27.11.2021 | 11:00

Валентина СОФРОНЕЕВА: «Суоҕу баар оҥоруохха, баары тупсарыахха»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Саха гимназията төрөппүт санаатын күүһүнэн тэриллибитэ. Киин куораппытыгар биир тарбахха баттанар сахалыы тыыннаах оскуола быйыл номнуо 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта –гимназия дириэктэрэ Валентина Софронеева. 

Төрөппүт туруорсуутунан тэриллибитэ

– Валентина Васильевна, бука, кэпсэтиибитин оскуола историятыттан саҕалыырбыт буолуо? Ону хас кэрдиис кэмҥэ араарабытый?

–2000 сылларга киин куоракка сахалыы кылаас, оскуола аҕыйаҕыттан, элбэх оҕо матар түгэнэ баара. Ону кэмигэр көрөн, өйдөөн, сөптөөх хамсааһын саҕаламмыта. Ол курдук, СГУ профессора, педагогическай наука кандидата, оччолорго “Айылгы” төрөппүт уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Антонина Ивановна Петрова, педагогическай наука кандидата Светлана Степановна Семенова, алын сүһүөх оскуола учуутала Татьяна Артамоновна Скрябина элбэх ааны тоҥсуйан, сүүрэн-көтөн, үгүс кэпсэтиини ыыппыттара. Үөрэх управлениета, Үөрэх министиэристибэтэ, Ил Түмэн,  Бырабыыталыстыба бары биир санаанан салайтаран, боппуруоһу быһаарбыттара. Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия дириэктэрэ Николай Константинович Чиряев – 90-с сыллартан сахалыы тыыннаах оскуола баар буолуохтаах диэн элбэхтик сүүрбүт-көппүт ытык киһибит, ону чахчы наадалаах диэн өйөөбүтэ. Ол саҕана, син билиҥҥи курдук, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан дьон киин куоракка көһөн киириитэ үгүс этэ. Инньэ гынан оскуола боппуруоһугар улахан ыктарыы буолбута. Ити кэмҥэ учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка ньиэмэс тылын кафедратыгар методиһынан үлэлиир Ольга Михайловна Кычкина Саха-немецкэй оскуола буолуон сөп диэн этии киллэрбитэ. Оччолорго Аммаҕа “Үүнээйис” сайыҥҥы лааҕыр үлэлиирэ, Германияттан үгүс учуутал кэлэрэ. Онно Йоханнес Миттерле диэн история, этика учуутала, поэт, оҕо талаанын таба көрөр ураты дьоҕурдаах киһи сайын аайы оҕолору ньиэмэс тылыгар үөрэтэрэ. Кини саха оҕолоро тылга дьоҕурдаахтарын биир бастакынан бэлиэтии көрбүтэ.  

Мин ньиэмэс уонна английскай тыл учуутала буоламмын, омук дьонун кытары бииргэ үлэлиир дьолго тиксибитим уонна бу  “миэнэ эбит” дии санаабытым. Ольга Михайловналыын тэҥҥэ үлэлээбиппит,  Йоханнес Миттерлены кытта ыкса билсибиппит, тылга дьоҕурдаах оҕолору үөрэппиппит. Аҕыс сыл устата сайыҥҥы сырдык кэмнэрбит Амма кэрэ айылҕалаах сиригэр-уотугар ааспытын билиҥҥэ диэри сылаастык ахтабыт.

2001 сыллаахха “Колосок” уһуйаан дьиэтин аҥаарыгар оскуола аһыллар буолбута. Онно учууталлары сүүмэрдииллэрин истэн, сайабылыанньабын биэрбитим. Педагогическай састаапка өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан үрдүк таһымнаах оскуолалар, лицейдэр, гимназиялар учууталлара талыллан киирбиттэрэ. Төрөппүттэри туруоран, дьуһуурустуба олохтоон, сууйан-сотон, кырааскалаан, өрөмүөн үлэтин ыыппыппыт.

Алтынньыга “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр оскуолабыт үөрүүлээх аһыллыытын тэрээһинэ буолбута. 324 оҕо, төрөппүттэр, учууталлар, Германияттан ыҥырыылаах ыалдьыттар мустубуттара. Куорат усулуобуйатыгар ийэ тылларынан киэн туттар дьону иитэн таһаарар соруктаах үлэбит итинник саҕаламмыта.

Дьиэбит-уоппут кыараҕас диэн санаабытын түһэрбэт этибит. Спортивнай саала, остолобуой суоҕун туһунан этэ да барбаккын. Саамай сүрүнэ – оҕолор иннилэригэр үөрэтэргэ баҕалаах учууталлар бааллара.

Кылгас кэм иһигэр алын сүһүөх кылаас учуутала Татьяна Артамоновна Скрябина төрөппүттэрин кытта кылаас иһигэр музей тэрийбиттэрэ. Оҕо төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин билиэхтээх диэн санаанан салайтарар иллээх-эйэлээх кылаас барыбытыгар үтүө холобур буолбута.  

Саха тылын учуутала Анна Федоровна Саввинова оҕолору оһуохайга үөрэппитэ. Кып-кыра тиэргэҥҥэ перемена кэмигэр тахсан бэлэмнэнэрбит, оҕолор биир кэм чоргуйаллара. Инньэ гынан национальнай гимназия ыһыаҕыгар оһуохайга, хомуска кыттан, сыаналаах бириистэргэ тиксэн бары да сүргэбит көтөҕүллүбүтэ.

Санаа хоту сатаммыта

– 2006 сыллаахха национальнай гимназия саҥа дьиэтэ Поярков уулуссатыгар тутуллар буолбута. Онтон биһиги Орджоникидзе уул. 3 №-дээх дьиэтигэр көһөр туһугар төрөппүттэри кытта илии баттааһыннаах кумааҕылары тута-тута сүүрүү-көтүү буолбуппут. Салалта барыта өйөөн, аны куорат килбэйэр киинигэр, Саха театрын кытта сэргэстэһэ турар 5 этээстээх дьиэҕэ көһөр буолбуппут. 200 оҕону эбии ылбыппыт уонна педсастаап кэҥээбитэ. Эмиэ өрөмүөн сүпсүлгэнигэр түспүппүт. Дьиэбит 30 киһи олорон аһыыр буфеттаах, аактабай саалалаах этэ. Аны спортивнай саала оҥорторбуппут, библиотекаламмыппыт, ону ааһан медицинскэй хостоммуппут. Ити курдук омук тылларын дириҥэтэн үөрэтэр “Саха гимназията” диэн ааттанан, туспа оскуола быһыытынан үлэбитин саҕалаабыппыт. Бу – историябыт иккис кэрдиис кэмэ.

2010 сыллаахха педколледж дьиэтигэр көһөн кэлбиппит. Дьэ, үһүс түһүмэхпит манна саҕаламмыта. Эмиэ өрөмүөн үрдүгэр түспүппүт. Төрөппүттэрбит көмөлөрүнэн оҕоҕо табыгастаах гына оҥостубуппут.

2012 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, куорат кыттыһан, үп көрүллэрин, улахан өрөмүөнү ситиспиппит. Канализациятыттан уотугар тиийэ түөрэ барыта саҥаттан оҥоһуллубута. Сахалыы дизайннаах, оҕо хараҕа үөрэр буолуохтаах диэн санааттан Яроевтар дизайн-устуудьуйаларын кытта биир санаанан ис бараанын тупсаҕай гына оҥорбуппут. Хата, барыта бэрт түргэнник табыллыбыта, санаа хоту сатаммыта.

Өрөмүөн кэмигэр оҕолорбутун 29, 13, 23 №-дээх оскуолаларынан үөрэппиппит. Онон бу оскуолалар салайааччыларыгар махталбыт сүҥкэн. Күн аайы оҕолору 13 оптуобус таһара. Ону барытын ОБЖ учуутала Егор Егорович Жерготов салайбыта. Өрөмүөн үлэтэ ахсынньы 20 күнүгэр түмүктэнэн, дьэ “һуу” диэбиппит. Билигин дьиэбит истиин-тастыын оҕо үөрэнэригэр, сынньанарыгар, алтыһарыгар табыгастаах уонна ураты тупсаҕай көстүүлээх.

 

Оҕо хараҕа үөрүөхтээх

– 2015 сыллаахха биһиэхэ территориябытыгар турар Арассыыйатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын университетын дьиэтин биэрбиттэрэ. Онно 10-11 кылаастарбыт үөрэнэллэр. Өрөмүөннээн, күлүүһүн оҕолорго туттарбыппыт, билигин бэйэлэрэ салайынан, дьаһанан олороллор.

Урукку өттүгэр бас билэр тиэргэммит суоҕа. Билигин ыал курдук туспа тиэргэннээхпит. Технология учуутала Марианна Ивановна Винокурова ураты көрүүтүнэн тэлгэһэбитигэр улахан болҕомтобутун уурабыт. Ханнык баҕарар үлэҕэ кэлэктииби, төрөппүтү, оҕону бэйэҥ холобургунан көҕүлүүрүҥ быһыытынан, бастаан учууталлар бэйэбит сиэмэ атыылаһан, арассаада олордон, субуотунньуктары тэрийэр этибит. Билигин хас биирдии кылаас анал зоналаах. Онон сыллата сэдэх көстүү харахпытын сэргэхситэр. Тиэргэммитин көрөр-истэр, дьиэбитин-уоппутун ыраастык тутар үлэһиттэрбитигэр махтанабыт, сыраларын сыаналыыбыт.

 

Йоханнес Миттерле үлэтэ салҕанар

– Бүтэһигин 2005 сыллаахха кэлэ сылдьыбыта. Инники Аммаҕа өҥүрүк куйааска кэлэр буоллаҕына, ол сырыытыгар оҕолор  кыһын тымныыга оптуобус кэтэһэллэрин сөҕө истибитэ. Оччолорго оҕолорбут Тулагыттан, Маҕантан, Хатастан кытта кэлэн үөрэнэллэрэ. Онтон эбии соһуйбута. “Мин биэнсийэҕэ олоробун, баай буолбатахпын, ол эрээри доҕотторбунан баайбын. Бу көрбүппүн кинилэргэ тиийэн кэпсиэм, миигин хайаан да өйүөхтэрэ”, – диэбитэ. Биһиги тугу этэрин соччо өйдөөбөтөхпүт. Кини 70 сааһын туоларыгар: “Үбүлүөйбэр тугу да бэлэхтээмэҥ, харчынан биэриҥ”, – диэбит этэ. Бэйэтэ “Леон” диэн аһымал кулууп чилиэнэ эбит. Онно биһиги оскуолабыт туһунан кэпсээн, көрдөрөн, массыына бэлэхтиэххэ диэн сурук түһэрбит. Онон 2005 сыллаахха оҕолору таһар дьоҕус оптуобус тиийэн кэлбитигэр соһуйбуппут, үөрүүбүт, махталбыт муҥура суох этэ. Кини кэлэригэр хас да чымадаан муҥунан кэһиилээх буолара. Биһиги дойдубутун, дьоммутун оннук чугастык ылыммыта. Бүтэһик Ороһооспотугар Саха сириттэн табаарыстарын ыҥыртарбыта. Кинилэр оскуолабыт хайдах үлэлии турарын кэпсээн, сүргэтин көтөхпүттэрэ. Ытык киһибит биһиэхэ видеонан эҕэрдэтин ыыппыта. Тоҕус сыл устата Саха сиригэр кэлбит-барбыт ньиэмэс киһитэ биһиги тылбыт баайын, култуурабытын, сиэрбитин-туоммутун илдьэ сылдьарбытын ытыгылаабыта буолуо дии саныыбыт. 2007 сыллаахха кини аатын үйэтитэр музей арыйбыппыт. Тус малларын, кинигэлэрин дойдутуттан ыыттарбыппыт. Ол туһунан үгүстүк хаһыакка суруйбуттара, кэпсээбиттэрэ.

20 сыл тухары Германияны кытта ситиммитин быспакка кэллибит. Бастаан Берлин, онтон Штутгарт, 2014 сылтан Гамбург куораты кытта үлэлиибит. Онно көмүскээн кэлбит бырайыагым билиҥҥэ диэри таһаарыылаахтык үлэлиир. Уон хонуктаах уонна биир ыйдаах диэн бырайыактаахпыт. Оҕо билиитэ кэҥээн, олоҕу көрүүтэ, тылга, дьоҥҥо, бэл диэтэр, харчыга сыһыана уларыйан кэлэр. Төрөппүттэр махталлара улахан. Ону таһынан, английскай тылынан Кореяны кытта үлэлиибит, атын платформанан дьарыктана олороллор. Онон Йоханнес Миттерле саҕалаабыт үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри салҕанар.

 

Таһым үрдүүр

– 10-11 кылаастарга “Сетевая старшая школа” диэн федеральнай бырайыакка киирбиппит. Сайыннарыылаах үөрэх аһаҕас институтун (ОИРО) кытта быһа дуогабар түһэрсибиппит. Инньэ гынан 10-с кылаастарбыт тус үөрэх былаанынан үөрэнэллэр. Хас биирдии оҕо туһунан былааннаах. Итини барытын научнай-методическай үлэҕэ эппиэттээх Надежда Федотовна Попова салайар. Оҕолору, учууталлары мунньан, Кабардино-Балкарияҕа, Томскайга, Омскайга, Москваҕа, Казань куоракка семинардарга ыытарбыт. Оҕолорбут кылгас кэм иһигэр саҥалыын-иҥэлиин, туттардыын-хаптардыын уларыйан кэлэллэрэ. Бэйэни бас билинии, көхтөөх, эппиэтинэстээх буолуу – бу үс бириинсип үлэлиирин көрдөрбүтэ. Үрдүкү кылаастарга тьютордар бааллар. Оҕону арыаллааччы, киниэхэ көмөлөһөөччү, үөрэнээччини хамсатар механизм буолаллар. Оҕолор тус бырайыактарын көмүскүүллэр, тиэмэлэрин бэйэлэрэ талаллар.

Ньиэмэс тылын үөрэппит оҕолор DSD  дипломун ылаллар. Быйыл 18 оҕо эксээмэн туттарбыт, онтон 10-на – В1 диэн үрдүк таһымҥа,  8 оҕо – А1 таһымҥа. Дипломнары үбүлүөй тэрээһиннэригэр туттарыахпыт. Пандемия иннинэ Новосибирскай куораттан кэлэн туталлара, билигин бэйэбит учууталларбыт туталлар. Иккис үктэли Иркутскайга уонна Новосибирскайга эрэ туталлар. Хас да үөрэнээччибит Германия араас куораттарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар.

Биһиги индивидуализацияҕа, ол эбэтэр тус туһаайыылаах үөрэх бырагырааматынан үөрэнэ олоробут. Ол эрээри оҕо бэйэтэ эрэ барытын кыайбат, син биир хамаандаҕа үлэлии үөрэниэхтээх. Инникитин кэлэктиипкэ барыаҕа, дьону кытта үлэлиэҕэ. Итиннэ оҕолор элбэх тренини ааһаллар. Маны таһынан, 11-с кылаас оҕото 10-с кылаастарга киирэн бэйэтин портфолиотын кэпсиирэ олус туһалаах. Аны туран, араас саастаах уруоктары ыытабыт. Холобур, 5-с кылаас оҕото 4-с кылаастары үөрэтэр. “Мин бастакы бизнеһим”, “Мин сүрүн оскуола выпускнигабын” диэн сабыытыйалар бааллар.

 

БКЭ-нэн хааччахтаабаппыт

– Оскуола аһыллыаҕыттан гимназияҕа талыллыбыт, кыахтаах оҕолор эрэ үөрэнэллэр диэн сыыһа өйдөбүл баар. Оннук буолбатах. Оҕону таһымынан тэҥнээбэккин. Ол эрээри оҕо оҕоттон үөрэнэр диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.  

Биһиги үөрэнээччини биир кэлим эксээмэнинэн хааччахтаабаппыт. Оскуолаттан эппиэтинэстээх, көхтөөх, бэйэтин салайынар кыахтаах буолан тахсыбыт оҕо инники олоҕугар эмиэ оннук диэн мэлдьи этэбин. Бэйэтин айылҕатын тэтиминэн, кыаҕынан үөрэнэр буоллаҕа. Аны туран, ситэри аһыллыбатах, салайар таһымҥа тахсыбатах оҕолор үгүстэрэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар уопсастыбанньык бэрдэ буола үүнэллэрэ баар. Оннук киэҥ эйгэҕэ биллэр-көстөр оҕобут элбэх. Өссө сорохтор иккилии үөрэҕи дьүөрэлээн бүтэрэллэр. Биһиги хас биирдии оҕо уратытын таба көрүөхтээхпит дии саныыбын.

 

Идэҕэ сирдиир хайысха

– Пандемия иннинэ социальнай практика диэн хайысха бэркэ сайдан испитэ. Холобур, прокурор буолуон баҕалаах оҕо прокуратураҕа сылдьар, медиккэ туттарсар үөрэнээччи – балыыһаҕа.  Билигин “Водоканал” тэрилтэни кытта дуогабардаахпыт. Сотору оҕолорбут онно баран, исписэлиистэн саҕалаан, генеральнай дириэктэр үлэтигэр тиийэ билсэн кэлиэхтээхтэр. Педколледжы уонна пединституту кытта ыкса үлэлиибит. Ону таһынан, бэйэлэрин суолларын булбут, биллэр-көстөр дьону – бизнесменнэри, спортсменнары уо.д.а. ыҥырабыт. Оҕо илэ көрсөн олорон сэһэргэһэрэ олус үчүгэй. 

Оҕо-төрөппүт-учуутал

– Ханнык баҕарар саҕалааһын төрөппүтэ суох кыаллыбат. Гимназияҕа “Аҕа сүбэтэ” күүскэ үлэлиирин истэбит, билэбит.   

– Социальнай-психологическай сулууспабыт хара маҥнайгыттан күүскэ үлэлээбитэ. Психолог Сардана Егоровна Попова, социальнай педагог Ольга Юдовна Семенова төрөппүттэри үлэлэтэр механизмы толкуйдаан, “Парус” диэн академияны тэрийбиттэрэ. Оҕо-төрөппүт-учуутал диэн ситими өссө бөҕөргөппүттэрэ.

Учуутал тирэнэр төрөппүттэрдээх буолар. Холобур, Елизавета Эдуардовна Егорова 11 сыл төрөппүт кэмитиэтин салайбыта. Кини ылыннарыылаах тылынан “Барыта оҕо туһугар” диэн биир сүбэнэн үгүһү ситиспиппит. Ол кэннэ Татьяна Семеновна Птицына, Надежда Михайловна, Владимир Николаевич Борисовтар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Ийэ барахсан туохха барытыгар баар – мунньахха, тэрээһиҥҥэ, аһаҕас аан күннэригэр. Эр киһини оҕо иитиитигэр, оскуола олоҕор кытыннарар – биир улахан сорук. 2001 сыллаахха Татьяна Артамоновна аҕалары хайдах курдук мунньубутун уонна түмпүтүн өрүү саныыбыт, кэпсиибит. Киэһэ кэлбиппит, көрүдүөргэ баппат элбэх аҕа кэлбит этэ. Онно Татьяна Артамоновна уол оҕону иитии, куорат усулуобуйатыгар саха эйгэтин тэрийии туһунан эппитин-тыыммытын аҕалар иһийэн олорон истибиттэрэ. Онтон ыла гимназия “Аҕаларын сүбэтэ” куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Эр дьоммут туттан-хаптан тыл этэ таҕыстахтарына, ханнык баҕарар тэрээһиммит киэркэйэ түһэр. Оттон биһиги уоланнарбыт ааҕыыларын истибит эрэ киһи барыта сэргиир, долгуйар.

Кыайыы 70 сылыгар Оҕо дыбарыаһыгар кэнсиэртээбит харчыбытынан  “Уол уонна аҕа” диэн стела оҥорбуппут. Оҕолор лааҕырга, айылҕаҕа баралларыгар атаарар, кэлэллэригэр көрсөр сирбит. Ити бэйэтэ үгэскэ кубулуйда. Саҥаттан саҥа көлүөнэ аҕалар тахсан иһэллэриттэн үөрэбит.

Сайын уолаттарга патриотическай экспедиция тэрийэбит. Куорат оҕолоро уот отторго, ас астыырга, балаакка туруорарга, сиргэ-уокка, айылҕаҕа сылдьа үөрэнэллэр. Оҕолорбут икки нэдиэлэ устата өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдан, уларыйан кэлэллэрин бэлиэтиибит. Бу Егор Егорович Жерготов төрүттээбит үлэтин билигин Степан Олегович Ноев салҕыыр. Хомойуох иһин, пандемия саҕаланыаҕыттан икки сыл көттө.

 

Сахалыы эйгэ

– Биһиги ийэ тыллаах, култууралаах, үтүө үгэстээх буоламмыт, 2012 сылтан ЮНЕСКО оскуолатын аатын сүгэбит.

Кырдьык, нуучча уһуйааныттан, нуучча кылааһыттан кэлбит оҕолор ыарырҕаталлара кистэл буолбатах. Итиннэ оҕо сүрүн көмөлөһөөччүтэ – төрөппүт.  

Оскуолабыт олугун уурбут дьонунан Татьяна Артамоновна Скрябинаны, Галина Семеновна Максимованы, Анна Федоровна Саввинованы, Дария Филипповна Лукинаны ааттыыбыт. Холобур оҥостор дьоҥҥун кытта тэҥҥэ алтыһар, батыһар буоллаххына, барыта кыаллар. Ону сэргэ Надежда Афанасьевна Тобонова, Людмила Георгиевна Дедюкина, Анжелика Алексеевна Антонова үгүс үлэни ыыталлар. Киин куорат сахалыы тыллаах оскуолалара бэйэ-бэйэбитин толорсобут, ситэрсэбит, көмөлөсүһэбит. Эн-мин дэһэн үлэлии олоробут.

– Үтүө үгэскэ кубулуйбут ыһыаххыт туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

– Бастакы сылларбытыгар сир былдьаһык буолара. Хатас ыһыахтыыр сиригэр түүннэри манаан тэринэрбит. Ырыынактан эт атыылаһан астыырбыт. Фляганан быырпах ылан тиийэрбит. Барытын тиэйиэххэ, сыһыахха-соһуохха, хоно сытан оҥостуохха диэтэххэ, бэйэтэ туспа түбүк этэ.

Ыһыахха дьиэ кэргэн бүтүннүү көһөн кэлэр. Эбэлэр, эһэлэр дьоллоох сирэйдэрин көрдөххө, киһи ордук үөрэр. Бары сахалыы таҥаспытын сайбаччы кэтэбит. Оҕолор, учууталлар 100% хомустаахтар. 2011 сыллаахха күргүөмүнэн хомуска оонньоон рекорд олохтообуппут. Бэйэтэ умнуллубат үтүө өйдөбүл буолбута.

Биир ыһыахха алгыс кэмигэр былыт быыһыттан күммүт чаҕылыйан соһуталаабыта. Биир дьыл хомуна сырыттахпытына, аппаратураны бэрийэ сылдьар төрөппүт: «Көрүҥ эрэ, кыталыктар көтөн иһэллэр!» – диэн саҥа аллайбыта. Кырдьык, икки кыталык кылыкыныы-кылыкыныы биһигини тула эргийбитэ. Оннук үтүө бэлиэлэр кэлэллэриттэн үөрэбит.

 

Үлэ систиэмэлээх буолуохтаах

Киһи олорорун тухары үөрэнэр. Үрдүккэ талаһыы, дьулуур баар буоллаҕына, онно эбии үөрэнэр үөрүйэҕи үөрэтиини тэҥҥэ туттаххына, үүнүү-сайдыы кэлэр. Тугу эрэ оҥорор буоллаххына, кыайарга-хоторго, ситэрэргэ дьулуһаҕын. Хаһан даҕаны “кыаллыбат”, “табыллыбат” дэниллибэт. Киһи ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр, бэйэтин кэнниттэн суол-иис хаалларар курдук үлэлиэхтээх, олоруохтаах.

Кэлэктииппитигэр уопуттаах дьоммутун кытары эдэр көлүөнэни тэҥҥэ тутабыт. Чэппиэр – учуутал үөрэнэр күнэ. Сэрэдэ – төрөппүтү кытта үлэ күнэ. Мунньахтар, көрсүһүүлэр, атын да тэрээһиннэр буолаллар. Бу бүтэһик уон сылга хаһан да кэһиллибэт график. Үлэ систиэмэлээх буолуохтаах. Бары биир санаанан тугу барытын кыайар кыахтаахпыт.

Билигин гимназияҕа 29 кэмпилиэк кылааска 718 оҕо үөрэнэр. Быйыл үс маҥнайгы кылааһы ыллыбыт. Эбии биир кылааһы арыйбыппыт, онон кими да хаалларбатыбыт...

– Түмүккэ гимназия сарсыҥҥытын туһунан кэпсэтиэххэ.

– Биһиги инники кэскилбит – индивидуализация. Тус былаанынан, бырагырааманан үөрэнэр оҕо туруктаах уонна тирэхтээх буола үүнүөхтээх. Оскуолаҕа ылбыт билиитэ устудьуоннуур сылларыгар туһалыыр.

Оҕолорбут аан дойдуга көҥүллүк уонна холкутук сылдьар кыахтаннылар. Үөрэнээччилэрбит Арассыыйа араас муннуктарыгар эрэ буолбакка, Германияҕа, Англияҕа, Австрияҕа, Америкаҕа, Чехияҕа, Кытайга бэрт ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Икки омук тыллаахпыт олус көмөлөһөр дииллэр. Саамай сүрүнэ – биһиги төрөөбүт тылбытынан атын норуокка кэрэхсэнэбит диэн билинэллэр. Киин куораттарга, тас дойдуларга үөрэнэ тиийбит оҕолор ийэ тылларын, култуураларын, үтүө үгэстэрин киэн тутта кэпсииллэрин истэн үөрэбит.

“Цифровой үөрэхтээһин эйгэтэ” федеральнай бырайыакка биир бастакынан киирэн, икки толору хааччыллыылаах кабинеты ылбыппыт. Техническэй өттүнэн усулуобуйа барыта баар. Олоххо киирэри харгыстаһар кыахпыт суох. Сөбүн көрөн туһаныахтаахпыт, үөрэниэхтээхпит. Оннукка тиийэн кэллибит. Билиҥҥи оҕо баары баһан ылар. Сөптөөҕүн, наадалааҕын көрдөөн буларга, ону сатаан сиидэлииргэ үөрэниэхтээх. 

 

Үбүлүөй үтүө түбүктэрэ

Валентина Васильевна уоппускатыгар үбүлүөй тэрээһиннэригэр сүүрэ-көтө сылдьар.

– 20 сыл олус түргэнник ааста. Бу бэйэбитигэр отчуоттуур, уруккуну-хойуккуну саныыр, дьоммутугар-сэргэбитигэр махтанар кэммит. Бука бары үлэлээн ааспыт учууталларбытын кытта сибээспитин быспаппыт, билсэ олоробут. Хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн үбүлүөй формата уларыйан биэрдэ. “20 көмүс уруок”, кылаас чаастара, маастар-кылаастар, кэнсиэртэр, выпускниктар оҕолору кытта көрсүһүүлэрэ ыытыллыахтара. Кинигэ бэлэмнии, саҥа истиэндэлэри оҥорторо сылдьабыт.

Оскуолабыт тэриллэригэр “Айылгы” уопсастыбаннай түмсүү суолтата улахан. Билиҥҥэ диэри ситиммитин быспаппыт. Кинилэр санааларын, ахтыыларын сыа-сым курдук тутан, араадьыйаҕа, хаһыакка, сурунаалга өрүү таһаартарабыт, дьоҥҥо сырдатабыт.

Биһигини өйүүр, көмө-тирэх буолар дьоммут элбэх. Кинилэргэ махтанан, ааспыты санаан, бу сылбытын олус үчүгэйдик түмүктүөхтээхпит диэн эрэллээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...