26.11.2024 | 15:34

«Саюри»-га гаас киирдэ

«Саюри»-га гаас киирдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайдааҕы «Саюри» тэпилииссэ комплексыгар федеральнай бүддьүөт суотугар 100 мөл. солк. сыаналаах гааһынан үлэлиир электростанция (ГПУ) үлэҕэ киирдэ. 
Өрөспүүбүлүкэ былаастара бэлиэтииллэринэн, «Саюри» ХЭТ нэһилиэнньэ 25% сылы эргиччи сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйар. 


2 МВт кыамталаах саҥа установка хаһаайыстыба быыстала суох үлэлиирин хааччыйыыга, электричествонан туһаныыга ороскуотун намтатыыга туһулунар. 
Федеральнай бүддьүөт үбэ Арассыыйа Илин өттүн сайыннарыыга министиэристибэ өрөспүүбүл8кэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга корпорация (КРДВ) үлэтин чэрчитинэн тыырыллыбыт.


Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн эксперимент быһыытынан саҕаламмыт бырайыак бүгүн Дьокуускай куорат быстыспат сорҕото буола үүннэ. 
«Саюри» ХЭТ салайааччыта Валерий Гарипов иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ агрокомплекс аныгы оборудованиенан хааччыллыылаах буолан, 3,3 гектар иэннээх сиртэн 2 400 туонна оҕурсуну, томаты уонна күөх култуураны оҥорон таһаарар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыскалар: Саргын Скрябин, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....