26.11.2024 | 14:43

Айсен Николаев Тырааныспар нэдиэлэтин түмүгүн иһитиннэрдэ

Айсен Николаев Тырааныспар нэдиэлэтин түмүгүн иһитиннэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа Тырааныспар нэдиэлэтин чэрчитинэн Суол федеральнай агентствотын, Росавиация, Росморречфлот салалталарын кытта көрсөн, өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын инфраструктуратын соруктарын дьүүллэстэ. 

Ол курдук, «Магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии кэлим былаана» нацбырайыагынан Саха сиригэр «Региональнай аэропортары сайыннарыы» федеральнай бырайыак үлэлиир. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу бырайыак бастакы түһүмэҕэр киирбит 14 аэропортан 11-гэр үлэ түмүктэммит: Дьокуускайга, Черскэйгэ, Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгрига уонна Уус Ньараҕа. Хаалбыт үс аэропорка — Өлүөхүмэ, Полярнай уонна Мииринэй — үлэ 2025–2026 сылларга былааннанар. 
«Бу кэнниттэн Ньурба, Зырянка, Маҕан аэропортара уонна Полярнай иккис уочарата оҥоһуллуохтара», — диэн эбэн этэр Айсен Николаев. 
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, сорох эбийиэктэри тутуу болдьоҕун 2028-2030 сыллартан 2025–2026 сылларга көһөрөр туһунан кэпсэтиилэр барбыттар. 
Росморречфлот салайааччыта Андрей Тарасенконы кытта өрүс пордун баазатыгар Аллараа Бэстээххэ логистика киинин тэрийии уонна хоту улуустарга таһаҕаһы тиэйиини үбүлээһин иэнин улаатыннарыы туһунан кэпсэтии барбыт. 
Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата Росморречфлот салалтатын кытта уу суолунан пассажирдары тиэйиини сайыннарыыга сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. 
Суол федеральнай агентствотын кытта Өлүөнэ муостатын тутууттан саҕалаан, «Бүлүү», «Халыма» федеральнай трассаларга муосталары, атын даҕаны суоллары тутуу тула кэпсэтии барбыт. 
«Быйылгы ардахтар кэннилэриттэн үөскээбит балаһыанньа хатыламматын туһуттан, федеральнай суоллары көрүү-истии туһунан кэпсэттибит», — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагы олоххо киллэрии боппуруоһа эмиэ болҕомто кииниттэн тахсыбатах.
«Суол федеральнай агентствотын кытта саҥа уонна Өлүөнэ муостатын тутуу курдук номнуо саҕаламмыт бырайыактар дойду бэрэсидьиэнэ олохтообут болдьоҕор олоххо киирэллэригэр бары кыахпытын уурарга сөбүлэстибит», — диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....