14.12.2021 | 18:00

Уус, маастар, уһуйааччы

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Өбүгэ саҕаттан саха эр дьоно мындыр өйдөөх, сатабыллаах уус быһыытынан биллэллэрэ. Саха сатаабатаҕа суох диэбиккэ дылы, аныгы эр дьон маһынан, тимиринэн эрэ уһанар буолбакка, аны хаарынан, мууһунан оҥоһуктарга тэҥнээхтэрин булбаттар.

Муусчуттар араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттаары, төрөөбүт дойдуларыттан куорсун анньынан, Аан дойдуну тилийэ көтөллөр. Сылын аайы ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээлгэ күүстээх маастардар мустан, талааннарын көрдөрөллөр. Олортон биирдэстэрин туһунан бүгүн кэпсиэҕи баҕарыллар.

Нам улууһун маастара, муусчут Василий Артемьевич Аргунову көмүс илиилээх уус диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Кини сатаабата суох – мас уонна тимир ууһа, уруһуйдьут, муусчут.

Василий Артемьевич, бэйэҥ туох идэлээххиний, муус оҥоһуктарынан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын уонна ким уһуйбутай?

Бэйэм идэбинэн уруһуй уонна үлэ учууталабын. Намнааҕы педучилищены бүтэрбитим. Учууталлаабытым, кулуупка дириэктэрдээбитим, худуоһунньуктаабытым. Хаарынан, мууһунан дьарыктаммытым 20-чэ сыл буолан эрэр. Улаханнык уйуһуллан диэн буолбата буолуо, көннөрү маастардар үлэлэрин көрөр этим. Бастаан быйыл мууска үлэлээбитэ 25 сыл буолбут Александр Шадриҥҥа көмөлөһө таарыйа сыстыбытым буолуо. Кини Кытайга ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ үс төгүллээх чемпион буолбута. Александр оҥоһуктарын көрөн баран, боруобаланарга санаммытым. Ол курдук, биирдэ өйдөөбүтүм, Аан дойдутааҕы таһымнаах күрэхтэр маастардарын кытта киирсэ сылдьар эбиппин.

Бастаан ханнык тэрээһиннэртэн саҕалаабыккыный?

Бастаан Намынан, Павловскайынан, Суоттунан, Дьокуускайынан маҕаһыыннары, тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан ким хаарынан, мууһунан оҥотторуон баҕарарын ыйыталаһарбыт. Онтон Үс Хатыҥҥа Василий Атласовтаах куонкурус оҥорбуттара, онно кыттыбытым, салгыы өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр Илин эҥээргэ, Бүлүү бөлөх улуустарыгар барытыгар кыттан иһэрим. Сыл иһигэр үс иһиттэн түспэт этим. Салгыы сайдан, Магаданынан, Хабаровскайынан, Байкаалынан, Пермь куоратынан, уопсайынан, Арассыыйа иһинэн Аан дойдутааҕы куонкурустарга сылдьыталаабытым. «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээлгэ көтүппэккэ кыттабын.

Саҥа дьарыктанаргар туох уустуктары көрсүбүккүнүй? Муусчукка туох хаачыстыбалар наадаларый, кини хайдах буолуохтааҕый?

Улахан уустук суох этэ. Мууһунан оҥоруу диэн бэйэтэ алыптаах, туһунан эйгэ буоллаҕа. Олох астына-астына үлэлиибит, тымныыга үөрэммит дьон буолан, мэһэйдэппэппит. Кылаабынайа, таҥаспыт-саппыт халыҥ буолуон наада. Төһөнөн тымныы да, оччонон муус кытаатар, сылыйдаҕына – сымныыр. Быһах сытыы буолуон наада. Муус оҥоһук тэриллэрин таһыма улам тупсан иһэр, муусчуттар үксүлэрэ электрическэйгэ көстүлэр. Төһөнөн үчүгэй үнүстүрүмүөннээххин да, оччонон кэрэ скульптуралары оҥороҕун. Онон, харчыланныбыт даҕаны, үчүгэй тэриллэри хомуна сатыыбыт. Улахан маастардар фрезанан, дрель, бор-машинка курдугунан үлэлииллэр. Аналлаах наконечниктар 9 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан 20-30 тыһыынчаҕа тиийэллэр. Итинниктэри Америкаҕа, Кытайга оҥороллор. Аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ үчүгэйдик тэриллэн барар наада. Онон сүрүн кыһалҕанан тэрили ааттыахха сөп. Билигин улахан күрэхтэһиилэргэ бырайыаһы төлүүллэр, олорор сиринэн хааччыйаллар, аһаталлар, өссө стипендия биэрэллэр, кыайдаххына 100-150 тыһыынча солкуобай бириэмийэ ылаҕын. Куорат култуураҕа управлениета итинэн дьарыктанар. Дьиҥэр, хаарынан уонна мууһунан оҥоһуктар күрэхтэрэ Саха сиригэр саҥа киирэн эрэр сүүрээн, атын сирдэргэ олус сайдыбыт көрүҥ. Манна 25 сыл буолла, ити даатаны сэтинньи 26 күнүгэр Атласовтар уһаайбаларыгар күрэх тэрийэннэр бэлиэтээтибит. 15 хамаанда кэлиэхтээҕин 6 буолан кытынныбыт.

Улахан уола Анатолийдыын

Ситиһиилэриҥ уонна дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүүй.

Наар үс иһигэр киирэн иһэбин. Хабаровскайга икки төгүл Аан дойдутааҕы күрэхтэргэ, ону сэргэ Магадаҥҥа хаста да бастаабытым, Байкаалга иккис буолбутум, онно Аляскаҕа барар путевка ылан баран, доруобуйам туругунан кыттыбатаҕым. Бэйэм оннубар биир табаарыспын – Николай Степановы ыыппытым кыһыл көмүс мэтээлгэ тиксэн кэлбитэ. Кини бэйэтэ маастар, мууска миигиттэн уһуйуллубута.

Бэйэм Кэбээйи Сииттэтиттэн төрүттээхпин. Нам улууһун Модут сэлиэнньэтигэр олоробут, кэргэним Альбина Афанасьевна алын кылаас учуутала, үс оҕолоохпут, оҕолор бары ыаллар, уонча сиэннээхпит. Оҕолорум бары Намнааҕа педколледжы бүтэрбиттэрэ, кийииттэрим эмиэ. Улахан оҕобут, кыыспыт Екатерина – учуутал, түөрт оҕолоох. Икки кырабыт уолаттар, Намҥа ыал буолан олороллор. Улахан уол – Анатолий бэйэбэр көмөлөһөр, «Деревня мастеров» диэн мастарыскыайдаахпыт. Сакаастарынан үлэлиибит, сайын мас оҥоһуктар күрэхтэригэр кыттабыт, Олоҥхо ыһыаҕар бастаабыппыт. Тимиринэн эмиэ уһанабыт. Кыра уолбут Вася тутууга үлэлиир. Уолаттарбын муус оҥоһуктарга уһуйбутум, онон иккиэн хамаанда буолан араас тэрээһиннэргэ кытталлар. Бэйэм сүрэхпин эпэрээссийэлэппитим, онон билигин күрэхтэргэ дэҥҥэ кыттабын, аны саатар ити пандемия туран, харыстанабын. Быйыл эмиэ хаар уонна муус оҥоһуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи  күрэхтэригэр кытынным.

Мууһунан дьарыктаныы кистэлэҥнэригэр, албастарыгар тохтоон ааһыахха.

Мин санаабар, көҥөс уонна аһаҕас уустар бааллар. Сорохтор бэйэлэрин сатабылларын үллэстибэттэр, кэпсээбэттэр. Итини мин өйдөөбөппүн, бэйэм тугу сатыырбар атыттары үөрэ-көтө үөрэтэбин, күрэх кэмигэр кэрийэн көрө сылдьан кытта сүбэ-ама биэрэбин. Билигин мин үөрэппит дьонум бэйэлэрэ маастар буолан, араас таһымнаах күрэхтэргэ   ситиһиилээхтик кытталлар. Мууһунан оҥоһук, ити этэриҥ курдук, бэйэтэ албастардаах. Холобур, муускун күһүн сылаас эрдэҕинэ бэлэмнэнэн кэбиһиэххэ наада. Оннук муус хайдыбат, бөҕө буолар, оттон кыһын тымныы кэмигэр ылыллыбыт муус оҥоро турдаххына хайа барыан сөп. Биллэн туран, үчүгэй үнүстүрүмүөн наада. Итинтэн атын муусчут кистэлэҥнэрин, сүбэлэрин маастар маастары эрэ кытта үллэстэр, көннөрү дьоҥҥо сатаан быһаарбаккын. Холобур, быһах, тимир «закалкатын» эҥин туһунан бэйэбит эрэ өйдөһөбүт. Аны маастардар ортолоругар араас буолар, ким эрэ харчы эрэ туһугар сылдьар курдук, ким эрэ айар-тутар үлэттэн дьиҥ дуоһуйууну ылар. Сорохтор саҕалаан иһэн, муус үйэтэ суох диэн, тохтууллар. Биллэн турар, тымныыны аахсыбакка күнү быһа үлэлиэххэ наада. Барытын тулуйан хаалбыт муусчуттар барбаттар, сылтан сыл дьаныардаахтык үлэлииллэр. Киһи отой муус оҥоһук абылаҥар ылларар, наһаа күүтэбит, үлэлиир кэммит кэлэрин. Булчут булт сезонун кэтэһэрин курдук буолар. Уолаттарбын мууска үөрэтэммин, билигин иккиэн хамаанда буолан сылдьаллар. Соторутааҕыта Аллараа Бэстээххэ ыытыллыбыт «Саҥа дьыллааҕы фантазия» муус оҥоһуктарга III-с аһаҕас куонкуруска бастакы миэстэни ыллылар.

Ахсынньы 2 күнүгэр      Василий Артемьевич улахан уола Анатолийдыын «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «Саха сирин бриллианнара» муус уонна хаар оҥоһуктар VI-с Аһаҕас куораттааҕы куонкурустарыгар оҥорбут «Кинг Конг» композициялара II-с миэстэҕэ тигистэ. «Саҥа дьыллааҕы Дьокуускай» блиц-турнирга «Острог» үлэнэн кыттан эмиэ II-с миэстэ буоллулар. Онтон хаар скульптуралар күрэхтэригэр «Тепло Северного края» хамаанданан үлэҕэ кыттан, Василий Артемьевич III-с миэстэҕэ таҕыста. Мууһунан оҥоһуктарга бастакы күрэх ыытыллыбыта 25 сылыгар анаммыт «Атласовтар уһаайбалара» этнокомплекс тэрийбит өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар биһиги геройбут кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн, Кубогынан уонна 150 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланна.

Ити курдук, Василий Аргунов уолаттарынаан айар-тутар үлэнэн үлүһүйэн туран дьарыктанар, эдэр маастардары кытта үтүө сүбэтинэн үллэстэр. Кэрэни түстээччилэргэ үтүмэн үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...