Василий Неустроев: «Илии-атах буолар дьон наада»
Соторутааҕыта биир дьүөгэм: “Наташа, ити СВОну суруйан бүтүөҥ этэ, тохтоо”, - диэбитэ. Онуоха: “Тоҕо, мин буолбатаҕына, ким?” - диэн эппиэттээбитим. Дьиҥэр, ким баҕарар суруйуон сөп даҕаны, хайдах эрэ, саҕалаабычча саҕалаан, суруйан, билигин бу тиэмэҕэ ылсан баран тохтоон хааларым, сырдаппатым сатаммат курдук.
Ыраах сытар Өлүөхүмэ улууһун Киндигир национальнай нэһилиэгин баһылыга (Куду Күөл сэлиэнньэтэ) Василий Петрович Неустроев бу кыһын Украина сиригэр-уотугар баран волонтердаабытын туһунан, сибээспит мөлтөх буолан, ый аҥаарын быһа, сүтэрсэ-сүтэрсэ булсан, бу саҥардыы нэһиилэ кэпсэттибит.
Кинилэр киинтэн ыраах сыталлар, ол курдук кыһыҥҥы суолунан 240 км айан, сайынын мотуорунан эрэ сылдьаллар, 180 килэмиэтири Өлүөхүмэттэн Олоохуна өрүһүнэн өрө усталлар. Онон ыарахан айаннаах-сырыылаах нэһилиэк ахсааныгар киирэр.
***
Оройуонум салалтата былырыын, ахсынньы ыйга, барыаҥ этэ дуо диэн ыйыппыта. Тута сөбүлэспитим. Онтон тохсунньу 17 күнүгэр Өлүөхүмэ волонтерскай штабын волонтера Алексей Александрович Митюковтыын Дьокуускай-Москва-Ростов-на-Дону айаннаан тиийбиппит. Билигин биһиги сылдьыахпытыттан икки ыйтан ордук кэм ааста, ол да буоллар син тугу көрбүппүтүн-билбиппитин кэпсиэм.
Ити курдук айаннаан Ростовка тиийээт, баһыылкаларбытын бэрийбиппит. Дьокуускайтан оройуоммут администрациятын УАЗ-патриот массыыната гуманитарканы илдьэ эрдэ айаннаабыта, ону таһынан биһиги 205 киилэ таһаҕаһы бэйэбит илдьэ барбыппыт. “Якутия” авиахампаанньа биһиги көрдөһүүбүтүгэр утары баран, босхо илдьибитэ.
Дьэ, баһыылкалары наардааһын баар эбит, алдьархайдаах үлэ. Икки күнү быһа бэрийдибит. Анал аадырыстаахтар эҥин бааллар. Ханна сылдьалларынан, дэриэбинэлэринэн, байыаннай чааһынан, уопсай гуманитарнай көмөнү барытын ахсаанынан хас биирдии киһиэхэ тиийэр гына түҥэппиппит.
Анал куратор биэрэллэр. Кини биһигини иилиир-саҕалыыр, ыйан-кэрдэн биэрэр, база булан тэрийэн, кыраныыссаны хайдах туоруулларын эҥин кэпсиир. Дьэ ол курдук, барытын наардаан, араартаан баран үһүс күммүтүгэр сарсыарда 4 чааска Ростовтан айаннаабыппыт, алта аҥаарга КПП туораабыппыт. Уочараттаах, кураторбыт корочкалаах эҥин буолан быһалыы киирэн, гуманитарнай таһаҕастаахтары тута аһардаллар эбит, Новоазовск бөһүөлэккэ тиийбиппит.
Уолаттарбытын булаттаан барытын түҥэтэлээн, тиэрдэн биэрбиппит. Павловкаҕа, Новоандреевкаҕа, Донецкай уобаласка уонна Запорожскайга сылдьыбыппыт. Передовойга сылдьааччыларга бэйэбит уолаттарбыт, өлүөхүмэлэр, тиэрдиэхпит диэн ылбыттара. Онтон төттөрү Ростовка кэлэн, Өлүөхүмэттэн барбыт массыынабытын, УАЗпытын, өрөмүөҥҥэ туттарбыппыт. Ол кэмҥэ түөрт күн устата байыаннай госпитальга көмөлөспүппүт. Вера Петровна Душкевичтыын хас да күн үлэлээбиппит. Бааһырбыттары таһан, саҥа киирбиттэргэ гуманитарка биэрэн, кинилэр сайаапкаларынан сүүрэбит. Барытыгар Вера Петровналыын сылдьыбыппыт, киһи саллар элбэх үлэлээх эбит. Хайдах тулуйан сылдьарын сөҕөҕүн эрэ. Госпитальтан госпитальга айан, сүүрүү-көтүү, төттөрү-таары кэлии-барыы. Чахчы кытаанах майгылаах, үтүө дууһалаах буолан сырыттаҕа.
Массыынабытын өрөмүөнтэн ылан баран уолаттарбыт сакаастарын хомуйбуппутт, дойдуларыттан эмиэ эрийэллэр, ону атыылаһан эҥин аны Запорожскайга, ДНР, ЛНР диэки сылдьыбыппыт. Биир сиргэ өр буолбаккын, көһө сылдьаҕын, диверсаннар эҥин бааллар диэн. Дойдубутугар төннүөхтээх этибит да, кураторбыт өссө хаалан күүс-көмө буолуҥ диэн көрдөһөн, салалтабыт көҥүллээн, салгыы хаалбыппыт.
Миигин Заболоцкай Сулустааҥҥа сыһыарбыттара, бэйэбит үлэбитин бүтэрэн, аны Саха сириттэн кэлэр гуманитарканы таһабыт, ол курдук уонча хонук сылдьыбыппыт.
Дэриэбинэ бөҕөтүн кэрийбиппит, бастакы, иккис линияҕа эрэ сылдьабыт, передовойга чугаһаппаттар.
***
ДНР, ЛНР өттө үчүгэй, киэһэ хараҥардаҕына коменданскай чаас саҕаланар, мээнэ уулуссаҕа сылдьыбаттар, диверсаннар элбэхтэр диэбиттэрэ. Биһиги биирдэ бастакы рейспитигэр тахсан бараммыт иккис күммүтүгэр Каменка диэн бөһүөлэккэ уолаттарга баһыылка туттаран тахсан иһэн суолбутун бутуйан атын сиринэн баран хаалбыппыт. “Глушилкалар” диэн бааллар, төлөпүөнү, сибээһи суох оҥорон кэбиһэллэр. Онон туох да үлэлээбэт буолар, интэриниэт суох, навигатор харан баран турар. Ол баран истэхпитинэ мас эрбии сылдьар киһи баар этэ. Мариуополь ханан баарый диэн ыйыппыппыт, соруйан сыыһа ыйбыт этэ. Олох нейтральнай зонанан сүүрдэ сылдьар эбиппит. Арассыыйа да, Украина да сирдэрэ буолбатах. Суола да элбэҕэ, киһи эрэ мунуох курдук. Аны төннүөхпүтүн бензиммит кырыымчык. Биир суол баара, миинэ баара буолуо диэн куттанныбыт да, төннөр-хайыыр кыахпыт суох, онон уруулбутун утары салайан кэбистибит. Ол курдук 3-4 чааһы быһа муна сылдьыбыппыт. Сөпкө дуу, сыыһа дуу барарбыт биллибэт, хата, трассаҕа тахсан кэлбиппитигэр сибээспит тиийэн кэлбитэ. Пологи диэн куоракка өлүөхүмэлэрбит кэтэһэн тураллар эбит, ол передовой таһа, дьолго, этэҥҥэ кэлбиппит. Сөпкө айаннаабыппыт эбит, украинскай позицияҕа 7 хас килэмиэтири тиийбэккэ туораабыт этибит. Утары бара турбуппут буоллар оруобуна “укроптарга” тахсар эбиппит.
Федоровка таһыгар сырыттахпытына ракеталар түһүтэлииллэр этэ, олох чугас, аҕыйах килэмиэтирдээх сиргэ, онон малгын-салгын биэрэ охсоот түргэнник тэскилиигин. Ол курдук Сулустаанныын элбэх сири кэрийбиппит.
***
Саха сириттэн баһыылка буолунай кэлэр эбит. Атын регионнартан сылдьар уолаттар сөҕөллөр этэ. Быыстала суох гуманитарканы аҕала тураҕыт диэн. Биһиэхэ биирдэ даҕаны кэлбэт дииллэр. Онон олорго дьуһуурунай маллартан: суунар тэрил, наскы, ис таҥас эҥин биэрэҕин, биир чааска бааллар, ону хайдах араара сылдьыаххыный, үөрээхтииллэр, махтал бөҕөтө буолаллар. “Хоту-астар” халбаһы ыыппыттар этэ. Ону ылан үөрэн өлө сыспыттара, блок-постарга эмиэ күндүлээн ааһаҕын, иккилии-үстүү паалканы, үөрэллэр аҕай.
Чубаревкаттан төннөн истэхпитинэ блокпостка биир старшайдара тохтоппута, Саха сириттэн сылдьарбытын истэн баран “манна миэхэ икки уол баар, эһиги биир дойдулаахтаргыт“ диэбитэ. Биирэ Ленскэй, биирэ Мииринэй эбиттэр. Олорго анаммыт курдук оруобуна икки устуука көстүүм, наколенник, бачыыҥка хаалбыттар этэ. Биһиги төннөн иһэбит, туох да төттөрү кэлиэ суохтаах диэн өйдөбүл, быраабыла баар. Ол иккини ханна гынабыт диэн кэпсэтэ истэхпитинэ, хата, командирдара ыҥыран ылан, этэн, бэйэбит уолаттарбытыгар биэрбиппит.
Волонтердарга да кутталлаах. Сарсыарда базаттан 7 чаастан тахсан барыахтааххын уонна халлаан хараҥарыыта төннөн кэлэн иһэр буолуохтааххын. Биһиги кэннибититтэн ханнык эрэ регион волонтердарын өлөртөөбүттэр этэ, биһиги сылдьыбыт сирбитигэр.
Дэриэбинэлэр ынырыктар, буулдьа суола, биир да бүтүн дьиэ суох, барыта урусхалламмыт, ыһыллыбыт-тоҕуллубут. Мариуполь аттынан хас күн аайы ааһабыт, оҥоһуллан аҕай эрэр этэ, хомуйуу, өрөмүөн, тутуу, дьон бөҕөтө кэлбит. Күүстээх үлэ бара турара, муоста өрөмүөнэ, чааһынай дьиэлэргэ хаһаайыттар кэлэн алдьаммыт күрүөлэрин эҥин оҥосто сылдьаллара.
***
Биһиги ый курдук сылдьан Ростовунан Москваҕа олунньу 14 күнүгэр кэлбиппит. Поспредствоҕа сылдьан, үлэлэрин-хамнастарын билсэн, кэпсэтэн, чээйдээн, Туйаара Николаевналаах наһаа үчүгэйдик көрсөн атаарбыттара. Онтон Дьокуускайынан дойдубутугар тиийэн өссө олунньу 18 күнүгэр Ил Дарханы көрсүбүппүт.
Бииргэ сылдьыбыт уолум ыам ыйыгар алта ыйга үлэлии барыахтаах. Онно илии-атах наада, Вера Петровна көмөлөһөөччүгэ наадыйар этэ, биир кыыс кэлэн нэдиэлэ курдук үлэлээн баран ноҕоруускаттан саллан төннүбүт. Үлэ, кырдьык, олус элбэх эбит. Олорон турбакка хамсаныахха наада. Уолаттар анарааттан эбэтэр госпитальтан төлөпүөннүүллэр, бу наада, ол наада диэн, сорохтор харчы ыытан ыллараллар, ону барытын Ростовтан атыылаһан бэлэмниигин, барытын түргэнник, суһаллык оҥоруохтааххын.
Волонтердар наһаа наадалар эбит диэн санаалаах кэлбиппит. Госпитальга даҕаны, анараа даҕаны. Биһиги сырыттахпытына мантан биэс быраас тиийбит этэ. Сахалары ылан быһалыы киллэрэллэр, болҕомтолорун тута уураллар. Бааһыран киирбиттэр, манна эмиэ гуманитаркаҕыт быстыбат эбит дииллэр. Ростовка госпитальга бааһырбыт киирдэҕинэ, туох наадыйарын барытын ылан биэрэбит.
Төһөнөн элбэх илии-атах баар, көмөлөһөр да, соччонон чэпчэки. Элбэх техника наада эбит. Биһиги сырыттахпытына үс эрэ баар этэ, уолаттар киэннэрэ, биһиги уазикпыт уонна иномарка. Хас да хайысханы хабар киһи үчүгэй этэ, холобур, биир күн иһигэр ДНР, Запорожскай, ЛНР. Онон элбэх массыына тэҥинэн барытыгар сүүрүөн наада. Билигин оннук киллэрэн эрэллэрэ буолуо.
Ростовка таҥас-сап өттө барыта баар, туттар тэрил эмиэ. Суунар тэриллэри, атах таҥаһын, атын да таҥаһы-сабы Ростовтан ыытыахтарын наада, мантан барара, айана да эрэйдээх. Ростовка маҕаһыын баар, барытын онтон ылаллар. Тепловизор буоллун, квадрокоптер, байыаннай көстүүм, атах таҥаһа, рация. Өссө биһиэхэ, сахаларга, чэпчэтэллэр, бэйэ дьонун курдук итэҕэлгэ сылдьыбыппыт.
Биһиги сылдьар кэммитигэр ханна тиийдибит да уолаттар тугу да үҥсэргээбэттэр, аччыкпыт, таҥаспыт тиийбэт диэбэттэр этэ. Настарыанньалара үчүгэй, бойобуой. Передовойга сылдьааччылар кэлэн сынньанан, суунан-тараанан, ас ылан бараллара.
Уопсайынан бары даҕаны өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, улуустарын салайааччыларыгар, биир дойдулаахтарыгар саамай сылаас тыллары, махталларын тиэрдэллэр, бука бары кыайыы көтөллөөх дойдубутугар этэҥҥэ эргиллиэхпит диэн эрэл санаалаахтар. Оннук эрэ буоллун!