22.09.2023 | 10:00

Урбаанньыт, болҕой! 2023 сылга туох көмөнөн туһаныаххын сөбүй?

Бу нүөмэргэ дьоҕус тэрилтэлэргэ ханнык чэпчэтиилэр, бырагыраамалар уонна субсидиялар баалларын билиһиннэрэбит. Манна даҕатан эттэххэ, барыта «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак чэрчитинэн көрүллэр.
Урбаанньыт, болҕой! 2023 сылга туох көмөнөн туһаныаххын сөбүй?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кимиэхэ көрүллэрий?

Өскөтүн тэрилтэ сыллааҕы эргиирэ 800 мөлүйүөн солкуобайтан үрдээбэт, оттон үлэһитин ахсаана 100 киһиттэн аҕыйах буоллаҕына, дьоҕус урбааҥҥа киирэр.

Өйөбүл үксэ судаарыстыба тутаах салааларыгар көрүллэр, холобур, үйэ ирдэбилинэн аныгы технология эйгэтигэр, тыа хаһаайыстыбатыгар эбэтэр туризмҥа туһаайыллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, өскөтүн урбаанньыт бу иннинэ судаарыстыбаннай көмө бырагыраамаларыгар кыттыбыт буоллаҕына, усулуобуйаны төһө толорбута хайаан да учуоттанар. Холобур, тэрилтэ салайааччыта тус сыаллаах субсидия көмөтүнэн оборудованиены атыылаһыыга сайаапка биэрбит, ол эрээри харчытын дьиэ куортамыгар ороскуоттаабыт түгэнигэр, судаарыстыбаттан хаттаан көмө ылар бырааба быһыллар.

 

«Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак урбааны сайыннарыы бары түһүмэҕэр көмөлөһөр, саҥа саҕалааччыга идеятын кэҥэтиэр уонна экспорга тахсыар диэри өйүүр сыаллаах-соруктаах. Холобур, социальнай урбааҥҥа ылсыан баҕалаахтар 100000-тэн 500000 солк. диэри (Арктика зонатыгар 1 мөлүйүөн солк. диэри) кээмэйдээх граны ылыахтарын сөп.

Ону таһынан урбаанньыттар нолуок чааһыгар көмө ылыахтарын сөп. Холобур, табаар, өҥө төлөбүрүн кыччаабыта 1 %-нан төлүөхтэрин сөп. Нолуок төлөбүрүн – Арассыыйа баанын «түргэнник төлүүр систиэмэтин” (СБП) нөҥүө.

 

Ханнык көмө көрүҥнэрэ баалларый?

1. Саҥа саҕалааччыларга граннар

Бу бэйэ дьыалатын арынарга эрэ аналлаах тус сыаллаах үбүлээһин. Судаарыстыбаттан көмө харчыны ылар туһугар олохтоох былаас уорганыгар сайаапкалары оҥоруохха наада, ону сэргэ бизнес-былааны билиһиннэрии ирдэнэр. «Мин бизнеһим» кииҥҥэ сайаапканы сөпкө бэлэмнииргэ көмөлөһөр исписэлиистэр бааллар.

Бизнес арынаары сылдьар  киһи сааһа 25-тэн кыра буоллаҕына, кини эдэр урбаанньыттарга аналлаах грант ылар кыахтаах — 100000-тэн 500 000 солк. диэри. Маннык көмөнү ыларга ирдэниллэр:

Тэрилтэ бас билэр счетун бэрэбиэркэлээһин. Нолуокка уонна усунуос төлөбүрүгэр 1 000 солк. тахса иэс суох буолуохтаах.

Предпринимательство сүнньүн үөрэтии. «Мин бизнеһим» кииҥҥэ босхо үөрэниэххэ сөп.

Бизнес-бырайыагыҥ олоххо киирэригэр бэйэҥ хармааҥҥыттан 25 %-тан итэҕэһэ суох харчыны угаҕын. Холобур, оборудование гранын ылыан баҕарар буоллаххына, сыанатыттан түөрт гыммыт биирин бэйэҥ төлүөхтээххин.

Судаарыстыба көрөр гранын бизнес регистрацияламмыт сиргэр ылыахха сөп. Онуоха тэрилтэ сааһа, хас сыл үлэлээбитэ учуоттаммат.

 

2. Кирэдьиит уонна харчыны иэс (займ) ыларга көмө

Дьоҕус урбаанньыттарга чэпчэтии үксэ баан кирэдьииттэрин кытта сибээстээх. Маннык бырагыраамалар сүрүннээн тус сыаллаах (целевой) буолаллар. Өйөбүл икки көрүҥэ көрүллэр.

 

Чэпчэтиилээх ставкаларынан кирэдьииттэр. Арассыыйа баанын бырагырааматынан 2 миллиард солкуобайга диэри 11,5% ставкалаах кирэдьиити ылыахха сөп, Арассыыйа экономикаҕа министиэристибэтин бырагырааматынан 500 мөлүйүөн солк. – 10,25% ставкалаах туһанар кыах баар. Тэрилтэ оҥорон таһаарар промышленнаһынан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан, гостиница дьыалатынан дьарыктанар буоллаҕына, кирэдьиит усулуобуйата 500 мөлүйүөн солкуобайга диэри 4,5% ставкалаах буолар.

Харчыны иэс ылыы чэпчэтиилээх ставканан. Харчы суһаллык наада, онтон толору кирэдьииккэ докумуоннары хомуйууга бириэмэ суох буоллаҕына, барыстаах ставканан микрозаем ылыахха сөп. Аччыгый бизнес бырыһыана микрозаймынан ортотунан 6%-нан буолар эрээри, мантан өссө намыһах ставкалааҕы атын бааннартан булуохха сөп. Ол инниттэн баантан харчы иэс ылыаххыт иннинэ кинилэр усулуобуйаларын барытын тэҥнээн көрөргүт ордук.

 

3. Субсидия

Бу бүүс-бүтүннүү судаарыстыба үбүлээһинэ буолар, төннөрөр наадата суох. Хайдах туһаныахха сөбүй? Субсидияны куонкурус балаһыанньатынан көрөн уонна чопчу сыалга эрэ биэрэллэр, холобур, оборудование эбэтэр сырьё атыылаһарга.

 

4. Куортамҥа чэпчэтии

Бу көрүллэр көмөнү ханнык баҕарар хоско, дьиэҕэ биэрбэттэрэ чахчы. Бастатан туран, эһиэхэ технопааркаларга уонна бизнес-инкубатордарга сөптөөх балаһааккалары көрдөрүөхтэрэ. Онно куортама сороҕор босхо, ардыгар сыаната икки бүк чэпчэки буолуон да сөп. Бу маннык көмө олус көдьүүстээх, бэйэ күүһүнэн көрдүүргүнээҕэр бэлэм сибиэһэй өрөмүөннээх, интэриниэттээх, уулаах-хаардаах уонна инфраструктууралаах хоһу ылар, биллэн турар, ордук. Бэлиэтээн эттэххэ, маннык көмөнөн бэйэлэригэр үлэлиир дьон (самозанятые) туһанар бырааптаахтар. Чэпчэтиилэр тустарынан сиһилии иһитиннэриини «Мин бизнеһим» киинтэн билсиэххэ сөп.

 

5. Үөрэнии уонна консультация ылааһын

Бизнес үөрүйэхтэри хас да көрүҥүнэн босхо ылыахха сөп. Онлайн үөрэхтэр, холобур, «Мин бизнеһим» киин сайтыгар баар уонна дьоҕус уонна орто предпринимательство платформатыгар киирэн (https://мсп.рф/education/) тустаах билиини ылыахха сөп. Ону тэҥэ сөптөөх бырагыраамалары, куурустары уонна трениннэри, семинардары хасыһан булуохха сөп.

Сороҕор бизнескэ араас быһыы-майгы үөскүүр. Холобур, табаары хааччыйааччыны (поставщигы) кытта уустук дуогабары оҥорорго эбэтэр нолуогу аахсарга, бухгалтерия боппуруостарыгар уо.д.а. ыарахаттар баар буолаллар. Бу маны барытын «Мин бизнеһим» киин эппиэттээх исписэлиистэриттэн босхо консультациялары ылыахха сөп.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мин бизнеһим» урбаанньыттар форумнара үлэтин саҕалаата

Бүгүн Дьокуускай куоракка сылын аайы ыытыллар урбаанньыттар икки күннээх форумнара саҕаланна. Манна араас хайысхалаах дьарыктаах, көхтөөх урбаанньыттар эрэ буолбакка, былаас эйгэтэ, уопсастыба холбоһуктара, бааннар, урбааны сайыннарыы институттара түмсэн үлэлииллэр.

Торум быһыытынан, быйылгы форумҥа төгүрүк остуоллар, дискуссионнай балаһааккалар, маастар-кылаастар, биллиилээх дьон семинардара, быыстапка буолара былааннанар. Москваттан, Владивостоктан, Калининградтан биллэр экспертэр, бизнес-тренердэр бэйэлэрин уопуттарын үллэстээри кэллилэр.

«Мин бизнеһим» киин генеральнай дириэктэрэ, форум тэрийээччитэ Зоя Седалищева:

– Пленарнай мунньахха бэйэ оҥорон таһаарыытын кытта Саха сирин экономиката быһаччы ситимнээҕин чопчулаан бэлиэтээтилэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ ол ордук сытыырхайан көстөр. Хас биирдии киһи дойду сайдыытыгар кыттыгастааҕын өйдүүр буолан, маннык тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.

Туризмы сайыннарар агентство генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Громов урбаан сайдыытыгар сонун сүүрээннэр тобуллуохтара диэн кэпсээтэ:

 

– Бу күннэргэ урбаан эйгэтин араас өрүттэригэр – эргиэҥҥэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, туризмҥа о.д.а. тыҥааһыннаах боппуруостарбытын ырытабыт. Холобур, быйыл Саха сиригэр хаһан да тэриллибэтэх Гастротеатр диэн саҥа хайысханы арыйабыт. Саха төрүт аһа саҥа таһымҥа тахсар диэххэ сөп. Бу барыта урбаан араас хайысхатын кытта туох сыһыаннааҕын ырытыахпыт.

 

Ити курдук, кыттааччылар үлэни, саҥа билиини тургута араас балаһаакканан тарҕаһан үлэлиэхтэрэ.

Үлэ сылыгар «Мин бизнеһим» киин өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр урбаанньыттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан сырдатар. Биһиги туруу үлэһит дьоммутун уопсастыба сыаналыыр уонна биһириир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....