Вера Колпашникова: «Мин сахалыы эрэ таҥнабын — ону дьон үтүктүөн баҕарабын!»
Күннээҕи олоххо сахалыы эрэ таҥнар, оһуохайдаан көтүтэр, сиэри-туому тутуһан алгыһынан амалыйар айар куттаах, талба талааннаах, сахалыы ииһи сөргүтээччи, үйэтитээччи, СӨ култууратын туйгуна Вера Васильевна КОЛПАШНИКОВА – Орто Халыматтан төрүттээх, Нам улууһугар олохсуйбут кийиит, олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатын сүгэр Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ, намнар тумус туттар туруу үлэһит киһилэрэ.
– Мин Орто Халыма улууһун 2-с Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм Анна Васильевна Тырылгина, аҕам Василий Николаевич Слепцов диэн этилэр, 11 оҕолоох ыалга улааппытым. Бары ыал буолан, оҕо, сиэн төрөтөн тэнийбиппит, бука бары кыраттан саҕалаан дьаныарбытынан, суобастаах үлэбитинэн салайар үлэҕэ ситиһиилэммиппит – барыта төрөппүттэрбит үтүөлэринэн. Мин билиҥҥи олорор олоҕум дьоллооҕор бастаан махтанар дьонум – кинилэр.
Дьон миигин “куруук сахалыы таҥнар Далбар Хотун” диэн сэргии көрөрүн билэбин; уулуссаҕа сырыттахпына хаартыскаҕа түһэрэн тарҕаппыттара бассаапка бэйэбэр эргийэн кэлээччи. Онтон үөрэбин эрэ уонна үтүктэллэрэ буоллар, кинилэр эмиэ сахалыы таҥна сылдьар хайдах курдук күүс-сэниэ биэрэрин билиэхтэрин баҕарабын.
2017 сыллаахха Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгар Андрей Григорьевич Новгородовка сурук түһэрэн, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, муус устар төрдүс бэнидьиэнньигэр Саха таҥаһын күнүн аныахха диэн туруорсубуттаахпыт. Ону тута олоххо киллэрбиппит, ону тэҥэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр “Түмэр күүс” диэн улахан тэрээһини ыытар үгэһи олохтообуппут. Сахалыы таҥастаах дьон сэлэлии хаамыытын сомоҕолуубут, өбүгэ төрүт аһын пропагандалыыр уонна тарҕатар сыаллаах ас-үөл астыыбыт, быыстапка-дьаарбаҥка тэрийэбит, сахалыы сиэри-туому толоробут.
Саха Автономиятын туругурдар күн биһиэхэ, намнарга, чахчы барыбытын түмэр уонна сомоҕолуур суолталааҕын билинэбит.
"Сахалыы таҥнарбыттан харысхаллаах, көмүскэллээх курдук сананабын. Биллэн турар, сыаналаах таҥныы буолар. Ол эрэн мин биэнсийэбин, хамнаспын саха таҥаһыгар хаһан да кэрэйбэппин."
Уруу күнүттэн саҕалаан
– Сахалыы таҥаһы аан бастаан кэргэн тахсарбар кэппитим. Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх быраас Василий Семенович Колпашников Орто Халыма 2-с Мээтис нэһилиэгэр үлэлии тиийбитигэр билсибиппит. Холбоһорбутугар, сүбэлэһэн баран, сахалыы таҥастаах сыбаайбалаабыппыт. Оччолорго чахчы сонун уонна хорсун да быһыы эбит. Онтон ыла, итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ – сахалыы эрэ таҥнабын.
"Аҥаардас сонум ахсаана 11 эбит, онтон элбэх кэһиэччиктээхпин, былаачыйа, көстүүм арааһын ааҕа да барбаппын. Соннорум барыта бэйэлэригэр дьүөрэлии үтүлүктээх, суумкалаах, хаппардаах буолаллар."
Таҥаспын барытын Олоҥхо дьиэтин, администрация үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн баран, Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тиэйэн илдьэн көрдөрбүппүт. Дьон сүрдээҕин сэҥээрэр эбит. Оттон Нам улууһугар миигин үтүктэн наһаа элбэх киһи сахалыы таҥнар буолла. Манна иистэнэр, тарбаҕар талааннаах дьоммут олус элбэх. Бэйэлэрэ тиктэн, сахалыы таҥнан-симэнэн сылдьаллара көрөргө астык.
Ханнык да кэмҥэ сахалыы таҥаспын олус сөбүлүүбүн. Ханна да тиийдэрбин, Арассыыйа куората да буоллун, ханнык эрэ ыраах сытар улуус түгэх нэһилиэгэ да буоллун – сахалыы таҥнан сылдьабын. Күннээҕи таҥаһым барыта сахалыы – онно киһи кыбыстара суох, төттөрүтүн, киэн туттабын.
Таҥастарбын тиктэриэм иннинэ матырыйаалын барытын бэйэм сөбүлүү көрбүппүн булан атыылаһабын, наһаа өр толкуйдуубун, ол тухары матырыйаалларым кэтэһэн сыталлар. Эскиһин, моделын толкуйдаан баран, Нам иистэнньэҥнэригэр Наталья Нератоваҕа уонна Мария Федосееваҕа тиктэрэбин.
Мин маннык симэнэрим дьон болҕомтотун тардарга диэн буолбатах, саха култууратын пропагандалыыр, тарҕатар баҕаттан тахсар.
Таҥастарбар барсар өттүк симэҕин, киэргэлин, эбии аксессуардарын барытын бэйэм араас ньыманан тигэбин. Балык хабаҕыттан хаппар, кырадаһын, кыбытык о.д.а. ньымалары сатыыбын. Сиэлгэ, кылга эмиэ сыстаҕаспын. Барыны бары сатыырым төрөппүттэрбиттэн бэриллибит. Сахалыы иискэ чугас буоламмын маннык таҥнабын диибин.
Билигин түүлбэр киирбит сөрүөбүн бүтэрбиппиттэн астына сылдьабын. Арай тохсунньу 18 күнүгэр түһээн улахан сөрүөнү көрдүм. “Тоҕо хара сиэли туттубат буоллахтарай?” - дии санаат, уһуктан кэллим. Солом да суоҕуттан, улаханнык кыһаммакка сылдьыбытым. Онтон сааһыары Күннэй диэн дүҥүрдээх удаҕан Олоҥхо дьиэтигэр кэлэ сылдьан: “Эйиэхэ илдьит кэллэ, көрдөрбүт сөрүөлэрин быйыл бүтэриэххин наада,” – диэн соһуппута. Онно ситиибин хатан саҕалаабытым. Бириэмэм олох суох курдук. Онтон Сиэллээх Сиэгэйэ кэлэн: “Быйыл хайаан да бүтэрииһиккин, бүппэтэҕинэ охсуулаах буолуо,” – диэбитигэр, дьэ толкуйга түһэн, сэтинньигэ диэри уруһуйун таһааран, олохпун кэпсиир улахан сөрүө оҥорон, ахсынньыга бүтэрбитим. 16 сааспар үлэһит буолбуппунан 16 халлааннаах; 7-с оҕонон күн сирин көрбүппүнэн 7 оһуордаах; 11 бииргэ төрөөбүттээхпинэн 11 дьөһөгөй оҕотун өҥүн киллэрдим; 4 өттүттэн латыынныы V буукуба – бэйэм Вера Васильевнабын, кэргэним Василий, уолаттарым Валериан уонна Вениамин – түөрт өттүбүттэн араҥаччылыыллар. Биир өттүнэн эргиттэххэ “харах”, “өй” руна бэлиэлэрдээх. Көр, итинник, айар үлэ алыптаах уонна киһини бэйэтэ дьиктитик салайан биэрэр.
Саха Автономиятын 100 сылын тэрээһиннээхтик көрсөбүт
– Орто Халымаҕа 2-с Мээтис нэһилиэгэр 10 сыл “Кэскил” култуура киинигэр дириэктэрдээбитим, онтон Нам улууһугар кэлэн А.Ф. Шестаков аатынан Култуура киинигэр эмиэ 10 сыл дириэктэрдээбитим, салгыы бу П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин 2015 сыллаахтан салайабын. Онон өбүгэлэрим таҥаһын кэтэрим үлэбэр да көмөлөөх, бэйэм бэйэбэр үрдүк ирдэбили туруорарбар уонна ону толорон иһэрбэр даҕаны тирэх буолар.
Бастаан Култуура колледжыгар, онтон Улан-Удэҕа култуура институтугар үөрэммитим, аныгылыы менеджер идэтин ылбытым. Ол аата култуура эйгэтин менеджерэбин. Оргуйан олорор олохтоохпун. Тэтиммин ыһыктыбаппын. Култуура дьоно, биһиги, дьон туһугар, төрөөбүт дойду туһугар үлэлиибит.
Быйыл Саха Автономиятын 100 сылыгар анаан Нам сэлиэнньэтин дьоно өрө күүрүүлээхтик үлэлээн эрэбит. Максим Кирович Аммосов төрөөбүт дойдутун дьоно, киниттэн ураты атын да саха сайдыытын салайсыбыт ытык дьоммут ааттарынан киэн тутта, үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрин чаҕылхайдык, үрдүк таһымҥа уонна хаһан да умнуллубаттык ыытар былааммытын толоро сылдьабыт.
"Намнар бары уһулуччу патриоттарбыт, дойдуга бэриниилээх буолуу, саха саргытын түстээһин – бу биһиги ыччаппытыгар ийэ үүтүн кытта төрүөхтэриттэн иҥэрэр өйдөбүллэрбит."
Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын көрсө “100 ытык сиргэ сүгүрүйүү” диэн улахан тэрээһиннэри Нам улууһа ыыта сылдьар. Арассыыйаҕа Култуура нэһилиэстибэтин сыла биллэриллибитинэн, Ытык сирдэргэ тиийэн сүгүрүйэбит. Холобур, Сиэгэн Күөлгэ Чекистэр тумустарыгар, Ильмень күөлгэ, Чурапчы көһөрүүтүн ытык сиригэр, Ийэ скверигэр онтон да атын сүүрбэттэн тахса ытык сиргэ баран сиэр-туом толорон, сүгүрүйэн кэллибит. Оннук 100 сиргэ сылдьар соруктаахпыт. Манна Нам улууһун уонна Ленскэй нэһилиэгин дьаһалталарыгар махтаныах тустаахпын, көлөнөн, үбүнэн көмөлөһөллөрүгэр, саҕалааһыннарбытын өйөөн, үлэбитигэр тирэх буолалларыгар.
Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын быһаччы өйөбүлүнэн уонна Олоҥхо дьиэтин бырайыагынан “100 саастаах ытык маллар” быыстапкаларын Аҕа сүбэтин салайааччыта, Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Владимир Сыромятников сүрүннүүр. Манна үйэттэн ордук саастаах ытык маллары быыстапкалыыллар, историятын кэпсииллэр.
Нам улууһугар “100 балаҕаҥҥа – 100 олоҥхо истиитин” Егор Герасимович Охлопков-Буоратай 125 сылыгар анаан тэрийэ сылдьабыт. 11 балаҕаҥҥа сырыттыбыт, 6 олоҥхоһут олоҥхолоото. Манна ордук, үбүлүөйүнэн сибэстээн, Буоратай “Алантай Боотур” олоҥхотун толороллор. Маны тэҥэ Г.Г. Колесов “Ньургун Боотурун”, Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыырын” сөбүлээн толороллор. Хас олоҥхо ахсын ортотунан отуччалыы истээччи баар буолар.
“100 тымырдаайы – 100 уол оҕоҕо” аахсыйа оҥорон, маастар Е.Н. Окоемова маастар-кылааһынан саҕалаабыппыт. М.Н. Аманатова салайааччылаах “Дьөһөгөй” түмсүү, устудьуоннары үөрэтэр норуот маастара М.П. Рехлясова, туос уһуйаана В.Д. Баишева, Н.П. Корнилова салайааччылаах “Үһүс саас оскуолатын” кыттааччылара оҥордулар. 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа оскуоланы бүтэрэр уолаттарга туттардыбыт, “Түмэр күүс” тэрээһиннэригэр кыттыыны ыллылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2022 сылга биллэриллибит Ийэ сылыгар “Хос эбээ – Эбээ – Ийэ – Кыыс оҕо” уонна Ленскэй нэһилиэккэ быйыл биллэриллибит Аҕа сылынан “Хос эһээ – Эһээ – Аҕа – Уол оҕо” диэн бырайыагынан, былыргы өбүгэлэриттэн кэлбит ытык малларын ыаллар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэлэх ууналларын туһунан видеоматырыйааллары бэлэмнии сылдьабыт. Дьиэ кэргэн реликвията диэн омуктарга, сайдыылаах норуоттарга эрэ баар диэн өйдөбүл тутах, биһиги, сахалар, эмиэ оннук ытык малы киһиттэн киһиэхэ хаалларар, харыстаан илдьэ сылдьар үтүө үгэстээхпит.
Ааспыт сылга олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сыла этэ. Онно “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхону бөлөҕүнэн, дьиэ кэргэнинэн доргуччу ааҕыыны тэрийбиппит. Быйыл Егор Герасимович Охлопков-Буоратай 125 сааһынан кинигэни уларсан, дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны тэрийэ сылдьабыт.
Бу бырайыактар ааптардара буоларым быһыытынан, олоххо киириитигэр Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэригэр – биир дьиэ кэргэн курдук буолбут кэлэктииппэр, Ленскэй нэһилиэк баһылыга П.Г. Сокольниковка, Нам улууһун баһылыга Ю.И. Слепцовка, дойдум олохтоохторугар махтанабын.
Олоҥхо дьиэтигэр 23 түмсүү үлэлиир. Бары дьону түмэр дьоҕурдаах дьон салайаллар, үлэһиттэрбэр махталым муҥура суох – уус-уран салайааччы Т.А. Мегинаҕа, сүрүн методист О.Г. Колесоваҕа, фольклор исписэлииһэ В.В. Сыромятниковка, куруһуок салайааччыта Е.Н. Окоемоваҕа. Биир бастыҥ түмсүүбүт – “Хардыы” хаалыктаах хаамыы түмсүүтэ, К.И. Матвеева салайар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр 72 сааһын туолла, түгэнинэн туһанан, күндү киһибитин эҕэрдэлиибит.
Олоҥхо оҕону иитиигэ сүдү суолталаах
– Уһуйаан уонна оскуола оҕолорун кытта ыкса үлэлэһэбит. Сыл ахсын олоҥхо муннуктарын тэрийиигэ уонна олоҥхону толорууга күрэхтэри ыытабыт. Билиҥҥи оҕо үксэ нууччалыы чуопчаарар эбит буоллаҕына, олоҥхону нойосуус үөрэтии кинилэри саха тылыгар сыһыарар күүстээх.
"Мин бэйэм сиэннэрбэр: “Эбэҕит нууччалыы билбэт, сахалыы эрэ саҥарыҥ”, – диибин. Бу – мин ыччаппын ийэ тылыгар сыһыарар биир үлэм, ытык иэһим."
Уус-уран үлэ салайааччытыттан элбэх тутулуктаах буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олоҥхо тылын үөрэтэр буоллаҕына, саҥата сайдар, тыла байар, тыына уһуур диибин. Холобур, сыл аайы “Олоҥхо бэргэн тыла” диэн күрэхтээхпит, онно былыргы эргэрбит тыллары дьоҥҥо быһааран биэрэр үлэни ситимнээхтик ыытабыт.
Билиҥҥи төрөппүттэр наһаа нууччалыы саҥарар буоллулар. Ол иһин оҕолоро сахалыы саҥарыахтарын баҕарбат буола улааталлар. Олоҥхо дьиэлэрэ улуус аайы баар буолан эрэллэр. Кинилэр тэриллэр кэмнэрэ тирээн кэлбитэ, ол иһин. Саха ииһэ, ууһа, тимир уһаарытыыттан саҕалаан үөрэтиллэн, төрүт дьарыкпытын сөргүтэр кэммит кэллэ, маастардарбыт да элбээн иһэллэрэ ону көрдөрөр.
Бу биһиги итэҕэлгэ чугаһаабыппытыттан дии саныыбын. Холобур, Олоҥхо дьиэлэрэ ыйдааҕы сиэри-туому толоробут, алгыстары ыытабыт. Бар дьоҥҥо чугастык ыытар үлэбит көдьүүһэ көстөр, дьон тоҕуоруһар, сөбүлээн мустар, тардыһар киинэ буолабыт.
Манна даҕатан эттэххэ, Олоҥхо дьиэлэрэ баар буолбут улуустарыгар саха тыла уонна төрүт дьарык сүтүө суоҕа. Ол иһин Олоҥхо дьиэлэрэ тутулла илик улуустарыгар тутууну туруорсаллара буоллар, сайдыы барыа этэ диибин.
Эһиил “Эҥсиэли Оһуохайа” уопсастыбаннай түмсүү 10 сылын бэлиэтээри олоробут. Улууска бастыҥ түмсүүбүт. Сыллата оһуохайга күрэх ыытабыт. Дархан этээччи Валентин Хорунов – Дьэргэлгэн, үтүөлээх этээччилэр Т.И. Евсеева, М.Н. Пинигина, М.М. Бястинова, С.П. Алексеев, О.Н. Ядрихинская, В.Н. Сивцева уо. д. а. бааллар.
Быйыл Арассыыйаҕа “Култуура, искусство уонна креативнай индустрия (цифровой технологиялары киллэрэн туран) үөрэтэр уонна настаабынньыктыыр бырайыактарын” күрэҕэр Саха сирэ 18 граҥҥа тигистэ. Олор истэригэр биһиги саха норуотун былыргы мас иһитин-хомуһун сөргүтэр бырайыакпытынан бастаатыбыт