26.11.2024 | 20:47

Уһук Илин гектарын босхо ылыҥ

Уһук Илин гектарын босхо ылыҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтин чахчытынан Саха сиригэр «Уһук Илин гектара» бырагырааманан 01.06.2016 сылтан 38 700 сайабылыанньа киирбит.

5 сылга болдьохтоон 1 гектар иэннээх сири босхо ылар бырааптарын туһана илик дьоҥҥо туһаайан, Росреестр Саха сиринээҕи управлениета маннык сүбэлэри бэлэмнээтэ:

1. «НаДальнийВосток.РФ» порталга киирии: Манна «Госуслуги» порталга тус кабинеккыт көмөтүнэн киирэҕит. Бу өҥөнөн туһанааччыны идентификациялыырга наада.

2. Сир учаастагын талыы: Хаһаайына суох учаастагы буларга экраҥҥа көстөр каартаҕа «Можно» диэн суруктаах зонаҕа уонна «Территории-Земли-Зоны, которые не могут быть предоставлены» утары слойдары холбуохха наада. Каарта бытааннык арыллар.

3. Сайабылыанньаны толоруу: Бастатан туран, бэриллибэт сирдэр сиэрэй штриҕинэн уонна кыһыл ньолбуһаҕынан бэлиэтэммиттэрин өйдөөн көрүҥ. Бэриллэр учаастактарга туох да бэлиэтээһин суох буолар. Талбыт учаастаккытын бэйэҕитигэр суруйтарарга, «Формирование земельных участков» суругу талыҥ. Бэриллэр сир иэнэ 1 гектартан улахана суох буолуохтааҕын умнумаҥ. Оттон учаастак кыраныыссатын эрэдээксийэлиэххэ сөп.

4. Сайабылыанньаны бэрэбиэркэлээһин: Ыыппыт сайабылыанньаҕытын боломуочуйалаах уорган бэрэбиэркэлиир.

5. Дуогабары түһэрсии: Сөпкө талбыт буоллаххытына, дуогабар түһэрсиллэр. Ол кэннэ бастакы сыл иһигэр бу сири туох сыалга туһанаргытын быһаарыахтааххыт.

6. Туһаныы туһунан декларация: Учаастагы ылбыккыт үһүс сылыгар туһаҕа таһаарбыккыт туһунан декларацияны туттараҕыт.

7. Бас билиигэ көһөртөрүү: 5 сыллаах босхо туһаныы болдьоҕо бүтэрэ 6 ый хаалтын кэннэ учаастаккытын бас билиигэ эбэтэр өр сыллаах арендаҕа оҥорторуоххутун сөп.

 

Дьокуускай куорат олохтоохторо Уһук Илин гектарыгар сайабылыанньаны электроннай өҥөнү оҥорор сектордарга (СЭУ) исписэлиистэр көмөлөрүнэн толорор кыахтаахтар:

— СӨ Национальнай библиотеката, Ленин пр., 40;

— Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотека, Ларионов уул., 12А;

— «Созвездие» библиотека, Мординов уул., 21/1;

— В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр библиотека 1 №-дээх филиала, Ф. Попов уул., 18;

— «Три-Д» библиотека, Хабаров уул., 27/1;

— «Библиотека Труда», Труд уул., 1А;

— «Книгочей», Табаҕа сэл., Комсомольская уул., 23;

— «Библиополе», Маҕан сэл., Алымов уул., 3/1.

— А.Я.Уваровскай аатынан библиотека, Тулагы сэл., Николаев уул., 34.

Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Сунтаар, Томпо улуустарын библиотекаларыгар эмиэ СЭУ филиаллара үлэлиир.

Уһук Илин гектарыгар сайабылыанньа биэрэр атын ньымалар:

* Боломуочуйалаах эбэтэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар сирэй тиийэн.

* Быраабы регистрациялыыр уоргаҥҥа сирэй тиийэн ("Роскадастр"  филиалын нөҥүө).

* Боломуочуйалаах уоргаҥҥа суругунан почта нөҥүө.

* «Мои документы» нөҥүө.

Өҥө туһунан консультациялары 8-800-200-3251 төлөпүөнүнэн, НаДальнийВосток веб-сайт, Росреестр официальнай саайтын, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин официальнай саайтын уонна Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы корпорациятын саайтын нөҥүө ылыахха сөп. 

Матырыйаалы бэлэмнээтилэр: Росреестр Саха сиринээҕи управлениета, «Мои Документы» МФЦ пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....