Василий Куприянов: «Саха култууратын сайыннарыыга үлэлэһэбит»
Эр дьон айылҕаларынан сэмэйдэр, кэпсээн ыһа-тоҕо сылдьыбаттар, ол оннугар, сэһэргэһэн киирэн бардахха, аһыллан, мындыр толкуйдарын, олоҕу атыннык көрөллөрүн, сыаналыылларын арыйаҕын.
Саха гимназияҕа баар Аҕалар түмсүүлэрэ сүрдээх көхтөөх үлэлээҕинэн, атыттарга холобур буоларынан биллэр. Мин бүгүн ааҕааччыларбар түмсүү биир көхтөөх чилиэнэ Василий Егорович Куприяновы кытта кэпсэттим.
– Василий, бастатан туран, хантан хааннааххын, сыдьааннааххын кэпсэтиэх эрэ.
– Мин 1984 сыллаахха Абый улууһун киинигэр Белай Гораҕа күн сирин көрбүтүм, онтон улааппыт, үөрэммит, дойду оҥостубут сирим Мэҥэ Хаҥалас 2-с Наахарата буолар. Манна тохсус кылааска диэри үөрэнэн баран Майа гимназиятыгар киирэн, оскуолабын Майаҕа бүтэрбитим.
Бииргэ төрөөбүт билигин үспүт, эдьиийим суох буолбута. Аҕам Куприянов Егор Васильевич, өр сыл физкултуура учууталынан үлэлээбитэ, кинини батыһан, убайбыныын спортка сыстыбыппыт, дьарыктаммыппыт. Ийэм Мария Алексеевна Абый Сыаҥааннаах диэн дэриэбинэттэн төрүттээх, почта үлэһитэ этэ, кэлин оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыта. Билигин дьонум дэриэбинэҕэ олороллор, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар, сылгы, ынах ииттэллэр.
– Майа гимназиятын хайдах бүтэрбиккиний?
– Бэйэм ахсааны сөбүлүүбүн, гимназияҕа математиканы дириҥэтэн үөрэтэр хайысхалаах кылааска үөрэммитим. Спордунан дьарыктаммытым, тустуу, мас тардыһыыта буоллун, кэлин сүүрүүнэн умсугуйбутум. Устудьуоннуур кэмнэрбэр чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыы сылдьыбыт түгэннэрдээхпин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун чиэһин эмиэ элбэхтэ көмүскээн турабын.
Гимназиябын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын Академиятыгар менеджмент идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Араас тэрилтэлэргэ барытыгар үлэлээбитим, “Туймаада-Даймонд”, “Эпл-Даймонд”, о.д.а.
– “Уруу” ювелирнай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ буоларгын билэбин. Туһунан баран тэрилтэ арыйыахха диэтэххэ улахан уопут, бэлэм нааада буолуо дии.
– Биллэн турар, ювелирнай тэрилтэлэргэ үлэлээбит уопутум, билиим-көрүүм манна улахан олугу уурбута.
2016 сыллаахха доҕотторбун кытта тэрилтэ тэрийэргэ санаммыппыт. Бастаан Майа гимназиятыгар бииргэ үөрэммит доҕорбор Моисейга эппитим. Кини “Эпл Даймонд” тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар этэ. Тута сөбүлэспэтэҕэ, ол курдук хаалбыта. Испэр син биир туһунан барар санаа баара. Кэлин атыны дьарыктана сырыттахпына Моисейым көрсөн этии киллэрбитэ. ИП тэринэн, биир кыра маҕаһыыннаах этэ. Оннук дьарыгыра сылдьан миигин ыҥырбыта. Мин ол кэмҥэ Соловьев Михаил диэн кылааһынньыкпын кытта биисинэһинэн дьарыктана сылдьыбытым. Онон дьэ үһүөн төбөбүтүн холбоон, элбэх быһаарсыы, сүбэлэһии кэннэ бу билигин үлэлии олорор хампаанньабытын арыйан, үлэлээн саҕалаабыппыт.
Лермонтов уулуссатыгар уруккута “Бородино” диэн тохтобулга баар дьиэни сорҕотун атыылаһан ылбыппыт. Билигин онно баарбыт, сороҕун арендалаан олоробут. Хас да сиринэн көһөн итиннэ кэлбиппит.
Билигин үлэлии сылдьар уолаттарбын кытта оскуола эрдэхтэн доҕордуубут. Биирэ – Наахаратааҕы, биирэ Майатааҕы уолаттарым.
Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар атаҕар турбут тэрилтэ буолабыт. Билигин Уһук Илин регионугар саамай улахан производствоны, ювелирнай оҥоһугу оҥорон таһаарарга инникилэр ахсааннарыгар сылдьабыт. Уһук Илин регионугар ювелирнай салаа олус мөлтөх. Киин Арассыыйаҕа олох улахан тэрилтэлэр бааллар. Онно хардыылаары түбүгүрэбит.
– Үлэһиккит бука элбэх буолуо.
– Билигин кэлэктииппитигэр 130-ча буоллубут, ахсааммыт уларыйа турар, бараллар, кэлэллэр. Хамнас кэмигэр кэлэ турар. Биһиэхэ бары ювелирдар эрэ буолбатахтар. ХИФУ-ну бүтэрбиттэр да бааллар, Десяткин аатынан колледжы, “Айар уустар”, Технология уонна дизайн колледжын бүтэрбиттэр эҥин кэлэн үлэлииллэр. Элбэх атын үөрэхтэртэн, бэйэлэрэ талааннаах дьон, атын идэҕэ үлэлээбит, ювелирнай тэрилтэлэртэн уопуттаах үлэһиттэр кэлэллэр. Ону таһынан маҕаһыыннарбытыгар атыыһыттар, бухгалтерия, хонтуора үлэһиттэрэ элбэхтэр. Билигин Москва киинигэр баар “Охотнай эрээккэ” маҕаһыын арыйбыппыт. Ону таһынан “онлайн” атыыны күүскэ сайыннара сылдьабыт. Бэйэбит саайтаахпыт, сыһыарыы оҥоттордубут, интэриниэт балаһааккаларга баарбыт, атын даҕаны балаһааккаларга киирээри сылдьабыт. Онон сайда, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыы сатыыбыт.
– Биисинэскэ доҕордуулар, аймахтар өйдөһөн үлэлээбэттэр дииллэр. Эн дьоҥҥо туох хаачыстыбаны ордороҕун?
– Киһиэхэ саамай үтүө хаачыстыба күн аайы сайдан иһии, үрдүккэ талаһыы. Киһи быһыытынан амарах, үтүө санаалаах, толкуйдуур төбөлөөх буолуоххун наада.
Көмөлөһөр буоллахха, наһаа сырдаппакка оҥоруохха наада. Кыралаан арааһынай кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөбүт. СВО саҕаланыытыгар тута спецназ уолаттарын ыыталаабыттара дии, киһи барыта соһуйан, өйдөөбөккө да олордоҕуна. Онно көмөлөһүү эҥин туһунан толкуй да суох этэ, уолуйуу, куттаныы эрэ баара, онно биһиги тута көмө оҥорбуппут. Эмп-том ылыытыгар, полевой медикамент оҥорууга. Ойуур баһаардарыгар эмиэ көмөлөһө сылдьыбыппыт.
Киһи оскуолатааҕы доҕорун, табаарыһын курдаттыы билэр буоллаҕа. Ханнык түгэҥҥэ хайдах буолуохтааҕын эйигиттэн ордук билэр киһи суох. Онон мин уолаттарбыныын тутуспутунан күн бүгүн да биир тылы булан, бэйэ-бэйэбитигэр эрэнсэн, киһи быһыыбытын сүтэрбэккэ эн-мин дэһэн үлэлии сылдьарбытыттан мин сүрдээҕин астынабын, доҕотторбунан киэн туттабын.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Кэргэним Ксения Васильевна Хаҥалас Сиинэтиттэн төрүттээх, билигин биһигини кытта тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар. Идэтинэн буҕаалтыр, иккис үрдүк үөрэҕэ юрист. Өр кэмҥэ бааҥҥа үлэлээбитэ, онтон биһиги үлэлиирбитин, сыыһа-халты туттарбытын туораттан көрөн көмөлөһө кэлбитэ. Билигин толорооччу дириэктэр.
Устудьуоннуу сылдьан билсэн, таптаһан ыал буолан уруу тэрийбиппит. Үс оҕолоохпут, улахаммыт 18 саастаах, бастакы куурус устудьуона, икки кырабыт игирэлэр, уоллаах кыыс, Саха гимназиятын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ.
Улахан кыыһым Саха гимназиятыгар кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына бастаан уопсастыбаннай тэрилтэҕэ киирбитим, онтон аҕалар сүбэлэһэн түмсүү тэрийбиппит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Аҕалар түмсүүлэрин сүрүн салайааччыта Айхал Габышев буолар.
– Оҕону иитиигэ туох санаалааххыный?
– Киһи бэйэтин холобурунан иитэр дии саныыбын. Анаан мөҕө, такайа, этэ сылдьыбакка. Тугу гынаҕын, тугу саҥараҕын, хайдах туттаҕын-хаптаҕын, ону оҕо көрөн күүскэ ылынар. Табахтаабаккын, арыгы испэккин, маатыралыы сылдьыбаккын, куһаҕан тылы саҥарбаккын. Бу иитиигэ улахан оруолу ылар дии саныыбын.
Оҕолорум быйыл сайын Сочига ийэлэрин кытта бара сылдьыбыттара, сири-дойдуну көрдөрө сатыыбыт. Атын дойдулары көрөн киһи сайдар диэн толкуйдаахпын. Билигин бу ийэбин күүлэйдэтэ сылдьабын, бүгүн Стамбулга көтөбүт (Алтынньы 29 түүн кэпсэппиппит – Аапт.) Иккиэн эрэ. Ийэм Москваны бастакытын көрдө. Эдэригэр дэриэбинэ олохтоохторо наар оҕолорун, хотоннорун көрөн, ыраах тэйбэтэх буоллахтара. Кэлин Сочига, Владивостокка эҥин сылдьыбыта. Турцияҕа уонча күн буолабыт, Москваҕа үс күн күүлэйдээтибит.
Ийэбин сири-дойдуну көрдөрө, күүлэйдэтэ барарым оҕо иитиитигэр эмиэ оруоллаах дии саныыбын. Кинилэр көрөллөр буоллаҕа, төрөппүтү кытта сыһыаммытын, улааттахтарына биһиэхэ эмиэ маннык сыһыаннаһыахтара турдаҕа. Кэргэним дьонун эмиэ Сочига сырытыннарбыппыт.
Оҕолорбутун сахалыы иитэбит, кэпсэтэбит, барыта сахалыы. Нууччалыы ыраастык билэллэрэ эмиэ наадалаах. Улахан кыыспыт иккиэннэринэн холкутук саҥарар, кэпсэтэр.
– Тэрилтэҥ туһунан сэһэргэһиэх эрэ. “УРУУ” диэн ааты мин тута сөбүлүү истибитим.
– Уруу диэн ааты балачча өр толкуйдаабыппыт, куонкурус эҥин тэрийбиппит. Онно кэргэним балта кыттан кыайбыта. Уруу суолтата да, өйдөбүлэ да киһиэхэ наһаа чугас, киэҥ. Уруу оҥоһуллар, дьиэ-уот тэриллэр, хаан-уруу аймахтар, урууччуйуу, уруумсах уо.д.а.
Аан бастаан, ааппыт да этэрин курдук, уруу биһилэхтэрин оҥорон саҕалаабыппыт, онтон салгыы сайдан урууларга, аймахтарга бэлэх оҥоруохха диэн толкуйдаабыппыт, дьон үксэ бэлэҕи чугас киһитигэр, уруутугар биэрэр буоллаҕа. Итинник хайысхаларынан сайдан испиппит. Ыал буоларга биһилэхтэртэн саҕалаабыппыт, онтон сахалыы оҥоһуктарга киирбиппит, кэлин тэнийэн көннөрү үгэс буолбут симэхтэри, киэргэллэри оҥоробут.
“Уруулар” саха култууратын тарҕатарга наһаа күүскэ көмөлөстүгүт дииллэр. Баннердары барыларын сахалыы туруорабыт. Дьон сахалыы таҥнара, симэхтэри кэтэрэ, саҥарара үксээтэ. Сыбаайбаларга буоллун, үбүлүөйдэргэ да буоллун таҥна-симэнэ сылдьарга харысхаллар суолталарын тиэрдиигэ биһиги тэрилтэбит тус сыаллаах үлэлиир. Оҕо саха тылын билбэтэ кыһалҕа буолла диибит да, сылтан сыл дьон сахалыы таҥнара элбээн, ыһыахпыт баараҕайа, сахалыы саҥарар оҕо үксээн иһэр.
80-90-с сылларга сахалыы саҥарар көҥүллэммэт этэ, билигин үгүс тэрилтэлэргэ, маҕаһыыннарга, поликлиникаларга, балыыһаларга да буоллун сахалыы кэпсэтэллэр элбэхтэр. Ол иһин саха тыла сүтэн эрэр диэн эппэппин. Тылы сайыннарарга үлэ бөҕөтө ыытыллар. Биһиги да тэрилтэбит ыытар, өссө да ыытыахпыт. Москваҕа, Арассыыйа атын да куораттарыгар саха киэргэлэ тарҕанан эрэр, дьон сөбүлүүр аҕай, Интэриниэт балаһааккаларыгар, социальнай ситимнэргэ элбэх киһи махтанан суруйар, наһаа үчүгэй оҥоһуктар эбит диэн.
Урут үксэ европейскай этэ буоллаҕа дии, биһиги сахалыы этно-киэргэллэри оҥоробут, былыргылыы. От-мас көстүүтүн оһуора, былыргы харысхаллар, киэргэллэр. Ону сөргүтэ сылдьабыт.
– Дьол диэн, эн санааҕар?
– Күнүн аайы сайдыахха, саҥаттан саҥаны оҥоруохха уонна дьоҥҥо эйэҕэс буолуохха.
Дьоллоох олоҕу олоруу, доруобай буолуу, чугас дьонуҥ этэҥҥэ олоруулара, үлэлээх буолуу – бу барыта дьол диэҥҥэ киирэ сылдьар.
Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан