Валентин Чепалов: «Наука уонна култуура дьүөрэлэһиэн сөп»
Хатас нэһилиэгэ сахалыы куттаах, ону таһынан олоххо көхтөөх, үтүө үлэһит дьонунан биллэр. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Валентин Чепалов науканы уонна култуураны дьүөрэлээн айымньылаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар.
– Валентин Азотович, баһаалыста, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр.
– Мин 1974 сыллаахха Хатас нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Манна оскуоланы, музыкальнай оскуоланы бүтэрбитим. 1991 сыллаахха СГУ биолого-географическай факультетыгар туттарсан киирбитим. Ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, салгыы аспирантураҕа үөрэммитим, ону тэҥэ биология институтугар үлэлээбитим.
Бу иннинэ 1995 сыллаахха ийэм Людмила Михайловна Чепалова кулууп дириэктэринэн анаммыта. Онтон ыла култуура эйгэтигэр сыстан барбытым.
2010 сыллаахха Иркутскай куоракка “Саха сирин үүнээйилэрин пигментнэй аппарааттарын эколого-физиологическай уратылара” диэн тиэмэнэн кандидатскай диссертациябын көмүскээбитим. Устудьуоннары, аспираннары үүнээйи биохимиятыгар үөрэппиппит. Саха сирин үүнээйилэрин физиологиятыгар элбэх научнай үлэлээхпин.
Химическэй лабораторияҕа үлэлээн, хомойуох иһин, доруобуйам айгыраабыта. Онон хайысхабын уларытарга күһэллэн, 2016 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитим. Билигин Хатастааҕы “Тускул” култуура киинигэр саҥа технологияны уонна саҥа методиканы киллэрэр үлэни салайабын.
– Тэрилтэҕит үлэтин-хамнаһын кэпсии түһүөҥ дуо?
– Быйыл 90 сааһын туолар култуурабыт киинэ 2000 сыллартан “Тускул” – нэһилиэк духуобунай сайдыытын киинэ” бырагырааманан үлэлиир. Маныаха нэһилиэк бары тэрилтэлэрин кытта сөбүлэҥ, дуогабар түһэрсэн, биир санаанан салайтаран үлэлиибит.
Хатас – көхтөөх нэһилиэк дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Оттон “Тускул” култуура киинэ – нэһилиэк сайдыытын киинэ диэтэхпинэ, сыыспаппын.
Үлэбит хас да хайысхалаах. Бастакынан, аудиовизуальнай устуудьуйалаахпыт. Иккиһинэн, култуура тэрилтэтигэр аныгы технологияны киллэриини бэйэбит нөҥүө бэрэбиэркэлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕатабыт. Үсүһүнэн, 2018 сылтан Арассыыйатааҕы киинэ пуондатын үбүлээһининэн цифровой киинэ саалатын үлэлэтэбит. Онон аан дойдуга көстө турар саҥа киинэлэри хатастар тутатына көрө олороллор. Төрдүс хайысхабыт – бэйэбит кинигэ таҥан, бэчээттээн таһаарабыт. Хаартыскаларын төлөпүөнүнэн даҕайдахха, VR-технологиянан бары тиллэн кэлэллэр. Бу үлэбитинэн нэһилиэнньэ махталын ылабыт.
“Оцифровка культурного наследия” диэн сонун хайысхалаахпыт. Эргэ хаартыскалары, устуулары сыыппараҕа көһөрөн, ютуб ханаалбытыгар киллэрэбит, биир кэлим бааза оҥостон, үйэтитии үлэтин ыытабыт.
Маны таһынан, бэйэбит тэттик киинэлэри устабыт, прокакка таһаарабыт, нэһилиэнньэҕэ көрдөрөбүт.
Быйыл пандемия кэмигэр “Виртуальный туризм” диэн сонун суолу тобуллубут. Турфирмалары кытта кэпсэтэн, бөлөхтөрү хомуйан үлэлээтибит. Zoom платформа нөҥүө Бразилия олохтоохторугар сэттэ эфири ыыттыбыт, сахалыы сиэри-туому, үгэстэри атын норуоттарга кэпсээтибит. Ону омук дьоно олус сэргээтилэр.
Олох күөстүү оргуйар
– Пандемия, хааччахтааһын кэмигэр үлэҕит улаханнык тохтооботох, өссө үксээбит курдук...
– Хамсык кэмигэр хаайтарбакка, былааммытын толордубут диэн сэмээр үөрэбит. Аныгы технологияны сөпкө туһаннахха, дьиҥэр, ханнык да хааччахха хаайтарбат эбиппит диэн түмүккэ кэллибит. Көрөөччүлэрбитин, истээччилэрбитин сүтэрбэккэ, ыраах-чугас олороллор диэбэккэ, үгүс дьону хабан, аудиториябытын өссө кэҥэттибит. Ютубка Tuskul Video диэн ханаалбытыгар нэдиэлэ көтө-көтө быһа биэриилэри ыытабыт.
Култуура министиэристибэтэ уонна управлениета биһигини олус өйүүр. Оннооҕор хамсык ыарыытын кэмигэр дистанционнай үөрэхтэри тэрийэр. Ол курдук Москватааҕы судаарыстыбаннай култуура институтугар дистанционнай көрүҥүнэн үөрэннибит. Хамаанданан үлэҕэ араас ньыма, методология элбэх эбит. Холобур, Эджайл, Скрам диэн омуктар биһириир ньымаларын туһанан, үлэбит ордук таһаарыылаах буолбутун бэлиэтии көрдүбүт.
Уопсайынан, былааннаахтык уонна аныгы технологияны таба туһанан үлэлээтэххэ, туох барыта табыллар, кыаллар диэн этиэхпин баҕарабын.
Киһи ханнык баҕарар табаары маҕаһыынтан атыылаһарыгар тас көстүүтүн, хаатын, суутун көрөн ылар. Биһиги бородууксуйабыт – кэнсиэр, быыстапка, киинэ, онлайн куурустар дьоҥҥо-сэргэҕэ интэриэһинэй буолалларын туһугар социальнай ситим нөҥүө кэтээн көрүүлэри ыытабыт. Нэһилиэнньэ тугу көрүөн баҕарарын билээри, араас ыйытыктары оҥоробут. Дьон санаатын учуоттаан үлэлээтэххэ, биллэн турар, саала хаһан баҕарар толору буолар, тэрээһиннэргэ үгүс киһи сылдьар. Холобур, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт “Поем со звездами” диэн сыл аайы ыытыллар бырайыактаахпыт. Маны таһынан, социальнай ситимнэри туһанан, дьоҥҥо туһалаах маастар-кылаастары, интэриэһинэй быһа эфирдэри оҥорорго дьулуһабыт. Ити курдук “Тускул” култуура киинин иһинэн 57 түмсүүнэн 1000-тан тахса киһи хабыллар. Хатас култуурунай олоҕо күөстүү оргуйар диэххэ сөп.
– Бэйэҕит уопуккутун тарҕатар куурустары ыыппаккыт дуо?
– Кырдьык, биһиги теориянан эрэ муҥурдаммакка, практическай үлэни оҥоробут. Ол иһин кэллиэгэлэрбит үөрэтиҥ дииллэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи балаһаакка быһыытынан үлэлээбиппит балайда буолла. Итиннэ эбэн эттэххэ, мэлдьи биир хайысханы тутуһан үлэлээбэккэ, атын, саҥа форманы көрдүүр, ону хото туһанар олус интэриэһинэй эбит. Аны туран, туох барыта сабыллан, бобуллан, хааччахтанан турар кэмигэр муниципальнай сакааспытын, былааммытын толорорго биир сонун суолу тобуллубут. Дьон махталын, сэҥээриитин ылан кынаттанаҕын, өссө айымньылаахтык үлэлиэххин баҕараҕын.
Киин регионнар спонсорга найылыыллар
– Ааспыт ыйга Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионакка кыттан кыайыылаах үрдүк аатын ылбыккын биир дойдулаахтарыҥ үөрэ истибиппит. Бу тэрээһин туһунан кэпсии түс эрэ.
– Аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускай куорат култуураҕа управлениетын, СӨ култуураҕа министиэристибэтин куонкурустарын кыайыылааҕа буолбутум. 2018 сыллаахха инновационнай бырайыакпынан Грант сүүйбүтүм.
Култуура министиэристибэтэ аныгы методологиялары үлэҕитигэр туһанаргыт туһунан атын регионнарга кэпсээҥ, уопуккутун үллэстиҥ диэн этии киллэрбитэ. Инньэ гынан алтынньы ыйга Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы култуура үлэһиттэрин чемпионатыгар кыттар чиэскэ тиксибитим. Быйыл бу тэрээһиҥҥэ 70-ча тэрилтэ үлэһитэ кэлбит, урукку сылларга холоотоххо, аҕыйах эбит. Дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар саҥа методологиялары туһанарбытын, виртуальнай туризмы киллэрбиппитин, саҥарар кинигэлэрбитин интэриэһиргээтилэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Бастакы миэстэни ылбыппыттан бэйэм да соһуйдум. Чемпионакка Саха сириттэн иккиэ этибит. Үөһээ Бүлүүттэн Айталина Мойтохонова-Сахаайта кыттыбыта, үлэтин-хамнаһын олус бэркэ кэпсээбитэ, сахалыы туойан дьиэрэппитэ. Кини бэйэтин хайысхатыгар эмиэ бастаабыта.
– Чемпионаттан тугу билэн-көрөн кэллиҥ? Кулгаах, харах тугу ордук сэргии көрдө-иһиттэ?
– Соһуйбутум диэн, култуура тэрилтэлэрэ пандемия саҕаламмытыгар олорунан кэбиспиттэр. Киин регионнар үксүн спонсордар көмөлөрүнэн үлэлии-хамсыы олороллор, биһиги курдук харчы киллэрэ сатаабаттар эбит диэн бэлиэтии көрдүм. Холобур, биир тэрилтэни кондитерскай фабрика толору үбүлүүр эбит. Хас да тэрилтэни кытта инникитин бииргэ үлэлэһиэхпит диэн кэпсэттибит.
Чемпионат тэрээһиннэрэ хас да балаһаакканан буолла. Маастар-кылаастары ыыттылар, саҥа методикаларга үөрэттилэр. Биһиги сонун хайысхаларбытын, онлайн тэрээһиннэрбитин олус сэргээтилэр, элбэҕи ыйыталастылар.
Түгэнинэн туһанан, Дьокуускай куорат култуураҕа управлениетыгар (сал. Ли И.П.), Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинигэр (сал. Пестряков П.П.) Москва куоракка баран чемпионакка кыттар кыаҕы биэрбиттэригэр махтанабын.
Салалта өйүүр буоллаҕына
– Куорат күнүгэр Хатаска хас да бырайыак олоххо киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ ыытыллыбыта. Онно “Тускул” култуура киинэ, биллэн турар, туора турбатаҕа.
– Нэһилиэкпит уулуссалара сүрүннээн Хатастан үүнэн-сайдан тахсыбыт, манна олорбут, үлэлээбит дьон аатын сүгэллэр. Хомойуох иһин, кинилэри ыччат, оҕо аймах үчүгэйдик билбэт. Холобур, Сидор Алексеев диэн кимий? Ол туһунан ыйытык түмүгэ көрдөрбүтэ. Бу итэҕэһи көннөрөр сыалтан “Виртуальный музей с. Хатассы. Вперед в прошлое” диэн бырайыакпытын суруйбуппут. Ол түмүгэр дьоҥҥо-сэргэҕэ, чуолаан ыччакка олус туһалаах көрдөрөр-иһитиннэрэр табличкалары оҥорбуппут. Онно ханнык баҕарар киһи төлөпүөнүн даҕайдаҕына, биһиги оҥорбут киинэбит көстөн кэлэр. Бастакы геройбутунан “Хатас” сопхуоска өр сылларга үлэлээбит механизатор Рожь Федотович Николаев буолла. Кини туһунан документальнай киинэ оҥордубут. Ону QR-код көмөтүнэн ким баҕарар көрөр кыахтаах. Итинник отучча киинэни оҥоруохтаахпыт. Бу иннинэ оскуолабыт историяҕа учуутала Ирина Егоровна Чепалова оҕолору кытта үлэ түмүгүнэн “Улицы села Хатассы” диэн кинигэни таһаартарбыта, ону эбии сайыннарар санаалаахпыт. Оскуолабытыгар баар историческай куруһуок оҕолорун киинэ устуутугар кытыннарар, кэпсэтиннэрэр былааннаахпыт.
Куорат күнүгэр аналлаах тэрээһиннэрбитигэр киин куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев ыалдьыттаабыта, табличкабытын көрөн хайҕаабыта. Ол күн нэһилиэкпит музейа аһыллыбыта. Урут туспа дьиэтэ суоҕа. Быйыл урукку интэринээт дьиэтэ бэриллэн, онно ититии систиэмэтэ холбонон, өрөмүөн оҥоһуллан үлэҕэ киирдэ. “Тускул” култуура киинэ бу музей экспонаттарын виртуальнай сырдатыыга үлэлэһэн эрэр. Холобура, оҕолору интэриэһиргэтэр сыалтан, QR-код көмөтүнэн истиэндэ хаартыската хамсаан, кэпсээн-ипсээн барарын ситиһиэхтээхпит.
Быйыл Дьокуускай куорат дьаһалтата ыыппыт “Норуот бүддьүөтэ” диэн куонкуруһугар кыттыбыппыт. Евдокия Ефимовна Семенова, Вилена Михайловна Константинова уонна мин буолан “Этно-сквер с.Хатассы “Күөх сирэм” диэн бырайыак суруйбуппут. Кэллиэгэбит Наталья Ивановна Руфова урут нэһилиэк дьаһалтатыгар үлэлии сылдьан, бэйэтэ көҕүлээн, быраҕыллыбыт учаастакка мастары олордон, сквер оҥорбуттара. Куонкуруска ону тупсарар сыаллаах кыттыбыппыт. Бырайыакпыт кыайан, үбүлэнэр буолбута. Онон 9 Айыыны көрдөрөр тус-туспа зоналардаах этно-сквергэ интерактивнай ыскамыайкалары туруорбуппут. Сынньана кэлбит киһи QR-коду арыйан, алгыс истэр кыахтаах. Бэйэбит бэрэбиэркэлээн көрөн баран олус астыммыппыт. От-мас быыһыгар олорон алгыс тылларын истэн ураты турукка киирэр эбиккин. Хатас олохтоохторо бу бырайыакпытын киин куорат дьаһалтата өйөөбүтүгэр муҥура суох махтаналлар. Манна даҕатан эттэхпинэ, салалта өйүүр эрэ буоллаҕына, үлэ таһаарыылаах буолар.
Кэнники кэмҥэ ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэ автоматизацията күүскэ киирэн эрэр. Дьиҥэр, култуура тэрилтэлэригэр үлэни чэпчэтэр бырагыраама, платформа үгүс. Ону сааскыттан, көмпүүтэри сатыыргыттан-сатаабаккыттан тутулуга суох, хамаанда үлэтэ барыта төлөпүөҥҥэр эбэтэр көмпүүтэргэр көстөн турар. Былааныҥ (тугу гыныахтааҕыҥ), билигин тугу оҥоро сылдьарыҥ уонна туох бэлэмэ. Маннык методиканы киллэрбиппит үлэбитигэр, чуолаан хамсык кэмигэр, олус туһалаата. Бу – Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Петрович Пестряков, методическай үлэҕэ салайааччыбыт Нюргуяна Егоровна Ушницкая көҕүлээн ыыппыт үлэлэрин үтүө түмүгэ. Онон үүнэр-сайдар кыахпытын арыйар, биһигини үгүскэ үөрэттэрэр, билиибитин, сатабылбытын элбэтэргэ үтүмэн үлэни ыытар салалтабытыгар махтанабыт.
Олох уонна сайдыы төрдө
– Валентин Азотович, аҕаҥ олус сэдэх ааттаах эбит. Бу туһунан сэһэргии түһүөҥ дуо?
– Эһэбит киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи эбит. Химияны олус интэриэһиргиирэ үһү. Уолун (мин аҕабын) Азот, оттон кыыһын Гелия диэн сүрэхтээбит. Хомойуох иһин, ол кыыс кыра сааһыгар күн сириттэн күрэммит.
Аҕам аата мин олохпор сабыдыала улахан. Баҕар, ол иһин химияны, биологияны интэриэһиргээбитим, ол хайысханы талбытым буолуо.
– Науканы уонна култуураны дьүөрэлээн үлэлиир хайдаҕый?
– Омос көрдөххө, лаборатория уонна култуура үлэтэ туох да сыһыаннара суох курдук. Ол эрээри ханнык баҕарар эйгэҕэ науканы сыһыардахха, үлэ ордук таһаарыылаах уонна түмүктээх буолар диэн этиэхпин баҕарабын.
Наука диэн олох төрдө. Биһиги олохпутугар туох барыта мээнэҕэ буолбатах. Сокуонтан, быраабылаттан турар. Технология – сайдыы төрдө. Онон ити икки өйдөбүл сайдыылаах олоҕу кэрэһилиир.
Култуураҕа син биир наукаҕа курдук, тугу ситиһиэхтээхпитин, туох түмүккэ кэлиэхтээхпитин эрдэттэн былаанныыбыт. Биһиги хамаанданан үлэлиибит. Ситиһиибит кистэлэҥэ итиннэ сытар дии саныыбын. Барытын мунньахтаан, сүбэлэһэн, толкуйдаан оҥоробут.
Науканы кытта ситиммин быспаппын, үлэбэр туһанабын. “Хатас нэһилиэгин эмтээх үүнээйилэрэ” диэн бырайыактаахпыт. Актыбыыстары кытта эмтээх үүнээйилэри хомуйбуппут. Бу хайысханы дьон сэргиир, ол эрээри үчүгэйдик билбэттэриттэн сэрэхэдийэллэр. Ханнык үүнээйи хаһан хомулларын, тугу эмтиирин, хайдах харайылларын кэпсиир эксурсия ыыппыппыт. Ол түмүгэр дьоҕус кинигэ таһаарбыппыт, атыыга хамаҕатык барбыта.
Сахалыы куттаах ыал аҕа баһылыга
– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо?
– Кэргэним Анна Викторовна Томпо улууһун Хаандыга нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини Венгрия Будапешт куоратыгар кондуктивнай педагогика институтугар биэс сыл үөрэммитэ. Оччолорго СӨ Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн саха оҕолорун омук сирдэригэр үөрэттэрэр дьоһун үлэ ыытыллыбытын өйдүүр буолуохтааххыт. Ол курдук кэргэним талан ылбыт идэтинэн Хатас реабилитационнай киинигэр өр сылларга үлэлээбитэ. Билигин Хатас уһуйаанын учуутал-логопеда.
Үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Айталина – мединститут 2 кууруһун устудьуона. Орто кыыспыт Ирина – Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт 11 биолого-химическэй кылааһын үөрэнээччитэ. Уолбут Айсен 12-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа физмат кылааска үөрэнэр. Оҕолорбут бары сахалыы үчүгэйдик саҥараллар.
– Итиннэ иилэ хабан ылан ыйытыым. Билигин нууччалыы эрэ саҥарар саха оҕото элбээтэ. Бу туһунан санааҥ?
– Оҕо саамай билэр-көрөр, информацияны ылынар, саҥата-иҥэтэ сайдар кэмигэр интэриниэккэ, ютубка олорон хааларыттан дии саныыбын. Үгүс төрөппүт оҕотугар планшеты, төлөпүөнү туттаран кэбиһэрэ кистэл буолбатах. Ити туһунан “Тускул” култуура киинигэр туһааннаах исписэлиистэри ыҥыран, кэпсэтии таһаарбыппыт. Онно кэлбит экспертэр ити кыһалҕа сүрүн биричиинэтэ төрөппүт оҕотун кытта ийэ тылынан кэпсэппэтиттэн диэн быһаарбыттара.
– Оччоҕо оҕо иитиитигэр туһалаах диир аныгы технологиябыт буортулаах буоллаҕа?
- Баҕар-баҕарыма, билигин аныгы технологията суох сатаммаппыт. Оҕолор сүрдээҕин сатыыллар. Аҕам саастаах дьон да хаалсыбаттар. Сөпкө туһаннахха, туох куһаҕаннаах буолуой.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Эдэр эрдэхпиттэн хаартысканан, видеонан үлүһүйэбин, онон 90-с сыллартан мунньубут матырыйаалым элбэх. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы ол дьоҥҥо-сэргэҕэ күндү буолан иһэр эбит. Дьон хаһан эрэ кэнсиэркэ, тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарын көрөн олус үөрэллэр. Бу дьарыгым үлэбэр да, дьиэ кэргэммэр эбии дохуот да киллэрэрбэр туһалыыр. Аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээх саҥарар кинигэлэри, интерактивнай хаартыска альбомнарын бэчээттээн таһаарабын. Оскуолалартан, оҕо уһуйааннарыттан кыралаан сакаас ылабын.
Биир кэм кэргэммин кытта лазернай гравер (ЧПУ) диэн станогунан араас оҥоһуктары (хаартыска рамкаларын, топпердары) оҥоро сылдьыбыппыт, билигин да дьарыктанабыт.
Бастаан ыал буолбут сылларбытыгар дьоммутугар олорбуппут. Ийэм өйөөн, улахан тэпилииссэ туппуппут. Кэргэммин кытта 1000-нан помидор, оҕурсу, клубника, сибэкки арассаадатын олордон, көрөн-харайан, бүөбэйдээн атыылыыр этибит. Ол саҕана хамнас ыйы-ыйдаан кэлбэт, туох барыта кырыымчык кэмэ этэ. Онон арассаада, оҕуруот аһа атыылаан, эбии харчы оҥостон дьиэ туттубуппут диэтэххэ, сымыйа буолбатах. Урут оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар “Хатас” сопхуоһугар дьиэ кэргэнинэн помидор үүннэриитигэр үлэлээбит уопуппут билиҥҥэ диэри туһалыыр.
Сынньалаҥмытын дьиэ кэргэнинэн атаарабыт. Оҕолорбутун кытта айанныырбытын, сири-дойдуну кэрийэрбитин сөбүлүүбүт. Биллэн турар, хааччахтааһын кэмигэр сырыыбыт аҕыйаата.
Хатаспынан киэн туттабын
– Алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Хатас төрүт олохтооҕо буоллаҕыҥ, нэһилиэгиҥ туһунан тугу киэн тутта кэпсиэҥ этэй?
– Урут нэһилиэкпит сопхуоһа бүтүн куораты аһатан олорбута. Биһиэхэ биир бастакынан гаас ситимэ киирбитэ. Сайдыы биир сиргэ турбат. Суол-иис тубуста, сүрүн суолларбыт аспаалланнылар. Интэриниэппит түргэн. Наһаа үчүгэй агро хайысхалаах, науканы кытта ситимнээх оскуолалаахпыт, өссө салҕааһын тутуллара былааннанар. Эһиил саҥа спортивнай комплекс үлэҕэ киириэхтээх. Аҕыйах сыллааҕыта саҥа уһуйаан тутуллубута.
Хатастар урут-уруккуттан эйэҕэстэр, сайаҕастар. Сахалыы куттаах нэһилиэкпинэн киэн туттабын. Манна киһи олороругар, үүнэригэр-сайдарыгар, үлэлииригэр усулуобуйа барыта баар. Ол иһин дьон-сэргэ көһөн кэлэр, олохсуйар, нэһилиэнньэбит сыл аайы элбии турар.
– “Тускул” култуура киинин, Хатас сайдар кэскилин хайдах көрөҕүн?
– Бу күннэргэ Хатас бары тэрилтэлэрэ, көхтөөх олохтоохторо буолан нэһилиэкпит 2050 сылга диэри сайдыытын, инники кэскилин туһунан улахан кэпсэтии ыытыахтаахпыт, форсайт диэн ньыманы туһаныахтаахпыт. “Тускул” култуура киинигэр онуоха сөптөөх тиэхиньикэнэн хааччыллыбыт анал хостоохпут. Биллэн турар, элбэх киһини мунньарбыт көҥүллэммэт, онон Zoom платформа нөҥүө исписэлиистэр санааларын истиэхпит.
Тэрилтэбит былаана үгүс, баҕа санаабыт баһаам. Үһүс этээс оҥорторуохпутун, култуура киинин таһыгар этно-комплекс туттарыахпытын баҕарабыт. Мин санаабар, бу курдук былааннаан, нэһилиэнньэни кытта эн-мин диэн үлэлээтэхпитинэ, барыта табыллыаҕа, кыаллыаҕа, олоххо киириэҕэ.