14.02.2022 | 12:00

Ураты идэлээх Тахмина Степанова

Ураты идэлээх Тахмина Степанова
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Подолог диэн кимий? Кини туохха көмөлөһүөн сөбүн уонна тоҕо сорох түгэҥҥэ хирург быраас оннугар подологка тиийэрбитин урбаанньыт Тахмина Степанованы кытта кэпсэттибит.

Бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ, тугунан дьарыктанаҕын?

— Мин Ньурба улууһуттан төрүттээхпин. Оскуолабын куоракка бүтэрбитим. Киин куоракка олохсуйбутум сүүрбэччэ сыл буолла, элбэх оҕолоох ыал ийэтэбин.

Сүрдээх интэриэһинэй уонна, саамай сүрүнэ – туһалаах идэлээх эбиккин. Предпринимательство эйгэтигэр хаһааҥҥыттан үлэлиигин?

— Мин подолог идэлээхпин. Подология – бу медицина уобалаһа. Кэрэ буолуу эйгэтигэр үлэлээбитим быйыл номнуо 14-с сыла. Бастакы сылбыттан кыһалҕалаах атахха, илиигэ үлэлээн, билигин киин куоракка биэс тарбахха баттанар уопуттаах подолог буолуохпун сөп.

Подолог диэн – киһи атаҕын кыһалҕатын быһаарар исписэлиис. Атах тыҥыраҕын, быһыта киирэрин, сыыһа үүнэрин, тэллэй буоларын, хатан хааларын эмтиибит. Урут дьон маннык исписэлиис баарын билбэт этилэр, тыҥырахтарыгар эрэйдэннэхтэринэ, хирург бырааска тиийэн сүллэрэн ылаллара. Аныгы дьон маннык кыһалҕаҕа, улахан уочаратынан да буоллар, биһиэхэ кэлэллэрин ордороллор.

Мин маҥнай салоҥҥа үлэлээн саҕалаабытым, онно ИП аннынын үлэлээн баран, кэлин бэйэм туспа барбытым.

Сорох дьон атын киһи аннынан үлэлиирин ордорор. Кинини салайан, ыйан-кэрдэн биэрэллэрин. Мин оннук буолбатах эбиппин. Бэйэм бэйэбин салайдахпына быдан сайдыыһыкпын диэн санаалаахпын.

Билигин “самозанятай” статуһу ылбытым. Бэйэҥ бэйэҕэр үлэлиириҥ  олус элбэх үтүө өрүттээҕин бэлиэтии көрдүм. Ордук нолуок систиэмэтигэр чэпчэки эбит. Дьиэҕиттэн тахсыбакка, сүүс араас сулууспалары кэрийбэккэ эрэ, биир сыһыарыы көмөтүнэн үлэҕин көрдөрөҕүн, тустаах боппуруоһу быһаараҕын.

Самозанятай буоларга ким сүбэ-ама биэрдэ?

— Миэхэ килийиэним сүбэлээбитэ. Маҥнай киирэммин үөрэппитим уонна төлөпүөнүнэн дьиэбиттэн олороммун сыһыарыы хачайдаабытым. Тутатына тустаах регистрацияны барбытым, боп-борустуойдук өҥөбүн суруйабын, оннооҕор дьоҥҥо чек биэриэхпин сөп. Онон эмиэ табыгастаах. Аны туран, самозанятай ИП-тааҕар биир үчүгэйэ диэн, страховой усунуоһа суох. Дьон үлэлээтин эрэ диэн оҥоһуллубут систиэмэ диэн өйдөөтүм.

Тахмина, мин эйигин ырыаһыт дии саныыр этим ээ...

— Ырыанан дьарыктаммытым эмиэ балайда буолла, оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Сыанаҕа, араадьыйаҕа ырыаларбын уонтан тахса сыл анараа өттүгэр таһаарбытым буолуо. Ол эрээри ырыа диэн миэхэ хобби. Тыҥыраҕынан дьарыктаныы эмиэ сөбүлээн дьарыктанар идэм, ол эрэн бу, бастатан туран, сүрүн үлэм, килиэбим буолар.

Бу идэҕэ ханна үөрэнниҥ уонна квалификацияҕын хайдах үрдэтэҕин?

— Бастаан манна куоракка, ол саҕана 13 сыл уопуттаах Наталья Кондраковаҕа үөрэнэн саҕалаабытым. Бу кэннэ улахан таһымнаах исписэлиистэр куурустарыгар үөрэнэр буолбутум. Кэлин, кэлии-барыы арыый чэпчээн, сыл ахсын улахан куораттарга баар исписэлиистэргэ тургутууну ааһабын. Ордук Санкт-Петербург, Москва, Новосибирск курдук улахан куораттарга таһымнаах подологтар бааллар. Европа эргин исписэлиистэри сэҥээрэр буолан эрэбин, бу ыйга кинилэргэ үөрэнэ бараары сылдьабын.

Дьиҥэр, көннөрү салоҥҥа даҕаны атаҕы оҥорон биэрэллэр ээ... Эһиги туох уратылаах буолаҕыт?

— Салоҥҥа эстетическэй өттүн көрөллөр буоллаҕа. Холобура, тыҥыраҕы лаахтыыллар, ыраастаан биэрэллэр. Подологка чуолаан тыҥырахтара быһыта киирбит, ириҥэлээх тыҥырахтаах дьон кэлэллэр. Кинилэр боростуой салоҥҥа тиийэн оннук илиилэрин да, атахтарын да тыҥырахтарын ыраастаппаттар, лаах бистэрбэттэр. Эстетическэй маастар, грамотнай исписэлиис буоллаҕына, оннук тыҥыраҕы хасыһа, эмтии сатыа суохтаах.

Итинник кыһалҕа үөскүүр төрүөтэ туохханый?

— Араас төрүөт баар. Холобура, оҕолор сүрүннээн тыҥырахтарын сыыһа кырыйыыттан эрэйдэнэллэр. Удьуордааһын эмиэ баар. Ийэҥ дуу, аҕаҥ дуу өттүнэн кыһалҕалаах тыҥырахтаах буоллаххына, ол эмиэ оруолу оонньуур. Атах таҥаһа, наскы кытта төрүөт буолан, тыҥырах сыыһа үүнэригэр, бааһырарыгар тиэрдиэхтэрин сөп. Оҕоҕо хайаан даҕаны сөп размердаах атах таҥаһын уонна хаачыстыбалаах наскыны кэтэрдиэххэ наада. Оҕо атаҕын тыҥыраҕын сэрэнэн кырыйар наада. Түөрт муннук быһыылаах кырыллыахтаах, бу улахан дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Сорох дьон илитэ-илитэ, паарга тута-тута, төһө кэлэрин дириҥник киирэн ыраастыы сатыыллар.

Киһи төһөнөн сааһырар да, соччонон тыҥыраҕын структурата уларыйар, халыҥыыр, сонуур.

Исписэлиис быһыытынан туох сүбэни биэриэҥ этэй?

— Наскыны таларга болҕомто уураргытыгар ыҥырыам этэ. Аныгы наскылар киһи атаҕын тириитин бааһырдаллар. Ол түмүгэр атаххытыгар улахан хайыта барыы баар буоллаҕына, пемзанан тутта  сатаамаҥ, тутатына исписэлиискэ тиийэр ордук. Ордук маннык кыһалҕаны улахан ыйааһыннаах дьон көрсөр.

Ааҕааччыларбыт бу өҥө сыанатын сураһаллара чахчы, сыана төһө буолан турар?

— Мин өҥөм сыаната эстетическэй педикюртан ыарахана суох. Кыһалҕалаах килийиэннэр квалифицированнай өҥөнү ылалларын туһугар улаханнык үрдэппэппин. Ол гынан баран төһөнөн кыһалҕата улахан, үлэтэ элбэх даҕаны, оччонон сыаната уларыйар.

Инникитин бэйэ дьыалатыгар туох кэскили көрөҕүн?

— Медицина колледжын ситиһиилээхтик бүтэрэн, салгыы ыстаастаах исписэлиистэргэ таһыммын улаатыннаран, билиибин хаҥатан биэриэм. Билиҥҥи да туругунан бэйэбин үчүгэй исписэлииһинэн ааҕабын эрээри, киһи бу олоххо куруук сайдыахтаах, үөрэниэхтээх, дьоҥҥо көмөлөһүөхтээх, үөрдүөхтээх. Саамай сүрүнэ – баҕа эрэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...