15.03.2024 | 16:00

Виктор Петров: «Үлэһиттэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх»

Виктор Петров:  «Үлэһиттэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Эдэр дьон тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан, дьоннорун утумнаан үлэлииллэрэ олус хайҕабыллаах. Бүгүн кэпсиир киһибит – эдэр фермер, бааһынай хаһаайыстыба аҕа баһылыга, Чурапчы улууһун Мырыла сэлиэнньэтин олохтооҕо Виктор Семенович Петров. Кини хайдах саҕалаабытын, туох уустуктары көрсүбүтүн, билиҥҥи үлэтин-хамнаһын туһунан ааҕааччыларбытын кытта үллэстэр.

Оҕо сааспытыттан үлэҕэ сыстыбыппыт

Дьоллоох оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым Чурапчы улууһун Мырыла сэлиэнньэтигэр ааспыттара. Аҕам Семен Дмитриевич Петров төрүт Мырыла олохтооҕо, өр сылларга бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктаммыта. Ол иннинэ, 1980-1982 сылларга, Дьокуускайдааҕы салайар каадырдары бэлэмниир Тыа хаһаайыстыбатын техникумун үөрэнэн бүтэрэн, Мындаҕаайы сопхуос Соловьевтааҕы отделениетыгар сүөһү иитиитигэр старшай биригэдьииринэн, онтон 1987 сылтан  Соловьевтааҕы Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1989 сылтан Мындаҕаайы сопхуос Хахыйахтааҕы отделениетыгар управляющайдаабыта. Аҕам СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ үтүөлээх фермерэ, Соловьев нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Ийэм Оксана Дмитриевна Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан төрүттээх, оскуолаҕа үлэлээбитэ. Төрөппүттэрим 1992 сыллаахтан «Эргис» бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээн саҕалаабыттара. Бииргэ  төрөөбүт бэһиэбит – түөрт уол уонна биир кыыс. Мин уолаттартан кыраларабын, төрдүс оҕобун. Биир убайым –Тулагыга, иккиһим – Майаҕа уонна үсүһүм Мырылаҕа олороллор. Улахан убайым Александр Жатайга баһаарынайдыыр, орто убайым Николай Майаҕа предприниматель, үһүс убайым Семен миигин кытта үлэлиир, хаһаайыстыбам чилиэнэ. Балтыбыт Дьокуускайга олорор, устудьуон, кэргэннээх, икки оҕолоох. Олох кырабыттан, бэйэбин өйдүүрбүттэн убайдарбыныын дьоммутугар көмөлөһөр этибит. Инньэ гынан хара үлэҕэ миккиллэн, сүөһү көрүүтүгэр, оттооһуҥҥа-мастааһыҥҥа сыстан улааппыппыт. Кыра эрдэхпититтэн тыраахтыр ыытабыт, хотоҥҥо сылдьабыт. Олох кырабар, ийэбин хаайан туран, ынах ыырга үөрэммитим. Инньэ гынан 7-8 кылаастарга киэһэ ынахтарбын ыан эрэ баран оонньуу барарым. Хотоҥҥо ынах ыы олорон оҕолор саҥаларын истэн, ыксаан, отой мөхсө олорор этим.

 

Бастакы хардыыбыт сатамматаҕа

Оскуола кэнниттэн 4 сыл Дьокуускайга Инженернэй-тэхиньиичэскэй институкка үөрэнэн, тутааччы идэтин баһылаабытым. Үөрэнэ сылдьан дьылҕам анаабыт кыыһын көрсөн ыал буолбутум. Кэргэним Лена Чурапчы Төлөйүттэн төрүттээх, идэтинэн физика учуутала. Үөрэхпин бүтэрээт, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Ол кэннэ биир сыл куоракка олорбуппут. Куораты сөбүлээбэккэ, сыбаайбабытыттан киирбит харчынан атыыласпыт массыынабытын атыылаан, Хатастааҕы сибиинньэ комплексыттан 25 сибиинньэни атыылаһан, дьиэ кэргэнинэн Мырылаҕа көһөн бардыбыт. Дойдубар тиийэн сибиинньэлэри сайылыкка тутан ииттим. Күһүөрү барыларын идэһэлээн, «Чурапчы» ТХПК-ҕа кэпсэтэн туттардым. Харчытыгар таһаардахха, 110-ча эрэ тыһыынча солкуобайга турдулар. Инньэ гынан, ночоокко баран, «умайан» хааллыбыт. Онтон аҕам «борооскута ылан ииттиҥ, син биир итинник иитэҕин, табыллыаҕа» диэн сүбэлээтэ.

 

Аҕам сүбэтин ылынан

Сарсыныгар ойон турдум даҕаны хотон туппутунан бардым, эргэ хотону салҕаан, уһатан биэрдим. Оччолорго борооску сыаната 2 тыһыынча солкуобай этэ, инньэ гынан 100 тыһыынча солкуобайга 50 төбөнү атыыластым. Күһүн Чурапчыга тиийэн биир убайбын «Мырылаҕа, айылҕаҕа тахсан кыстас, борооску атыыластым» диэн көрдөстүм. Киһим тута сөбүлэһэн, икки сылы быһа көмөлөстө. Бэйэм нэһилиэк дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлии киирдим. Наһаа үчүгэйдик кыстаатыбыт уонна 2013 сыл күһүнүгэр бастакы 1,5 мөлүйүөн солкуобайбытын оҥордубут. Ити кэнниттэн, ситиһиибититтэн кынаттанан, сылын аайы 50-нуу борооскуну ылан иитэр буоллубут. Аҕам оччоттон үтүө сүбэһитим, настаабынньыгым, көмөлөһөөччүм. 2017 сыллаахха бэйэтин  хаһаайыстыбатын, сүөһүтүн-аһын, сирин-уотун миэхэ итэҕэйэн биэрэн, онтон тирэҕирэн, билигин улахан хаһаайыстыбалаахпыт. Дьонум оччолорго 25 ыанар ынахтаахтара, үлэһит туппаттара, барытыгар бэйэлэрэ сылдьаллара. Онон бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, бу хаһаайыстыбаны мин саҕалаабатаҕым, аҕам төрүттээбитин салгыыбын. Кини сүбэтинэн, алгыһынан ыанар ынаҕынан дьарыктанан барбытым. Хаһаайыстыбам кэҥээн, үлэм элбээн, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһиттэн тохтообутум.

Гырааннарга кыттыы эмиэ хара ааныттан табыллыбат. Бастакы сырыыбытыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар «Начинающий фермер» гырааныгар кыттан, тугу да ситиспэтэхпит. Иккис сылбытыгар ИП-лар куонкуруска кыттыбаккыт, чуолаан бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга буолуохтааххын диэтилэр. Онон, гырааҥҥа кыттыбатарбыт даҕаны, салгыы күүскэ үлэлии сырыттыбыт. Онтон 2016 сыллаахха докумуоммутун уларыттыбыт, дьэ, «Бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга» диэн ИП буоллум. Ити сыл «Начинающий фермергэ» эмиэ кытынныбыт даҕаны, туһа тахсыбатаҕа.

 

Ситиһии – күүстээх үлэ түмүгэ

2019 сыллаахха «Семейная ферма» диэн гыраан куонкуруһугар кытынным. Итиннэ аан бастакыбын хапсан, тоҕус мөлүйүөн солкуобай курдук үбүлээһиҥҥэ тиксэн, саҥа хотону туттубутум. Итиэннэ наадалаах тиэхиньикэбитин атыылаһан, үлэбитин тэтимирдэн барбыппыт. Былырыын эмиэ уон биэс мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчыны ылан, үксүн саҥа тиэхиньикэни, тэрили атыылаһыыга уонна сайылыкпытын саҥардыыга, тупсарыыга тутуннубут.

Билиҥҥи туругунан 130-ча төбө ынах сүөһүнү тутан турабыт. Итинтэн 60-чата – ыанар ынах, уоннааҕыта – субан сүөһү. Уопсайа 16-17 үлэһиттээхпин, ол иһигэр 5 киһи официальнай көрүҥүнэн үлэлиир, уоннааҕылар – дуогабарынан. Ыанньыксыттары сэргэ оробуочайдар, суоппардар, нэһилиэк олохтоохторо, кэлиилэр да бааллар. Кэргэним миигин кытта тэҥҥэ үлэлэһэр, 2023 сыл сааһыгар диэри уонча сыл учууталлаата. Икки оҕолоохпут, улахаммыт Вилена 2010 сыллааҕы төрүөх, кырабыт Герман быйыл сэттэ сааһын туолар. Оҕолорбутун эмиэ кыралаан үлэҕэ сыһыарабыт, кыыспыт ньирэй аһатар, сайынын көрсөр. Уол арыый улааттаҕына, оскуолаҕа киирдэҕинэ, окко илдьэ сылдьан көмөлөһүннэриэхпит. 

 

Сайдыы саҥа таһымыгар

Хаһаайыстыбабытын салгыы улаатыннарар былааннаахпыт, сүөһүм уопсай ахсаанын 600-кэ-700-кэ, ыанар ынаҕым ахсаанын 300-350 төбөҕө тиэрдиэхпин баҕарабын. Билиҥҥи туругунан итиннэ эппиэттиир сирдээхпит-уоттаахпыт, кормовой баазабыт баар. Бааһынай хаһаайыстыбата киэҥ хайысхалаах (многофункциональнай). Атын өттүнэн үлэлээн дохуот ылыахха сөп. Кыһыҥҥы өттүгэр үүт аҕыйаан, үлэһиттэргэ 4-5 ый хамнас төлүүр уустуктардаах буолар. Ону көтүппэккэ төлүүргэ дьулуһар идэлээхпин. Саҥа үлэлии сылдьан көрсүбүт түбэлтэбин кылгастык кэпсиэхпин баҕарабын. Оччолорго икки үлэһиттээхпин, хамнастарын төлүүр кыаҕа суох буоллум, 20 тыһыынча солкуобай тиийбэт.  Ыксаан биэнсийэлээх эдьиийбиттэн иэстээтим, аҕыйах күнүнэн биэриэх буоллум. Онон үлэһиттэрбэр хамнастарын толору төлөөтүм. Онтон биир үлэһиппиттэн харчы иэс ылан, төттөрү эдьиийбэр иэспин төлөөтүм. Аҕыйах күнүнэн харчы булан, аны үлэһиппэр төнүннэрдим. Ити түбэлтэ сүрүн ис хоһооно – хамнастарын кэмигэр төлөөһүн, дьон итэҕэлин сүтэрбэт буолуу.

Сүөһүбүт ахсаана элбээн барбытыгар үлэһиттэрбит ахсаана эмиэ элбээтэ. Хамнастарын кэмигэр төлүүр курдук КАМАЗ массыына атыылаһан, суоппарданан, кыһыҥҥы өттүгэр хоту улуустарга таһаҕас таһар буолбуппут. Аны дэриэбинэбитигэр универсальнай маҕаһыын арыйбыппыт үс сыл курдук буолла, үлэһиттэр хамнас суотугар бородууктанан, наадалаах табаарынан ылыахтарын сөп. Быйыл бары өттүнэн хааччыллыылаах уопсай дьиэни тутан үлэҕэ киллэрдибит. Табылыннаҕына өссө биир дьиэни тутуохпун баҕарабын. Туох даҕаны ыарахаттары көрсүбэттэрин, кыһалҕаҕа ыктарбаттарын курдук,  үлэһиттэргэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэ сатыыбын уонна үлэлэригэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһалларын ирдиибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...