26.08.2023 | 10:00

Устудьуоннуур сылларгар кэмсиммит түгэннээххин дуо?

Араас сылларга үөрэммит дьон устудьуоннуур сылларыгар туруоруммут сыалларын ситиспэтэхтэрин элбэхтик истэр буоллум. Ол инниттэн номнуо үлэһит буолбут дьон ордук туохтан кэмсинэллэрин сурастыбыт.
Устудьуоннуур сылларгар кэмсиммит түгэннээххин дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Анастасия:

Хомойуох иһин, бастакы кууруска үөрэхпин наһаа ыарырҕатаммын,  уопсастыбаннай үлэҕэ олох кыттыбатаҕым. Син потенциаллаах соҕус этим ээ. Биһиги кэммитигэр университет уопсастыбаннай олоҕор кыттыбыт оҕолор билигин бары кэриэтэ биллэр-көстөр тэрилтэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Өссө, биир кэмсинэрим диэн, тас дойдуга буор-босхо омук тылын үөрэтэ ыытылларыгар хат буолан  барбатаҕым.

Афанасий:

Устудьуоннуур уонна көҥүл босхо сылдьар кэммэр сири-дойдуну көрбөтөхпүттэн кэмсинэбин. Үөрэхпэр үчүгэй буоламмын, кистээбэккэ эттэхпинэ, бэйэтэ хамнас курдук истипиэндьийэлээх этим. Ол истипиэндьийэм барыта өрөбүл аайы «Европа», «Вегас» түүҥҥү кулууптарга кутулла турара. Ол кэриэтэ мунньаммын сири-дойдуну көрүөм эбитэ буолуо дии? Билигин барыахпын, үлэ ыыппат, уонна куруук бириэмэ ыгым.

Ирина:

Мин биир кэлим эксээмэним баала арыый намыһах буолан, баҕарбат үөрэхпэр киирбитим. Ол үөрэхпин бүтэрбитим. Арай оскуолаҕа кыһаллан үөрэммитим буоллар, билигин аан дойду экономикатын үөрэтэр киһи буолан, букатын атын сиргэ олохсуйбут буолуом этэ.  Бастакы куурус кэннэ төлөбүрдээх миэстэҕэ да көһүөххэ сөп этэ...

Сайаана:

Устудьуоннаабыт сылларбын билигин истиҥник саныыбын. Куруук үөрэх уонна уопсай икки ардыларынан сылдьарым. Дьиҥинэн, дьон-дьон курдук сэргэх соҕус олохтоох буолуом этэ буолуо ди? Биһиги саҕана устудьуоннар этэрээттэрэ, сэбиэттэрэ, идэлээх сойуустара наһаа да чаҕылхайдар этэ. Куруук кинилэргэ ымсыырарым. Мин университет актыыбынай олоҕор кыттыыны ылбатахпыттан хомойуох санаам кэлэр. Ол да буоллар үөрэхпэр үчүгэй буоламмын саҥа дьыл саҕана Москваҕа, Питергэ баран кэлбитим. Онон киһи кэмсэнэрэ оччо-бачча улахан буолбатах эбит.

Альберт:

— Биһиги саҕана билим күүскэ сайдан барбыта, оччолорго миэхэ ким эмэ өй-санаа укпута буоллар, билигин билим эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар киһи буолуохтаах этим. Кыччаабыта, университекка уһуйааччы да буолуохтааҕым. Үөрэхпин бүтэрэрбэр кафедрам хааллара сатаабытын буолумматаҕым. Биллэн турар, билигин кэлэн кэмсинэбин.

Акулина:

Саамай кэмсинэрим диэн, устудьуоннуу сылдьаммын бырабааҕа үөрэммэтэхпин. Университет бэйэтин устудьуоннарын босхону эрэ үрдүнэн үөрэтэр этэ, мин онно тоҕо эрэ үөрэммэтэхпин. «Өйдөөх» кыргыттар 1-2 куурустарга «красавчик» уолаттары була охсон кэргэн тахсыбыттара, биһиги билиини сомсоору үөрэн да үөрэн. Аны кэлэн «акаарыбытыгар» эрэ диир буоллахпыт, хаалан баран сылдьабыт. Өссө даҕаны бириэмэ баар эрээри, дьон сирбит дьоно уонна номнуо арахсыбыт эр бэрдэрэ кимиэхэ наадаларый? Хастыы эмэ үөрэхтээх, дьиэлээх-уоттаах, үчүгэй үлэлээх кыргыттар кинилэри көрбөппүт да буоллаҕа.

Мария:

Мин устудьуоннуур сылларбар кыһаллан үөрэммэтэҕим. Билигин кэлэн барытын хаттаан үөрэтэ сатыыбын. Үчүгэйдик үөрэммитим  буоллар, баҕар, бүддьүөт миэстэтигэр кытта көһүөхтээҕим хааллаҕа. Билэр оҕолорум омук сиригэр стажировкаланан кэлбиттэрэ. Оттон мин олоҕум биир итинник бэлэҕин туһамматахпыттан хомойобун эрэ.

Эрэл:

Устудьуоннуур кэмнэрбэр бэйэм кистэлэҥ талааннарбын сайыннарбатахпыттан кэмсинэбин.  Эдэр сылдьан киһи саҥа таһымҥа тахсар. Холобур, ХИФУ - саамай актыыбынай дьоҥҥо сүрдээх үчүгэй балаһаакка. Университет, киһи личность быһыытынан олоххо тирэхтээх, бэйэтэ көрүүлээх буоларыгар бары салаалара бааллар. Мин, хомойуох иһин, бачча бэриллибит кыаҕы сөпкө туһамматахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...