үлэбит салҕанар. Салгыы туруоруммут сорукпутун ситиһэргэ дьулуһуохпут. Сайсары сотору кэминэн элбэх күөх зоналаах, дьоллоох Дьокуускай биир сайдыылаах уонна инникилээх оройуона буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Түгэнинэн туһанан, киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах Ыһыах чугаһаабытынан эҕэрдэлиибин!