18.05.2023 | 10:00

Варвара Михайлова: «Багдарыын Сүлбэ учуутал буоларбар көмөлөспүтэ»

Варвара Михайлова: «Багдарыын Сүлбэ учуутал буоларбар көмөлөспүтэ»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Кини утуйа да сыттаҕына туруоран ыллаттахтарына, “Взвейтесь кострами, синие ночи!”ырыаны, пионерскай речевканы нойосуус билэрин, пионер кэмнэрин олус истиҥник саныырын, 13 сааһыгар   Багдарыын Сүлбэ курдук сүдү киһиттэн үөрэххэ киирэрбэр  көмөлөс диэн көрдөспүтүн о.д.а. бүгүҥҥү ыалдьыппыт Варвара Михайловналыын кэпсэтэ олорон, оҕолуу ыраас дууһалааҕын, бары өттүнэн ис киирбэҕин, үөрүнньэҥин бэлиэтээтим.

— Варвара Тимофеевна, сахалыы сиэринэн дьонуҥ-сэргэҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Мин 1956 сыллаахха Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр күн сирин көрбүтүм. Аҕам Борисов Тимофей Дмитриевич, ийэм Данилова Анна Никандровна диэн этилэр. Аҕам улууска спорду тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ. Оҕо эрдэҕинээҕи өйдөбүлбүнэн наар Москваҕа командировкаларга барар-кэлэр этэ, спортинструктор эҥин буолуо. Кып-кыра уопсай дьиэҕэ олорор этибит, киһи бөҕөтө кэлэн хонорун өйдүүбүн, күрэхтэһии эҥин буоллаҕына, муостанан кытары сыталлара. Кондратьев Илья, Гребнев Геннадий диэн биллэр спортсменнар өрүү сылдьаллара, аҕабын кытта табаарыстаһаллара. Аҕам саахыматтыырын өйдүүбүн.

Ийэбин үчүгэйдик өйдөөбөппүн, тыҥата ыалдьан наар балыыһаҕа сытар этэ. Биэстээхпэр бу орто дойдуттан барбыта, онон быраһаайдаһарбар эрэ көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт түөрт үһүбүт. Иккибит өлбүт, эдьиийбинээн Светланалыын ийэбит өлбүтүн кэннэ эһэлээх эбэбит ылан ииппиттэр. Онтон оскуолаҕа киирэрим саҕана аҕабыт кэргэн ылан, киниэхэ барбыппыт. Кини оччолорго Уулаах Ааҥҥа сүөһү биригэдьииринэн анаммыта. Онно көһөн тиийэн олорбуппут. Ол ийэбиттэн биир бырааттаахпын. Борисов Геннадий Тимофеевич, билигин Нөмүгүгэ ыал буолан олорор, икки уоллаах. Эдьиийим билигин биһиги ортобутугар суох.

Эбэм аах наһаа көнө, боростуой дьон этилэр. Миигин эбэм Балбаара аатынан ааттаабыттар. Иистэнэрэ, биирдэ да мөҕүллэр диэни билбэтэхпит, сытыары-сымнаҕас этилэр.

— Оскуола боруогун хас сыллаахха атыллаабыккыный?

— 1963 с. Уулаах Ааҥҥа бастакы кылааска киирбитим. Сыл аҥаара үөрэммитим кэннэ дьонум Нөмүгүгэ көһөн кэлэн, ахсыс кылааһы онно бүтэрбитим. Маҥнайгы учууталым Рафаилова Анна Семеновна диэн этэ, наһаа үчүгэйдик үөрэтэрэ, киниэхэ билигин да махтанабын. Алын кылаастарга олох үчүгэйдик үөрэммитим.

— Пионерга киирбит күҥҥүн өйдүүгүн дуу?

— Өйдөөн буоллаҕа! Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан бастаан октябренокка киирбитим. Ленин төбөлөөх значок анньыбыттара, онтубун ыраастаан бөҕөтө, сууй да сууй буоларым. Онтон 3-с кылааска пионерга ылбыттара. Пионер буолуохпун, хаалтыс бааныахпын наһаа баҕарарым. Уруокпун олох көтүппэт, туохха барытыгар кытта сатыыр этим. Ол курдук 1966 с. пионерга киирбитим. Ленин төрөөбүт күнэ этэ, муус устар 22 күнэ. Кыһыл хаалтыс баайбыттара, онтубун хараҕым харатын курдук харыстыырым. Онно этиэхтээх пионер мэктиэ тылын өссө октябренок эрдэхпинэ үөрэппитим. Олох нойосуус билэр этим. “Будь готов!” диэҥҥэ “Всегда готов!” диэн салют биэрэргэ, илииҥ сүүскүттэн биир сутурук тэйиччи буолуохтаах, аны наһаа умса да, наһаа тиэрэ да буолуо суохтаах диэн барытын билэрим, сиэркилэ иннигэр туран үөрэтэр этим.

— Пионер диэн тыл, эн санааҕар, туох суолталааҕый?

— Пионердар диэн кимнээхтэрий диэн аҕабыттан эккирэтэ сылдьан ыйытар этим. Онуоха, иллэҥэ да суох буолаахтыа, “пионер диэн пионер буоллаҕа” диирэ. Онтон аны учууталбыттан ыйыппытым, онуоха: ”Пионер буоллаххына, наар бастакы сылдьыахтааххын уонна дьоҥҥо үтүөнү-кэрэни эрэ оҥоруохтааххын”, - диэбитэ уонна Герой-пионердар тустарынан кинигэни биэрбитэ. Дьэ онно Валя Котик, Марат Казей тустарынан түүннэри ааҕар этим.

Онон пионер диэн туохха барытыгар бастакы сылдьыахтаах, кыамматтарга, кыраларга көмөлөһүөхтээх, үчүгэйи, кэрэни эрэ оҥоруохтаах диэн өйдөбүлүм олоҕум устата хаалбыта.

— Оччотооҕу пионердар тугунан дьарыктанар этигитий?

— Баһаатайбыт Перевалова Любовь Митрофановна диэн этэ. Тимуровскай көмөҕө сылдьарбыт. Пионерскай сбордар олус да үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик ааһаллара. Горн, барабаан тыаһа билигин да кулгаахпар иһиллэр курдук. Горн үрүөхпүн, барабааҥҥа оонньуохпун наһаа баҕарарым. Анал пионерскай формалаах этибит. Ону сборга эрэ кэтэҕин, ол иһин сбор буоларын кэтэһэҕин аҕай. Хаалтыс тоҕо үс муннуктааҕый? Ол аата пионер, комсомол уонна партия холбоспута. Пионердар октябреноктарга баһаатайдыыллар этэ. Уруок кэнниттэн ырыа, үҥкүү үөрэтэрбит.

Миигин туохха да талбаттар этэ, наһаа баҕарарым үрдүнэн, ол иһин бэйэм күүспүнэн октябреноктары уруок кэнниттэн хаалларан онно-манна үөрэппитэ буоларым, тыаҕа таһааран оонньоторум эҥин. Онтубуттан дружина сэбиэтигэр дьүүллэнэн турабын, мөҕүллүбүтүм. Ити курдук кыра эрдэхпиттэн учуутал буолуохпун наһаа баҕарар эбиппин, оҕолору кытта бодьуустаһарбын олус сөбүлүүрүм.

— Дьэ ол баҕа санааҥ туолбутун туһунан кэпсиэҥ дуу?

— Оччоттон баччаҕа диэри кинигэ ааҕарбын наһаа сөбүлүүбүн.  Хаһыаттары көтүппэккэ ааҕарым. Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан хаһыаттан Бүлүүгэ педагогическай училище баарын билбитим. Онно бараарыбын дьоммуттан албыннаһыы, ааттаһыы бөҕөтө. “Маҕаһыынтан саатар килиэп да ылбаккын, сатаан харчыны туттубаккын, онон барбаккын, ыыппаппыт”, - диэн кэбистилэр. Ол да буоллар иннилэрин ылан, албыннаһан, ытаан-соҥоон, син биир барбытым.

Алын кылаас учуутала буоларга эксээмэннэрэ нуучча тыла, математика уонна музыкальнай этэ. Мин нуучча тылыгар олох мөлтөхпүн, “иккинэн” үөрэммит киһибин, ахсааҥҥа үчүгэйбин, музыкаҕа таах ыллыыбын. Оччолорго училище дириэктэрэ Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ этэ.

Ахсыһы саҥа бүтэрбит кырачаан кыыспын, 13-тээхпин эрэ, ол да буоллар олус сытыы эбиппин, уп-уһун баттахтаахпын эҥин. Эксээмэннэрбэр нуучча тылыттан эрэ салынным, сатаан туттаран киириэ суохпун дии санаатым да, дириэктэр хоһугар көтөн түстүм. “Учуутал буолуохпун наһаа баҕарабын, ол гынан баран нуучча тылын кыайан туттарбаппын, иккигэ үөрэммитим, онон киирэрбэр миэхэ көмөлөс”, - диэн сыалбын-сорукпун быһа-бааччы эттим. Михаил Спиридонович күллэ аҕай, “көрүөхпүт” диэтэ.

Дьэ, эксээмэним буолла. Изложение суруйдубут, бүтэрдим, санаабар, барыта сөп курдук, арай дириэктэрбин кэтэһэбин, киирбэт да киирбэт. Онуоха хабаҕардым диэн көҥүллэтэн таҕыстым уонна дириэктэрим хоһугар сүүрдүм. Хата, баар эбит. “Суруйан бүттүм, биир чүөчэ кэлэ-кэлэ үлэбин көрөр уонна төбөтүн быһа илгистэр”, - диибин. Онуоха күллэ уонна: “Мин нуучча тылыгар эмиэ мөлтөхпүн ээ”, - диэтэ. Мин ытаан ыһан кэбистим, оччоҕо учуутал буолбаппын дуо диэммин. Оччолорго үөрэххэ киириигэ куонкурус бөҕөтө, биир миэстэҕэ биэстии киһи быһыылаах этэ.

Математикабын биэскэ туттардым. Онтум эмиэ кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы. Барытын суоттаан кэбистим, сыанаҕын кэнники билэҕин дииллэр, мин: “Көрөн турдахпына туруоруҥ, миэнэ барыта сөп”, - диибин. Багдарыын Сүлбэҕэ киирэ сылдьыбыппын эҥин бары билэллэр. Бу кыыс арахсыа суох диэтилэр быһыылаах, сонно тута бэрэбиэркэлээн, “5” сыананы туруордулар. Тахсаммын дириэктэргэ сыанабын эттим.

Дьэ онтон муусукаҕа эксээмэн буолла. Биир кырдьаҕас учуутал олорор, нуучча. Киирбиппэр арай уруучуканан остуолу тоҥсуйар, туохха тоҥсуйарый дии саныыбын. Ону үтүгүн диэтилэр, оруобуна тобугураттым, кэнники санаатахха, истэрбин бэрэбиэркэлээбиттэр эбит, ону мин билбэппин буоллаҕа. “Ыллаа” диэтилэр, “Ээ, ыллыыбын” диэтим да, ыллаан ыыра бардым. “Арҕааҥҥы мырааммыт үрдүнэн” диэни тардан кэбистим. Тохтоо, сөп буолуо дииллэр. Тохтоотохпуна, ырыатын тылын билбэтэ диэхтэрэ диэммин бүтэһигэр тиийэ ыллаатым. Өссө бокулуоннаатым эҥин уонна тахсан бардым. Онон математикабынаан уон баалланным. Нуучча тылбын кэтэстим. Хайдах суруйбуппун билбэппин, “Үһү” туруорбуттар этэ. Арай 13 бааллаах элбэхпит. Онтон дьэ испииһэккэ киирбиппин көрөн мин саҕа үөрбүт, дьоллоох киһи суох этэ. Багдарыын Сүлбэ, бука, тутар хамыыһыйаҕа эттэҕэ буолуо, онон үөрэххэ киирэрбэр көмөлөһөн турар.

Дьэ онтон арай ыҥыран ыллылар уонна: “Эн дьиэҕэр бараҕын уонна алтынньыга биирдэ кэлээр”, - диэтилэр. Оҕо барыта практикаҕа барар үһү, миигин наһаа кыраҕын, үлэни кыайбаккын диэн хааллара сатаатылар. “Мин барытын кыайабын, аһы да астыыбын” диэммин күүспүнэн барсыбытым.  Сыдыбылга тахсыбыппыт, иһит сууйааччы буолбутум, муох хомуйаллар этэ, мин да ону хомуйбат үһүбүн дуо дии санаабытым.

— Үөрэххин бүтэрэн баран ханна ананныҥ?

— Бүлүүбүн 1975 сыллаахха бүтэрэн дойдубар кэлбитим. Кыргыттары кытта Тиксиигэ бараары гыммыппын эмиэ кыраҕын диэн ыыппатахтара, ол курдук түөрт сыл үөрэнэн баран эмиэ кыра аатырбытым. Кууруспар, кырдьык, саамай балыстара этим. Оннооҕор “танцылата” да ыыппаттар этэ.

Учууталлыахпын наһаа баҕарабын. Дипломум “Учитель начальных классов” диэн. Уулаах Ааҥҥа оччолорго дириэктэринэн Николай Егорович Соловьев олороро. Бастаан тиийбиппэр пиэрибэй  кылааһы биэрдилэр, учуутал буоллум диэммин үөрдүм аҕай. Арай балаҕан ыйын 1 күнүгэр үлэбин уларытан кэбистилэр, продленкаҕа баспытааталлыыгын уонна эбиитин пионер баһаатайдыыгын диэтилэр. Онон кылаастанан бүттэҕим. Ытаан эҥин көрбүтүм да, кыһамматылар. Ол саҕана продленка саҥа аһыллан, эксперимент курдук этэ, ол быыһыгар пионер баһаатайдыыбын.

Кэнники син биир кылаас ыламмын алын кылааһы бүтэттэрбитим, түөрт сыл үөрэппитим. Ол кэннэ интэринээт аһыллыбыта, онно уурайыахпар диэри баспытааталлаабытым.

Ол быыһыгар социальнай педагог үрдүк үөрэҕин бүтэрэн идэбинэн үлэлии сылдьыбытым уонна биир сыл Маҥараска психологтаабытым. Ой орто оскуолатыгар 1977 сыллаахха кэлбитим.

— Ол кэмнэри ахтан ааһыах эрэ?

— Пионерскай хоспутун наһаа үчүгэйдик оҥостубуппут, онтубутунан өрөспүүбүлүкэҕэ да бастаабыппыт. “Билии штаба” диэн баар этэ, “Кэриэс вахтата” уонна харчы өлөрөөрү “Бюро добрых услуг” тэрийбиппит. Харчылаах, хамнастаах, кыанар дьоҥҥо, учууталларга эҥин, араас өҥөнү, үлэни төлөбүргэ  оҥоробут. Холобур, мас хайытабыт, саһаанныыбыт, хотон, дьиэ хаарын түһэрэбит, эдэр ыал кэнсиэргэ эҥин баралларыгар оҕо көрөбүт, өҥөбүтүн чааһынан ылабыт. Ол харчыбытынан барабаан, горн ылбыппыт, лаахтаах икки остуол атыыласпыппыт. Хоспутун толоро, киэргэтэ сатыыбыт. Итинник уопут атын оскуолаларга суох этэ. Кэлин олохтоохтор үөрэнэн сакаас бөҕөтө киирэр буолбута. 

Тимуровскай көмөнү, биллэн турар, босхо оҥоробут. Кырдьаҕастарга мас, муус киирбитин билэр анал разведчиктардаахпыт. Киэһэ хараҥарбытын кэннэ баран үлэлиир этибит, кырдьаҕастар эрдэ сыталлар буоллаҕа, “оҕонньордоох эмээхсин утуйдулар, бардыбыт” диэн иһитиннэрии кэлэр, дьэ онтон түүннэри баран үлэлээһин буолар. Оҕолорум билигин да ону саныыллар.

Биир сарсыарда үлэбэр киирэн олордохпуна, биир уол сүүрэн киирдэ, саһааммыт сууллан хаалбыт диэтэ. Биһиги, дьэ, сааттыбыт аҕай, оҕонньор бэйэтэ тахсан хомуйа сылдьар эбит. Алта уруок кэннэ тута тиийдибит, бэрт түргэнник сааһылаан биэрдибит. “Ээ, бу эһиги “бандьыыттар” үлэлээбиккит дии, хайа абааһы  кэлэн сааһылаан барда диибин ээ”, - диэбитигэр күлсүү бөҕөтө буолбуппут.

Оҕолор наһаа көхтөөхтөр этэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар хаста да  ыытыллара, онно аһаҕас сбордары көрдөрөрбүт. Саамай бастыҥ барабанщиктар этэрээттэрэ биһиэхэ баара. Оҕолор ол этэрээккэ киирэр баҕаттан куораттан барабаан атыылаһаллар этэ. Покровскайынан, дэриэбинэлэринэн бырааһынньыктарга эҥин ыҥырыыга сылдьарбыт.

— Чахчы, наһаа үчүгэй, умнуллубат кэмнэр...

— Оннук. 1990 сыллаахха, ити Сэбиэскэй Сойууспут ыһыллыан эрэ иннинэ эбит, Ильина Татьяна Михайловнаны кытта Москваҕа конференцияҕа барбыппыт. Кини Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка үлэлиир. Онно миигин “Артекка” 10-с сүлүөккэ дэлэгээтинэн талбыттара, онон үргүлдьү “Артек” лааҕырга баран кэлбитим. Эмиэ ол сыл үчүгэй үлэм иһин “Океан” лааҕырга 40 хонукка отут оҕоҕо путевка кэллэ. Оччолорго улахан кыыһым кыра буолан, барарбын саарбахтаатым. Эн барбатаххына, намнар ылаллар диэтилэр. Кэргэмминээн сүбэлэһэн, оҕону кини көрө хаалабын диэн, 30 оҕобун илдьэ барбытым. Аҕабыт кыыһын наһаа үчүгэйдик көрбүт этэ.

Тиийбиппитигэр миэхэ гостиницаҕа туһунан миэстэ биэрдилэр, баһаатайдар Владивостокка ол 40 хонугу быһа сынньаныахтаах үһүбүт. Мин ытаатым, оҕолорбун аһынным, бары барыма да барыма дииллэр. Начаалынньыкка киирэн «гостиницаҕа барбаппын, эбэтэр дойдубар баран 40 хонугунан кэлиэм, эбэтэр оҕолорбун кытта олорт» диэтим. Наһаа соһуйда, оҕолоргун кытта сылдьыаххын баҕарар буоллаххына көҥүллүүбүн диэтэ. Дьэ 40 хонукпут биллибэккэ ааста ээ. Оҕолорбор ийэлэрин курдук сырыттым, ыһыах тэрийдибит эҥин. Бурятияттан уонна Тываттан бааллара.

Лааҕырга арай биир дойдулаахпыт Тааттаттан Готовцев Иван диэн уол үлэлии сылдьар. Билигин Тааттаҕа учууталлыыр. Биһиэхэ баһаатайдаабыта, үөрдүбүт аҕай, саха уола баар диэн. Ону-маны барытын тэрийбиппит. Кэнсиэр туруорбуппут, бары сахалыы таҥастаах этибит, ону кэттэхпитинэ сонурҕааһын, көрүү-истии бөҕөлөрө; аһыы барарбытыгар “Якутия идет” диэн суолбутуттан туораан биэрэллэр. Көннөрүгэ - боростуой сахалыы таҥас, мааныбытын улахан тэрээһиннэргэ эрэ кэтэбит. Кыргыттарым ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ диэн, олох былааһы ылбыппыт. Билигин да ол кэмнэри наһаа истиҥник саныыллар.

Ол оҕолорум билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар: Ноев Афанасий Иванович, Михайлов Андрей Викторович, Петров Лука Лукич, Петров Андрей Лукич, Федорова Люба, Андросова Татьяна Антоновна, Кривошапкина Татьяна Петровна, Григорьева Сахая Михайловна, Дьячковская Туйаара уо.д.а.

— Билиҥҥи оҕо пионерия диэни хаһан эмит билиэ дуо?

— Билигин оскуолаҕа ким да билиһиннэрэ да, кэпсии да сатаабат, баҕар, ийэлэриттэн, аҕаларыттан истэн билиэхтэрин сөп. Мин Тумулга кэлэн олорбутум кэннэ оскуола оҕолоро көрсүһүү оҥорон ыҥыра сылдьыбыттара. Онно ыйытыы бөҕөтүн биэрбиттэрэ, мин урукку-хойукку кэмнэри дэлби кэпсээбитим. Кыра дэриэбинэ диэтэххэ, оскуола оҕолоро олус актыбыыстар, туохха барытыгар көхтөөхтөр, кытталлар.

Түгэнинэн туһанан хаһыат нөҥүө махталбын тиэрдиэм этэ оччотооҕу кэмҥэ миигин үөрэппит, такайбыт, сүбэлээбит-амалаабыт, ыйан-кэрдэн биэрбит учууталларбар уонна кэллиэгэлэрбэр Любовь Митрофановна Переваловаҕа, Валентина Лукинична Осиповаҕа, Анна Ивановна Слепцоваҕа, Наталья Григорьевна Павловаҕа. Кинилэр Покровскайга “Дом Пионеров” үлэлииллэр этэ, тэрээһин арааһын ыыталлара. 

Ой оскуолатыттан мин үлэлиир кэммэр “Артекка” 8 оҕо, “Орленокка” 11, “Океан” лааҕырга 49 оҕо сынньаммыта.

— Пионерия күнүн хайдах ылар этигитий?

— Сарсыарда эрдэттэн бэлэмнэнии бөҕөнөн тыаҕа тахсабыт. Биир улахан уопсай кулуһуну уонна кылаастарынан хаһы даҕаны бэлэмниибит, үөрүүлээх сбор ыытабыт, оҕолору пионерга ылыы буолар уонна күрэхтэһии арааһын тэрийэбит. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дуоһуйа сынньанан, үөрэн, астынан киирэрбит.

Пионер диэн баран муннукка ытаабыт киһи, арааһа, мин буолуом. Оннооҕор бастакы кыыһым ыам ыйын 19 күнүгэр, Пионерия күн,  төрөөбүтэ. Билигин пионерия суоҕа олох куһаҕан. Урукку оҕо бастакы кылааска киирэн баран октябренок буолуон баҕарар, дьулуһар, күүтэр, онтон хаалтыс бааныан баҕарар, онно тардыһар, онтон аны комсомолга киириэн наада. Ол иһин стимул баара, билигин суох, ким да тардыспат, туох да тэрилтэ суох.

Прокопий Романович Ноговицын диэн иитэр-үөрэтэр завуч баара. 1988 сыллаахха кини көҕүлээһининэн араас саастаах оҕолорго этэрээттэри тэрийбиппит. Хас биирдии этэрээккэ биир комсомольскай кылаас, пионердар уонна октябреноктар кылаастара киирэр. Ити курдук биир этэрээккэ 80-100 оҕо буолар. Оччолорго оскуолаҕа 300-тэн тахса оҕо үөрэнэрэ. Бэйэ-бэйэлэригэр наһаа көмөлөсүһэллэрэ. Дьэ ити баар этэ саамай үчүгэйэ, кыраттан улаханыгар диэри көмөлөсүһүү, үөрэх буоллун, спорт буоллун, күрэхтэһии, тэрээһин буоллун. Бары тардыһаллар, сосуһаллар, ким да кыайтарыан баҕарбат. Бэйэни салайыныы биһиги оскуолабытыгар наһаа бэркэ үлэлээбитэ. Мин хаһан даҕаны учууталлары, кылаас салайааччыларын кытта үлэлэспэт этим, наар оҕолору кытта үлэлиибин, кинилэр барытын бэйэлэрэ тэрийэллэр,  дьаһаналлар этэ.

Пионерскай хоспутугар баар “Билии штаба” мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолорго көмөлөһөр этэ. Инньэ гынан ол түмүгэр кылааска ситиспэт да оҕо аҕыйаабыта, суох да буолбута.

Биирдэ улуус үрдүнэн бальнай үҥкүү куонкуруһа буолар диэтилэр, мин оҕолорум кыттыахтарын наһаа баҕараллар, арай үҥкүү үөрэтэр киһибит суох. Онуоха мин икки пааралаах киирэммин, “Дом Пионеров” үөрэнэн таҕыстыбыт уонна оҕолорбутугар үөрэттибит. Инньэ гынан куонкуруска кыттан, улууска Мохсоҕоллоох кэннэ иккис миэстэ буолан турабыт.

— Олоҕуҥ-дьаһаҕыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? Билигин тугунан дьарыктанаҕын?

— Кэргэмминээн үс кыыһы төрөтөн, быр-бааччы олорбуппут, онтон, хомойуох иһин, икким суохтар. Кыыһым аах Нөмүгүгэ икки этээстээх дьиэ туттан олороллор. Алта сиэннээхпин, онон олохпут салҕанар. Икки улахан сиэним Гриша уонна Ярослав тустуунан дьарыктаммыттара, олимпийскай резервэҕэ сылдьаллар. Алексиннам 10-с кылаас, үкчү бэйэм курдук, ол кэннэ Алинна, Мирослав, Ариша кэлэллэр. Кэргэним өлбүтүн кэнниттэн Тумул киһитигэр кэргэн тахсан манна олохсуйан олоробут.

Иллэҥ кэммэр ис дууһабыттан ааҕабын, урут хаһыакка ыстатыйа эҥин суруйар этим. Хараҕым мөлтөөн, ааҕарбын боболлор. Араас ырысыабынан ас астыырбын сөбүлүүбүн.

Арыый эдэр эрдэхпитинэ кэргэмминээн сыанаттан түспэт этибит, гитаранан да ыллыырбыт, сценкаҕа да оонньуурбут, билигин сааһыран тэйдибит. Нөмүгүгэ олорор эрдэхпинэ драмкуруһуокка сылдьарым, артыыска бөҕөтө этим. Хорга ырыаны таһаарааччынан сылдьарым, ансаамбылга ыллаппаттар, бастакы, иккис куолаһы бутуйаҕын диэн уонна куолаһым улахан буолан туораппыттара.

— Кэлэр кэнчээри ыччакка кэс тылыҥ, баҕа санааҥ.

— Билиҥҥи оҕолорго, ыччат дьоҥҥо баҕарыам этэ, туох эрэ үчүгэй ыра, баҕа санаалаах буолалларыгар. Сорох оскуолаларга уруккулуу пионерскай тэрилтэлэри, түмсүүлэри тэрийэллэр ээ, оннук тэринэллэрэ буолар. Талааннарын таһаара сатаатыннар. Кыра оҕолорго, кырдьаҕастарга улахан болҕомтолорун уурдуннар, биир дойдулаахтарыгар көмөлөстүннэр, кырдьаҕастар төһөлөөх үөрүө этилэр. Саамай кылаабынайа, баҕа санааларын туохтан да иҥнибэккэ толоро сатаатыннар, туруоруммут сыалларын ситистиннэр, сытыы-хотуу буоллуннар. Уонна хаһыат нөҥүө урукку пионердарбар Пионерия күнүнэн улахан эҕэрдэ ыытабын, доруобай, дьоллоох буоллуннар, биирдэ эмит бу диэки билиннэхтэринэ, таарыйдыннар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...