22.02.2022 | 18:45

Василий Васильев: «Аармыйаҕа саха буолла да — талааннаах»

Василий Васильев:  «Аармыйаҕа саха буолла да — талааннаах»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Аан бастаан сыанаҕа тахсыы умнуллубат. "Түүҥҥү уоттаах Дьокуускай" ырыаны толоруохтаах 7-с кылаас уолчаана, кыбыстан бөгдьөччү туттан, ону кытта баттаҕын өрө-таҥнары мускуна иһэн, эмискэ били умса туттубут төбөтүнэн туох эрэ уһугар саайылынна... "Лыык" курдук мустубут саала дьонун күргүөмнээх күлүүтэ өрө хабылла түстэ... 
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – эр киһи кылааннааҕа, аҕыс кырыылааҕа, элбэх оҕолоох ыал аҕата, эһэтэ Василий Лукич Васильев.

– Василий Лукич, саха сатаабатаҕа суох диэн этии баар. Холобура, сыанаҕа аан бастаан соҕотоҕун ыллыы тахсыыҥ эмиэ үгүстэн биир сатабылгын сытыылааһын буолуо.

– Дьэ, манна бастаан баҕа баар буолуон наада. Онтон кыһаллан оҥордоҕуна-туттаҕына, сатаммакка ханна барыай? Онон ити саха сатаабатаҕа суох диэн этии оруннаах. Өбүгэ саҕаттан өлбөт-сүппэт туһугар тыйыс айылҕалыын туруулаһан, кэтэспит кэрэ сааспытыгар, самаан сайыммытыгар үктэнэр туһугар охсуһан, сатаабаты да сатыырга күһэллэр буоллахпыт. Аны ол сайыммытыгар тиийэн бокуойа суох тыйыс кыһыммытын туоруурга үлэ-хамнас. Онон хааммытыгар үрдүгү, үтүөнү өйдүүр, ыараханы туоруу үөрүйэх, мындыр, күүстээх санаа олоҕуран хаалбыт курдук. Ол ордук аармыйаҕа биллээччи. Саха буолла да, сатабыллаах, талааннаах буолара. Атын омуктартан таһыччы көстөрө.

– Киһи бэйэтигэр баар кыаҕын, талаанын хайдах билэрий?

– Тугу бэйэҕэр чугастык ылынарыҥ, сөбүлүүрүҥ, дьиктиргиириҥ, баҕарарыҥ – ол эн ис эйгэҕэр баар. Ону таба өйдөөн, холонон көрөр түгэҥҥиттэн ылар иэйииҥ, астыныыҥ – бу эн ис кыаҕыҥ, талааныҥ.

– Уруһуйдарыҥ бу хамсаан барыахтыы киһи хараҕар хатаналлар. Хаһааҥҥыттан уруһуйдуугун?

– Бастаан оскуолаҕа уруучуканан, харандааһынан уруһуйдуур этим. Үксүн сэриини эҥин. Үрдүкү кылаастарга оҕолор ырыанньыктарын, аармыйаҕа доҕотторум дембельскэй альбомнарын итэҕэйэн киэргэттэрэр этилэр. Маслонан уруһуйга 90-с сыллартан сыстыбытым. Боотулуу драмтыйаатырынан гостуруолга Бүлүүгэ барбыттаахпыт. Онно Бүлүү тыйаатырын худуоһунньуга Романов Павел диэн киһи уруһуйдуохпун баҕарарбын истэн, алгыс курдук, сэттэ устуука киистэни бэлэхтээбитэ. Дьэ, онтон ыла уруһуйдаан барбытым. Элбэҕи уруһуйдаатаҕым буолуо. Саха сирин араас муннуктарыгар баар буолуохтаахтар. Үлэҥ табылыннаҕына, настырыанньаҥ көтөҕүллэр, кыайбыт-хоппут киһи курдук сылдьаҕын. Оннук дьикти дуоһуйууга киирэҕин. Манна да ыалларга хартыыналарым турбуттара ыраатта. Дэҥҥэ көрдөххө, кырдьыбат курдуктар. Сорохторо 20-чэ да сыл буоллахтара.

– Анаан сакаастыыр дьон баар дуу?

– Оннук түгэннэр бааллар. История кэрэһитэ да курдук буолан хаалаллар эбит. Холобура, Иван Степанович Боескоров үлэҕинэн Муоһааныга Тиит Арыы аннынан ыйдаҥаҕа биэс куба түһэн эрэрин уруһуйдаабытым. Билигин Тиит Арыы барахсан хонууга олорор. Эбэбит толору уулаах кэмин ол хартыына көрдөрө турдаҕа.

– Олоххо буолбут түгэни үйэтитэр уруһуйуҥ элбэх эбит.

– Оннук быһыылаах. Седалищев Василий диэн Зырянкаҕа быраас киһи уоппускатыгар киистии барбыта, балоктарын кинилэр иннилэринэ киһини сиэбит шатун эһэ булбут. Хата, Яхонтов диэн тоҥус бэрдэ баар буолан, таһырдьа ойон тахсан саа ылан ытыалаан быыһаабытын туһунан түгэни эмиэ уруһуйдаан турабын. Ити хартыына туһунан кэпсээммин телевидениенэн көрдөрбүттэрэ.

– Маслонан уруһуйу киһи эрэ бары ылсыбата буолуо дуу?

– Маслонан уруһуй олус киэҥ, элбэх үлэлээх, түгэҕэ көстүбэт дириҥ далай эйгэ. Үйэлэр тухары араас улуу худуоһунньук онтон арааһы сомсон, дьону-сэргэни кэрэхсэтэн, сөхтөрөн кэллэхтэрэ. Ол улуу муора кытыытынааҕы ууга чалбааттанан, чалымнатан ыларыҥ даҕаны миэхэ дьол. Биирдэ быыстапкаҕа Нерюнгриттан сылдьар уруһуйга сыһыаннаах педагог киһи "хайа да балаһыанньаҕа уруһуйдуургун эрэ быраҕымаар" диэбитин күөн туттан, уҥа харахпын оһоллоон, икки эпэрээссийэ кэнниттэн мөлтөөбүтүн да иһин, бырахпат буола сатыыбын. Көр, үтүө дьон тыла оннук күүстээх буолар эбит.

– Боотулууга ыалга киирдэххэ, холодильниктарыгар ураты оҥоһуулаах магнитиктарга киһи эрэ хараҕа хатанар ээ. Ону бэйэбит худуоһунньуктаахпыт диэн ааттыыллар.

– Мастан киһи ытыһын иһигэр оҥоһуллар сувенирдары оҥорор этим – лыах, чыычаах, балык эҥин. Кэлин түөскэ анньынар лыахтары оҥорор буолбутум. Уруһуйтан аралдьыйа таарыйа диэн этэ даҕаны, тардан ылан, биир кэмҥэ онон эрэ дьарыгыра сылдьыбыттааҕым. Кыра харчыга сүрдээҕин сэҥээрэн, үөрэн-көтөн ылар буоланнар, элбэҕи оҥорбутум. Уончалыыны, уонтан тахсалыыны ылар дьон баара. Пандемия буолбатаҕа буоллар, билиҥҥэ да диэри оҥоруо эбиппин. Инньэ омук сирдэригэр тиийэ баран тураллар. Саныахха үчүгэй.

Ону сэргэ кыра мас хартыыналары оҥортуу сылдьыбытым. Куонкуруска бастаан турабын. Кээмэйэ дьоҕус буолан, бадьыыстаах этэ. Мастан кыһан оҥорон баран кырааскалыыгын, килиэйдиигин. Биирдэ Саха тыйаатырын үлэһиттэрэ ылан тураллар. Биирдэригэр – лыах, биирдэригэр туллук түбэспит этэ. Онно: "Оҕо сааспытын эргитэн аҕалан бэлэхтээтиҥ", - диэн айар дьон барахсаттар олус кэрэтик этэн тураллар. Биир тылынан эттэххэ, сувенирдар эмиэ туһунан тыыннаахтар. Дьон эмиэ үөрэр-көтөр, дьиктиргиир, кэрэхсиир.

– Дьэ, айылҕа барахсан талаан өттүнэн маанылаабыт киһитэҕин. Музыкальнай инструменнарга оонньуургун, ырыа айаргын эмиэ билэбин.

– Үрдүкү кылааска сылдьан баяҥҥа оонньуохпун олус баҕаран, полубаян диэни ылларбытым эрээри, сатаабатаҕым. Тарбаҕым хамсыы охсон биэрбэккэ, биир-икки эрэ ырыаны таһаарар буолтум. Хата, бэйэм бытаан матыыбы айарга холонор буолбутум. Тылын эмиэ бэйэм айаммын. Онтон тутуу киһитэ тарбаҕым букатын да мастыйан, баяным алдьанан, олох да хаалбыта. Кэлин эргэ баян булан, хаттаан оонньоон, ырыа эҥин айар буолтум. "Чолбон" уолаттарын көмөлөрүнэн Буучугураска анаммыт "Туруйалар" диэн ырыалаахпын. Онон видеоролик тахсыбыта. Биир табаарыһым Иван Иванов-Нуолур көмөтүнэн араадьыйаҕа киирбит "Сааһырыы" диэн ырыалаахпын. Ольга Васильевна Григорьева, Николай Николаевич Тихоновтар сырдык кэриэстэригэр "Сүрэхтэн да, өйтөн да сүппэт" ырыабын Саха тыйаатырын үрдүк сыанатыттан бэйэм баяннаан ыллаан турабын. Бу сайдыы үйэтигэр ол биирдэ ыллаабытын эмиэ кэпсиир эбит дуу диэхтэрин сөп эрээри, тыа киһитигэр умнуллубат түгэн буоллаҕа. Ону ааһан бэйэм олус сөбүлүүр, түргэн баҕайытык тахсыбыт ырыам. Бу ырыа хос ырыатын тыллара ытыктыыр дьонум сквердэригэр суруллан турар. Уонна табаарыстарым мелодист Иван Иванов-Нуолур, учуутал Анатолий Иванов  Аркадий Алексеев "Мутукчам сыта" ырыатыгар оҥорбут клиптара айар киһиэхэ күндү бэлэх. Бу маннык доҕоттордоохпуттан үөрэбин.

Онон уопсайа сүүрбэччэ ырыалаахпын.

– Олоҥхо – саха литературатын чыпчаала. Эн тус санааларыҥ?

– Дьэ, олоҥхо диэҥҥэ хайа да өттүнэн кэлэ да, дьөрү таарыйа да иликпин диэххэ наада. Ити "Хапсаҕай халбас харата" диэн хоһоон-номох диэн ааттыыр айымньыбын олоҥхо быһыытынан ылынан, кинигэҕэ киллэрэ сатыылларын буолуммаппын. Олоҥхоһут буолбатах аата хайдах олоҥхо кинигэтигэр киириэхпиний. Ити айымньыны бэйэм Саха тыйаатырыгар олоҥхо күрэҕэр ааҕан турабын. Ортотугар буккуллан бырабааллаан тахсыбытым эрээри, «Киин куорат”, “Якутск вечерний” хаһыаттарга бастыҥ олоҥхоһут быһыытынан бэлиэтээн тураллар. Онно дьүүллүүр сүбэ “бу олоҥхо буолбатах” диэн эппитэ. Оннук. Сөбүлэһэбин. Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий Власов эмиэ бэйэбэр этэн турар. Олоҥхо диэн бэйэтэ каноннардаах, үс дойдулаах, абааһылардаах, бухатыырдардаах, кыраһыабай дьахталлардаах, чэ, быһата, араас персонажтаах, куйаар курдук киэҥ буоллаҕа. "Хапсаҕай халбас харата", кырдьык, олоҥхолуу соҕус ааҕыллар. Бэйэм олус астынар, киэн туттар айымньым. Бастакы тыллара отоннуу сырыттахпына киирбиттэрэ. Онон аан ийэ айылҕам бэлэҕинэн ааҕабын. Нэһилиэгим баһылыга Александр Семенович Поскачин болҕомто ууран, кини көмөтүнэн кыра кинигэ буолан тахсарыгар үлэ бара сылдьар.

– 90-с сылларга олохтоох телевидение муҥутуур сайдыбыт кэмнэрэ этэ. Боотулуу иһинэн бэрт сэргэх биэриилэр бааллара.

– Оннук. Василий Спиридонович Спиридонов бэрт үчүгэйдик үлэлээбитэ. Онтон кини олохтон барбытын кэннэ кыыһа салҕаабыта. Аҕата Баһылай элбэх устуулаах этэ, ол билигин нэһилиэк летопиһын да курдук буолуон сөп. Мин ити кэмҥэ, аралдьыйаары, кэм туох эрэ туһалаах да курдук буолаары, онно сыстыбыттаахпын. Кыра кассеталаах камерабынан ону-маны устан, бээтинсэҕэ көрдөрөрбүт. Аан дойду, өрөспүүбүлүкэ, нэһилиэк  сонуннарыттан, тэлэбиисэртэн, хаһыаттартан эҥин талан кэпсиирбит. Ыалдьыттары ыҥыран кэпсэтэрбит. Бэйэтэ эмиэ киһини умсугутар дьарык этэ. Кэнники көннөрү устар эрэ буолбутум. Дойдубут биллэр дьонуттан интервьюлары ылбыттаахпын – Дапсыттан, норуодунай поэт Василий Сивцевтан, оһуохайдьыт Роман Ивановтан. Ити устуулар дьон көмөтүнэн ютубка киирэн, үйэтитиллэн тураллар. Нэһилиэк ытык-мааны дьонун Прокопий Федотовы, Мавра Москарованы, Мария Ксенофонтованы устуулар бааллара. Араас муҥха, андылааһын, үлэ-хамнас түгэннэрэ эмиэ.

– Барыта үлэ быыһыгар, этэргэ дылы, сүрэх баҕатынан дьарыктар диэтэххэ, киһи сөҕүөн сөҕөр. Василий Лукич, аны өссө биир дьарыккар киириэххэ. Бэйэҥ «айымньым» диэн ааттыыр дьарыккар?

– Дьэ ол чахчы тус бэйэм айымньым. Дьиэбиттэн чугас икки гаа курдук иэннээх дулҕалаах маары оттуур алаас оҥордум. Дулҕатын тэлэччи астаран биэрбиттэрин, эрэһиинэ салаасканан таһан бугуллаан, онтон шассинан тиэйтэрэн, ноһуом таһан тарҕатан, сааскы ууга булкуйан, ыһан, уоҕурдан, күрүөлээн, дьарык оҥостубутум биэс-хас сыл буолла. Уоҕурдуу күүһүнэн отун хаачыстыбата да уларыйан иһэр. Дьон-сэргэ сир-дойду уларыйарын көрөн сөҕөрө эмиэ туһунан үөрүү. Былырыын икки оту ылан оттук маска атастаспытым. Быйыл түөрт от баар. Сыл аайы туох эрэ саҥаны дьарык оҥосторбун сөбүүлүүбүн. Эдэр дьоҥҥо сыл аайы маннык «аала сырыттахха» киһи сөҕөр үлэтэ тахсар диэн көрдөрө сатыыбын. Туох барыта үлэттэн тахсар.

– Боотулуу норуодунай тыйаатырын туһунан кэпсээ эрэ.

– Боотулууга норуот тыйаатыра баар буола сылдьыбыта мин олохпор биир ураты кэрчик. Айар эйгэни миэхэ бу тыйаатыр арыйдаҕа дии. Ол иннинэ көннөрү бырааһынньыктарга ыллыыр эрэ этим. 1990 сылтан Ольга  Васильевна Григорьева, Николай Николаевич Тихонов кэлиэхтэриттэн нэһилиэк култуурунай олоҕо олус да өрө көтөҕүллүбүтэ. Онтон норуодунай тыйаатыр аатын ылан, олох даҕаны артыыстар аатыран, кэрэ кэмнэр кэлэн ааспыттар. Дэриэбинэ барыта биир тыйаатыр курдук буолбута. Түөрт уонтан тахса киһилээх бөдөҥ кэлэктиип. Ону таһынан иистэнньэҥ, араас тэриллэри булааччы, көмөлөһөөччү. Тыйаатырга кыттыһар хайа баҕарар киһиэхэ чиэс-бочуот этэ. Олох ыарыы турар кэмигэр араас сирдэринэн гостуруоллаан, оонньоон, олохпутун чэпчэтэрбит. Сылдьыбыт сирбит аайы сөҕүү-махтайыы, эҕэрдэлээһин. Ханна да тиий, саала иһэ толору. Сезоҥҥа булгуччу икки улахан испэктээги туруорабыт. Түүн 12-1 чааска диэри эрэпэтииссийэ. Ким да "сылайдым, алыс уһаатыбыт" диэбэт. Хата, “миэнэ аҕыйах тыллаах” диэн астымматахтар баар буолааччылар. Оонньуубутун кулуупка дьон баппакка, көрүдүөртэн көрө сатааччылар. Билигин сымыйанан кэпсиир курдук. Дэлэҕэ Ньурба ыччаттара “хайдах маннык нэһилиэк баар буолуой?” диэхтэрэ дуо?! Онон бу улахан дьон искусство кэрэ эйгэтэ дэриэбинэҕэ да баар буолуохтааҕын дакаастаан тураллар.

– Тыйаатыр көрүдьүөстэриттэн санаан ылыахха.

– Араас түгэн элбэх буолара. Далан "Үрэх баһын үһүйээннэрэ" диэн айымньытынан мин аан бастаан оонньообут испэктээкилбэр буолбута. Булчуттар олорор үүтээннэрэ миэтэрэни эрэ кыайбат үрдүк. Декорация, атрибутика барыта хос муосталарга турар стойкаларга иилиллэр. Номох буоларын быһыытынан, балаҕан үрдүнэн маарыла былыт ыйанар. Үүтээн иһигэр  ороннор, остуол, көмүлүөк оһох бааллар. Утуйуу буолбутугар сөкүүндэ курдукка уот барар. Сырдаатын кытта утуйа сытар уол үрдүгэр Байанай кыыһа баар буола түһэр уонна уолга тугу эрэ саҥарар. Холобур, уол түһүүрэ көстөр. Испэктээги Степан Тимофеевич Боескоров сиэр-туом, номох туһунан кэпсээн арыйар. Эрэпэтииссийэни өрүү саалаттан көрөр. Ол олорон кыыс хантан баар буола охсорун дьиктиргиир. Уонна, сынньалаҥ кэмигэр хантан, хайдах баар буола охсорун чинчийэ сылдьан, ол үөһээ муостаны сыыһа үктээн, атаҕын тосту түһэр. Сотору Ньурбаҕа барыахтаахпыт. Арыый ама буолан, гиипсэнэн сылдьан, төһө эмэ кэлин оспутун кэннэ барыахха диэбиттэрин үрдүнэн, «баччаҕа тиийиэхпит диэн дьону эрэннэрэн баран» диэн икки баттыктаах барсар буолбута. Былыргы нэксиэлээх суолга саастаах киһи төһө эрэ эрэйдэннэ. Ньурбаҕа оҕонньорбутун сыанаҕа эмиэ уоту ылан баран көрүөх бэтэрээ өттүгэр көтөҕөн киллэрэн, балаҕан анныгар өттүктүү сытыаран кэбиһэбит. Кэпсээн бүттэ да, эмиэ хараҥаны туһанан таһааран кэбиһэбит. Дьэ оннук бэриниилээх артыыстардаах этибит. Даҕатан эттэххэ, ити Степан Тимофеевич Ытык мааны кырдьаҕаспыт Улуу Ньыыкан туһунан үс кинигэни суруйан хаалларбыт үтүөлээх.

– Үрэх баһыгар норуодунай тыйаатырга тиийэ үүнүү, чахчы да, норуот билиниитин түмүгэ буоллаҕа.

– Оннук буоллаҕа. Быйыл Эргэ Саҥа дьылга түөлбэлэринэн остуоруйата туруоруҥ диэбиттэригэр бары баҕаран туран кыттыбыттарынан, элбэх саҥа талааннар тахсыбыттарынан көрдөххө, Ольга Васильевна, Николай Николаевич барахсаттар нэһилиэккэ тыйаатыр тыынын дириҥник иҥэрбиттэр, тыйаатыр сүтүө суох диэн санаа үөскүүр. Тыйаатыры төрүттээбит дьоммут сквердэрэ сайын араас сибэккинэн симэнэн, кыһын күрдьүллэн, харбанан, сиппиллэн, сырдыкка угуйа туруохтара диэн эрэнэ саныыбын.

– Василий Лукич, дьоҕур утумун туһунан санааҕын үллэһиннэргин?

– Талаан диэн хааҥҥар, санааҕар, дууһаҕар хантан эрэ кэлсэн хаалбыты этэллэр быһыылаах. Улаханнык үөрэнэ сатаабакка да сатыыр буоларыҥ. Ол аата утумнааһын биир көрүҥэ буоллаҕа. Былыр, сэбиэскэй саҕана, биир да кылааһы бүтэрбэтэх буолан баран тыраахтары олорчу ыһан, өрөмүөннээн баран, хомуйан сүүрдэр, 7-8 кылааһынан оскуоланы быраҕан баран, холодильниктары, тэлэбиисэрдэри үрдүк үөрэхтээх дьоҥҥо оҥорон биэрэр дьон баар буолааччылар. Сэрии иннинэ, кэннинэ да үөрэҕэ суох сүдү, дьону түмэр салайааччылар бааллара. Дьэ оннук эҥин араас талаан дьоҥҥо удьуордарыттан бэриллэн олох салҕанан истэҕэ. Былыр космонавт, учуонай, саахыматчыт, компьютерщик идэлэрэ суох буолан, көннөрү отчут-масчыт буолан олорон аастахтара. Ыллыыр, уруһуйдуур талааны мин өссө оннук уһулуччу наадалаах дии санаабаппын. Билигин аппаратура да көмөтүнэн ырыа-тойук элбэх. Оттон техникаҕа сыстаҕас талааннаах киһи бэйэтигэр да, дьоҥҥо-сэргэҕэ да туһата сүҥкэн. Ол эрэн үчүгэй ырыа, муусука, таансы, поэзия, уруһуй, кэрэ оҥоһук да курдук үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар үрдүк иэйии киһи аймах баарыттан үрдүктүк тутуллар.

– Сөбүлэһимиэххэ сатаммат. Түмүккэ бэйэҥ тус олоҕуҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар билсиһиннэриэххэ.

– Оноҕоччут түбэтиттэн Мандаах аҕатын ууһуттан Федотовтартан төрүттээх-уустаах киһибин. 1956 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр төрөөбүппүн. Ол эрэн иитиллибиппинэн ийэм Николаева Лиза, аҕам Васильев Лука диэн этилэр. Ийэм дьиэ хаһаайката, аҕам биһиги дойдуга бэрт эриэккэс, дэҥҥэ баар табаһыт идэлээх этэ.

Кэргэним 47 сыл устата физика учууталынан үлэлээн кэллэ. Төһөлөөх оҕону үөрэппитин айбыт таҥара билэн эрдэҕэ. Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара. Түөрт оҕолоохпут. Биэс сиэннээхпит.

– Аныгы үйэҕэ эр киһи бэйэтин ис кыаҕын ситэри туһаммакка хаалара олоххо баар көстүү. Манна эн тус санааҥ?

– Эр киһи тахсыбакка, көстүбэккэ хаалара элбэх буоллаҕа. Айылҕатынан даҕаны аһары эмоциональнай буолбат. Сорох киһи олох да биллибэт-көстүбэт буола сатыыр. Сороҕу арыгы мэһэйдиир. Оттон сорох киһи талаанын туора киһи таһаарар. Улуу Утесов олох куолаһа суоҕа эбитэ үһү. Ол киһи бүтүн Сэбиэскэй сойуус дьонун сүрэхтэрин сүүйбүтэ. Бэйэбитин ыллахха, холобура, Ольга Васильевна икки Николай Николаевич түөрт уонтан тахса киһини драмаҕа оонньуур гына үөрэтэн, иитэн, уһуйан таһаардахтара дии. Киһи хаһан да оонньуо диэн түһээн да баттаппатах киһитэ Махсыымап Баһылай саамай бастыҥ артыыспыт буолбута. Ол аата туораттан үтүө дьон көмөтүнэн тахсыахха сөп эбит.

Онон сыаналаатахха, киһиэхэ үксүгэр талаан баар быһыылаах. Ол тахсара-тахсыбата киһиттэн бэйэтиттэн эмиэ тутулуктаах.

 

Саха кэрэни кэрэхсиир, сырдыгы сыдьаайар дьонунан олорор. Василий Лукичка кэпсээнин иһин махтанабыт. Айар эйгэҥ эгэлгэтин өссө киэҥник дьоҥҥор-сэргэҕэр бэлэхтии, таһаара тур диэн баҕара хаалабыт.

Сахаҕа эн курдук дэгиттэр дьоҕурдаах, талба талааннаах дьон үксүү турдар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...