27.11.2024 | 15:08

Дьокуускайга «Көмүс мааска» национальнай бириэмийэ эксперэ кэллэ

Дьокуускайга «Көмүс мааска» национальнай бириэмийэ эксперэ кэллэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Көмүс мааска» Арассыыйа национальнай бириэмийэтин экспертэрин сэбиэтин чилиэнэ РФ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар ааттарынан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээги көрө кэллэ.

Нуучча улуу суруйааччыта Виктор Астафьев айымньытынан «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээк «Көмүс мааска» бириэмийэҕэ сүүмэрдиир түһүмэҕи ааспыт. Испэктээк сэтинньи 26, 27 уонна 28 күннэригэр күнүс 16:00 чаастан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сценатыгар көрдөрүллэр. Режиссердар – Антон Ботаков уонна СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова.

Виктор Астафьев автобиографическай хабааннаах кэпсээнин сахалыы тылбааһын СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев оҥордо, сценаҕа көрдөрүллэр көрүҥүн тылбааһа – Диана Сутакова, кытайдыы тылбаас –Мария Андреева, нууччалыы синхроннай тиэкис – Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ираида Попова.

«Мин баар буолуохтаах хаартыскам» («Фотография, на которой меня нет») испэктээк 90-с сылларга Саха сирин түҥ нэһилиэгин олоҕун көрдөрөр. Биир күн нэһилиэк баһылыгар төлөпүөнүнэн эрийэннэр, куораттан кытайдар кэлэллэр диэн иһитиннэрэллэр. Дьиҥнээх кытайдар! Өссө географтар! Сири-дойдуну үөрэтэр, кэрэ-бэлиэ миэстэлэри, эбиитин олохтоохтору хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр соруктаахтар үһү!

Бу – дьиҥнээх доҕордоһуу, киһилии сиэрдээх быһыы туһунан испэктээк, диэн иһитиннэрэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....