17.10.2024 | 10:00

Виктор Бурцев: «Ол күнтэн ыла ох сааны илиибэр тута сылдьар буолбутум»

Виктор Бурцев: «Ол күнтэн ыла ох сааны илиибэр тута сылдьар буолбутум»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох төрүт омуктар бары тылбытын, култуурабытын, фольклорбутун, төрүт үгэстэрбитин сөргүтүүгэ, чөл тутан илдьэ хаалыыга сүҥкэн үлэни ыытарбытын атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэр ымсыыра көрөллөрүн туһунан үгүстүк истэбит. 
Саха төрүт оҕунан ытыыны сөргүтүүгэ, сайыннарыыга үлэлэһэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт ох саанан ытыыга федерациятын бэрэссэдээтэлэ Виктор Анатольевич Бурцевы кытта бу хайысхаҕа кылгас кэм иһигэр ситиһиллибит үрдэллэр, инники былааннар туһунан сэһэргэстибит.

– Виктор Анатольевич, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

– Дьааҥы оройуонун Эҥэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Идэбинэн историк учууталбын.

2003 сылга ыал буолан Сунтаарга олохсуйбуппут. Онно тиийэн оскуолаҕа бэйэм идэбинэн үлэлээбитим. Сунтаарга олороммун дьону, оҕолору кытта үлэҕэ улахан оскуоланы ааспытым. Учууталлыырым таһынан нэһилиэк дьокутаатынан, профсойуус бэрэссэдээтэлинэн, спорка оҕолору эрчийэр тренер быһыытынан уопсастыбаннай үлэбин эмиэ манна саҕалаабытым. Көҥүл тустууга эрчийэр оҕолорум өрөспүүбүлүкэҕэ, Уһук Илин региоҥҥа миэстэлэспиттэрэ, чөмпүйүөннэр да баар буолбуттара.

Бэйэм хапсаҕайдаһан тустууга спорт маастарабын.

2012 сыллаахха төрөөбүт Эҥэм дьонун ыҥырыытынан быыбар түмүгүнэн нэһилиэгим баһылыгынан талылламмын, уон сыл үлэлээн кэлбитим. Билигин «Арктика суоллара» тэрилтэҕэ исписэлиистиибин.

2022 сылтан Саха сиринээҕи төрүт ох саанан ытыы федерациятын бэрэссэдээтэлэбин. Уонна Дьокуускай куорат Аҕаларын түмсүүтүгэр үлэлэһэбин. Манна эмиэ «төрөппүт уонна оҕо» диэнинэн күрэхтэһиилэри тэрийиигэ кыттабын.

– Виктор Анатольевич, тустуук киһи ох саанан ытыыга хайдах кэлбиккиний?

– Дойдубар баһылыктыыр кэмнэрбэр юридическай көмөҕө наадыйан, Петр Васильевич Бурцев дириэктэрдээх «Агентство правового содействия» диэн тэрилтэлиин билсибитим. Өр сылларга Эҥэ нэһилиэгэ бу тэрилтэлиин күүскэ үлэлэһэн, элбэҕи ситиспиппит.

Биир күн эмиэ үлэбинэн Петр Васильевичка кэлэн олордохпуна, спорт туһунан кэпсэтии буолла. Онно кини «ох саанан ытыыны хайдах көрөҕүн?» диэн ыйыппыта. Мин «холонон көрүөххэ сөп буоллаҕа» диэн хоруйдаатым. Ити 2020 дуу, 2021 сыл дуу быһыылааҕа. Өр-өтөр буолбакка 3 ох сааны ылынным эрээри, сыл аҥаара чугаһаабатаҕым. Хайдах туталларын да, ыталларын да билбэт этим. Сааһыары эмиэ дойдубуттан командировкаҕа кэлэн, үлэбинэн Петр Васильевичка көтөн түстүм. «Киэһэ ыта барыахпыт»,– диэбитин соһуйа да, үөрэ да иһиттим. Дьэ ол кэннэ киэһэ буоларын кэтэс да кэтэс. Киэһэ буолуута «Дохсун» спорт комплексыгар ыта, дьарыктана бардыбыт. Бу кулун тутар ый бүтүүтэ этэ. Онно тиийэн ох саа хайдах тутулларын, хайдах ытыллыахтааҕын илэ харахпынан аан бастаан көрбүтүм. Биллэн турар, ытан да көрдөҕүм дии уонна күүскэ бу спорка ылларбытым. Ол күнтэн ыла ох сааны илиибэр тута сылдьар буолбутум. Түгэнинэн туһанан Петр Васильевичка маннык бэртээхэй саха төрүт оонньуутугар сыһыарбытыгар  махталбын тиэрдэбин.

Мантан сиэттэрэн спорт бу көрүҥэ сайдарыгар, атаҕар турарыгар бэйэм ис сүрэхпиттэн баҕараммын, салайааччы буоларга сөбүлэспитим.

– Ити иннинэ бүтүн нэһилиэги, буолаары буолан уһук хоту сытар нэһилиэги салайбыт уопуттаах буоллаҕыҥ. Дьааҥы улууһун кыһалҕатыгар тохтоон ааһабыт дуо?

– Ыраах хоту сытар улууска ыарахан элбэх буоллаҕа. Холобур, тутуу матырыйаалын тиэйиитэ, ынахха, сылгыга эбии аһылык тиэрдиитэ, олохтоох дьон булка сылдьарыгар көмүскэ тэҥнээх уматык аҕалыыта барыта сүрдээх уустук боппуруостар. Аны туран, кэмигэр сөп түбэһэр ас-таҥас тиэрдиитэ, саҥа тутуулары ыытыы, тиэхиньикэ аҕалыы эмиэ балай эмэ сыраны эрэйэр.

Ону ол диэбэккэ хоту дойду хоһуун үлэһит дьоно-сэргэтэ күннээҕи үлэни үмүрүтэн, олох сайдыытын кытта тэҥҥэ үлэлииллэр-хамныыллар, олохторун оҥкулун оҥостоллор.

– Оннук буоллаҕа. Дьэ бу саҥа сөргүтүллэн эрэр төрүт оҕунан ытыы бастакы хардыыларын туһунан кэпсээ эрэ.

– Төрүт оҕунан ытыы, атын саха төрүт оонньууларын кытта тэҥнээтэххэ, олох эдэр спорт көрүҥэ. Аан бастаан 2015 сыллаахха биллэр охчут Борис Олесов тэрийбит бөлөҕөр Ньургустан Федотов, Владимир Тимофеев, Александр Филатов, Михаил Филатов, Анна Алексеева-Стасова, Балдар Балданов, Михаил Алексеев, Владимир Алексеев, Павел Карпов киирэннэр, бастакы эрчиллиилэри оҥорууга үлэлээбиттэр. 2016 сыллаахха Дьааҥы сиригэр ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бу быраабылаҕа олоҕуран төрүт оҕунан ытыыга бастакы күрэхтэһии ыытыллар. Ол кэннэ Чурапчы улууһугар Мындаҕаайыга Михаил Михайлович Филатов кэриэһигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэх ыытыллыбыта. Дьэ бу кэннэ 2017 сыл муус устар ыйыгар физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтин мунньаҕар ити эрчиллиилэр «Байанай бэлэҕэ» диэн аатынан бигэргэтиллэллэр. Ол кэннэ бэс ыйыгар бастакы өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнээтэ ыытыллар. Мантан тирэх ылан, туруорсуу күүһүнэн Манчаары оонньууларыгар төрүт оҕунан ытыы туспа көрүҥ быһыытынан киирэр.

Онон 2017 сыллаахха төрүт оҕунан ытыы «Сахаада спорт» Саха сирин норуоттарын төрүт оонньууларын ассоциациятын састаабыгар киирэр. 2020 сыллаахха нормативтар, анал ааттар олохтоноллор.

2019 сыллаахха Петр Васильевич Бурцев көҕүлээһининэн Саха сиригэр федерация тэриллибитэ.

– Ол аата федерация тэриллибитэ биэс сыл ааспыт. Бүгүҥҥү балаһыанньа хайдаҕый?

– Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эдэрдиин-эмэнниин балтараа тыһыынча кэриҥэ киһи төрүт оҕунан ытыынан дьарыктанар. Саҥа көрүҥмүт олоххо күүскэ хардыылаан иһэрин төрүт оҕунан ытыынан дьарыктанар киһи ахсаана элбээн иһэрэ туоһулуур. Былырыыҥҥы улахан күрэхтэргэ муҥутаан 180-ча киһи кэлэн күрэхтэһэр эбит буоллаҕына, билигин 300-тэн лаппа тахса киһи күөн көрсөр. Аны туран, «Байанай бэлэҕин» эрчиллиилэриттэн ураты ытыы атын хайысхалара баар буоллулар: уһуктаах оноҕоһунан 18 миэтэрэттэн ытыы, 3Д мишень диэн айылҕаҕа сылдьан эрэһиинэ кыыллары ытыы курдук көрүҥнэргэ аттан ытыы эбилиннэ. Өскөтүн «Байанай бэлэҕэ» эрчиллиигэ Саха сиригэр эрэ ытар буоллахпытына, уһуктаах оноҕоһунан 18 миэтэрэттэн ытыыга Арассыыйа таһымыгар тиийэ ытар буоллубут. Кэккэ сылларга саха охчуттара бу көрүҥҥэ өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. 3Д мишень атын хайысхалартан уратыта диэн, ытааччы мишень төһө ыраах турарын билбэт, быһа холоон көрөн ытар. Бу көрүҥ күүскэ Нам улууһугар сайынна. Номнуо үс күрэх буола оҕуста.

– Ити этиллэр күрэхтэһиилэри үбэ-харчыта суох ыытар кыаллыбата биллэр.

– Оннук. Федерация уопсастыбаннай холбоһук буоларынан, хантан да үбүлэммэт. Онон анал бырайыактарга кыттабыт. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата, физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтэ быйыл иккис төгүлүн ыытар бырайыактарын күрэхтэригэр кыттан кыайдыбыт диэххэ сөп. Бу бырайыак оҕону оххо сыһыарыыга туһуланар. Туспа бүддьүөтэ суох федерацияларга маннык хамсааһыннар эрэ улахан көмөнү оҥороллоро саарбаҕа суох. Бастатан туран, материальнай-тэхиньиичэскэй бааза хаҥыыр; иккиһинэн, көрүҥ сайдарыгар көмөтө улахан. Манна биһиэхэ Баһылай Манчаары аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи саха төрүт көрүҥнэрин киинэ төһүү күүс буолар.

– Оттон инвентарынан спортсменнар бэйэлэрэ хааччыналлар буоллаҕа?

– Биллэн турар, федерация кими даҕаны ох саанан хааччыйбат. Ох саанан ытыы хас биирдии киһи баҕа өттүнэн дьарыктанар, кыттар көрүҥэ буоларынан, инвентарьгын бэйэҥ хааччынарыҥ биллэр. Бэйэҥ талан ылбыт, булуммут оххунан сыыһа ытар, сыалгын таппат түгэҥҥэр, кими да буруйдуур да кыаҕыҥ суох. Аны туран, ох саанан ытыыга эн бэйэҕин кытта күрэхтэһэҕин. Бэйэҕин кыайдаххына – табыаҥ, таптаххына, биллэн турар, кыайыыга чугаһыаҥ. Федерация ол оннугар күрэхтэһии тэхиньиичэскэй өттүн хааччыйар: мишень, стрелоулавливатель, очко ааҕар табло, бириэмэ ааҕар табло о.д.а. Онон, бу диэн көрдөххө, төрүт оҕунан ытыы атын көрүҥнэртэн саамай «бүддьүөтүнэйдэрэ». Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биирдиилээн ох оҥорооччулар бааллар, тас дойдуттан эмиэ ылыныахха сөп.

– Виктор Анатольевич, эдэр федерация да быһыытынан, саамай тыын кыһалҕаҕыт тугуй?

– Мин ох саанан ытыы федерациятын 2022 сылтан салайабын. Үлэбэр төрүт ох саанан ытыыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Борис Борисович Олесовка күүскэ тирэнэбин. Сүрүн кыһалҕабытынан анал ытар саалабыт суоҕа буолар. Холобура, аҥаардас Дьокуускай куоракка төрүт оҕунан ытыынан дьарыктанар түөрт кулууп баар. Күн-түүн ытан көрүөн, спорт бу сонун, кэрэхсэбиллээх көрүҥүнэн дьарыктаныан баҕалаах элбии турар. Оттон анал ытар саалабыт суох.

Биһиги, охчуттар, баҕа санаабыт диэн төрүт оҕунан ытыыга анал киин тутуллара буоллар. Оччотугар бу төрүт көрүҥмүт күүскэ сайдыа этэ. Биһиги охчуттарбыт Арассыыйа, аан дойду таһымыгар кырата суох ситиһиилэрэ элбэх. Холобур, быйыл Казахстан Астана куоратыгар буолан ааспыт V-c Көс омуктар оонньууларыгар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар биһиги 2 охчуппут киирбитэ элбэҕи этэр. Аан дойду ааттаахтарын кытта эриэ-дэхси киирсиигэ Арассыыйа 3-с миэстэни ыларыгар төһүү буолбуттара. Горнайтан Ньургустаана Сидорова уонна Амматтан Егор Баранов бу оонньуулартан боруонса мэтээли кэтэн кэлбиттэрэ. Бу саха төрүт оонньууларыттан төрүт оҕунан ытыы историятыгар сүрдээх улахан ситиһии.

– Ити да иннинэ төрүт оҕунан ытыыга аан дойду таһымыгар тахсыы баар эбит дии. 

– Оннук. 2016 сыллаахха ыытыллыбыт II-c Оонньууларга Борис Олесов, Дьулустан Федоров кэргэттэриниин массыынанан айаннаан тиийэллэр. Бу күрэхтэһиигэ аҕыс бастыҥ миэстэ иһигэр киирэри ситиһэллэр. 2018 сыллааҕы III-с Оонньууларга Арассыыйа хамаандата үһүс миэстэни ыларыгар Саха сириттэн Намтан Афанасий Дьячковскай, Үөһээ Бүлүүттэн Виктор Елисеев, Мииринэйтэн Евдокия Петрова, Дьокуускайтан Борис Олесов, Галина Филиппова, Дьулустаан Федоров кыттыыны ылаллар. Бу Оонньууларга оҕунан ытыы түөрт көрүҥэр күрэхтэспиттэр: 40 уонна 45 м, 70 м, 145 м уонна онтон ырааҕы.

Манна 40 м ытыыга Мииринэйтэн Евдокия Петрова боруонса мэтээли ылары ситиһэр, 45 м ытыыга Үөһээ Бүлүүттэн Виктор Елисеев эмиэ боруонса мэтээли кэтэн, сахалар атын көс олохтоох омуктары кытта тэҥҥэ күрэстэһэр кыахтаахтарын бигэргэтэллэр.

Быйыл балаҕан ыйыгар V-с Аан дойдутааҕы көс омуктар оонньуулара буолан ааста. Эппитим курдук, Саха сириттэн Ньургустаана Сидорова (Горнай) уонна Егор Баранов (Амма) Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, бэртээхэй түмүгү көрдөрдүлэр.

Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар 10 охчут баар. Биһиги дьоммут квалификационнай ытыыларга көрдөрүүлэрэ үчүгэй буолан, түмүктүүр хамаанданан ытыынан киирдилэр. Уопсайа 16 хамаанда ытар.

Ол курдук, 30 м Сингапур, Узбекистан уонна Франция хамаандаларын биир-биир 3:0 ахсаанынан кыайан, С группаҕа бастыыллар. Салгыы күүстээх Монголия хамаандатын кыайаллар. Ол кэннэ финалга тахсар иһин ытыыга Австралия хамаандатыгар бэрт кыранан сабырыйтараннар, Испанияны кытта боруонса былдьаһыытыгар кыайыылаах тахсаллар.

Дьэ онон Сахабыт сирин төрүт оҕунан ытааччылара маннык ситиһиилэнэн кэлбиттэринэн киэн туттабыт.

– Спорт бу көрүҥүн кэнчээри ыччаппытыгар хайдах тарҕатыахпытын сөбүй?

– Азия норуоттара 90% бары төрүт охторун илдьэ сылдьаллар. Инникитин норуоттар икки ардыларынааҕы "Азия оҕолоро" оонньууларга төрүт оҕунан ытыы көрүҥ быһыытынан киириэ диэн баҕа санаалаахпын.

Биһиэхэ, Саха сиригэр, спорт бу көрүҥэ сайдарыгар уһуйаантан саҕалыахтаахпыт.  Саха оҕото ох саа диэни кыра эрдэҕиттэн илиитигэр тута, ыта үөрэниэхтээх. Саха төрүт оонньуулара хабылык, хаамыска, хапсаҕайдаһан тустуу, мас тардыһыы оскуола үөрэнэр саастаах оҕолорго эбии үөрэхтээһин быһыытынан киирэн дьарыктаналларын курдук, төрүт ох саанан ытыыны эмиэ кэнчээри ыччаппытыгар маннык быһыылаахтык сайыннарыах кэриҥнээхпит.

– Инники былааннартан кыратык сэгэттэххэ, туох сүрүн боппуруостарга тохтуугут?

– Былаан туһунан кэпсээри гыннахха, элбэх бөҕө буолан баран, былааны эрдэ сырдатыы куһаҕан дииллэр дии (күлэр - Аапт.). Билиҥҥи туругунан Калмыкия охчуттарын кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэриллэн турар. Саха сирин иһинэн атын да федерациялары кытта сибээһи тутабыт. Ол курдук, Саха сиринээҕи авто-мото спорт федерациятын кытта күүскэ үлэлэһэбит. Манна ити кыайбыт бырайыакпыт чэрчитинэн кинилэр полигоннарыгар эһиил оҕолорго анаан икки улахан күрэхтэһиини ыытары былаанныыбыт. Үөрэх тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэбит. Ордук чорботон Мархатааҕы орто оскуоланы этиэхпин баҕарабын. Дириэктэр Мария Николаевна Стручкова өйөбүлүнэн былырыын аан маҥнайгы оҕолор күрэхтэрэ ыытыллыбыта. Быйыл эмиэ ыытар санаалаахпыт. Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай колледжы кытта эмиэ ыкса үлэлиибит. Дириэктэр Михаил Григорьевичтыын кэккэ бырайыактары бэлэмнээн олоробут, сотору кэминэн олоххо киириэ диэн эрэнэбит.

Бу көрүҥ сайдарыгар бэйэлэрин үтүө санааларынан көмөлөрүн утары уунар дьоннордоохпут улахан тирэхпит буолар. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын бүтэрбиттэр түмсүүлэрин иһинэн 1985 сыллааҕы выпустар анаан төрүт оҕунан ытыыга бэйэлэрин истэригэр күрэхтэһии ыыппыттарын туһунан эһиги хаһыаккыт "Киин куорат" эмиэ сырдаппыта. Ону таһынан эмиэ 1985 сыллааҕы выпуск бэрэстэбиитэлэ Александр Наумов выпустар икки ардыларыгар быйыл иккис улахан күрэхтэһиини тэрийэн ыытта. Маннык бэйэлэрэ сэргээн-сэҥээрэн, норуокка элбэхтик тахсан, төрүт оонньуубут атаҕар турарыгар төһүү күүс буолар энтузиаст дьоннорбут сайдыыга тирэх буолаллара саарбаҕа суох.

Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи саха оонньуутун киинниир киин дириэктэрэ Геннадий Васильев буолан аттан ытыы көрүҥүн Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан таһаардыбыт. Бу көрүҥ сайдар кэскиллээх.  Дьон сэҥээриитин ыллаҕына, эһиилгиттэн күрэх быһыытынан киириэхтээх.

Дьэ итинник хабааннаахтык биир сиргэ тэпсэҥнии турбакка иннибит хоту хардыыттан хардыыга, инникигэ, сайдыыга дьулуһабыт.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла буоларынан бу ыйытыыны  тумнан ааспаппыт чуолкай. Виктор Анатольевич, аҕа быһыытынан оҕолоргун иитиигэ туохха болҕомто уураҕын?

– Бэйэм биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт киһи билигин биэс оҕоҕо аҕабын. Кырабыт биир эрэ ыйдаах.

Дьиэ кэргэн иһигэр билиҥҥи олох сиэринэн оҕолорум нууччалыы, сахалыы кэпсэтэллэр эрээри, бэйэм баарбар сахалыы кэпсэтэри уонна кэпсиири ирдиибин. Оҕолорбут бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар кэргэмминиин болҕомто уурабыт. Ону таһынан үбү-харчыны сөптөөхтүк туһаныыга эмиэ.

Дойдубутугар бары дьиэнэн балыктыы барарбыт саамай кэтэһиилээх кэмнэр этилэр.

Онон ийэлээх аҕа буоламмыт оҕолорбутугар ил-эйэ, доруобай, сайдыылаах   буолалларыгар күүспүтүн-кыахпытын, болҕомтобутун, тапталбытын аныыбыт.

– Виктор Анатольевич, саха төрүт оонньуута оҕунан ытыы өссө сайда турдун. Былаанныыр үлэлэргит олоххо киирдиннэр. Биһиэхэ билиһиннэрбиккэр махтанабыт.

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...